Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Саха сатаабатаҕа диэн суох!

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Саха сатаабатаҕа диэн суох!

K
edersaas.ru Категорията суох
26.08.2021 18:00
Саха сатаабатаҕа диэн суох. Бу мээнэҕэ этиллибэт тыллар. Түҥ былыргы үһүйээннэрбитигэр сатал уустартан, бэл, ойууттар, абааһылар толлоллоро, саллаллара номох буолан уостан түспэккэ кэпсэнэн баччаҕа кэллэҕэ. Аныгы сайдыылаах олоххо, үрдүк сыыппара технология баһылаабыт үйэтигэр аныгы уустар супер собуоттарга, сыахтарга, мастарыскыайдарга төһө баҕарар маһы хаамтарар, тимири тилиннэрэр, көмүһү, күндү таастары күлүмүрдэтэр, араас матырыйааллартан арааһы барытын оҥорор кыахтаахтар. Били, нуучча суруйааччыта Лесков “Хаҥастайыгар” сайдыылаах аангылыйалар халампааһынан көрдөххө үҥкүүлүүр тимир былахыны оҥорон, хаалыылаах Арассыыйа ыраахтааҕыта Александр Павловиһы сөхтөрбүттэрин курдук. Кэлин, Николай Павлович ыраахтааҕы: “Нууччалар кимтэн да хаалсыбаттар!”— диэн муостаны тиҥилэхтээн, Платов атамаан ыгыталаан-күргүйдээн, нуучча сатал уустара барахсаттар, ханнык да халампааһа, ыстаныага суох, кыраҕы харахтарынан, кыһыл илиилэринэн, такырыйбыт тарбахтарынан кыҥаан-бөрөөн, тутан-хабан, аангылыйалары аһара түһэн, халампааһынан көстөр үҥкүүлүүр тимир былахыларын боккуобалаан, эбиитин боккуобаларга ааттарын тобуруолаан, нуучча уустарын аар-саарга аатыртахтара. Саха сатал уустара охсубут тимир тоһоҕолорунан, тэриллэринэн Уһук Илини, Хотугулуу-Илиҥҥи сири-уоту Арассыыйа судаарыстыбатыгар холбообут бастакы айанньыттар туһаммыттара биллэр. 1733 сылтан саҕаламмыт Иккис Камчаткатааҕы эспэдииссийэ муоранан айанныыр улахан кыамталаах уу аалларын оҥоһуутугар оччотооҕу саха уустара, өбүгэлэрбит барахсаттар бэйэлэрин тимир оҥоһуктарынан кыттыспыттара эбээт! Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар Саха сирин халлаанынан Эмиэрикэ тыһыынчанан сөмөлүөттэрэ фроҥҥа сэриилэһэ көтөн-түһэн ааһаллара. Моһуогуруу да ханна барыай. “Саха сирэ” хаһыакка Улуу Кыайыы 70 сылыгар тыыл, үлэ, наука бэтэрээнэ Сэмэн Попов-Сиэдэрэй Сэмэн Чурапчы Кытаанаҕыттан “сөмөлүөт уустара” Бочкарев, Коркин тустарынан суруйбутун сөҕө аахпыппын өйдүүбүн. Бу ханнык да мастарыскыай-той суох, эстэн-быстан, кууран-хатан олорор тыа нэһилиэгэр АлСиб трассатын алдьанан түспүт сөмөлүөттэрин уу сахалыы өйдөрүнэн, саталларынан өрөмүөннээн көтүппүт саха уустарын туһунан, аангылыйалар тимир былахыларын боккуобалаабыт нуучча уустарын курдук номох оҥорон үйэлэргэ кэпсэл оҥоруохха наада. Соторутааҕыта батсаапка өрө турбут баһаар уотун утары охсуһа, быһаччы дьаһайа-салайа сылдьар Ил Дархаммыт аныгы саха ууһа Максим Поповка махтаммытын астына аахтым. Бааллар эбит, ыксаллаах, тутуу былдьаһыы, тыын харбаһыы кэмҥэ боппуруоһу быһаарарга быһаччы көмө-тирэх буолар саха уустара! Максим Попов уотун утары охсуһууга олус наадалаах, алдьаммыт байыаннай БАТ-М тиэхиньикэни соҕотоҕун өрөмүөннээн, уоту утары охсуһууга “иккис тыын” киллэрбит. Итини этэн эрдэхтэрэ, “Саха сатаабатаҕа диэн суох!” Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан