Кэпсээ
Войти Регистрация

Төрөөбүт дойдубут, быраһаай!..

Главная / Кэпсээн арааһа / Төрөөбүт дойдубут, быраһаай!..

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
15.10.2020 17:07
— Оҕонньор, биһиги бүтүн дьиэни барытын кыайан көһөрөн илдьэ барбаппыт чуолкай. Онон бу бинсээккин хаалларарыҥ ордук буолуо. Аны кэлэн, эн биһиэхэ, «дьиэ бөхтөрүгэр», туохха мааны таҥас наада буолуой? Хаһан, ханна кэтээри? Биир боростуой халыҥ уонна чараас таҥас ыллахпытына да сөп буолаа ини. Сөмөлүөккэ эмиэ таһаҕаһыҥ ыйааһыныттан көрөн харчыгын ылаллар үһү ээ... Онон төһө кыалларынан аҕыйах сээкэйдээх барарбыт көнө. Айуу-айа! Күн тура-тура бу хомуоппун хасыһартан да салҕан эрэбин. Ким эрдэттэн билэн этиэ баарай, бу курдук кырдьар сааспытыгар кэлэн төрөөбүт дойдубутуттан арахсан барарбытын? Үйэбит тухары кэлин оҕолорбут улааттахтарына туһаныахтара дии-дии, уһуннук уочараттаан, сээкэй бөҕө ылыммыппыт таах хаалар буоллаҕа... Саатар, били таһараа ыалбытыгар Дьуунньалаахха бэрсэрбит дуу? Кинилэр боростуой дьон сирэ-тала барбакка, үөрүүнү кытары ылыахтара, — диэн, иһин түгэҕэр ботугуруу-ботугуруу, хомуотугар таҥаһын дуомун бэрийэ турда. Бүөтүр олус санаарҕаабыт дьүһүннээх, дьиэ ортотугар оһоххо сыста турар дьыбааҥҥа кэтэх тардыстан сытан: — Бинсээкпин хайаатар да ыллахпына сатанар. Ити мин өллөхпүнэ кэтэн барар бинсээгим ээ... Былырыын Кыайыы күнүгэр кэппитим, онон бүтэр. Сабыс-саҥа. Аны дойдубутугар эргиллэн кэлбэппит буолуо, бука. Ол соҕуруу куорат ханнык эмэ муннугар үгүс нуучча дьонун быыһыгар сытан эмэхсийэр дьылҕалаах дьон буоллахпыт... Иллэрээ сыл сайын уолум кэлэ сырыттаҕына, Эбэ халдьаайытын аннынан ааһан иһэн, дьон уҥуоҕар тохтоон ааспыттаахпыт. Ол саҕана икки сылынан дойдубуттан арахсан барыам диэн түһээн да баттаппат этим. Онно кэмим кэллэҕинэ сытыахтаах сирбин эдьиийим Татыйаас кэтэҕинэн, быһа холоон, бэлиэтээн кэбиспитим. Ити кэннэ уолбар көрдөрдүм, миэстэбин буллум диэх айылаах дууһам уоскуйан, көхсүм кэҥээбиккэ дылы буолбута. Онтубар аны атын ким эрэ тахсан сытыа буолаахтаатаҕа... * * * Бүөтүрдээх Маайа ыал буолан олорбуттара отутус сылыгар барда. Кинилэр иккиэн биир дэриэбинэҕэ улааппыттара эрээри, саастара ырааппытын кэннэ биирдэ холбоспуттара. Урукку ыччат билиҥҥи курдук буолуо дуо? Харахтарынан хайҕаһа да көрсөр буоллахтарына, тэйиччи тутта сылдьаллара. Ол курдук биир сылаас көрүүнү көрбөккө, биир истиҥ тылы эппэккэ, үйэлэрин моҥуохтарын эмиэ сөп курдуга. Оттон кинилэр син түөрт уонча саастарыгар чугаһаан иһэн, олох суолтатын өйдөөн, бэйэ-бэйэлэрин булсан, уоллаах кыыс оҕону төрөтөн, үлэлээн-хамсаан, кимнээҕэр ордуктук, дьоллоохтук олорон кэллилэр. Бүөтүр үйэтин тухары холкуос биир