Кэпсээ
Войти
Регистрация
УТУМ (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УТУМ (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.09.2021 18:00
Субуотаҕа сынньана таарыйа Сэгэлдьийэ Чээлэй кэпсээнин ааҕыҥ эрэ. Сарсыарда Огдуус дьиэтэ сөрүүдүйбүтүн биллэ. Тымныы салгын үрэр курдук. Түннүгүн оҥостубатаҕа биллэҕэ. КүҺүҥҥү халлаан тыала-кууҺа, сөрүүн тыына биллэн эрдэҕэ… Оргууй аҕай туран оҺоҕун отунна уонна кураанах мас умайар тыаҺыгар бигэтэн санаатын ситимэ бииртэн биир утум буолан субуллан истэ. ХаҺааҥҥы дылы бу курдук соҕотоҕун олоруо буолла, оҺоҕун да отторо бытаарбыт… Соҕотох уоллааҕа… Сиэннэрдээх… Уоллаах кийиитин санаан хараҕа ууланна.. Кийиитин кини ылымматаҕа, тоҕо эрэ кини уола тулаайах кыыҺы ылыа суохтаах курдук саныыра. Ол да иҺин, биир үксүн, сиэннэригэр ымманыйбатаҕа. Аны ити айан… Барытыгар кийиитин буруйдуур санаата баҺыйан, оҕолор мэниктииллэрин тулуйбат курдуга, уолун аҺыыта да оҕустаҕа… Уоллаах кыыс барахсаттар чугаҺыы сатыыллара да, эбэлэриттэн олус толлоллоро биллэрэ. Бу олорон эргитэ санаан көрдөҕүнэ, кийиитэ ас астаан да ыыта сатыыра, «ийээ» диэн ааттаан да көрөрө… Ону мин хайдах хардардым? Огдуус соҕотох хаалбытын билинэн аны саҥа таҺааран ытамньыйда… Устунан түүлүн өйдөөтө. Түүлүгэр уола кэргэнин көтөхпүт уонна саҺархай сибэккилээх хонуу устун оргууй аҕай хааман бара турда. Онтон кэннин хайыҺан көрдө, онно Огдуус уолун хараҕар эмиэ да курус, эмиэ да эрэммит көрүүнү аахпыт курдук. Оттон кийиитэ илиитигэр икки сибэккилээх. Огдуус бу оҕолор сибэкки ортотугар сылдьан сибэкки үргүүллэр эбит ду дии санаата, ону таайбыт курдук кийиитэ сибэккилэрин Огдууска уунар уонна эмиэ «Ийээ,» — диэн көрдөспүт-ааттаспыт куолаҺа иҺиллэр. Огдуус түүлүттэн уйулҕата көттө. Кийиитэ мэлдьи ааттаҺардыы көрөр хараҕын, көрдөспүттүү сыыйыллар куолаҺын хаҺан да аахайбатах эбит… ОҺоҕун уотун сылааһа Огдуус атаҕын сылытан, санаата манньыйан сыыйа Сүргэннээх Сарыадаҕа тиийдэ. ТөҺө эрэ хомойдулар? Сүргэн түүлүгэр аҕатын, ийэтин аатын саҥардаҕына Огдуус истибэтэҕэ буолааччы. Бу олорон өйдөөтөҕүнэ, төрөппүттэрин сүтэрбит сиэннэригэр биир үчүгэй, сылаас тылы эппэтэх эбит. Үрдүттэн соҕотох уолуттан мэлийбитигэр тулалыыр дьону, бэл, ол күнү буруйдаабыт эбит. Сүрэҕим оннугар туох тааҺын укта сылдьыбытым буолла диэн бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйдэ… * Сүргэн балтын кууҺа сытарын көрөн, Сайдыына олус да долгуйда. Кини хаҺан эрэ кып-кыра, быыкаайык уол оҕолоох этэ… Сотору арахсыах сотору арахсыах курдук биир да сөкүүндэ көрбөтөҕүнэ, илиитигэр ылбатаҕына тугун эрэ сүтэрбит курдук буолара. Сыта эчи минньигэҺин, бэйэтин тылынан лэбигирийэрэ көрүдьүөҺүн, ытыыра да бэбээрэн кэрэтин! Ол чыычааҕа биир үтүө күн, соҺуччу даҕаны аҕыйах чаас ыалдьан суох буолбута. Оо, онно Сайдыынаны уоскутар, бу орто дойду олоҕор төннөрөр ылыннарыылаах тыллаах эр киҺитэ суоҕа… Дьүөгэлэр барахсаттар тугу гыныахтарай? Аҥардас харахтарын уута тэҥҥэ тохторо… Сайдыына олох сэрэнэн Сүргэни төбөтүттэн сыллаата. Уол барахсан балтын өссө күүскэ кууста, «Ийээ,» — диэн сибигинэйдэ, Сайдыына ытыҺынан сирэйин саба туттаат, ааны былдьаста. ТөҺө да кыра, биллибэт тыас буоллар Сарыада уҺуктан хараҕын симириҥнии сытта. «Убаай, убаай эн көрдүҥ?» — убайын ойоҕоско анньыалыыр. Сүргэн оргууй аҕай: «Саҥарыма, саҥарыма… Ийэбин түҺээтим. Кини миигин сыллаабыта. Утуй, утуй». Сарыада чочумча сытта, онтон сэрэниин сэрэнэн турда, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн хос аанын өҥөйдө. Санаатыгар, ийэлээх аҕата кэлиэх курдуктар… Арай көрүдүөр ортотугар биир эмээхсин хааман иҺэр. Бытаан. Сарыада сирийэн одууласпыта эбэлэрэ эбит! “Эбэбит кэллэ!” – диэн чаҕаарбытынан суорҕанын анныгар киирэн кирийэн хаалла. Убайа кинини өссө күүскэ кууста уонна тоҕо эрэ суорҕан анныгар бүк киирэн хааллыллар. Аан аҺыллар, Огдуус ороҥҥо чугаһыыра билиннэ. Арай оҕолору суорҕан нөҥүө сымнаҕас илии имэрийдэ, оҕолор эттэрэ-сииннэрэ тыҥааҺынтан босхоломмут кэриэтэ буолла: — Котокуларым барахсаттар… Кырдьаҕас түөҺээҥки эмээхсини бырастыы гыныҥ… Мин эҺигини ыла кэллим. ХаҺан даҕаны кимиэхэ даҕаны биэриэм суоҕа. Сиэннэрим барахсаттар… Сүргэн, мин диэки көрүҥҥүтүүй…Сарыада… Ааттыыбын… Сүргэн суорҕанын арыйда… Оҕолор уонна эбээ Огдуус бары ытаспыт харахтарынан көрсүҺэ түстүлэр. * Бүгүн олус да чаҕылхай күн! Суол устун Сайдыына икки оҕону сиэтэн иҺэр. Иннилэригэр эбээ Огдуус хайдах эрэ чэпчээбит курдук хааман иҺэр. Сүргэн: “Эбээ, эбээ, сэрэнэн хаам”, — диэн сүүрэн кэлэн эбэтин сиэттэ. Эмээхсин сиэнин төбөтүттэн имэрийэн ылла. Бүгүн бу дьиэ кэргэҥҥэ олус ураты күн, үөрүү уонна хомолто бииргэ силлиҺэр күнэ. Төрдүөн саҥата суох кылабыыҺаҕа кэлэн саҥата суох турдулар. Сайдыына уонна оҕолор сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Огдуус сиэннэрин көрбүтэ, котокулар саҥата суох харахтарын уута сүүрэр, иккиэн Сайдыынаҕа өссө күүскэ сыҺыннылар. Сайдыына эмиэ хараҕын уута сүүрэр, оҕолору иккиэннэрин кууҺан имэрийтэлии турда. Оҕолор олус да нарын, сылаас ытыс имигэр сыыйа уоскуйдулар. Огдуус уоллаах кийиитин уҥуоҕун икки ардыгар сөҺүргэстээтэ, титирэс илиитинэн буору имэрийдэ уонна хайдах эрэ кэҥээбит куолаҺынан: — Кийиитим барахсан, дорообо. Бу оҕолорбутун илдьэ эйигиттэн бырастыы гыннаттара кэллим. Мин хаҕыс көрүүбүн, толуос майгыбын бука баалаама. Эйиэхэ биэрбэтэх кыҺамньыбын, тапталбын сиэннэрбэр уонна эмиэ эн курдук ааттаах, эмиэ эн курдук аанньал санаалаах кэрэ киҺиэхэ аныам. Эйигин санатар үтүө баспытаатал эҺиги оҕолоргутугар ийэ буоларыгар көҥүл ыла кэллим бу… Уолум, оҕолоотор оҕом түөҺээҥки ийэҕин бука диэн бырастыы гын. Олох салҕанар утумун быҺыахпыт суоҕа диэн бигэ быһаарынан кэллим, — Огдуус куолаҺа титирээн, санна ыгдаҥнаан барда. “Эбээ, эбээ, уоскуй. БиҺиги эйигин таптыыбыт. БиҺиги эйигин кытта бииргэ буолуохпут”, — оҕолор кэлэн кууҺа түстүлэр. Ол курдук түөрт сүрэх бииргэ тэптэ, үс көлүөнэ биир тыыннанна. Сэгэлдьийэ Чээлэй
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан