Кэпсээ
Войти Регистрация

Эмээхсин сирэйэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Эмээхсин сирэйэ

K
21.11.2024 15:07
   Эбэм олохтон туоруур дьылыгар элбэх дьикти түгэн буола сылдьыбыта.          Биир күн үөрэхпиттэн кэлэн, эбэбин кытары эбиэттии олордубут. Дьонум үлэлэриттэн кэлэллэрин кэтэһэ сатаан баран, эрдэттэн аһаан барбыппыт. Оччолорго ыал соҕотох оҕотобун, эбэбэр саамай кыра сиэнэбин, “эбээ мааны оҕото” диэн ааттыыллара. Ол күн эбэм мин таптыыр күөспүн өрөн, алаадьы сырылатан бэрт дьоллоохтук чэйдии олорбуппут. Арай ол олордохпутуна, эбэм кэпсиирэ-ипсиирэ уостан, сирэйдиин-харахтыын көрдөрбүтүнэн уларыйан хаалла, хараҕа мээнэнэн көрбүт уонна түннүк диэки хайыһан олорон: “У-у-уу... баҕайы көтөрө, инчэҕэй эппин сиэри, сыгынньахтыы дууһабын эрэ хааллараары тобулу көрөн олорор. Баҕайыныы...” – диэтэ. Мин “тугу-тугу тыллаһаҕын, эбээ, туох да суох буолбаат, тугу көрөн...” диэн истэхпинэ, сүр улаханнык часкыйда! Мин мииннээх тэриэлкэбин ыһыктан баран, таһырдьа ыстанным. Оруобуна, күрүөнү аһан аҕам киирэн эрэрэ. Аҕабын көрөөт, “эбэм туох эрэ буолбут” диэн ытыы-ытыы утары сүүрдүм. Аҕам туох эрэ куһаҕан буолбут дии санаан, дьиэҕэ көтөн түспүтэ – эбэбит сирэйин ытыһынан саптан баран олороро. Туох буолбутун кэпсээбиппэр эбэм өйдөөбөт курдук туттубута уонна хоско ааһан хаалбыта.    Ийэлээх аҕам түүн “түө­һэ­йээхтээбит...” диэн сибиги­нэһэллэрин истэн, ыар баттык санааҕа ылларан утуйбутум. Эбэм барахсаны төһө даҕаны таптаатарбын, кинилиин соҕотох хааларбыттан куттанар буолбутум. Ити түбэлтэ кэннэ биир ый ааспыта, туох буолбутун умна быһыытыйбытым. Эбэм эмиэ туох да буолбатаҕыныы туттара-хаптара: уруккутун курдук кэпсиирэ-ипсиирэ, ол-бу таабырыннары таайтарара, хойут утуйар буоллаҕына, көхсүбүттэн имэрийэн утутара.  Биир күн дьулаан түгэммит эмиэ хатыланна. Үөрэхпиттэн кэлэн, эбиэттээтибит. Мин эбии үөрэхпэр бараары, хоспор таҥна турдум. Арай ол турдахпына, эбэм күлэрэ иһилиннэ. “Эбээ, хайа, туохтан күллүҥ? Сиэҥҥин кытары үллэстиий”, – дии-дии күлүстүм. Арай улам-улам кини күлэрин курдук буолбакка, отой атын дьахтар саҥата күлэн киирэн барда! Мин куттанан, хостон тахсан эбэбин көрбүтүм – эмиэ түннүк диэки көрбүт, сирэйэ-хараҕа турбут, төрүт атын куолаһынан күлэ-күлэ: “Киһини күлүү гынан бүппэтиҥ дуу, сиир буоллаххына, билигин сиэ!” – диэтэ уонна эмиэ сүр улаханнык хаһыытаата. Мин “эбээ, бүтүүй, куттаама-а!” диэн ытыы-ытыы илгиэлээтим. Бу икки ардыгар эбэм эдэр кыыс курдук сэниэлээхтик туран кэлэн, аны хабарҕабар түспүтэ. Уолуйан хааламмын, туох буолбутун түүл-бит курдук өйдүүбүн. Эбэм баттаҕа арбайан хаалбыт, хараҕа быччайбыт уонна ол быыһыгар “сиэ диибин, сиэ!” дии-дии хаһыытыыра. Оннук часкыһа сыттахпытына, ийэлээх аҕам киирэн, эбэбин арааран ылбыттара. Мин өйбүттэн тахсан хаалбытым. Эбэбин кытары ол күн кыайан кэпсэппэтэҕим. Киэһэлик эбэбит кыраадыстанан балыыһаламмыта. Ол кэннэ 2-3 хонук кэннэ, дьоммун кытары ас илтибит. Хоһугар сылаастык мичээрдээн “тоойуом” диэн сыллыы-ууруу көрсүбүтэ – туох буолбутун барытын умуннаран кэбиспитэ. Санаабар, “эбэбэр туох эрэ киирэр быһыылаах” диирим. Дьоммун кытары ол туһунан кэпсэтэ сатаатахпына, “сичи, эбэҥ кырдьыбыт, ол иһин ардыгар инник буолар” эрэ дииллэрэ. Мин “эбээ буолбатах, атын киһи киирэр курдук” диэн этэ сатыырым. Оннук да диэбитим иһин, дьонум тугу гыныахтарай? Мин даҕаны тугу гыныам этэй?    Өлөр түүнүгэр улаханнык куттаан турардаах. Эбэм балыыһаҕа сытара. Бэйэбит эрэ (үһүөн) чэйдээн баран утуйар аакка түстүбүт. Мин хоһум утары эбэм хоһо көстөр. Кураанах хоһу көрө-көрө, сонньуйан ыларым. Түүн үөһүгэр дьиэ үрдүттэн туох эрэ лүһүгүр гына түспүтүттэн уһукта биэрбитим. Арай эбэм хоһун диэки көрдөхпүнэ, туох эрэ маҥан хамсыыра. Хайдах эрэ эбэм суох, балыыһаҕа сытар диэн санаам суох буолан хаалбыта уонна бэйэм да билбэппинэн “эбээ, хайа, утуйбакка сытаҕын дуо?” диэтим. Онтон дьик гынан, уһуктан хааллым. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Аргыый аҕай эбэм хоһун диэки көрбүппэр, били, туох эрэ маҥан эмиэ хамсыыр. Ороммор олорон өйдөөн көрбүтүм – эбэм оронун үрдүгэр улахан баҕайы үрүҥ сирэйдээх эмээхсин сирэйэ быган олорор эбит! Мин маҥнай суорҕаммын бэйэбэр тардынным, онтон хаһыытаатым. Бу кэннэ дьоммун кытары утуйар буолбутум.    Ити түүн эбэм бараахтаабыта. Бу санаатахха, ити күннэр олус ыарахан этилэр. Кэпсии-ипсии, күлэн мичилийэ сылдьар тапталлаах эбэм биһигиттэн тэйиччи сытан барыаҕа диэн санаабат этим. Эбэм өлбүтүн кэннэ, тугу даҕаны көрбөтөҕүм, туох да куттаабатаҕа. Ол да буоллар, билигин улаатан да олорон соҕотох хааларбыттан, хараҥаҕа хаамарбыттан, түүн үөһүгэр уһуктан хааларбыттан олус куттанабын.    Эбэм барахсаны ким-туох кэлэн илдьэ бара сатаабытын, туох эмээхсинэ кэлэн куһаҕаны биттэнэн ааспытын, тоҕо ити курдук куттаан аннараа дойдуга барбытын билигин даҕаны билиэхпин баҕарабын... Тарҕат:
kyym.ru сайтан