Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мэхээлэчээн булчуту үтүктэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мэхээлэчээн булчуту үтүктэн
K
kyym.ru сайтан
Сонор
19.07.2018 15:42
Мэхээлэчээн балыгы туһахтаан ыларын бары билэбит. Оҕо сылдьан кини бултаабыта хайдах эрэ олохтоох курдук өйдүүрбүт. Оттон кырдьыга, балыгы туһаҕынан оннук таһаарыахха сөп дуо? Оҕо сылдьан тууну туох көстөрүнэн оҥорооччубут. Отой кыра сылдьан мундуга диэн улахан тимир бааҥкалары туу курдук оҥорорбун өйдүүбүн. Мунду баппатын курдук оскуоманан түгэҕин сиидэ курдук тэһэн кэбиһэрбит. Иккис түгэҕин быһаҕынан мунду эрэ батарын курдук кириэстии хайытан, туу сүрэҕинии ис диэки баттыырбыт. Ол баттыы сылдьан илиибин хайа анньан, онон-манан бэрэбээскэлэнэрбин эмиэ өйдүүбүн. Бааҥкалары тэҥҥэ сылдьалларын курдук маайкабытынан холбуу баайан кэбиһэрбит. Иһигэр килиэп хоручуоскатын угарбыт. Дьара ууга быалаан баран быраҕарбыт. Сөтүөлээн кэлэн, биир эмэ мунду киирбитин үөрэ-көтө сонно тута сиирбит. Билигин ол үрүйэҕэ мундулуу-мундулуу сөтүөлүүр этибит диэтэххэ, ким да итэҕэйиэ суоҕа. Оннук кыра үрүйэҕэ, чахчы, кыра буолан сөтүөлээн эрдэхпит. Күһүн от үлэтэ үмүрүйүүтэ, кыһын сиир аһы эбинээри, үгүс киһи туулуур. Биһиги диэки борохойу ньолохо дииллэр. Ньолохо барахсан ыһаарыламмыта минньигэһиэн! Ыһык гынан илдьэ сылдьан, тарбахпытын салбанан кэбиһэ-кэбиһэ, сиэн мотуйуллааччы! Тимир сиэккэни туу оҥостон, сүгэн тиийэн дьара үрэххэ быраҕааччыбыт. Титириктэринэн быһыттаан, тууну үрэх сүүрүгүн утары айахтаан, борохойу үүрэр идэлээх этибит. Сороҕор оннук үүрэн аҕалан тууга симэрбит. Баппатаҕа, төһө да тыаһаан-ууһаан үүрбүтүҥ иһин, ханна да барар кыаҕа суох буолан төттөрү ааһааччы. Саппыкылаах атахпытынан охсуолаан ибигирэтэн, ааһан истэхтэринэ тэпсэ сатаан ууну бырдаҥалатарбыт. Үрэх уута хаайтаран, туубут хамсаан барааччы. Бу курдук туулаан элбэх ньолохону хаһаанарбыт. Туулуур үөрүйэхпит бэйэбитин кытта тэҥҥэ улаатан испитэ. Ол тухары балыгы туһахтаан ылар санаа киирбэт эбит. Биир күһүн алдьаммыт тууну оҥорон эбии иитээри, куобах туһаҕын уктан барбыппыт. Дьиҥинэн, көннөрү туу көрөр сыаллаах-соруктаах этибит. Ньолохолору куулбутугар угаттаан баран, аҕыйах киирбитин иһин, үүрэн эбинэргэ быһаарыммыппыт. Уһун саппыкыбытын тардынаат, үрэххэ ойон киирэн, ууну маһынан кырбаан, тыас таһааран үүрэн барбыппыт. Көрдөөх-нардаах дьарык кэмигэр дьээбэлэнэн, туһахтаан ылыахха баар эбит диэн санаа үөскээбитэ. Туһаҕы бастаан кылгас үөл титириккэ баайан баран, “саатар таарыйдарбыт” диирбит. Бастаан утаа ол да баҕа санаабыт кыаллыбат этэ. Туһахтанан-таймаланан, ньолохону бэйэтин сырса сылдьан туһахтыы сатаабыппыт. Оннук туһахтаан биири да ылбатахпыт. Куотан биэрэллэриттэн салҕаммыт, аны биирбит үүрэр, иккис кэтэһэн туран туһахтаан барбыппыт. Булчут барыта булка баҕатынан сылдьар буолуохтаах. Кыһыылаах баҕайытык таарыйан баран куоттарыы, төбөтүгэр туһаҕы саҥардыы кэтэрдэн иһэн сыыһа харбатыы, ууттан быктаран таһааран баран төттөрү түһэрии элбэх этэ. Иккиэммит да санаатыгар “бу киэһэ хайаан да туһахтаан, биири эмэ таһаарбыт киһи!” диэтэхпит буолуо! Ол да буоллар сол киэһэ биир да ньолохону туппатахпыт. “Ньолохону туһахтыахха сөп эбит!” диэн санаа кыыма син биир элэҥниирэ. Түүнү быһа ол санаабыттан сатаан утуйбакка эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Сордоҥ оҕотун туһахтыырга сүбэлэр Сарсыныгар ньолохо тоҕо сатаан туһахха киирбэтин, хайдах тупсаран туһахтыыр туһунан
тобулан турбутум. Аан маҥнайгы тупсарыым, гитара синньигэс устуруунатын туһаммыппыттан саҕаламмыта. Төбөтө эрэ батарын курдук, куобах туһаҕар майгынныыр гына оҥорбутум. Устурууна туһахтааҕар синньигэс буолан, быһа киирэрэ. Кытаанах, түргэн үлүгэрдик тарда охсорго ыга тутара олус абыраллаах этэ. Үөл титириги хаппытынан солбуйбуппут. Түргэнник бобо тутарыгар мас имиллэҥниирэ бытаардар курдуга. Ньолохо биир сиргэ хамсаабакка мас курдук туран, хараҥа сиргэ кэтэһэн бултууру сөбүлүүр. Устан ааһан иһэр кыра балыгы барытын хабар. Ол үөрүйэҕэ туһахтыырбытыгар көмөлөспүтэ. Атын балыгы туһахтыахпытын онтуларыҥ кэтээн, тохтоон турбаттар. Маннык туһахтааһын чычаас эрэ үрэхтэргэ табыгастаах. Кураан дьылга үгүс үрэх сайын устата уолан хаалар. Ол иһин туулуурга уонна туһахтыырга сөптөөх усулуобуйа үөскүүр. Устуруунаны бастакы күммэр маска баайаары быһан кэбиспитим. Ол иһин туһаҕынан салҕаан баран маска баайбытым. Туһаҕы туппутунан аан бастаан устан ааһар сиригэр тутан турбутум. Күлүгүм ууга көстөр буолан, кыратык да туора-маары туттахпына, устан сылбырыс гынан хаалаллара. Үрэххэ олороргутугар күлүккүт түспэтин курдук, хараҥа сири булуҥ. Мас анныгар, күлүк оонньообот сиригэр, ордук табыгастаах буолааччы. Уһуннук тымныы ууга турдахха, аны атах тоҥооччу. Онон тэстибэтэх, халыҥ түгэхтээх саппыкыны кэтэргитин умнумаҥ. Бу дьарык бириэмэлээх эрэ дьоҥҥо сөп түбэһэр. Кыратык да ыксыыр киһи соруммата ордук. Тохтоон биир сиргэ турар кэмигэр, барбах эрэ хамсанан, хайыытын аһарыаххар диэри илииҥ салыбырыа суохтаах. Ол киллэрээт, төһө кыалларынан түргэнник өрө тардыллар. Иһиттэн ыллардаҕына, ньылбырыйан куотуон сөп. Хайыытын кэнниттэн ыллардаҕына, хайдах да куоппат. Оттон сыралаһан-сыралаһан, туһахтаан ылбыт ньолохоҕутун кууллаах ньолохотооҕор ордук саныыргыт саарбаҕа суох! Дьиэҕитигэр үөрүү-көтүү аргыстаах төннүөххүт. Мэхээлэчээн булчут курдук туһахтаабыт түгэҥҥитин үйэлээх-сааскыт тухары өйдүү сылдьыаххыт. Хас биирдии булчут аан маҥнайгы куһун, балыгын, муостааҕын – барытын өйдүү сылдьар. Манна майгынныыр бултааһын саҥа көрүҥнэрин билэр буоллаххытына, бар дьоҥҥутугар сүбэлээҥ, суруйан санаата атастаһыҥ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан