Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ойууннары уодьуганнааһын, баачыкалары бахтатыы...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ойууннары уодьуганнааһын, баачыкалары бахтатыы...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.11.2024 15:03
Кэлин Сэбиэскэй былаас уонна итэҕэл тиэмэтигэр балай эмэ чинчийэр ис хоһоонноох ыстатыйалар тахсаллар. Ыраахтааҕы былааһа суулларын кытта, дойдуга итэҕэл эйгэтигэр үлэлиир дьон үлэлэрэ-хамнастара хааччахтанан киирэн барбыта. Ол тыына Саха сиригэр таҥара дьиэтин үлэһиттэрин, ойууннары-удаҕаннары эмиэ хаарыйбыта. 1924 с. ыла АПО (аҕытаассыйа-бырапагаанда салаата) РКП(б) обкуомун ыам ыйынааҕы пленумугар «Инструкция для культурно-просветительных учреждений, организаций и культпросветработников по борьбе с шаманизмом культурно-просветительными мерами» диэн дьаһал ылыммыт. Маны тэҥэ, итэҕэлгэ сыһыаннаах дьону утары “Кыым”, “Автономная Якутия” хаһыаттарга күүстээх үлэ ыытыллыбыт. Оччотооҕу олорон ааспыт дьон, үлэлии сылдьыбыт кэрэспэдьиэннэр дьиҥ ыстатыйаларын туох баарынан билиһиннэрэбин. “Сымыйаччы ойууннар” тустарынан РКСМ Дьокуускай күбүөрүнэтээҕи кэмитиэтин аан бастакы састаабыгар киирсэ сылдьар Маркел Бубякин диэн киһи “Кыым” хаһыат 1925 сылын тохсунньутугар “Дьокуускай уокуруга баартыйатын кэмитиэтигэр аккаас сурук” диэн балаһалаах ыстатыйата тахсыбыт: “Ойууннар албыннара тахсар: “Мин баттыгастаах олох баарыгар бастаан иирэ сылдьыбытым – ойууннуур этим. Мин дьиҥ кырдьыкпын этэбин, ойуун буола сылдьаммын абааһы баарын төрүт билбэтим, онон абааһы диэн тыл араас айыыттан куттаан албыны эрэ оҥорор наадатыгар баар буолбут суол. Онон бүгүҥҥү күнтэн ыла кимиэхэҕэ даҕаны ойууннуом суоҕа. Билиҥҥи былааһы ытыктыыр киһи албынтан аккастаныах тустаах. Албынтан хааннаах баттыгас тахсар. Атын да ойууттары аккаастанарга ыҥырабын”. (Ньукулай Братааһап. Тохсунньу 18 күнэ, 1925 с.)” Туох суругу ааттаах Братааһап ойуун суруйда? Кини дьону албынныырын билинэн ойууннуур идэтиттэн аккаастанна. Дьокуускай уокруга ситэриилээх кэмитиэтэ, кини аккаас суругун ылан баран, “саха бырабыыталыстыбатыгар бары быраабын төннөрүҥ” диэн көрдөһүү оҥордо. Братааһап кимий? Ньукулай Ньукулайабыс Братааһап диэн саха, 2-с Хайахсыт нэһилиэгэ, Боотуруускай улууһа, Дьокуускай уокуруга. 27 саастаах киһи. 13 сааһыттан ыла ойуун идэлэммит. 1915 с. ыла улуу ойууттар суоттарыгар киирэн, харчыга кыыран барбыт. Братааһап ыҥырыы ыытар Кини манна киллэрбит “Кыым” хаһыакка суруга: “Мин, Братааһап диэн ааттаах ойуун, 14 сыл иһигэр быһа кыыран тахсыбыт киһибин. Ол гынан баран, 14 сыллаах идэбин бэйэм санаабынан хаалларабын. Мин үрдүбүнэн даа, анныбынан даа ойууттары ыҥырабын, албын идэҕитин хаалларыҥ” диэн. Онон, Саха сиригэр күнтэн күн ахсын, аҕабыттар ойууттар албастара көстөн кыра-хара норуот кинилэртэн туораан иһэллэр” диэн Маркел Бубякин түмүктээбит. “Тыа уола” диэн илии баттааһыннаах суруксут 1925 сыл олунньу 28 күнүгэр Боотуруускай улууһугар “албын ойуун” баарын бу курдук суруйар: “Хоптоҕо Хадаар нэһилиэгин быйыл күһүн саҥа Ньаалбаан диэн хос ааттаах, сүрэхтээх аата буоллаҕына Лэгэнтэй диэн ойуун булла. Бу нэһилиэги булан баран, үс-хас ыйга кыырбыт. Сорҕото босхоҥ буолбут дьону үтүөрдүөм диэбитэ, хата быһыыта билигин өлөллөрүгэр тиийбиттэр. Бу кыырбыт дьонноруттан улахан манньаны ылыталаан, улахан ороскуоту таҕаарталаата (таһаарталаата). Бэйэтин буоллаҕына, сыҕайан истибитим, сиипилис өлүү буолбут үһү. Бу гынна кини, ыалга кыыра кэлэн баран, биир кыыс оҕону, биир уол оҕону битииһит (помощник) гынабын диэн бииргэ бэйэтин кытта утутар үһү. Ол курдук үс-хас ыалга быһыыламмыт уонна даҕаны онон-манан дьоннору албынныыра сүрдээх үһү. Онон буоллаҕына, маннык киһи аан дойдуну албыннаан алдьатан сылдьара тохтуура буоллар сөп буолуо этэ”. Кутуханов диэн ааптар “Кыым” хаһыат 1926 сыллаах нүөмэригэр Дүпсүн улууһугар “Ойууннар намтаан эрэллэрин” туһунан сырдатар: “Биһи улууска ойууттарбытынан урут да аҕыйах этибит. Уонна улахан сүдү ойуун төрүт да суох. Икки кырдьаҕас ойууттар Аһыйбах уонна Тулааһын диэннэр билигин 100-н туолан түөһэйэн эрэллэр. Биир дүҥүрдээх-таҥастаах ойуун былырыын аккаастаммыта. Уонна итилэри ураты быһатын эттэххэ, дьиэ эргинээҕилэр бэрт аҕыйахтар, олорбут кэнникинэн бэйэлэрэ да кыырбат буолан эрэллэр. Уонна нэһилиэнньэ даҕаны ойууттары өссө наһаа кэрэхсээбэт. Аны дьон үгүстэрэ киһи ыарыйдын да биэксэр (биэлсэр) ылбыттар үһү диэн кэпсииллэр, уонна биэксэргэ кэлээччи-барааччы кэмэтэ суох. Онтон биһиэхэ үчүгэй биэксэр ананан, онтон сылтаан дьон өйдөнөн, аны эргиннээҕи “Сөдүөкэ” ойууттар намтаан эрэллэр” “Албын аҕабыыттар” тустарынан “Саха сирин уола” диэн ааптар 1925 с. тохсунньу 25 күнүгэр Туомскайтан кэлбит “Таҥара баар дуу, суох дуу?” диэн суругу билиһиннэрбит: “Балаҕан ыйын саҥатыгар Москуобаттан улахан үөрэхтээх (пропиэссэр) Миитрэпэлиит Өлөксөөн Биэдэнскэй диэн кэлэн, лиэксийэ ааҕа сырытта. Кини аахта “Таҥара баар дуу, суох дуу?” диэн. ...Этэ туран эҥин-эҥинник быһыыланар, таҥараны субу көрөн турар көрдүк буола-буола хаһыытыыр: “Таҥара баар! Таҥара баар!” – диэн. Биһиги кинини көрбөппүт сол да гыннар, быһатын эттэххэ, “Бетхобен” муускукатын дууһабытынан өйдүүрбүт кэриэтэ, таҥараны биһиги эмиэ дууһабытынан бигээн билэбит... Кэнники кэлэн эттэ “Таҥараны итэҕэйиҥ, таҥара баар этэ, баар да буолуо” диэн. Кини этэн бүппүтүн кэннэ, кини эппит сиригэр үппүрүҥ баттахтаах бааһынай оҕонньоро тахсан эттэ: “Бу мин