Кэпсээ
Войти
Регистрация
Таптал кутаата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптал кутаата
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
21.11.2024 15:05
Киэсэ бу дойду оскуолатыгар быраактыкаламмыта балачча буолла. Сотору Дьокуускайдыаҕа. Кууруһун оҕолоро төһө эрэ бэркэ сылдьаллар?! Куоракка хаал диэн, табаарыстара элэ-была тылларын этэ сатаабыттара аҕай. Киэсэ төрүт буолумматаҕа. Ол иһин ымсыырдаары буоллаҕа, Эдик Интэриниэтинэн сурук эгэлгэтин тигинэт да тигинэт. Кини куоракка 11-с кылааска учууталы солбуйар үһү. Кырдьаҕас учуутал уһуннук бүлүтүөҥҥэ баран, Эдик кылаас салайааччыта буолан, этэргэ дылы, «өлөр да солото суох» хачыгырайар эбит. Ааспыт баскыһыанньаҕа кылааһын кыргыттара бассыайыҥҥа ыҥыран сырытыннарбыттар. Быһыы-таһаа мааныта үһү. Били, урут «үрдүкү кылаас кыргыттара наһаа сайдыылаахтар» диэтэххэ, «оскуола оҕолоро диэн оҕочооскулар буоллахтара эбээт» диэн аахайбат бэйэтэ Эдик санаата уларыйбыт бадахтаах, букатын атыннык тыллаһар буолбут. Оттон факультет биллэр кырасааабыссалара Ольгалаах Настя күнүс оскуолаҕа сылдьан баран, түүнүгэр кулуупка официанткалыы ойоллор үһү. Син ботуччу хамнастаах буолуохтара. Урут-уруккуттан таҥныы-симэнии мааныта этэ. Чэ, ол эрээри Киэсэ бу хоту дойдуга кэлбитин төрүт кэмсиммэт. Эдэр эрдэххэ сылдьыбатахха, уонна хаһан сылдьыай. Арамаантыка буоллаҕа. Хата, төһө да Уһук Хоту аатырдар, аныгы үйэ сиэринэн сибээс диэн оһуобай. Арай сөмөлүөт эрэ дэҥҥэ көтөрө хобдох соҕус, уоннааҕыта остуоруйаҕа кэпсэнэрин курдук дьикти. Олохтон төрүт хаалбаттар. «Тэриэлкэ» антыаннанан тэлэбиисэргэ элбэх ханаалы көрөллөр. Хайа уонна Интэриниэтиҥ?! Киэсэ олохтоох учууталга көмөлөһөн тустуу сиэксийэтин нэдиэлэҕэ иккитэ ыытар. Бөһүөлэккэ ыччат түмсүүтүгэр кинини хайаан да ыҥыраллар, араас мунньах диэн, субуотунньук диэн толору. Онон солотуйара да ахсааннаах. Маҥнай утаа уруок былаанын оҥосторо да эрэйдээх этэ. Хата, биэнсийэлээх учуутал Борокуоппай Баһылайабыс көмөтүнэн, судургу да буоллар, араас былааны төһө эмэ оҥорор буолла. Татыйаана Сөдүөтэбинэ «оттон мин маннык оҥостобун» диэн, оҕонньорунааҕар букатын атыны көрдөрбүтэ. Ол былааҥҥа кими ыйытарын, оҕолор хайдах олороллорун кытта бэлиэтэнэр эбит. Хайдах ситэн уруок кэмигэр суруна охсоро буолла?! Методическай холбоһуктарын салайааччыта Вера Жиркова былаана эмиэ чыҥха атын. Быһата, учуутал барыта эҥин араастык оҥостор эбит. Киэсэ оскуола түбүгэр сити курдук баттатан, күнэ-дьыла элэҥниирин билбэт даҕаны. * * * Баскыһыанньаҕа Учуутал күнүн кэлэктиибинэн ылыахтаахтар. Дьэ, хата, бу дойдуга хайдах ылалларын көрүллүө, интэриэһинэй буоллаҕа. Урут Киэсэлээх, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, ити күн учууталы солбуйаллара. Туһугар эмиэ балачча интэриэһинэй буолара. Манна оннук буолбатах быһыылаах. Боропсойуус бэрэссэдээтэлэ Хабырыыл Уйбаанабыс бырактыкаан Киэсэҕэ уонна манна иккис сылын омук тылын үөрэтэр Мария Третьяковаҕа анал сорудах биэрбитэ. Ол сорудахтан Киэсэ улаханнык мунчаарда. Настаабынньыгар Борокуоппай Баһылайабыска тиийэн сүбэ-ама көрдөөбүтэ. Ону истэн баран, Баһылайдаах Татыйаана бэрт дьээбэлээхтик көрө-көрө күлсэн быардара суох. Киһи күлүөҕэ туох да суох курдук. Бөһүөлэктэн алта биэрэстэлээх Муҥурдаах диэн күөлгэ субуотаҕа уруок кэнниттэн тиийэн балыксыттар балаҕаннарын сөхсүтүөхтээхтэр. Быһата, учууталлар бырааһынньыктыы кэлэллэригэр балаҕан өрө тардыллыахтаах, сиппийиллиэхтээх. Оһоҕу отторго тэйиччи турар тыаттан мас бэлэмнэниэхтээх. Күөл кытыытыгар муус киһини син уйар буолбут, ол гынан баран үөс диэки киирэр туһунан санаама даҕаны – тостор. Бу дойду кыыһа Мария Третьякова болдьоспут сирдэригэр – сөмөлүөт түһэр былаһааккатын таһыгар – кыһыл суумкалаах кэтэһэн турар. Хара кууркалаах, эпсэри тута сылдьар спортивнай ыстааннаах, тирии саппыкылаах. Быһыы-таһаа мааны. Киэсэ хараҕа кыыс көбүс-көнө уһун атаҕыттан арахпат. Кистии-саба көрдөр даҕаны онтуката биллэн хаалан, кыбыстар аатыгар барар. Инньэ гынан кэпсэтии да аанньа тахсыбат. Сирдьит киһи быһыытынан Мария инники иһэр. Бу истэхтэринэ эмискэччи суол кытыытыттан кынат тыаһа тирилэс буолла. Киэсэ соһуйан ходьох гына түстэ: уонча курупааскы көтөн тахсан, чугас тиийэн түстүлэр. «Саалаах киһи, төһөнү эрэ охторор этэ», – диэн өс саҕа буолла. Дьиҥэр, хайдаҕа эбитэ буолла, сыыһан кэбиһэн саакка-суукка да киирдэҕинэ көҥүлэ. Бу дойду кыргыттара саанан бэркэ ыталлара эрэбил. Арҕаалаан эрэр күн уота саҥардыы түспүт хаартан тэйиллэн сырдыга сүрдээх. Хаар түһэ илигинэ, өтөрдөөҕүтэ тыа иһэ былыттаах халлааҥҥа баттатан, лүҥкүрэн аҕай турбута. Ол бэйэтэ бүгүн, дьэ, омуннаахтык кылбайбыт. Талах быыһа бүтүннүү оһуор – курупааскы бып-бычыгырас суола. – Дьэ, чугаһаатыбыт. Балаҕаммыт оол көстөр, – Мария балачча тэйиэс турар кыра дьиэни ыйда. – Айыбыын! Күөлбүт тоҕо баҕас киэҥэй! Дьиҥнээх муора дии. Муҥурдаах ити дуо? – Киэсэ ыйытааччы буолла. Ыраахтан көрдөххө, күөлү кытта халлаан киһи араарбат гына силбэспиттэр. Хоту дойду ураты көстүүтэ! – Эбэбит ити сытар, – кыыс иннин диэки түһүннэ. Балаҕаҥҥа тиийэн Киэсэ тыа саҕатыттан мас таста, хаста эмэ кырынна. Хата, куруҥнаах буолан абыраата. Бу дойдуга маһы буларыҥ да уустук. Барыта талах. Төһөтүн да иһин, ойуур быыстаах туундара сир буоллаҕа. * * * Мария олохтоох хаһаайка сиэринэн, дьиэни өрө тарпыт: сиппийбит, бөҕү-саҕы умаппыт, аһын таһааран буор оһоххо сылытардыы уурбут. Балаҕан, хата, түннүгэ-үөлэһэ бүтүн эбит. Отуннахха, дьиэ бырылас буола түһэр. Балыксыттар хаптаһынынан бэртээхэй остуол оҥорбуттар. Эркини кыйа сиэрдийэ наара тардыллыбыт. Кимнээх эрэ таба тэллэхтэрэ баар. – Кеша, илими сатаан көрөҕүн дуо? Хабырыыл Уйбаанабыс хас да илимэ ити үтүллүбүт. – Мария адьас чугас үтүллэн турар илимнэри ыйда. – Урут хаһан да илимнээбэтэҕим эрээри, боруобалаан көрүөххэ сөп. Хата, ону Хабырыыл Уйбаанабыс саҥарыа суоҕа дуо? – Эс, сарсын бу илимнэртэн балык сиэхпит дии. Кини ол иһин анаан-минээн үппүтэ. – Мария уолу тургутардыы көрдө. Киэсэлээх Мария оҥостон тахсан биирдэһэ – кытыыга, иккиһэ мууска турдулар. Муус харааран, күөл дириҥэ сүрдээх быһыылаах, ол эрээри адьас курдаттыы көстөргө дылы. Уол көрдөҕүнэ, үөстээҕи иккис илимҥэ балык туппут курдук: муус анныгар үрүҥ көмүс хатырык кылбачыйарга дылы. Чохороонун туппутунан Киэсэ онно чугаһаан кэллэ уонна мууһу тобулута охсуолуу олорбута баара – эмискэччи туох эрэ күр-бар гынарга дылыта да, уу иһигэр биирдэ баар буолбута. Киһи тургуйбат эбит этэ. Уол маҥнай утаа соһуйан хаалан тугу да өйдүү охсубатаҕа. Тахсар кыаҕа эмиэ мэлийбитэ: тоҕоноҕунан тайаннаҕына, мууһа тостон күөрэлэнэ турара. Ити мучумааҥҥа, хата, Мария балаҕаҥҥа хайа эрэ балыксыт өйөннөрө аспыт үтүмэҕин ууна охсубута уонна уһун үтүмэҕи ыһыктыбат гына харбаабыт Киэсэни сосуһан ырычаахтаспыта. Син балачча моһуспута. Онтон кытыыга соһон таһааран бэлиэр ыккардыгар ыбыгырыы тоҥмут, нэһиилэ хамсыыр Киэсэни өйөөн-убаан балаҕаҥҥа киллэрбитэ. Уол, дьэ куттанан, уҥуоҕа салыбырас буолбут, сүһүөҕэр уйуттубат этэ. Кыыс оһох аанын тэлэччи аспыта уонна уол хам сыстан хаалбыт саппыкытын уста сатаан ынчыктаспыта. Нэһииччэ инчэҕэй таҥастан босхолонон, Киэсэ туруусуктаах эрэ итии оһох тула чырбайа көппүтэ. Ол үрдүнэн, сороҕор «сүгүннээбэт быраата» тугу да билбэт гына чыкыччы тоҥмута кэнникинэн ыалдьан, төбөтө аһыйан барыах курдук буолла. Хата, Мария кууркатын уста охсон биэрбитигэр уол хаххалана-хаххалана, били туруусугун нэһиилэ сулбуруттан уокка сыранна. Маһы элбэҕи таспыта абыраатаҕыан. Балаҕан иһэ бып-бырылас буолла. Киэсэ, дьэ арыый «бэттэх» кэллэ. Ол эрээри тоҥмута ааспат – тииһэ лаһыгырас. Кыыс моруоска барыанньалаах чаайы куруускаҕа кутан хаста да иһэртэ. Ити мучумаан кэнниттэн өйдөөбүттэрэ, халлаан хараҥарбыт, оттон Киэсэ таҥаһа кууруо ыраах. Онон манна хонорго сүбэлэстилэр. Туох буолуой, дьонноро сарсын кэлиэхтэрэ, оттон кинилэр манна күүтүөхтэрэ. – Итиннэ мин буруйдаахпын. Таах сибиэ илим туһунан этэммин. – Мария чаайын сыпсырыйа-сыпсырыйа умса туттан саҥара олордо. – Туох диэн эттэҥий, Маша. Хата, үрүҥ тыыммын өрүһүйбүт эн буолбаккын дуо. – Киэсэ куурканан хаххаланан олорон кыыһы уоскута сатаан санныттан имэрийдэ, устунан биилиттэн кууста. Дьикти баҕайы, адьас соторутааҥҥа диэри Марияны дьулайа көрөр бэйэтэ, билигин хайдах эрэ саамай чугас киһитин курдук санаата. Хаһан да билбэтэх иэйиитэ киирэн кэллэ. Бу тугуй? Таптал дуо биитэр көннөрү таҕыл дуу?! Мария да киэр аспата, уолга ордук күүскэ сыһынна. Имик-самык балаҕан иһигэр оһох уота кытыастар, тохтоло суох күлүбүрүүр. Оһох таһынааҕы наараҕа таба тэллэҕи тэлгээтилэр, кураанах куурканан сабыннылар. Убурастылар. Чараас уостар сыһыннахтарына, эт эттэрэ хайдах эрэ кычыгыланан, күүрэн, тугу барытын умуннарыах курдук. Уоскуйан ыла-ыла дириҥник уҥа-таала уурастылар. Сып-сылаас, нарыын-нарын илии иилии кууспутугар дьиҥнээх таптал уота кытыаһынна. Ордук-хоһу тугу да санаабатылар, кинилэргэ арай ким эрэ таптал тылын сипсийэргэ дылыта. Сатаммата туох буолуой – ис сүрэхтэн тахсара ол кылаабынай. Киэсэ кыыска хаһан да чугаһыы илигэ, таптаһалларын арай киинэҕэ эрэ көрөрө. Онон маннык буолуохтаах диэн, төрүт билбэт этэ. Мария да манныкка түбэһэн көрө илигэ. «Дьол хараҕа суох» дииллэрэ кырдьык даҕаны! Үчүгэйиин. Кеша, уой, тугу гынаҕын. Сэрэнэн, оргууй аҕай... сэрэниин-сэрэнэн... тохтоо, уоскуй дуу... оо, дьэ, уой, Кешаа... Киэсэттэн түллэн-түллэн, тирэх ылан туох да бэйэлээх тохтотуо суох күүстээх итии сүүрээн сыыйыллыбыта... ону кытары кыыс сымыһаҕын быһа ытыран уолу хамсаппат гына эпсэри кууспута уонна... аргыый аҕай налыйбыта, хараҕыттан уу-хаар баспыта, дириҥниик-дириҥник уураабыта. БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан