Кэпсээ
Войти Регистрация

Байыаннай олохпун эргитэн санаатахха...

Главная / Кэпсээн арааһа / Байыаннай олохпун эргитэн санаатахха...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
09.10.2020 14:39
“Кыым” хаһыат эрэдээксийэтигэр биир үтүө күн эр бэрдэ киирэн кэллэ. Дьиҥэр, эрдэттэн сэрэтиллибитэ, бу кэпсэтии долгутуулаах соҕус буолуохтааҕа... “Дьылҕа” балаһаҕа Олег Аммосов-Сергучев ыалдьыттыыр. Элбэҕи-үгүһү билиһиннэрэ барбаппын, аахтаххытына, бэйэҕит өйдүөххүт... Байыаннай сулууспа олоҕуттан кэпсээтэххэ... Мин кэргэним араспаанньатын ылбытым. Бу кэпсэтии былаһыгар тоҕо икки араспаанньалаахпын быһаарыаҕым... 2000 сыллар саҕаланыыларыгар 6767 Хабаровскайдааҕы байыаннай чааска суһал сулууспаҕа сулууспалаабыт байыас буолабын. Хабаровскайга “Сосновка” этэрээтигэр тайфуҥҥа сулууспалыы сырыттахпына, Владивостокка саҥа 24-с этэрээккэ ыыппыттара. Онно биһиги, сахалар, бойобуой бөлөхтөргө учебкаҕа тиийбиппит. Наһаа өр буолбатахпыт. Түөрт ый буолан баран, Чечняҕа командировкаҕа ыыппыттара. Онно Курчалой диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа түспүппүт. Туох баар бойобуой барыы-кэлии, бэлэмнэнии барыта онно этэҥҥэ ааспыта. Бу курдук, байыаннай сулууспаны, үөрэҕи ааһан баран, дойдубар кэлэн, үлэҕэ киирээри хас да сиргэ докумуоннарбын туттаран сүүрүү-көтүү бөҕө буолбутум. Холобур, СОБРга, ОМОНҥа, наркотигы хонтуруоллуур сулууспаҕа эҥин. Күһүн диэки наркотигы хонтуруоллуур сулууспаттан “үлэҕэ ылабыт” диэн эрийбиттэрэ. Ити курдук үлэҕэ киирбитим. Бу салааҕа уопсайа үс сыл кэриҥэ үлэлээбитим. Ол кэннэ кэлэктиип улахан аҥараа үлэттэн сарбыллыыга түбэспиппит... Үлэбиттэн мэлийэ сылдьан, Владивостокка сулууспалаабыт 24-с этэрээтим Уфаҕа Башкортостаҥҥа көспүтүн туһунан истибитим. Миигин кытта сулууспалаабыт уолаттарым эмиэ онно барбыттар этэ. Ол уолаттарбын кытта төлөпүөнүнэн билсэн баран, миэхэ ыҥырыы ыыттаран, Уфа диэки бара турбутум. Тиийдэ-тиийэт, тута, бирикээһинэн үлэҕэ киирбитим. Сулууспалыыр сылларбар снайперынан сылдьыбытым. Ол иһин үлэҕэ миигин эмиэ снайперынан ылбыттара. Ол кэннэ -- медбрат, онтон штурмовой салаа хамандыыра буолбутум. Бириэмэ кэлэн диэххэ дуу, эмиэ Чечняҕа командировкаҕа барбыппыт. Онно бөртөлүөтүнэн А туочукаттан Б туочукаҕа диэри көрдүүр үлэни ыытар 14 киһи талыллыбыта. Бөлөхтөрүнэн арахсан сылдьар этибит. Суруйан биэрбит морсурууттарынан Грузия кыраныыссатыгар хайалар диэки сылдьыбыппыт. Онно тоһуурга өр баҕайы сыппыппыт. Бастакы күммүтүгэр ытыалаһыы кэмигэр биир уолбутун бааһырдыбыттара. Уолбутун бөртөлүөт кэлэн, хайаттан илдьэ барбыта. Дьиҥэр, ардахтаах, тыаллаах-куустаах күн буоллаҕына, бөртөлүөт сылдьбат, хайаларга сатаан түспэт да буоллаҕа, эрэйдээхтик сылдьар этэ. Оттон бааһырбыт киһини массыынанан таһыы хайдах да кыаллыбат, өр айанныыгын. Хата, эрэйинэн-муҥунан да буоллар, сир бөртөлүөппүтүн көтүппүттэрэ, уолбут тыыннаах хаалбыта. Ол кэнниттэн эмиэ хас да бааһырыы буолбута. Син балачча ити пууммутугар сылдьан баран, А туочукуттан тахсан Чечня диэки суолбутун туппуппут. Онно “Белая дорога” диэн баар. Онон баран иһэн эмиэ тоһуурга түбэспиппит. Инники дозорга саамай бастакынан мин хааман испитим. Кэннибэр снайпер баара. Ол хааман истэхпитинэ, тута, радиоуправляемай гаас эстэр, онно үс киһи улахан бааһырыы ылбыппыт. Бааһырыы абытайа Ыар түгэн бастакы мүнүүтэтин үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Кэлин уолаттарым, наһаа ыраах халыйан көтөн хаалбытыҥ диэн эппиттэрэ. 7 миэтэрэ үрдүккэ көппүт үһүбүн. Биһиги бары бэйэ-бэйэбититтэн тэйиччи сылдьар этибит. Туох эмэ буолар түгэнигэр эмсэҕэлээччи аҕыйах буоларын курдук. Аны туран, медбраппыт Уфаттан сылдьар башкир уола этэ. Кини, саҥа буолан, тугу да
билбэтэ-көрбөтө элбэҕэ. Уопута суох буоллаҕа дии. Биир уолбут илиитин таарыйтарбыт этэ. Мин буоллаҕына, сатаан турбаппын. Иннибэр биир аптамааттаахпын. Кэннибэр снайперскай глушителлээхпин. Олорбун таһааран баран, “В бой” диэн хаһыытыы сатыыбын да, куолаһым тахсыбат этэ. Кылгас кэм иһигэр, сатаан саҥарбат да, турбат да буолан хаалбытым. Уолаттарым кэлэн көрөн баран, улахан араассыйаны таһааран, кииммитин кытта сибээскэ тахсан быһылаан туһунан биллэрбиттэрэ. Аны туран, күн-дьыл уларыйан, бөртөлүөт кэлиитигэр хааччахтар үөскээбиттэрэ. Мин тоҥо-тоҥо сытарбын өйдүүбүн. Уолаттарым спальникка суулаан кыһаллыы-мүһэллии, түбүгүрүү бөҕө буолубттара. Били, саньытаар уолум, атахпын эрийэ тартаран кэбиспитэ, салгыы ыарыыны сымнатар эмп туруорбута. Онтон взводум хамандыыра аах БТРнан кэлбиттэрэ. БТР үрдүгэр миигин сытыаран айаннаан истэхпитинэ, араассыйанан төттөрү А туочукаҕа барыҥ диэн биллэрбиттэрэ. Төттөрү барбыппытыгар бөртөлүөт номнуо кэлэн турар этэ. Торуоһу аллара түһэрэн, миигин эрэй-муҥ бөҕөнөн таһаарбыттара. Аны туран, быарым хайыта баран, таҥаспын-саппын марайдаабытын көрөн, “ис уорганыҥ эмиэ улаханнык эмсэҕэлээбит” дииллэрин истэн ааспытым. Бу түгэни нэһиилэ өйдүүбүн... Бүтэһигин саньытааркалар УАЗикка укпуттара, салгыы өйбүн сүтэрбитим... Балыыһа киһитэ буолбутум Москубаҕа икки нэдиэлэ кэриҥэ куомаҕа сытан баран, реанимацияҕа уһуктан кэлбитим. Ол уһуктан кэлэн көрбүтүм -- хаҥас атаҕым суох. Испин көрбүппэр араас быа-туһах холбонон тыаһыы турар этэ. Сэниэм букатын суоҕа. Илиибин эҥин барытын баайан кэбиспит этилэр. Ол сытан толкуйдуубун ээ, арааһа, билиэҥҥэ түбэспиппин быһыылаах диэн. Өйүм-санаам барыта булкуллан хаалбыта. Күүспүнэн илиим биир өттүн сүөрэн, аттыбар турар ыстакаантан уу испитим. Балаатам аана аһаҕас турара, ол ыстакааны ылан, көрүдүөргэ элээрдэн кэбиспитим. Ыстакаан хампырыйбытыгар, быраастар сүүрэн кэлбиттэрэ. Салгыы байыаннай госпитальга эмтэнэ сытарым туһунан бырааһым кэпсээбитэ. Биллэн турар, аҥаар атахпыттан мэлийбиппин ылынар олус уустук этэ... Бу балыыһаҕа биир сыл сыппытым. Бастаан кэлээскэҕэ олорорго үөрэммитим. Аргыый аҕай кэлээскэнэн таһырдьа тахсар буолбутум. Эмтэнэр кэммэр саамай ыарахана ыарыыны сымнатар15 мүнүүтэлээх эмп туруораллара этэ. Киһи үөрэнэн хаалар эбит. Ыарыы абытайа бэрт буолан, утуйбат да этим. Ол иһин ол 15 мүнүүтэлээх күүстээх укуол биэрэллэрин күн аайы күүтэрим. Бу эми икки эрэ быраас туруорар көҥүллээх этэ. Кинилэр хас күн аайы киэһэ 22:00 чааска кэлэллэрэ. Күнү быһа, дьэ, кинилэри күүтэн сытыы да сытыы. Наһаа күүстээх, наркотикка тэҥнээх препараты ылабын дии саныыр этим. Бириэмэ ааһа түспүтүн кэннэ, сиэстэрэлэр эппиттэрэ: олох даҕаны “анальгин” уонна “димедрол” диэн эмтэри туруораллар эбит. Ол эбэтэр уһулуччу күүстээх эминэн эмтэммэтэх эбиппин. Киһи санаатынан олорор дииллэрэ чахчы эбит. Баара-суоҕа көннөрү эмтэргэ үөрэнэн хаалан, кылгас кэмҥэ ыарыыбын умна быһыытыйарым. Салгыы атаҕым быратыаһын оҥорторон, хаамарга үөрэммитим. Билигин этэҥҥэ хаама сылдьабын. Биллэн турар, бу быратыас куоракка эҥин сылдьарга үчүгэй. Бэйэм хотуттан сылдьабын. Анараа тиийдэхпинэ, быратыаһым түргэнник кэбириирин билэбин. Оннук үчүгэй хаачыстыбалаах буолбатах. Ыарыы кэнниттэн олох Быһылаан кэнниттэн, төһө да 10 сыл аастар,
туох-хайдах буолбутун өйдүүбүн. Бэйэм Аллайыаха улууһун Чкалов диэн бөһүөлэгиттэн сылдьабын. Бу сыллар усталарыгар арааһы барытын ырыҥалаан көрдүм эрээри, онно тиийбиппиттэн кэмсиммэппин. Син биир эрдэттэн барыахтааҕым биллэр этэ. Анараатах сылдьар эр дьоҥҥо олус интэриэһинэй. Бэйэм байыаннай олоххо интэриэстээх буоламмын, туохтан да кэмсиммэппин. Хайыахпыный? Буолла да буоллаҕа... Бэйэм сэрии сэбигэр уруккуттан интэриэстээхпин. Билигин табаарыстарбар сааларын эҥин таҥан, хаппырыыстыыр буоллаҕына көрөн, сааһылаан биэрэбин. Итинник сэптэри хасыһарбын сөбүлүүбүн. Элбэҕи ааҕа-үөрэтэ сылдьабын. Билигин Дьокуускайга дьиэ кэргэммин кытта олоробут. Дьиэ биэрбиттэрэ, байыаннай киирсии инбэлиитэ диэммин. Дьиҥэр, Эр санааланыы уордьаныгар докумуоннарбын ыыппыттара да, күн бүгүҥҥэ диэри уордьаммын тута иликпин. Өссө балыыһаҕа сыттахпына, ол аата, 10-ча сыллааҕыта, сурук ыыппыт этилэр. Чэ, ол хааллын, сураспаппын даҕаны... Кэргэннээхпин, кыыс оҕолоохпун. Кэргэним олус күүстээх санаалаах, киһи эркин курдук эрэнэр киһитэ. Олохпор маннык доҕордоохпуттан олус дьоллоохпун дэнэбин. Бастаан, балыыһаҕа ыалдьа сыттахпына, кимиэхэ да биллэрбэтэҕим. Миигин кытта хайдахтаах курдук ыарахан олох күүтэрин билэ-билэ, анараа тиийэн миигин ыарыылаабыта, оннооҕор Уфаҕа олохсуйан олорбуппут. Онно барытыгар бииргэ тутуспутунан сылдьыбыппыт. Олоҕум аргыһыгар ытыктабылым уонна тапталым бэлиэтинэн, кини араспаанньатын ылан Аммосов буолбутум. Краповай бэриэттэр холбоһуктарын тэрийии Балыыһаттан тахсан баран, Уфаҕа байыаннай чааспар инструкторынан үлэлээбитим. Хамандыырдарым туруорсан үлэҕэ ылбыттара. Үстэ араапар суруйан уурайа сатаабытым үрдүнэн, ыыппатахтара. Онно кэргэним миигин батыһан олохсуйбута. Айылҕата эҥин миэхэ сөп түбэспэт буолан, төттөрү көһөн кэлбиппит. Уфалар москубалары кытта сүбэлэһэн баран, краповай бэриэт биэрбиттэрэ. Оттон манна бассаапка краповиктары мунньан, НКО курдук “Братство краповых беретов” тэрийиэхпин баҕарарбын эппитим. Москубаҕа Сергей Лысюк диэн Арассыыйа Дьоруойа баар. Бу саас киниэхэ бара сылдьыбытым. Кини -- улахан байыаннай бэлэмнээһин киинигэр үлэлиир полковник. Онно тиийэн, билсэн-көрсөн, Саха сиригэр маннык “Братство краповых беретов” туһунан кэпсэтэн кэлбитим. Онон байыаннай хайысхаҕа оскуола оҕолорун, ыччаты иитэр-үөрэтэр буолуохпут. Дойдуга бэриниилээх дьон буола үүнэллэригэр туруулаһыахпыт. Бу курдук, Олег Сергучев-Аммосов кэпсээн баран, байыаннай таҥаһын кэтэн олорон хаартыскаҕа түстэ уонна эбии бу курдук эттэ: -- Биһиги бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Соҕотох ийэҕэ иитиллибиппит. Убайым билигин Аллайыахаҕа олорор,балтым ПМЖынан Краснодарга баар. Убайым -- биир, балтым икки оҕолоох, мин биир кыыстаахпын. Түгэни туһанан, күн күбэй ийэбэр -- Юлия Петровна Сергучеваҕа махталбын уонна таптыырбын тириэрдэбин! Түмүккэ этиэхпин баҕарабын: уолаттары “аармыйаҕа сулууспалыы барыҥ даа” диэн ааттаһар наадата суох. Эр киһи бэйэтэ дьаныһан туран барыахтаах. Баҕа суох буоллаҕына, күүһүнэн ыыта сатыылларын өйдөөбөппүн. Өссө биири эбэн эттэххэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьону аһынар, кинилэргэ уратытык сыһыаннаһар эмиэ наадата суох. Киһи олоххо тардыһыылаах уонна тулуурдаах буолуохтаах. Мин, холобур, бэйэбин атыттартан туох да итэҕэһэ суох курдук сананабын, ааспыт байыаннай олохпун истибиккит иһин махтал! Бары этэҥҥэ буолуҥ! Сэһэргэстэ Екатерина АФАНАСЬЕВА.
kyym.ru сайтан