тутаах үлэһитэ этэ. Кини олоҕун биир да күнүн үлэтигэр анаабатаҕа диэн суоҕун кэриэтэ. Оннук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буолан, отучча эрэ сааһыттан куруук баһылыыр-көһүлүүр дуоһунаска сылдьыбыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта быданнаата эрээри, билигин да эдэр үлэһиттэргэ сүбэлиир-амалыыр, ыйар-кэрдэр, дьалхааннаах аныгы үйэ боппуруостарын да сымсатык быһаарсар. Ол иһин дьонтон-сэргэттэн өрүү махтал эрэ тылларын истэр. Бөһүөлэк салалтата биир да бэлиэ күнү Бүөтүрэ суох көрсүбэт буолан, кини билигин да тэрилтэ үлэһитин курдук сананар. Оттон дьиэлэригэр Бүөтүр кэргэниниин бэйэ-бэйэлэригэр олус убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Дэлэҕэ, сэттэ уонча саастарыгар сылдьан имэрийсэ-томоруйса сылдьыахтара дуо? Оҕолоругар
да амарах аҕа, эйэҕэс ийэ оруолун дьоһуннаахтык күн бүгүҥҥэ диэри толоро сылдьаллар. Арай кинилэр сиэннэрин, олохторун салҕааччылары, төрөөбүттэрин кэннэ биирдэ да харахтаан көрө иликтэр. Оҕонньордоох эмээхсини ити санаа куруук олус баттыыр. * * * Ону баара, кинилэр инники олохторун олох атыннык ойуулаан көрөллөр этэ ээ. Бүөтүр тойон, аҕа киһи быһыытынан оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үөрэххэ, билиигэ тардыһалларын күүскэ ирдиирэ. Куоракка баран кэллэҕин аайы, саҥаттан-саҥа кинигэлэри аҕалан аахтарар үгэстээҕэ. Бэйэтэ да син онно-манна сылдьыбыт, олоҕун устата үгүһү билбит буолан, ханна да буоллар өрүү үөрэтэ-такайа сылдьара. Оҕолор аҕаларын баҕа санаатын толорон утуу-субуу оскуолаларын ситиһиилээхтик бүтэрэн, дьиэлэриттэн-уоттарыттан тэйбиттэрэ. Кыыстара Мааһыҥка Новосибирскай куоракка экэнэмиис үөрэҕэр туттарсан киирбитэ. Кини кэннэ икки сыл буолаат, быраата Куоса эдьиийин батыһан эмиэ онно атыы-эргиэн институтугар үөрэнэ барбыта. Билигин санаатахха, Бүөтүрдээх Маайа итиннэ арай биир сыыһалаахтар эбит. Баҕар, баара-суоҕа иккиэйэх оҕолорун бэйэлэриттэн аһара тэйиппэтэхтэрэ, төрөөбүт дойдуларыттан ыраатыннарбатахтара буоллар, дьылҕалара быдан атыннык салайыа эбитэ дуу? Оччолорго да соҕуруу үөрэнэр оҕолоох ыал сэниэ ыал диэн өйдөбүллээх буолара. Ол да иһин буолуо, төрөппүттэр барахсаттар итиннэ туох да куһаҕанын көрбөтөхтөрө. Үрдүк үөрэҕи биэс сыл үөрэнэн бүтэрэ охсон, кэлбиттэрэ эрэ баар буолуо. Дьэ, ити кэннэ үчүгэй үөрэхтээх дьону манна дэриэбинэҕэ да, киин куоракка да былдьаһыгынан ылаллар эбээт. Билиҥҥи ыччат үксэ куорат сиргэ тардыһара кэмнээх буолуо дуо? Дьиэ-уот тэринэн тус-туһунан ыал буолан, ньир бааччы олоруохтара буоллаҕа. Оттон сотору кэминэн этэҥҥэ минньигэс дьон — сиэннэр — кэлиэхтэрэ дии! Эмээхсиннээх оҕонньор бэйэлэрэ эрэ тугу гына олоруохтарай? Наада буоллаҕына сиэннэрин да көрөн астыныахтара. Эчи үчүгэйин, эчи күүтүүлээҕин! Барыта этэҥҥэ эрэ буоллар, барыта кинилэр баҕа санааларын хоту табыллан истэр! Биллэн турар, бу Бүөтүрдээх Маайа эрэ баҕа санаалара буолбакка, хас биирдии төрөппүт баҕа санаата буоллаҕа. * * * Бастаан утаа, барыта ити былаанынан баран испитэ. Оҕолор нэдиэлэ аайы дьонноругар төлөпүөннээн хайдах сылдьалларын, туохха наадыйалларын барытын биллэрэ тураллара. Ол аайы Бүөтүрдээх тыын ылбыт кэриэтэ сананан, аныгыс төлөпүөн тыаһын күүтэллэрэ. Оҕолорбут бииргэ сылдьаллара үчүгэй, кыыспыт быраатын көрө-харайа сылдьыа диэн олус эрэнэллэрэ. Кырдьык, оннук этэ. Эдьиийдээх быраат улахан куоракка, ыраах-ыраах турар уопсайдарга олордоллор да, күн өрүү-өрүү билсэ тураллара. Куоса эдьиийэ баар буолан, атын оҕолортон быдан табыллыбыта. Ол курдук күн-дьыл ааһан испитэ. Оҕолор соҕуруу дойду олоҕор-дьаһаҕар улам үөрэнэн, үгүс атастаммыттара-доҕордоммуттара. * * * Биир үтүө күн киэһэлик соҕус төлөпүөн тырылыы түспүтэ. Маайа сүүрэн тиийэн туруупканы ылбытыгар, Мааһыҥкатын куолаһа чугдаара түспүтэ. Кини олус үөрбүт-көппүт, дьолломмут курдуга. Бастакы уочарат ийэтигэр эрэнэн, нуучча уолунуун ыкса табаарыстаһалларын туһунан кистэлэҥин арыйбыта. Маайа маҥнай туох да диэҕин билбэккэ, өр соҕус тылыттан матан, турбахтаан баран, хайыа баарай, кыыһын үөрүүтүн үллэстэргэ тиийбитэ. Ол эрээри
син биир нуучча киһитэ буоларын иһигэр соччо-бачча киллэрбэтэҕэ. Онон оҕонньоруттан кистиирдии быһаарыммыта. Өссө да туох буолуо биллибэт, эдэр дьон хаһан баҕар тапсыбакка арахсан хаалыахтарын сөп диэн бэйэтин уоскутуна сатыыра. Өр-өтөр буолбакка, сотору кэминэн кыыс «балаһыанньаламмытын» туһунан эрийэн кэпсээбитэ. Дьэ, ити кэннэ киһи тугу кистиэ баарай? Кистэлэҥ арыллан, ийэлээх аҕа кыыстарын дьолун туһугар барытын хайдах баарынан ылыммыттара. Хаһан эмэ бары дьиэ кэргэнинэн күүлэйдии кэлэллэрин сэмээр күүтэ сылдьыбыттара да, Мааһыҥкалара номнуо үөрэҕин бүтэрэн, иккис оҕотун күүтэ сылдьара. Онон Саха сирэ кинилэргэ улахан боппуруос буолбута. «Кыыс — омук анала» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ол гынан Бүөтүрдээх Маайа туох баар эрэллэрэ барыта уолларыгар буолбута. Куоса да үөрэнэ сылдьан сүрэҕин аҥаарын булбут сураҕа иһиллибитэ. Ол эрээри син сайын аайы дойдутугар-дьонугар кэлэ-бара турара. Үөрэҕэр чаҕылхай буолан, бүтэрэр сылыгар олус үчүгэй үлэни биэрэр буолбуттара. Уол өр кэмҥэ сыта-тура толкуйдаан, дьонун кытары сүбэлэһэн көрөн баран сөбүлэспитэ. Оттон оҕонньордоох эмээхсин икки оҕону иитэн-аһатан, үөрэттэрэн баран, дойдуларыгар иккиэйэх эрэ хаалбыттара. Быһата, ытыс соттубут курдук санаммыттара. Суох. Оҕолор төрөппүттэрин туох да иһин