Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Инфарка, инсуулга ситтэрэн бэрт!

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Инфарка, инсуулга ситтэрэн бэрт!

K
edersaas.ru Категорията суох
28.05.2022 18:00
Сааһыран баран, инфарктан, инсуултан куота сатаан буолбакка, эдэр эрдэххитинэ, чэгиэн-чэбдик туругу эккирэтэн сүүрүҥ диэн, бадаҕа, улуу бөлүһүөк, эмчит Гиппократ сүбэлээн турар. Аҕыс уонус хаарбын уулларбыт оҕонньор, ыараан-бохтон иһэрим ханна барыай. Сүрэҕим ытырбахтыыр, сүһүөхтэрим кыйытталлар, хааман иһэн уҥа-хаҥас халыйталаан да ылабын. Инньэ гынан, инфарктаан, инсуллаан охтон хаалбакка, хайдах эмэ гынан бу Орто дойдуга өссө да олоро түһэр баҕа туохтааҕар да сытыырхайар, хас биир күн күндүтүйэр буолар эбит. Эдэр-сэнэх сылдьан ол туһунан санааҕар да оҕустарбат эбиккин. Түүнүн аанньа утуйбакка, эмэхтийбит эппин-сииммин ыбылы сытан айаккалаан-дьойокколоон, бэрт эрэйинэн эргичиҥнии сатаан баран, халлаан аһыллыыта орҕостон туран, чаас аҥаара таҥнан-хомунан таһырдьаны былдьаһабын. Уһуктан эрэр Дьокуускайым аспаал иэннээх уулуссатынан сөрүүн салгыны эҕирийэ-эҕирийэ хааман саллаҥныыбын. Сүүрэр кыах суох. Хас сарсыарда аайы сэргэхсийэрим, астынарым баар, сүүрэр-хаамар дьарыктаах эдэр-эмэн, оҕо-дьахтар элбээн, хойдон иһэриттэн. Бэйэм барааскаларбыныын, үксүлэрин ааҕа билэттиибин, “өссө да тыыннаах эбиккин дуу” дэһэн хаадьылаһан, тыл бырахсан аасыһабыт. Барахсаттарым, араастаан хаамаахтыыллар. Илиилэрэ такырыһан, атахтара соһуллан, кырыыбалыы, иҥнэри түһэн да буоллар, тайахха тэптэрэн аргыый сыылаҥхайдаһаллар. Доруобуйаларын ыһыкта илик, өссө да киппэ кырдьаҕастар сүүрэр-хаамар былаастаан сүһүөхтэрин үрдүгэр бэдьэһэллэр. Харахтарын хайа тардаат, хам буолбат кэпсээннээх саас ортолоох дьахталлар күргүөмүнэн ньамалаһан, даамба устун хаалыктаах хаамсаллар, атын үлүгэрдик ходьоҥолоһоллор. Күлсэн-салсан, хара сарсыардаттан санаалара көнөн, адреналин бөҕөнү иҥэринэн, уһун күҥҥэ ситэри сэрээттээммит өкүмүлээтэр курдук дьиэлэригэр-уоттарыгар түбүгүрүөхтэрэ, үлэлэригэр-сулууспаларыгар үлүмнэһиэхтэрэ турдаҕа. Дьахталлар барахсаттар. Бэлисипиэттээх ыччаттар эрдэтээҥҥи кураанах уулуссаларынан астына сыыйылыннараллар. Элбээбиттэрэ сүрдээх. Аныгы хайыһардьыттар сайыннары дьарыктанар буолбуттара сөхтөрөр. Онуоха куораппыт уулуссалара көнөлөрө, киэҥнэрэ, ыраастара, баһаалыста, диэбит курдук, усулуобуйа бөҕө. Көлөһөлөөх-роликтаах хайыһардарынан хаҥкылыы тэбэн, тайахтарынан эрчимнээхтик анньынан элэҥнэтии! Сөҕө, ымсыыра көрө хаалаҕын. Оо, номох буолбут хайыһардьыт, үтүөлээх тириэньэр, 70-нугар хайыһарга Арассыыйа спордун маастарын нуорматын толорбут Байбал Харытыанап барахсан, төһө эрэ астына, үөрэ көрүө этэй… Оҕолорбут барахсаттар, эдэркээн кыргыттар санныларынан, самыыларынан оонньоон, бэрт чэпчэкитик сүүрэн мэтэҥэлэһэллэр. Сэк курдук, тыаһа суох аттыгынан тэлээрэн, чөмөхтүү эриммит суһуохтара кулунчук кутуругун курдук икки өттүлэринэн охсуллан ааһаллар. Сити курдук, сарсыарда аайы сатыылаан, салгыҥҥа чэччийэн, элбэҕи билэн-көрөн сэргэхсийэн, саҥа күнү санаа-оноо баттыга суох саҕалыыртан ордук, сааһырбыт киһиэхэ туох баар буолуой. Абааһы инфарка, инсуулга ситтэрэн бэрт!
edersaas.ru сайтан