Кэпсээ
Войти Регистрация

Тургутуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Тургутуу

K
edersaas.ru Категорията суох
27.08.2021 19:00
Аҕыс уонус сыллар ортолоро… Байбал  аармыйаҕа барар күнүн, тоҕо эрэ, олус күүрэн туран күүппүтэ. Оттон аармыйаҕа ханнык баҕарар кэмҥэ ким күүстээх, албастаах эрэ иннин солонор. Саха оҕолорун «узкоглазайдар» диэн сэнэбиллээх тылларынан кирдиэтээһин баарын Байбал барытын эрдэттэн истэ сылдьар буолан, аармыйаҕа айаннааһынтан саҕалаан, тугу барытын үөс батааска биэрбэккэ, иннигэр өрөҥкөлөспүт ыччаты кытта туох баарынан утарсан сэнэбил диэни билбэккэ, бэйэтин тула ыччаты түмпүтэ.  Онон, кинини тумус оҥостон, Байбал эппитин барытын толорор дьонноммута. Оскуолаҕа сылдьан боксанан, тустуунан дьарыктаммыта, бэйэтин кыанара уонна ийэ ачаа оҕото эппитин кубулуппат, иннин туох иһин биэрбэт буола улааппыта эмиэ туһалаабыта. Байбал тиийбит чааһыгар бэрээдэги Кэриэй тутан олорор эбит. Оттон Кэриэй аннынан Ботуев (ол эбэтэр кылгатан Ботуй ) диэн бурят уола былааһы ылан олорор. Ботуев боксаҕа спорт маастарыгар хандьытаат, охсуһуутунан биллибитэ ырааппыт, армеецтар бары кини иннигэр-кэннигэр сүүрэллэр. Кэриэй уҥуоҕунан кыра, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, Байбалы  мэлдьи кэтээн көрөр. Байбал кими эмит охсон кэбистэҕинэ, кинини бэйэтин көмөлөөн кырбаары гыннахтарына көмүскэһэр, биир бииргэ охсуһуҥ, сатаан кырбаабат эрээри кырбыы да сорунумаҥ диэн быраабыланы кэстэрбэт. Кэриэй уонна Ботуев сотору дойдулуохтаахтар, онон Кэриэй  оннугар Байбалы таһаарар кистэлэҥ былааннарын биир киэһэ иһитиннэрдилэр. Аны ити «дуоһунаһы» ыларга биллэр күүстээх киһини кытта биир бииргэ киирсэн кыайыыны ылыахтааҕын туһунан  суруллубатах сокуон баарын иһитиннэрдилэр, онуоха Байбал  уһуну-киэҥи толкуҋдуу барбакка: —Ээ, киирсэн буоллаҕа,— диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Байбал  үһүс дивизиона бастакы этээскэ баар. Оттон бэһис этээскэ салалта батареята  баар. Бу биэс этээстээх  КПД дьиэ, хайдах эрэ биллибэт кистэлэҥи тутан турар сир курдук көстөрүттэн Байбал сүрэҕэ өрүкүйэн ылара. Анаммыт  күннэрэ, чаастара үүнэн кэллэ. Оргууҋ аҕай, ким да сэрэппэтэҕин үрдүнэн, саллааттар мустан бардылар. Байбал, буолуохтааҕын курдук, киирсэр киһитин кэтэһэн олордо.  Оскуола сылларыгар боксаҕа, тустууга күрэхтэһиилэрин саныы, хайдах-туох туттуулар баар этилэрий диэн толкуҋдуу олордоҕуна, аан аһылларын кытта, сүрдээх улахан, бөдөҥ, төрөлүҋбүт эттээх-сииннээх, хайа саҕа нуучча боотура илэ бэҋэтинэн бу киирэн кэллэ! Бэһис этээстэн кэлбити Байбал итэҕэҋиэ суохтуу көрдө. Киирээччи сытыы  да сытыы харахтарынан Байбалы бу сиэх-аһыах курдук көрбүтүнэн, сутуругун бөкүнүччү туттубутунан уол иннигэр хорус гына түстэ. Байбал иһигэр олус куттанна, киһитин хантайан эрэ көрөр кыахтаах эбит.  