баарбын, таҥараны 61 сылы мэлдьи көрдөөбүт киһи. Ол гынан баран булбатым. Таҥара кими да айбатаҕа, таҥараны бэйэтин аҕабыттар айбыттара, бу биһигини үлэһити бааһынайы албыннаары. Биһи көлөһүммүтүн сэргэ. Таҥара диэн сымыйа, аҕабыыт дьон көлөһүнүн сиир” (Биэдинскэй сырайа айас кытаран олорор. Норуот сэргэҕэлээн ытыһын таһынар. Күлүү бөҕө барда). Онтон биир эдэр киһи тахсан эттэ: “Мин сэттэлээхпиттэн баабырыкаҕа үлэлиибин. Биһиги баабырыкаҕа таҥара сатаан оҥорботох эҥин-эҥинин барытын оҥоробут. Ким этэр таҥаратын мин сытырҕаан да, көрөн да, истэн да, амтаһыйан да, бигиэлээн да билбэтим....” ...Көр, ити курдук улахан үрдүк үтүө үөрэхтээх аҕабыыттар баһылыктара Митрэпэлиит таҥара баарын норуокка кыайан биллэрбэккэ сынтарыйан, кылаана кыларыйан бараахтаата”. Прокрус диэн дьикти ааттаах ааптар “Аҕабыттар “үтүө” быһыылара” диэн 1925 с. кулун тутар ыйыгар суруйар: “1924 с. сэтинньи ый 25 к. Дьүпсүн улууһугар биир Сахаар диэн аҕабыыт биир Өспөк нэһилиэгэр Маппый Бырыбылыых диэн ийэтэ ыалдьыбытыгар аҕабыкка кэлбит, онуоха таҥара киһитэ үөрэ-көтө барбыт, бу эмээхсини суолугар кэскиллии. Бу тиийбитэ эмээхсин өлөөрү сытар эбит, онуоха аҕабыт тыын харбатыынан бу эмээхсини таҥараҕа тиксэрбит. Таҥараҕа тиксээт, эмээхсинэ өлөн хаалбыт. Эмээхсиннэрин аҕалан, уҥа ороҥҥо сытыарбыттар. Аҕабыыт аһаан-сиэн баран, утуйаары олордоҕуна, эмээхсинэ ынчыктаан кэлбит. Онуоха бука бары аҕабыыттыын-амалыын сүрдээхтик куттаммыттар. Бу эмээхсиҥҥэ хоруоп оҥорор дьон хоруоптарын оҥоро турбуттар, онтон аҕабыыт эмээхсин атаҕар олорон “эмээхсин өлбөтө” дии-дии өлөрүн күүппүт киһи быһыытынан, эмээхсин диэки иҥсэрбит киһи быһыытынан көрө олорбут. Ону көрөн, биир хоруоп оҥорор киһи эппит: “Тээтэ эн таҥара киһитэ буоллаҕыҥ, онон симиэрт эйигиттэн куттанан, бу эмээхсин дууһатын ылбата буолаарай, эн атын ыалга баран көрдөххүнэ, баҕар, эмээхсин түргэнник өлүө” диэбит, аҕабыыты күлүү гынан. Онуоха бу тээтэ сүрдээхтик кырдьыктанан ыалга сүүрбүт. Өлүү болдьохтоох, аан төрүөттээх диэбит курдук, аҕабыыт барарын кытта эмээхсин өлөн хаалбыт. Эмээхсин өлөрүн кытта аҕабыыты ыҥыра барбыттар. Аҕабыыкка тиийэн, эмээхсин өллө дииллэрин кытта аҕабыыт сүрдээхтик үөрбүт, уонна эппит: “Оо! Кырдьык даҕаны маарын симиэрт миигиттэн куттаммыт буоллаҕа”, – диэн. Бу эмээхсини ыллаабытыгар, биир баайтаһыны, ат аҥаарын кытта биир тайах баһын биэрбиттэр. Бу аҕабыыт аймах адьас албын абааһы, дьон аны кырдьыктанымаҥ, бу курдук албыннатымаҥ диэн табаарыстар, көрдөһөбүн. Аҕабыыт ыллаабыта икки, торбос орулаабыта икки син биир – хайата да эмэ суох. 1926 с. муус устар 16 күнүгэр биллибэт ааптар “Баай таҥара буолтун кэпсээнэ” диэн ыстатыйата баар. Тиэкиһин анныгар чахчыны суруйарын бигэргэтэрдии “Кырдьык кэпсээн” диэн эбэн биэрбит: “Таҥара баар диэн сүрдээх улаханнык мөккүһэн туран, хас сарсыарда аайы кырааскалаах хаптаһыҥҥа үҥэн сапсыйабыт. Ол хаптаһыҥҥа син кырдьык таҥара мэтриэтэ ойууламмыт дии саныыбыт, онтукабыт кэнникинэн иһиллэн, биллэн бардаҕына, таҥара мэтриэтигэр балыттаран, баай дьон өлбүттэрин кырааскалаан көмүстэнэн, аҕабытынан сибэтии (сибэтиэй) буолан баран, таҥара долбууругар уурбуттарын, эмиэ үүт-үкчү Ньукуола баачыкаҕа үҥэрбит курдук, тугу да билбэт хараҥа үөрэҕэ суох буоламмыт син ол тэҥинэн үҥэбит. Ол таҥара буолбут дьон мэтриэттэрэ бу саҥардыы биллибитэ, ити этиллибит таҥара буолбут дьон ону илдьэ да сылдьаачылара Боотуруускай улууһун Сүпсүк нэһилиэгин дьонноро дьүһүннэрин ойуулаан биэрбит киһи. Эмиэ ол улуус Мугудай нэһилиэгин киһитэ ааттаах таҥара суруйааччы (иконописец) Лэгиэнтэй Уйбаанабыс Сиэпсэп диэн киһи. Итинэн буоллаҕына, хас баай таҥара буолтун ким билиэй. Төрүт даҕаны ол бу “сибэтии” дии-дии ханнык эмэ дьону албыннааччы аҕабыыт аймаҕы суруйаллара ол сымыйа буолуохтаах. Таҥара киһини оҥорботоҕо – киһи таҥараны оҥорбута. Онон, ити аҕабыыт албыныттан араҕыҥ, бастыҥ олоҕу батыһыҥ, сырдык олоххо сыстыҥ, үтүө үөрэххэ үөрэниҥ, дьон олоҕун тупсарыҥ, сэбиэскэй былаас сырдаатын, аҕабыыт-ойуун албына араҕыстын”. 1925 с. муус устар ыйыгар, күлүү гыммыттыы “Таҥараһыт Таатта” диэн илии баттаан, “Таҥара киһитэ табыллыбатах” диэн биир киһи бэрт бэтиэхэлээх суругу суруйбут: “Таҥараҕа” тиксэр кэм тээтэ, сарсыарда эрдэ туран, үп-ас киирэрин өйдөөн, ситэ утуйбакка, таҥаратын дьиэтигэр кэлээхтиир. Таҥара дьиэтэ аһыллыбатах, уот оттуллубатах. “Аах, тирипиэһинньик (трапезник) куһаҕа-ан, утуйа сытар баар буолуо” диэт тэрэпиэһинньигэр тэбинэр... Балаҕан иһигэр бэр маргыар, кыралаан көбүөлэһии да баар быһыылаах. Ким кулгаахтааҕа буолан, тээтэлээх тэрэпиэһинньик сирэй кэпсэтиилэрин истэр кэлиэй... Сураҕа, “хамнаспын биэрбэккит” диэн тэрэпиэһинньик собостуопкалаабыт, таҥара дьиэтин күлүүһүн, хамнаһа кэлиэр дылы сакалаат тутуһан. Иннэ гынан, таҥараһыттар сылдьыбакка, таҥара дьиэтэ аһыллыбакка хатанан турда. Тээтэ кыһыйбытын иһин хайыай... Тарбанара эрэ буолуо, онуоха эбии Таатта таҥараһыта суох өттө “абашылар туох битэй, таҥара дьиэтэ хаахтыйаары гынна дуу?” дии-дии быардарын тарбыыллар. Аҕабыыты аһынан ытыа эбиппин даҕаны, хараҕым уута хам хатан кэлбэт, мэник уолаттар күлүүлэрэ күүһэ сүр, сыстан бараары гынным... Ол эрээри, Оһоҕос Уйбаан аһыыр адьыната ону-маны булларар: тээтэ нэһилиэккэ баар тоҥ чочуобуналарга дьону тиксэриэм диэн тэринэн эрэр сурахтааҕа. Ол дьылҕата ханныгынан хайыспыта буолла? Биир эмэ үтүө сүрэхтээх иһитиннэрэн үөрдээ ини...”. Сардаҥа БОРИСОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан