Кэпсээ
Войти Регистрация

Верочка

Главная / Кэпсээн арааһа / Верочка

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.10.2020 15:03
Субуота күн Лизаҕа дьүөгэлэрэ ыҥырылыннылар: Марина уонна Лана. Киэһээҥҥи аһылыкка. Бэйэлэрин бүлүүдэлэрин туппутунан анаммыт чааска кэллилэр: Марина сыырынан алла сылдьар пиццалаах (ням-ням!), оттон Лана, Кэбээйи кыыһа диэх курдук, бодунуос муҥунан ыһаарыламмыт соболоох. Ону көрөөт, наар бөгүүрэтин туһугар айманар Лиза өрө тыынан ылла: «О-о, дьэ...», — диэтэ. «Чэ-чэ! Сыыйа-баайа сиэхпит дии!» — оҕо сааһыттан суон бэйэтэ, Лана минньигэстик аһыыртан хаһан да аккаастаммат. Чэ, ити курдук дьүөгэлэр барахсаттар остуол тула олороот, кэпсээннэрин тардан кэбистилэр. Бастаан сайын ким-хайдах сынньаммытын ырыттылар, онтон хаппыыстаны тууһааһын туһунан балачча өр сэлэстилэр, бүтэһигэр соторутааҕыта буолан ааспыт Олимпия кэнсиэригэр көстүлэр. — Наһаа да үчүгэй ырыаһыт! Хайдах эрэ барыларыттан ураты баҕайы! – Лана, ама, кими сирбитэ баарай? — Мин саныахпар, кини өссө да үөрэниэн наада: сатаан ыллыырга уонна хамсанарга, – Марина санаата атын. — Оттон мин таах сибиэ ити кэнсиэргэ бараммы-ын! – Лиза куолаһа курус. — Бай, тоҕо? – Ланалаах Марина дьүөгэлэрин диэки соһуйбуттуу көрдүлэр. — Ити кэнсиэргэ сылдьабын диэн, сыалай сүүрбэ тыһыынчаны халлааҥҥа тэппитим, — Лиза харчытын харыһыйара билигин да ааһа илик: буолумуна, сүүрбэ тыһыынча үгүстэргэ ыйдааҕы хамнас буоллаҕа! — Оруобуна ол күн Витя массыынатын мастарыскыайга өрөмүөҥҥэ туттарбыта, ол иһин оптуобуһунан барбыппыт. Онтубут ханна баарый: ороскуоттаах айан буолан биэрбитэ. Дьиэбэр кэлэн баран, суумкабын арыйбытым, көһүлүөгүм – мэлисээй! — Бэйэҥ да бааргын дии, оччо улахан суумалаах хайа киһи тыйаатырга барар үһүнүй? – Марина дьүөгэтин сөптөөхтүк сэмэлээтэ. — ¤ы, ол баҕас бэйэм дьыалам ини! Уонна уоруохтара диэн хантан сэрэйиэхпиний? Оптуобус иһигэр бары олус бэрээдэктээх дьон турарга дылылара, ама, кими уорбалыаххыный? — Чахчы, сорох уоруйах аһара интэлигиэн, мааны көрүҥнээх, уоруйах диэн хаһан да уорбалыаҥ суоҕа, — диэт, Лана төскөйбүт собону тэриэлкэтигэр уурунна. Кинини көрө олорон, киһи эрэ аһыах курдук: бэл, Лиза туттуммата, бэйэтин курдук унньулуйбут, кыра соҕус балыгы иннигэр тарта. — Ой, кыргыттар, ол баҕас чуолкай! «Сүөһү эриэнэ таһыгар, оттон киһи эриэнэ иһигэр» дииллэрэ чахчы, — диэт, Марина кэпсээнин саҕалаата: — Мин Дьокуускайга буолбакка, атын куоракка үөрэммитим. Бастаан утаа дойдубун ахтан эрэйдэнэрим даҕаны! Билигин санаатахха, акаары да эбиппин: санааргыы олоруохтааҕар, ол-бу араас землячествонан элээрбэккэбин, хоспор бүгэн баран олорорум! Урукку сытыы, чобуо бэйэм, онно тиийэн умуллан хаалбытым. Дьиэбэр төннүөхпүн, маамам туос-маас курдук эппитэ: «Ким да эйигин ол куоракка ыыппатаҕа, бэйэҥ талаһан барбытыІ! Үөрэн!» — Кирпииччэ эбит дии! Оттон мин маамам итинник түгэҥҥэ, «саатар, эрэ кэл» диир, – Лиза сөхтө. — Да, маамабыт биһигини, биэс оҕотун, атаахтатан тараҥалаппатаҕа. Бэйэтэ этэринэн, Сталинныы иитэрэ. Кини эттэ — бүттэ. Ол иһин, хайыахпыный, ытаатарбын да, тулуйарбар тиийдэҕим. Ордук ирэ-хоро кимниин да сахалыы кэпсэппэппиттэн эрэйдэнэрим! Тоҕо эрэ мин факультеппар
дойдубуттан биир да оҕо суоҕа, бары кэриэтэ тыа хаһаайыстыбатыгар үөрэнэллэрэ. Бииргэ үөрэнэр табаарыстарым обургулар миигин сэнээн бөҕө! Сэминээрдэргэ аҕыйах тылы пыл-пал саҥардахпына, миигин үтүктэ-үтүктэ күл да күл буолаллара. — Хайдах оннук атаҕастабылы тулуйбуккунуй? – Лиза төбөтүн быһа илгиһиннэ. — Өскөтүн ыстаарыстабыт Верочка өйөөбөтөҕө буоллар, арааһа, мин да быраҕыа эбиппин. Кини эрэ миигин туора туппатаҕа, төттөрүтүн, куруук көмөлөһө, кэлэктиипкэ киллэрэ сатыыра. — Ол аата, аптарытыаттаах кыыс буоллаҕа? – Лана, номнуо соботун сиэн, аны үүттээх хойуу чэйи бэйэтигэр кутунна. — Биллэн турар. Бастатан туран, кини барыбытыттан сааһынан аҕа этэ уонна бэлэмнэнии кууруһугар үөрэммит буолан деканаттары эҥин барыларын бэркэ диэн билэрэ. Э-э, арба, уонна биири умна сыстым: үөрэххэ киириэн иннинэ, собуокка дуу, ханна дуу үлэлии сылдьан, баартыйаҕа киирбит этэ. Оттон ол саҕана баартыйалаах киһи үрдүктүк сыаналанара. Быһатын эттэххэ, кини аттыгар биһиги, оскуоланы саҥа бүтэрбит бэтэнээскилэр, ийэлэммит курдук санаммыппыт. Холобура, бастакы-иккис куурустарга сорох-сорохтор көҥүл олоххо үктэнэн, аһара борогууллаан, уһулла сыспыттара. Ол аайы Верочка сүүр да сүүр. Оттон мин омук тылын кыайан туттарбакка, чуут үөрэхпиттэн үүрүллэ сыспытым. Ону Верочка, хайдах киниэхэ табыллыбыта буолла, ол “англичанканы” кытары кэпсэтэн, хата, дьолго, тэбиллибэтэҕим. — Оттон бэйэтэ хайдах үөрэнэрэй? – Лиза саҥата иһилиннэ. — Үчүгэйдик, ол эрээри атыттар курдук аһара иҥэн-тоҥон, бибилэтиэкэттэн арахпакка үөрэммитин өйдөөбөппүн. Кини куруук бокуойа суоҕа: үөрэҕин таһынан кэмпиэт баабырыкатыгар үлэлиирэ. Онон мэлдьи сүүрүүнэн сылдьара уонна, киһи сөҕүөх, син барытын ситиһэрэ. Холобура, учуобунньуктан, саатар, биир да этиини кылап гынан көрдөҕүнэ, ону эттээн-сииннээн, хата, кимнээҕэр бэркэ балаһыанньаттан тахсара. Преподавателлэр да аһара хатыспаттара, «биэһи» туруоран иһэллэрэ. Уопсайынан, Верочканы бары таптыыллара. Оннооҕор преподавателлэр араспаанньатынан хаһан да ыҥырбаттара, «Верочка» дииллэрэ. — Абыраммыт оҕолор эбиккит дии, холобура, биһиэхэ оннук тутаах киһибит суоҕа, — Лиза ымсыырыахча. — Ол эрээри билигин толкуйдаан көрдөххө, төһө да Верочка мэлдьи инники күөҥҥэ сырыттар, бэйэтигэр оччо-бачча кими да чугаһаппат эбит. Баҕар, ол кини биһиги барыбыт курдук уопсайга олорботуттан буолуо. Маҥнайгы куурустан ханна эрэ кыбартыыра куортамнаһара. Дьиҥинэн, көрдөспүтэ буоллар, киниэхэ бастакы уочарат хос биэриэ этилэр, ол эрээри тоҕо эрэ бэйэтэ таласпатаҕа. Тоҕотун арыычча кэлин билбиппит: Верочка ардыгар түөрт-биэс саастаах оҕону сиэтэн университекка кэлэрэ, онтукатын тастыҥ быраатым, ол эбэтэр өлбүт эдьиийим оҕото диэн ааттыыра. Ол уолчааны кини иитэр үһү. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, Верочка олоҕо бэйэтэ туспа уустуктардаах быһыылааҕа, ол эрээри кини ону хаһан да ыһа-тоҕо, кэпсии сылдьыбата. — Онтон? – Лиза истэ сатаан баран, тулуйбакка, саҥа аллайда. Бука сэрэйдэххэ, аһара «эҥкилэ суох» кыыс туһунан кэпсээн кинини сөбүн хал оҥордо быһыылаах. — Үһүс кууруска эбитэ дуу, эбэтэр төрдүскэ, ити чопчу хаһан буолбутун умнан кэбиспиппин: арай кыһыҥҥы каникултан үөрэхпэр төннөн кэлбитим,
айдаан-куйдаан бөҕө! Верочка – уоруйах үһү! Ама, хайаан?! Оннук буолуон хайдах да сатаммат! Киһи итэҕэйимиэн курдук сонун барыбытын да соһуппута. Кини уопсайга да сылдьара ахсааннаах этэ, ол эрээри, чугас дьүөгэлэрэ этэллэринэн, кини кэллэ да, булгуччу туох эрэ сүтэн иһэрэ үһү. Ол эрээри биир өттүнэн уопсайга мал сүтэрэ диэн сонун үһү дуо? Баахтаҕа олорор эмээхситтэр киирэр-тахсар дьону хонтуруоллуохтааҕар, күнү-күннээн наскы, үтүлүк баайаллара уонна онтуларын устудьуоннарга хамаҕатык атыылыыллара. Итинник балаһыанньаҕа кыра-кыралаан мал сүтэрэ диэн кэпсээҥҥэ да киирбэтэ. Ол эрээри буруйдаах киһи кэмниэ кэнэҕэс тутуллубутун кэннэ, үгүстэр умна сыспыт сүтүктэрин өйдөөн-санаан барбыттара, ким харчытын, таҥаһын, духуутун... Холобура, биһиги хоспутуттан биир кыыс түүлээх бэргэһэтэ мэлийбитэ. Ити сүтүктэр, биллэн турар, Верочкаҕа сыбаммыттара. — Оттон хайдах туппуттарый? – Лиза интэриэһиргээтэ. — Дьүөгэтэ кыыс, киһиргии-киһиргии, көмүһүн көрдөрбүт: чахчы да, ытарҕата, биһилэҕэ киниэхэ баһаам этэ. Көрдөрөн баран, тумбочкатын түгэҕэр шкатулкаҕа уурбут, оттон Верочка ол күн тоҕо эрэ уопсайга хоммут. Сарсыарда бииргэ турбуттар, үөрэ-көтө чэйдээбиттэр, онтон Верочка, куолутунан, ыксаан-бохсоон, ханна эрэ барбыт. Арай, ол көмүстээх кыыс, маанымсыйаары, шкатулкатын таһаарбыта, кураанах буолан биэрбит! Кыыс, биир биэс тыла суох, милииссийэни ыҥырбыт, дьыала ытыллан барбыт. — Оччоҕуна Верочкаҕытын тыыннаахтыы сиэтигит? – эмиэ Лиза туоһуласта. — Эчикийэ суох. Бастаан утаа, балыыһаҕа сүрэҕэ бүрүүстүптэнэн