Кэпсээ
Войти Регистрация

«Дьөгүөр кинигэлэрэ былдьаһык буолуохтара»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Дьөгүөр кинигэлэрэ былдьаһык буолуохтара»

K
edersaas.ru Категорията суох
08.07.2021 19:00
Талааннаах физик-учуонай, тиэхиньиичэскэй наука ­дуоктара,  бэрэпиэссэр,  Хотугу сир физика-­тиэхиньиичэскэйпроблемаларын чинчийэр институт дириэктэринэн үлэлээбит,  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт  Егор Гаврильевич Старостин-Байаҕантай күн сириттэн күрэммитэ  3 сыла туолар күнүгэр, бэс ыйын 29 күнүгэр, кини туһунан ахтыы кинигэ сүрэхтэннэ. edersaas.ru Национальнай бибилэ­тиэкэ Историческай саалатыгар онлайн көрүҥүнэн ыытыллыбыт кэмпириэнсийэни РНА чи­­лиэн-кэрэспэдьиэнэ, Саха сиринээҕи научнай киин бэрэссэдээтэлэ, бэрэпиэссэр Михаил Лебедев ыытта. Кэмпириэнсийэҕэ  СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин,  наука дуоктардара Михаил Неустроев, Анатолий Тимофеев, тиэхиньиичэскэй наука хандьыдаата Ольга Кравцова, институкка үлэлээбит биир идэлээхтэрэ,   устудьуон доҕотторо, үөрэнээччилэрэ,  Кириэс Халдьаайыга “Даадар” литературнай түмсүү салайааччыта Ирина Харайданова-СэгэлдьийэЧээлэй уо.д.а. ахтар-саныыр киһилэрин туһунан иһитиннэриилэри оҥордулар. “Алаас” кинигэ кыһатыгар “Саха сирин үтүөкэн дьоно” сиэрийэнэн бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэни Байаҕантай кэргэнэ Лариса  Старостина хомуйан оҥорбут. Кинигэҕэ наукаҕа уонна поэзияҕа олоҕун анаабыт Егор Старостин айар үлэтин, олоҕун туһунан аймах-билэ дьонун, истиҥ доҕотторун, биир идэлээхтэрин ахтыылара киирбиттэр. Ону таһынан, бэйэтин суруйуулара, бөлүһүөктүү этиилэрэ, дириҥ иэйиилээх хо­­һоонноро, тылбаастара, хаартыскалара уонна уруһуйдара кинигэни дириҥ ис хоһооннууллар. Иван Мигалкин ахтан ааспытынан, “Егор Гаврильевич Байаҕантай диэн псевдонимын 90-с сылларга ылыммыта. Ити төрөөбүт дойдутугар, төрүттэригэр билиниитин, тапталын биир көстүүтүнэн буолбута.  Байаҕантай үс нэһилиэгэ – Саһыл, Кириэс Халдьаайы, Хара Алдан кини хаан тардар, киһи, учуонай, бэйиэт, суруйааччы буолар дьылҕатын түстээбиттэрэ”. Биир идэлээхтэрэ Егор Гаврильевиһы ураты талаан­наах, ханнык баҕарар ыарахан балаһыанньаҕа мындыр быһаарыылары ылынар эппиэтинэстээх салайааччы,  үтүө санаалаах киһи, бөлүһүөк,  улахан аптарыаттаах учуонай быһыытынан сыаналыыллар. Наука чинчийиилэрин уонна истиҥ лиирикэни тус олоҕу кытта дьүөрэлии тутуу –  Байаҕантай ис туруга этэ. “Мин Дьөгүөрү аҕыйах кэм иһигэр ыраас, ис куттаах ураты иэйиитин, төрөөбүт дойдутун, оҕо сааһыгар элбэхтик сүүрбүт ­алааһын уонна дьикти-кэрэ айылҕалаах Кириэс Халдьаайытын кэрэхсии туойбутум билбитим. Олоҕу олус таптыыр буолан, тулалыыр эйгэни ураты, чахчы уу сахалыы, сиэр-майгы сыһыанын дириҥник ырытан, табатык бэлиэтээбитин сөхпүтүм. Кини оннук үтүө майгытын, иһирэх санаатын хойутаан өйдөөбүппүттэн хомойобун. Ол эрэн, кини сырдык, ыраас мөссүөнэ, киэҥ билиитэ мин сүрэхпэр үйэлэргэ хаалыаҕа”, – диэн  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чи­­лиэнэ, бэйиэт    Анатолий Софронов-Онтуон суруйар. “Полярная звезда” сурунаал эрэдээктэрэ  Владислав Доллонов бэлиэтээбитинии, Арассыыйа Суруйааччыларын со­­йууһун  Гумилев улахан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт Байаҕантай – сойууспут арҕас хайата, модьу тулааһына этэ.  Кини сойуус бырабылыанньатын чи­­лиэнэ буолан,  сойууска киирэр ааптардар айымньыларын элбэхтик аахпыта, сэҥээрбитэ, айар суолга алҕаабыта. Суруналыыс, суруйааччы Борис Павлов: “Байаҕантай поэзията бириэмэ аастаҕын ахсын саҥаттан арыллан, суолталанан, кэрэхсэнэн иһиэҕэ… Дьон сайыннаҕын, уопсастыба инники диэки бардаҕын ахсын дьиҥнээх хоһооҥҥо, уус-уран тылга, муудараска наадыйааччы элбээн иһиэҕэ. Оччоҕо Дьөгүөр кинигэлэрэ былдьаһык буолуохтара”, – диэн кини айар талааныгар сүгүрүйээччи элбии туруоҕар эрэнэрин биллэрэр. Егор Старостин кэргэнэ, үлэ бэтэрээнэ Лариса Петровна олоҕун аргыһа амарах, аһыныгас майгылааҕын, оҕолоругар уонна киниэхэ нарыннык сыһыаннаспытын туһунан уйадыйа ахтар. Тапталлаах аҕалара кыргыттарын олус харыстыыра, хаһан да мөхпөтө. Ол да иһин, оҕолор хаһан да аҕаларын тылыттан тахсыбатахтара, тугу эппитин толороллоро. Егор Гаврильевич оҕолоругар: “Бэйэ-бэйэҕитин көрсө сылдьыҥ, ылсыбыт дьыаланы чаҕыйбакка түмүгэр тириэрдэр буолуҥ”, –  диэн үөрэтиитин кыргыттара толорбуттара.  Билигин кинилэр: математик-экэнэмиис Анна, юрист Мария, тапталлаах сиэнэ уонна Камилла –  Лариса Петровна Егор Гаврильевич Старостиннар инники эрэллэрэ. Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ», edersaas.ru
edersaas.ru сайтан