бырахпаттар! Ол оннугар соҕуруу олоро кэлэллэригэр ыҥырбыттара ыраатта. Мааһыҥкалара онно кыахтаах ыал кийиитэ, бэйэлэрэ туспа дьиэлээх-уоттаах, хаһаайыстыбалаах дьон. Бириэмэ аастаҕын аайы оҕолор аны төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйа кэлбэттэрэ өйдөммүтэ. * * * Ийэ диэн ийэ. Ийэ хаһан баҕарар оҕолоругар тардыһар. Туох да буолбутун иһин! Оттон бу сырыыга хайдаҕый? Маайа да Бүөтүрүн уһуннук көрдөстө-ааттаста. Күн бүгүн бэйэлэрин кыанан олорбуттарын иһин кинилэр да олус кэбирээтилэр, саас ылыахтааҕын ылан иһэрэ биллэр. Аны көрөр-харайар оҕолоро суох бу чороҥ соҕотох хаалбыт кырдьаҕастар хайдах олоруохтарай? Эмиэ туһунан кыһалҕа диэтэҕиҥ. Кинилэр туох туһугар оҕоломмуттарай? Кырдьар, кыаммат буолар саастарыгар бэйэлэрин көрдөрөөрү, олохторун салҕаары. Оччоҕо дойдуларыттан арахсан оҕолорун батыһалларыгар тиийэллэр. Аны кэлэн, атын быыс-арыт суох... * * * Бүөтүр соҕуруу көтүөн иннинэ күн чугастааҕы алаастарын барытын кэриэтэ кэрийдэ. — Оо, төрөөбүт дойдум барахсан! Хайдахтаах курдук ыар санаалаах арахсан эрэрбин арай эн эрэ билэн эрдэҕиҥ... Эн дуолгар олус да дьоллоох олоҕу олордум. Ол эрэн кырдьар сааспар кэлэн, эйигиттэн тэйэн эрэрбиттэн олуһун да санааргыыбын! Күөрэгэйим барахсан бу дьырылыы сырыттаҕыан! Кини эмиэ миигин кытары быраһаайдаһарга дылы, ыллыы-туойа тула көтөөхтүүр ээ. Балыктаах баай күөлүм уута, эн миэхэ мэҥэ уутун тэҥэ этиҥ... Аны бара-кэлэ эйигиттэн күүс-уох ылан ыймахтыырым тохтоотоҕо. Оттон бу ыллык суол устун мин төһөлөөх элбэхтэ сылдьыбыппын киһи ааҕан сиппэт. Мин бу эҥээр сирдэри барыларын биэс тарбаҕым кэриэтэ эндэппэккэ билэбин. Кыра оҕо эрдэхпиттэн дойдум күөх отугар күөлэһийэ оонньоон улааппытым. Мин манна олоҕум аргыһын, тапталбын көрсөн бур-бур буруо таһааран олохпун оҥостубутум. Мин манна оҕо-уруу төрөппүтүм-ууһаппытым. Муҥ саатар, өссө биир үөрэҕэ суох оҕолоох буолларбыат! Бу
курдук ыарыылаах, бу курдук аймалҕаннаах арахсыыны билиэ суох этибит. Син дьону кытта дьон кэриэтэ олорон, орто туруу дойдуттан аттанар күммэр Эбэм сылаас буорун булан уһун уубар уоскулаҥнык утуйуом дии саныырым. Оттон ол соҕуруу дойду тоҥ буорун көһүйэ тоҥмут да буолларбын атыҥырыам... Арахсар чаас кэллэ... Дойдум барахсан, өрүү маннык күөҕүнэн чэлгийэ турууй дуу! Мин эйигин олус ахтыам! Анараа да тиийэн уһун үйэлэнэрим биллибэт. Онон аны манна дууһа буолан кэлэн ахтылҕаммын таһаара тилийэ сүүрэрбин күүтэн күммүн-дьылбын ааҕар буолуом. Чэ, дойдум, быраһаай! Мин маннык дьылҕаламмыппар миигин бырастыы гын! – диэн хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, сирин-дойдутун кытары кэпсэтэр курдук төттөрү-таары хаамыталыы сырытта... Сандаара.
kyym.ru сайтан