киирбит аатырбыта, ону ол диэбэккэ, комсомольскай тэрилтэ көҕүлээһининэн дьүүллүүр мунньах ыытыллар күнэ анаммыта. Верочка дьэҥкир ыраас аптарытыата ити курдук сууллубута, аны кини уоруйах, клептоманка аатырбыта. Бары, була сатыы-сатыы, кинини баһааҕырдар түгэннэри ырытар буолбуттара. «Ол иһин да хаһан да киһини утары көрбөт, аһара сүүрэлэс харахтаах этэ!» диэн буолбута, сорохтор сабаҕалааһыннарынан, кырачаан уол төрүт да кини иитэр оҕото буолбакка, бэйэтин киэнэ, ону кистээбит үһү. Ол мунньах буолар күнүн бары да күүт да күүт! Сорохтор иэстэһээри, сорохтор туйгун кыыс хайдах курдук сиргэ-буорга тэпсиллэрин көрөөрү, оттон баартыйалар «итинник куһаҕан адьынаттаах киһи биһиги кэккэбитигэр суох буолуохтаах! Саат-суут!» — диэн санааттан. Чахчы, хайа да өттүнэн ыл, бөрүкүтэ суох дьыала буолан тахсыбыта. Хата, ити долгуҥҥа иһэр-аһыыр, борогууллуур устудьуоннар өрө дагдайа түспүттэрэ. «Биһиги, төһө да элбэх кыһалҕаны үөскэттэрбит, хаһан да уорбатахпыт!» диэн, уобарастарын тупсарына сатаабыттара. — Верочкаҕытын инньэ гынан сууттаатыгыт? – Лиза эмиэ тулуйбата. — Суох. Хайдах киниэхэ табыллыбыта эбитэ буолла, деканаттан докумуоннарын ылларан баран, биир күн куораттан сүтэн хаалбыта. Быһатын эттэххэ, ханна эрэ куоппут. Бастаан утаа, эмиэ айдаан бөҕө тахсыбыта: туох да миэрэ ылбакка, таах куоттардыбыт диэн. Ол эрээри күн-дьыл ааһан истэҕин аайы Верочка туһунан кэпсэтии аччаабыта. Этэргэ дылы, туох барыта хаһан эрэ тиийэн умнуллар дьылҕалаах. — Итинэн бүттэ дуо? – Лиза, мыыныахча. — Итэҕэйиэххит суоҕа, аҕыйах сыллааҕыта мин Верочканы Внуково авиапордугар көрсүбүтүм. Күүтэр саалаҕа уун-утары олороро.
Бастаан утаа туох мааны дьахтарай диэн, хараҕым киниэхэ хатаммыта: таҥаһа-саба, бэл, чымадаана сыаналааҕа өтө көстөрө. Онтон сыныйан көрбүтүм: Верочка! Кини уоһун үрдүгэр мэҥнээх этэ: суох, хайдах да булкуйар кыаҕым суоҕа! Ол иһин «Верочка!» диэн саҥа аллайбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. Дьахтар мин диэки көрө түспүтэ уонна, биллэн турар, билбитэ: ол хараҕар сурулла сылдьара. «Извините, вы меня с кем-то путаете!» — диэн хоруйдаабыта, ол эрээри саҥарбатаҕа ордук буолуо эбит, кини куолаһын мин хайдах бутуйуохпунуй? Чэ, кэпсэтиэххин баҕарбат буоллаххына, кэпсэтэн абыраама диэн саныы олордохпуна, эмиэ мап-мааны таҥастаах эдэр уол киниэхэ кэлбитэ уонна: «Верочка, наш рейс объявили!» — диэбитэ. Бүттэхпит – ол. — Даа, чахчы да Верочка эбит! – Лана сөхпүттүү-махтайбыттыы эбитэ дуу, эбэтэр сүөргүлээбиттии саҥа аллайбытын, хайалара да кыайан быһаарбата; тоҕо эрэ бары санааҕа ылларан, чочумча саҥата суох олордулар. Даана Сард.
kyym.ru сайтан