Кини,  кыра бэҋэтэ, өссө кыччаан хаалбыт курдук сананна. Ол эрээри тута, мин хотторуубуттан эбэтэр мин кыайыыбыттан хаалааччы «узкоглазайдар» сулууспабыт тутулуктаах дии санаата да, бэйэ бодотун тардына оҕуста. Ол икки ардыгар Киирээччи: — Ты че, Ботуй, издеваешься? Кого такого нашли, как таракан? Как клопа, нахрен,- дии-дии сэнээбиттии Байбалы тарбаҕынан ыйар, итиэннэ  иэдэһин ытыһынан таһыйбахтаан ылла. — Смотри, сейчас без пальцев останешься, нахрен!- Ботуй саҥата суох хаалбат. Байбал кини саҥатыттан эрдиҋдэ уонна төбөтүн иһигэр: «Улахан уҥуохтаах, эмис эттээх-сииннээх нууччалар дөҋүмтүө буолаллар. Ол эрэн  илиилэригэр олус күүстээхтэр. Кинилэри куота көтө эрэ сылдьан түгэнин табан дөҋүтэҥҥин кыайар буоллаххына кыаҋаҕын»,- диэн тренерин хаһааҥҥы эрэ этиилэрэ эмискэ көтөн кэллилэр. Икки миэтэрэлээх киһи кыра киһини сэниирэ биллэр,  сахам өсөһүн киллэрэр кэмим кэллэ диэбиттии Байбал кэннинэн тэйэн баран, ынан иһээччитин эмискэ саайдаа! Бастакы охсуу ситэтэ суох буолла. Уолаттар ордуолаабытынан, хаһыытаабытынан икки киирсээччини ортолоругар уктан кэбистилэр да, киирсии дьэ саҕаланна! Хаһаарыма иһэ ыһыы-хаһыы!  Байбал куота көтө сылдьан, бэйэтин ыйааһынынан утары киирэн биэрэрин кэтиир уонна онно сөп түбэһэр кэбирэх миэстэтин мүччү туппат мөккүөрүгэр кулгаах-харах чөрөҋөн, этэ-сиинэ уһуктан хаалла!  Киһитэ төҥкөйө-төҥкөҋө утары киирбитигэр, кэтэһиилээх кыл түгэнэ мичик гыммытын куоттарымаары Байбал маҕыйа түһэн баран сирэйгэ саайдыааа! Киирээччи икки кулгааҕа чуҥкунаан эрэ хаалла, орулуурун кытта уоһа ырдьас гына түстэ! Толугураабыт тиистэрин хааннааҕынан силлээн кэбистэ! Байааттаҥныырын көрөн  Байбал эр ылла. Санаатыгар, сүөм үрдээбит курдук буолла. Эт ас диэни сиэбэтэҕэ ырааппыт уол, төһө да урукку сэниэтэ суох буоллар, кыайар инибин дии санаата.  Бэйэтин билиммит хоһуун, дөҋөр ыйааҕар хаҥас өттүбүнэн киирбит, бу былдьаһыкка аһынар санаам сүппүтүгэр буруҋум суох дии санаат  киһитин көрбүтэ— дьулаан көстүү… Сүүстэммит ынах сүөһү курдук хараҕа эргийэн хаалбыт, тыла тахсан, айаҕыттан күүгэн аллан көрүөххэ сүрэ бэрт да буоллар,»глубокайдаабыт», сотору туруо диэн, Байбал холкутугар түстэ. Арай татарин Агзам өҥөҋөн көрөөт: — Оо, тууу, умер! Труба! Не дышит!- тула турааччылар сорохтор бастарын быһа илгистэн тарҕастылар, сорохтор Байал илиитин тутан эҕэрдэлээтилэр, сорохтор чыпчырынан ылаат, кэлэйбиттии киэр хайыстылар, сорохтор дөҋбүт табаарыстарын тула көттүлэр. Кэриэҋ, оччолорго, мээнэ көстүбэт тирии куру өҋдөбүнньүк буоллун диэн бэлэхтээтэ. Ол куру Байбал харыстаан сотору-сотору имэрийэн ылара. Сарсыныгар ыччат кимиэхэ төһө тахсарынан Байбалга харчы бырахсан биэрдилэр. Кыра да харчы уолаттар харахтарыгар элбээн, үөрүүлэрин өссө үрдэттэ. Чаастарыгар кыра атыылыыр ларек баар. Эргэ, киһи хараҕар быраҕыллыбат да буоллар, элбэх уол ол аттынан силлэрин быһа ыйыста-ыйыста төһөлөөхтө ааспыттара буолуой? Минньигэс сиэхтэрин баҕараллара сүрдээх. Байбал билигин сок, коржик, бирээнньик ылан сиэн мотуйабын, уолаттарбар да бэрсэбин диэн санаалаах ларек аанын үөрэ-көтө арыйда. Киирбитэ, олох атын дивизион «дедтара» олорор эбиттэр. Байбалы тула өттүттэн чинчийэрдии көрдүлэр, онтон тор курдук бытыктаах киппэ киһи: — Ну-ка, узкоглазый, иди-ка сюда. Сколько служил? — А чё такое? Что надо? — Аа, молодоҋ значит. Ну-ка, даваҋ, деньги положи здесь. Байбал утарылаһыах курдук гынан иһэн тохтоото да, тула өттүттэн сутуруктарынан түстүлэр. Байбал син-биир аахсыам диэн санаалаах нэһиилэ атахха биллэрдэ. Икки-үс хонугунан Кэриэйдээх Ботуҋу   атаара олордулар. Кэриэй: — Ботуй, как вы думаете, летом власть якутам пойдет? Устунан айахтара аһыллан кэпсэтии отчут оллоонугар олорордуу аһаҕастык тэнийдэ. Ити киэһэ, сахалар бэйэбитин түһэн биэрбэккэ сылдьыах диэн быһаарыныы ылынан, бас-көс саха уолаттара тылларын бэрсибиттэрэ. Артиллерия кистэлэҥ чааһыгар зонатааҕар ынырык, этэргэ дылы, беспредел дойдута эбит диэн Байбал өҋө-санаата наар тыҥаан сылдьар курдук буолан барда. Күн аайы охсулла-тэбиллэ сылдьар ыччат уйулҕата биллэр буоллаҕа.        Атырдьах ыйыгар Байбал төбөтүгэр бу баар бэрээдэги таҥнары тутар, ол эбэтэр «переворот» оҥорор санаа киирэр.  Чаастарыгар, уопсайа,  алта уонча саха баар. Биллэн турар, Байбал ылыммыт санаатыгар бары тута сөбүлэспэтилэр.  Хас да күн уолаттарын иннилэрин ылаары көрдөһүү-ааттаһыы да, күргүҋ-көбүө да быһыылаах кэпсэтиилэр буоллулар. Ол сылдьан Байбал харчылаах уолаттартан «уларсан» биир дьааһык водка, икки дьааһык кыһыл арыгы ыллаттарар. Уолаттарыгар уопсай бэрээдэги, эбээһинэһи кэстэрбэт, кытаанахтык тутуһуннарар. Арай киэһэтин, алта чаас кэнниттэн, сахалар кэпсэтиилэрэ саҕаланар буолла. Сорох биһириир, сорох куттанар буолан Байбал аармыйата халыҥыыр. Оттон утарааччылардыын, дьэ, дьиҥнээх улахан киирсии, охсуһуу буолар. Маны барытын үөһээҥҥилэр,  төһө да билэ-көрө сырытталлар, Байбал бэйэтин курдук, сөптөөх түгэнин кыраҕатык кэтииллэрин сэрэҋэр, билэр. Ити курдук, Өктөөп бырааһынньыгын иннинэ, үчүгэйдик сулууспалаабыт уолаттар дойдуларыгар бастакы барар кэмнэрэ кэллэ. Ол эбэтэр, бэйэлэрин истэригэр этэллэринии «кусоктар»- сержаннар уонна «шестеркалар»- сирэҋ көрбөхтөр. Оттон Байбал өҋүн «Чистые погоны- совесть чиста» өҋдөбүл баһыйар. Өр толкуҋдаан көрдө. Арай кини биир киэһэ иһин тэһэ аспыт санаата икки өрүттээх буоларын умнубат. Ол гынан баран бастаан кэлбиттэригэр сэнэппиттэрэ,  эт-арыы сиэппэккэ «узкоглазые», «чурки» дэтэ сылдьыбыт күннэрин санаат, дембеллэри түһэрэр толкуйдаах эмиэ дьонун муста… Барыахтаах уолаттар уон эбиттэр. Бүтэһик киэһээҥҥи аска уонна сарсыныгар сарсыардааҥҥы аска , бэрээдэк быһыытынан, дембеллэр параднай формаларын кэтэллэр. Остуол аайы уоннуу уол олорор. Остуолларга  кэлбит астаах бочуогу  молодойдар төттөрү илдьэр сокуоннарын бу киэһэ барытын туора соттулар…Үс биригээдэ аһыыр иһитин дембель илдьэр, аны ол кэмҥэ молодойдар ытыс таһыныылара бу барааччы дембеллэргэ төһөлөөх кыбыстыы буолуой? Сарсыныгар Знамяны сыллатан дойдуларыгар үөрүүлээхтик  атаарыллар дембеллэри, эбиитин, иһит сууйар хоско «үчүгэй» уолаттар кэтэһэн тураллар. Аны бу дембеллэри хаһаарымаларыгар туспа «дьарык» күүтэрэ, ол эбэтэр «Отбой!», «Подьем!» кымньыы таһыырын тэҥэ буолла. Бу түүн Байбал алыс туттубутун билэн, хараҕын симпэтэ, ону-маны ыатара санаан түүн уһунун биллэ, сыппах быһах кэриэтэ аалар санааттан сылайда. Штаб начальнига подполковник Севенчук саанара, дьэ,  чугаһаан эрэр, быһыыта. Сарсыныгар балтараа тыһыынча киһи стройдаан турар түһүлгэтигэр: — Сегодня увольняющие сержанты и солдаты, выйти из строя на десять шагов! — кытаанах саҥа иһиллээтин кытта музыка, барабан, горн доҕуһуолунан Знамя киирдэ. Ытаабыт, көҕөрбүт сирэй-харах, сиһин туттубут, доҕолоҥнообут дембеллэр чымыдааннарын туппутунан тахсан кэллилэр. Эписсиэрдэр бэйэ-бэйэлэрин керсе түстүлэр: —Отставить! Разойтись! Якуты остаются на месте! — Байбал кэтэспит Севенчугун куолаһа олус быыппастан иһилиннэ! Өҥнөнө-түүлэнэ сылдьар Байбал иннигэр Севенчук кэлэн, эйигин син-биир түбэһиннэриэм диэн, тииһин быыһынан сыыйан сибигинэйэ былаан эппититтэн уол били кэмсиммит санаата көтөн хаалла, эбии өсөһөн турда! Байбал политотдел салайааччыта хохол Шевченкоҕа  уонна командирыгар эрэнэр. Командира киниэхэ: -Устав выучи хорошо, сдай все нормативы физподготовки и погоняй солдат по закону. Помни, тогда беспредела не должно быть, во всём необходим порядок и дисциплина.Такие ребята, умеющие держать порядок, нам очень нужны.И прапорщиком сверхсрочно возьму.—диэн сержант оҥоро сатаабытын аккаастаммыта. Байбал дивизиона мэлдьи холобурга сылдьара, онтон уларыйбат дневальнай Байбал этэ. Автоматын тутатына  былдьаатылар. Норуот өстөөҕүн курдук көрүллэн, утарсар санаата эбии күүһүрдэ. Саатар кулгааҕар Севенчук: —Эн оҥоһууҥ, түбэһиннэриэм, дьиэҕэр тиийиэҥ суоҕа, искин сытытыам. —диирэ оҋ дуораанын курдук иһиллэр. Командира  подполковник Антонов: —Васильев,  сколько лет я служу, такого не видел. Что за люди, что за народ? Слушаешь внимательно?! —Так точно! —Васильев, у тебя совесть есть? Ни грамма совести нет! Это-уголовное дело! Ладно, вас гоняли, но это слишком! Ити курдук улахан ЧП буолан, дембеллэри туспа сытыаран эмтээн-томтоон атаарыы буолбута. Кини эрэммитин курдук, командира төһө да мөхтөр көмөлөспүтэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн, Байбал кинини соҋуолаһыы кытааппытын сэрэҋэр этэ. Араҋ биир киэһэ, түмсүбүччэ, арыгы иһэннэр Байбал холуочуйда. Киэһээҥҥи аһын уолаттарга плов, килиэп, ынах арыыта сакаастаан баран массаастата сытта. Дьуһуурунай повар уолаттар сэттэ киилэлээх иһиккэ хортуоска, мокуруон, плов  кистээн астыыллар. Ити үс көрүҥтэн тугу сакаастаабыттарын эмиэ кистээн хаһаарымаҕа аҕалаллар. Бу күннэргэ байыаннаҋ училище кэнниттэн Малышев диэн офицер кэллэ. Дьуһуурунай чаас көмөлөһөөччүтэ хаһаарымаҕа биир суукка  бэрээдэги көрөр. Байбал сакаастаабыт аһын кэтэһэ таарыйа массаастата сыттаҕына, өлүү түбэлтэлээх, Малышев киирэн кэллэ. Биир нуучча саллаата кыһанан-мүһэнэн массаастыы турарын көрөн, ороҥҥор бар диэн бирикээстээтэ. Байбал киһиргиэх санаата өтөн турда, өссө саҥа кэлэн баран чыыбыргыыр  диэн утарылаһан турда. Малышев эмиэ биир өһөс киһи буолан биэрдэ, өҋдөнөр бокуоҋ биэрбэккэ сытар киһини охсон кэбистэ. Байбал кыыһыран баргыытыы түһээт оҋон турда: —Давай, выҋдем, нахрен! Еврей аҥардаах Азамат диэн казах уонна Рашид диэн футболист уолаттар Байбалларын: -Не надо, Павел. И так ты на соплях, на одной ножке. Одумайся, остановись. Че ты делаешь? Это же ерунда. Потом поговоришь, -диэн тохтото сатаабыттара. Байбал хаһаарыматтан таҕыста да, кырбыырын билэллэр. Киһилэрэ туруммутун билэр буолан, Малышевы эмиэ куоттара сатыыллар: -Не надо с ним спорить, пожалуйста. Будь мужиком. У него и так прокурорское предупреждение.  Потом поговорите. Уступите, пожалуйста. Ити курдук икки ньоҕоҋ охсуһа курилкаҕа таҕыстылар. Хайа хайалара иннилэрин биэрбэт, ким кими баһыйарын айдаана. Саҥа киирсэн иһэн Байбал киһитин түҥнэри охсон туһэрдэ уонна туруорда. Туруораат, Байбал платформалаах, мас тапочкатыттан иҥнэн охтон түстэ. Киһитэ Байбалы харса суох тэбиэлээн  барда. Байбал төбөтө босхо барбыт курдук буолла да, тута аҥар хараҕа бүөлүү саба түһэн кэбистэ. Кини өлөр саҥатын истэн уолаттар саба сырсан киирдилэр. Сытар киһини тэбиллиэ да, охсуллуо да суохтаах. Уолаттар Малышевы кытта аахсаары гыммыттарын Байбал: — Не трогайте, оставьте, нахрен, потом я сам дам ему как следует! Байбал баран хаал, кэнники кэпсэтиэхпит диирин истэ да барбакка Малышев куотар аакка түстэ. Киирсэбэй саппыкынан тэппитэ, хараҕа күөх баламах, сирэйэ иһэн бөллөҋүү.  Түүннэри сурах бөҕө тарҕанна. Аны биир саха уола, Байбал биир дойдулааҕа киирэ-киирэ таах хаалларымыахха, иэстэһиэххэ, аны сахалары маннык кэбилиэхтэрэ диэн үрүт үөһэ лэбийэр. Бу уол салалта батареятыттан Байал эмтэнэр күннэригэр кэлэр, ону истэ сатаан баран бэйэҕит хайааҥ даҕаны диэбитин көҥүл ылбыттыы улахан охсуһуу тэриллэр. Севенчук эмиэ да өргөҋбүт, эмиэ да абарбыт сирэйэ бу баар буола түспүтэ. Салалта батареятыттан кэлэннэр омугумсуҋуу боппуруоһун өрө көтөхпүттэрэ. Байбал судургута бэрт буолан , үөһэттэн сылдьар саха саханы уган биэрэрин суут эрэ саҕана билбитэ. Сахалар уонна омугуттан тутулуга суох уолаттар өрө туран көмүскэһээри гыммыттарын тохтотон, Байбал буруйу барытын бэйэтигэр ылыммыта.  Аны бөлөҕүнэн охсуһуу диэн көрдөхтөрүнэ элбэх уол олоҕо сутуллуон Байбал баҕарбатаҕа. Бу күннэргэ ийэтин санаан да биэрдэ, түүлүгэр киирбит ийэтин хараҕын уута уонна төбөтүттэн имэрийэр ытыһын сылааһа алгыс буолан арыаллыан сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Хаһан да, ханна да эппит тылыттан туораабат санаатын ийэтин алгыһа өрүү хараанныы сылдьарыгар итэҕэйбитэ. Онон, икки сыл солбуллубута сэттэ сылынан… Сэгэлдьийэ Чээлэй, 2021 с., бэс ыйа
edersaas.ru сайтан