Кэпсээ
Войти Регистрация

Үүтээн кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Үүтээн кэпсээннэрэ

K
27.06.2018 11:38
Бултуу-алтыы сылдьан, күнү быһа киэҥ сиринэн тэлэһийэн, сылайан-элэйэн кэлэн баран, киэһэтин «быр» курдук үүтээҥҥэ сытан арааһы кэпсэтэр үчүгэй да буоллаҕа. Булт эриэккэс түбэлтэлэрэ, дьиҥ олоххо буолбут мүччүргэннээх сырыылар, быһылааннар харахха субу баардыы ойууланалларын булт абылаҥар дьиҥнээхтик ылларбыт эрэ киһи өйүгэр, сүрэҕэр дириҥник хатыыр. Бүгүн эһиэхэ итинник түбэлтэлэртэн быһа тардан кэпсиим. Саха сиэринэн дорҕоонноохтук ааттаабакка, көннөрү ааттарынан билиһиннэриим. Бүөтүр Дьааҥы сиригэр-уотугар киин улуустан отучча сыллааҕыта кэлэн олохсуйуоҕуттан түүлээхтиир. Атын булка дураһыйбат. Ордук саһылы эккирэтиһэрин сөбүлүүр. Бу дьиҥнээх былыргы сахалыы бултааһын үһү. Массыынанан, көтөр аалынан, мотуорканан сылдьан бултааһыны ахсарбат. Кини дьиҥнээх булчут үүтээҥҥэ кырата ый сытан сыралаһан, сатыы хааман, тоҥон-хатан бултуохтаах диэн санаалаах. Саһылы бултаһарга киһиэхэ үтүө хаачыстыба ирдэнэр диир. Ол курдук, булугас өй, улахан баҕа, тулуур уонна дьулуур түмүстэхтэринэ эрэ аар тайҕа маанылаах кыылын сонордоһуохха сөп. Бүөтүр алта уонугар да чугаһаатар, билигин да тэтиэнэх, наар сатыы сылдьар. Бу бүгүн эмиэ Таас Дьааҥы хайатын быыһыгар тохсунньу торулуур тымныытыгар тоҥуу хаары оймоон саһылга ииппит чааркааннарын кэрийэ сылдьар. Үүтээнигэр тахсыбыта бэһис күнэ да, бултуйа илик. Бүтэһик чааркаана кэллэ. Хайа, бу тугуй, чааркаанын туох эрэ илдьэ барбыт. Булчут үөрэн, сүрэҕэ күүскэ-күүскэ тэптэ. Сылайбыта-элэйбитэ харахтан сыыһы ылбыт курдук буолла. Түргэн хаамыынан суоллаан истэ. Эмискэ бөлкөй ойуур быыһыттан туох эрэ хара элэс гынна. Булчут сүрэҕэ мөҕүл гына түстэ, бөрө дуу дии санаата. Бүгүн ыраата барар буолан, чэҥкээйи оҥостумаары саатын ылбатаҕа. Онтон уоскуйан баран, кыылын суолун чинчийэн бүүчээн буоларын быһаарда. Суоллаан көрдө да, кыыла ситтэриэ суох. Хараҥаран барда, үүтээнэ бу үрдүк хайа уҥуор баар, онон төнүннэ. Сарсыарда эрдэ кэлэн суоллаан, кыылын ытан ылла. Булдун сүгэһэригэр угаары гыммыта баппата, онон нотуруускалыы сүгэн кэбистэ. Үүтээнигэр дэлби сылайан, бырда быстан кэлбитэ, дьиэтэ тымныйбыт. Оһоҕун оттоору, кыылын түһэрээри гыммыта, бүүчээнэ киниэхэ хам сыстан хаалбыт. Бүөтүр, дьэ, мучумааҥҥа түбэстэ, моһуок буолла. Араастаан түһэрэ сатаата да, түспэтэ. Хайыай, бүүчээнин сүгэ сылдьан маһын мастаата, уотун отунна, күөһүн өрүннэ. Ол сылдьан бүүчээнин кытта кэпсэтэр “кими да маннык чааһы-чааһынан сүгэ сылдьыбатаҕым, оннооҕор тапталлаах кэргэммин” дэтэлээтэ. Кэмниэ кэнэҕэс, бүүчээнэ дьэ ирэн, кыылын нэһииччэ муостаҕа түһэрэн уоскуйда. Дьэ, аар тайҕа барахсаҥҥа араас үөйбэтэх-ахтыбатах түбэлтэ тахсар. Сарсын булчуту туох күүтэрэ биллибэт. Үлүскэн үөрүү дуу, курус хомолто дуу. Ону ким билиэй, туох диэн сэрэтиэй дуу, хайдах диэн этиэй дуу? Ол эрээри саха сүрэҕэр булт тардыыта хаһан да уҕараабат. Биирдэ Бүөтүр Бокуруоп саҕана таҥыыларын, хапкааннарын, сохсолорун туруора сылдьан, тайах суолугар аралдьыйан ыраатан хаалбыт. Онон куобах үөлэн сиэн баран, аһаҕас халлаан анныгар хоммут. Түүн кыратык тоҥмут да, оччолорго эдэр буолан кыһамматах. Халлаан саҥа суһуктуйуута үүтээним бу диэки баар диэн баран түһүнэн кэбиспит. Биир
алыыны быһа түһэн, хайа намтал сиринэн баран иһэн, саһыл бөлүүн былыргы, маһы хайытан оҥоһуллубут таҥыыга иҥнибитигэр түбэспит. Былыр таҥыыны оҥороллоругар, мас ууланан, үчүгэйдик хайдар кэмигэр, киһи харытын саҕа суон маһы сүгэнэн хайа охсоллоро. Ол хайаҕаска күрүө тоһоҕотун курдук маһы, таҥыы иккис атаҕын угаллар уонна үһүс атаҕын онно үрдүгэр туталлара. Билиҥҥи курдук боробулуоханан баайбаттара. Былыргы таҥыы намыһах буолан, саһыл сөрөнөн хаалбыт. Бүөтүр син балачча бултаата да, саһыл итинник кэбирэхтик таҥыыга иҥнибитин көрө да, истэ да илигэ. Дьэ, толкуйга түспүт: саһылы ылыаҕын атын киһи таҥыытыгар иҥнибит, хаалларыаҕын таҥыы былыргыта бэрт, хаһаайына суох. Балайда толкуйдаан баран, таҥыыттан сүөрэн ылан, суор-тураах сиэбэтин диэн, үөһээ мутукка ыйаан кэбиспит. Онон кини саха былыргы үтүө үгэһин тутуспут. Былыр саха булчуттара киһи булдун хаһан да ылбаттара. Ыкса киэһэ үүтээнин булан баран, утуйа сытан түүл түһээбит. Арай былыргы таҥастаах оҕонньор кэлэн: “Эйиэхэ уурбутум дии, тоҕо ылбатыҥ?” — диэбит. Бүөтүр ый курдук буолан баран, ол диэки охсулла сылдьан, саһылы баран көрбүтэ, букатын суох эбит. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ. Киһи илдьэ барыаҕын, ким да сылдьыбат сирэ уонна хаарга суол-иис да суох эбит. Тыҥырахтаах көтөр илтэ диэҕи, саһылы иҥнибит туһаҕынан сиргэ түспэт гына үчүгэйдик ыга баайбыт. Бүөтүр билигин сааһыран баран, ардыгар саһылы ылбатаҕыттан кэмсинэр. Санаатыгар, ол саһыл таҥыыга иҥнибит сиригэр үчүгэйдик тоҕо-хоро бултаабат. Туох билиэй, айылҕа дьиктитин? Баҕар, кырдык, Баай Байанай киниэхэ анаабытын ылбакка хомоппута буолуо. Баҕар, хара тыа, сир-дойду иччилэрэ үтэн-анньан хайдах киһитин билэ сатаабыттара буолуо... Хайдаҕын да иһин, Бүөтүрү отуттан тахса сыл хара тыата көрөн-истэн, маанылаан этэҥҥэ илдьэ сырыттаҕа. Илдьэ сылдьыа да турдаҕа. * * * Уйбаан оччолорго аармыйаттан кэлэн өрө көрө сылдьар кэмэ этэ. Анаабырга барар. Хоту дойду дьоно үөрэ-көтө көрсөллөр. Дэриэбинэҕэ аҕыйах хоноот, бултуу бараллар. Хаһыс да күннэригэр аҕыйах табаны охтороллор. Үөрүү-көтүү буолар, дьоно Уйбааны таһаҕастаан балааккаҕа ыыталлар. Эдэр киһи бэрт дьулусханнык айаннаан истэҕинэ, бураана умуллан хаалар. Оҥосто сатаан баран кыайбат, хараҥаран хаалар, тымныыта да сүрдээх. Күнү быһа аһаабакка сылдьыбыт киһи, кыратык сыта түһүөххэ диэн баран, өссө да инчэҕэй аҥаардаах тириини саптыбыт, сорҕотун тэлгэммит да утуйан хаалбыт. Арай түүн үөһэ тииһэ тииһигэр ыпсыбат буолан уһуктубут. Тураары гыммыта, тириитэ хам ылан кэбиспит. Мөхсөн көрөр да, төрүт ыыппат үһү, оннук хас да чааһы быһа эрэйдэнэ сыппыт. Ытаа да ыллаа, туундара киэҥ дуолугар ким истиэ баарай?! Эрэлэ эстэн эрэр эдэр киһи бэйэм акаарыбыттан бу хоту дойдуга тоҥон өлөн эрэбин диэн кэмсинии бөҕөтүн кэмсиммит. Кэмниэ кэнэҕэс бэрт ыраахтан бураан уота кыламнаан көстүбүт. Дьоно кэлэн Уйбааннара толкуйа суоҕуттан сөрү диэн сөхпүттэр. Сыарҕаны бурааннарыгар холбоон илдьэллэр. Киһилэрин балааккаларыгар сыарҕалары киллэрэн ириэрэн ылбыттар. Дьэ, ити курдук
эмиэ да күлүүлээх, тустаахха кутталлаах түбэлтэ буолбут. * * * Көстөкүүн отутун ааспыт, турбут-олорбут, курбуу курдук хатыҥыр эр бэрдэ. Биирдэ Тэккээни үрэҕин үүтээнигэр сытан манныгы кэпсээн турар. Уонча сыллааҕыта бу үүтээҥҥэ олохсуйан аҕатыныын бултаабыттар. Саҥа хаар түһэн баран ууллубут. Куобахтаан бүтэн дэриэбинэҕэ киирээри олордохторуна, үрэх үрдүгэр баар үүтээнтэн Тайах Өлүөскэ диэн булчут уол кэлбит (тайах курдук дохсуннук хаамарын иһин Тайах Өлүөскэ диэбиттэр). Үһүө буолан үрэҕи өрө баран иһэн табалар суолларыгар түбэспиттэр. Аҕам: “Табалар ырааппатахтара буолуо, онон бултаһыахха,” – диэтэ. Биһигини хайаттан түһэр үрүйэҕэ тоһуйтарда. Бэйэтэ хайаны дабайан табалары үргүтэ барда. Сотору соҕус буолаат, табалары үргүтэн иккитэ ытта. Онтон балайда буолан баран, мастар быыстарынан табалар элэҥнэһэн иһэллэрэ көһүннэ. Адаар муостаах уончалаах аарыма атыыр бастаабыт, биэс тыһыта батыһан иһэллэр. Маҥнайгы ытыым кэнниттэн буур ыстанан кэбистэ, ону иккиһин биэрдим. Онтон батыһан иһээччилэрин ытыалаатым. Маҥнай мэлийдим дуу дии санаабытым, суоллаан бууру булан ыллым, өссө биир таба бааһырбыт. Биһиги Өлүөскэлиин бууру астаатыбыт, аҕам табыллыбыт табаны эккирэтэ барда. Икки күнү супту эккирэтэн, дьэ ситэн, ытан ылбыт. Бу сылдьан кырдьаҕас арҕаҕын таба тайаммыт. Дьиҥинэн, эһэ кыстык хаар иннинэ арҕаҕар сытар, ону хаар эрдэ түһэн суолун көрдөрбүт. Биһиги хас да буолан сэтинньи ортотугар арҕахха бардыбыт. Баатыр диэн ыттаахпыт. Аҕам сирдээн хайа аппатын сирэйин кэрийдибит, өр баҕайы көрдөөтүбүт. Ыппыт арҕаҕы булан үрэн тоҕо барда, саҥата кыччыы-кыччыы улаатар, ол аата арҕахха киирэ-киирэ тахсар. Уоҕа-кылына киирэн үрэ сылдьар ыппытын нэһиилэ туһахтаан арҕахтан таһаардыбыт. Икки бүө маһы быһан аҕалан арҕах айаҕын үөһэттэн олуйа анньан кэбистибит. Ону даҕаспытынан кэриэтэ, санаабар, хаардаах тэҥкэ тииттэр үмүрүс гыныахтарыгар диэри кырдьаҕас часкыйда. Баспыттан атахпар диэри тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум, этим сааһа аһыллан куйахам үмүрүтэ тардыалаата. Төһө да куттаннарбын, биллэрбэт буола сатаатым. Саабын эһэ арҕаҕын диэки туһаайан турдахпына, мэктиэтигэр, сүрэҕим айахпынан тахса сыста. Ол да гыннар аҕам сыыһа туттар түбэлтэтигэр ытарга бэлэм турабын. Тыатааҕы тахсаары быгыалыыр да, бүө мастартан мэһэйдэтэр. Түргэнэ сүр. Аҕам маҥнай ытыытыгар таппата. Иккис ытыытын лаппа соҕус быкпытын кэннэ ытта, кыылбыт дьэ уоскуйда. Бултуйан үөрүү-көтүү буолла. Аҕам уот отто охсоот, Баай Байанайын аһатта. Булт суруллубатах сокуонунан арҕахха саамай эдэр киһи киириэхтээх. Эбээн Миитэрэй мас сүгэһэриттэн быа ылан биэрдэ. Мин соммун устан тиит мутугар ыйаатым. Кыылбыт аны «дьукаахтааҕа» буолуо диэн, куттана-куттана, сыылан киирдим. Арҕах иһэ хабыс-хараҥа, хата, ханна да иккис кыыл хараҕын уота көстүбэт. Илиим иминэн төбөтүн булан моонньуттан баайдым. Дьонум маҥнай миигин тардан ыллылар, онтон кырдьаҕаһы ньылбы соһон таһаардылар". Дьааҥы сорсуннаах булчута Көстөкүүн маннык кэпсээн турар. * * * Сүөдэр — Сунтаарга биллибит булчут, орто уҥуохтаах сырыыны сылдьыбыт сирэйдээх-харахтаах сааһыран эрэр киһи. Кини
биирдэ маннык түбэлтэни кэпсээн турар. Күһүөрү кыһын киискэ тоһуурдарын көрөн баран үүтээнигэр төннөн иһэн, бөрөлөр суолларыгар кэтиллэ түспүт. Суолларын хайан көрбүтэ, хас да бөрө тайаҕы эккирэппит. Суолларыттан-иистэриттэн сылыктаатахха, охтороллоро чугаһаабыт. Сотору-сотору тохтоттохторуна, дуолан охсуһуу буолар эбит. Бөрөлөр обургулар, оччо буолан баран ыраатыннарыахтара дуо, сотору охторбуттар эбит. Тайах сэмнэҕин эргийэ хаама сылдьан, Сүөдэргэ сыыһа санаа көтөн түспүт. Ол сыыһа санаата Сүөдэри бу Орто дойду олоҕуттан матара сыспыт. Кини тайах тыстарын сүлэн ылбыт уонна аа-дьуо хааман үүтээнин диэки бара турбут. Үүтээнигэр чугаһаан истэҕинэ, бөрөлөр улуйбуттар. Сүөдэр этэ тарпыт, харса суох иннин диэки түһүнэн кэбиспит. Муҥар, саатын чэҥкээйи оҥостумаары бүгүн ылбатах. Хапкаан көрөрүгэр сааны илдьэ сылдьарын аахайбатах. Күнү быһа сааны сүгэ сылдьар тустаахха сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Бөрөлөр обургулар икки атахтаах кинилэр бултарын тыыппытын сөбүлээбэтэхтэр, кэнниттэн эккирэтэн сундулуспуттар. Сүөдэр, дьоло тардан, бөрөлөр арыый хойутаан эккирэппиттэр уонна үүтээнэ чугас буолан нэһиилэ быыһаммыт. Үүтээнэ арыый ырааҕа буоллар, хайа дьаабы буолуо биллибэт этэ. Булчут үүтээн иһигэр киирэн, тымныы уу иһэн, табахтаан, балай эмэ өр олорон уоскуйар. Бөрөлөр кинини куоттарбыт кыһыыларыгар үүтээни эргийэ сылдьан улуйаллар. Аны уу баһар көлүччэтин ойбонун таһыгар олорон онолуйбуттар. Сүөдэр үүтээнин аанын сэгэтэн баран, хараҥаҕа сэрэх хоту туһаайан ытан саайар. Ону даҕаспытынан биир бөрө табыллыбыт курдук “ньах” дии түһэр. Сүөдэр ойон тахсан иһэн, эмискэ туох эрэ түөскэ аспытыгар дылы тохтуу биэрэр. Бука, кинини араҥаччылыыр күүс тохтоппута буолуо. Өрүкүйбүт киһи аанын хатанан баран, халлаан сырдыар диэри утуйбакка олорор, долгуйбута ааһан биэрбэт. Арай тыҥ хатыытыттан халлаан лаппа сырдыар диэри кыратык утуйан ылар. Күн тахсыбытын кэннэ тахсан бөрөлөр суолларын хайан көрөр да, төрүт да таппатах эбит. Онтон үүтээнин кэннигэр оттор мас көтөҕө тиийэн баран, бөрө кинини кэтэһэн сыппыт суолун булар. Тута куйахата үмүрүтэ тардар, бөрөлөр тугу толкуйдаабыттарын өйдөөн ис-иһиттэн куттанар. Бөрөлөр баһылыктара, атыыр аарымата, ньылбыйан үөмэн кэлэн, үүтээнтэн аҕыйах хаамыы сиргэ кинини тоһуйан сыппыт. Онтон саанан ыппытыгар, биир бөрө соруйан, Сүөдэри үүтээниттэн таһаараары, табыллыбыт курдук “ньах” диэбит. Эдэр булчут эбитэ буоллар, табыллыбыт бөрөнү көрөөрү быстахха былдьаныа эбит. Сүөдэр бу түбэлтэҕэ бэйэтин буруйдааҕынан ааҕынар, ардыгар эмиэ да бөрөлөргө абарар. Ханныгын да иһин, дьон, кыыл бултарын тыытыллыа суохтаах. Бөрөлөр эмиэ кини курдук бултаан аһыы сырыттахтара дии. Аар айылҕа оннооҕор чулуу булчуттарын үтэн-анньан үөрэтэ-такайа сырыттаҕа, холус да соҕустук буоллар. Үүтээн кэпсээннэрин Егор КАРТУЗОВ тиэртэ.
kyym.ru сайтан