Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэрэмэс Кийиитэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэрэмэс Кийиитэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
08.10.2020 14:53
Балыыһаҕа Бүөрбүнэн ыалдьан бүлүтүөҥҥэ барбытым ырааппыта. Күнүскү стационарга систиэмэ ылан, арыыйда буола быһыытыйан баран, балыыһаҕа бу саҥа киирбитим. Балаатаҕа бэһиэбит. Чуумпу буолуохпутун биир аһара уойан кыаммат буолбут, алта уончалаах дьахтар саҥата, мөҕүттүүтэ элбэҕэ бэрт. Эмчиттэри хал гыммыт быһыылаах. «Процедураҕар хааман бар, аһылыккын аҕыйат», – дииллэриттэн өһүргэнэн, ханна тиийэн үҥсүтэлиэн, тосторун бэрдэриэн булбат. Дьиҥэр, улахан ыарыыта суох, диетатын көрүнүөн, ньиэрбинэйдиирин тохтотуон эрэ наада үһү. Итинник сүбэни отой ылыммат. Үҥсэргиирин сөбүлүүр, уоллаах кийиитин көмүллээн тахсар. Уола ас арааһын аҕалар эрээри, олорон кэпсэтэ түспэт. Арыыйда киһи диэн, миигинэн кэлээскэ ылларан, онтугар аҕылаан-мэҥилээн, «лах» гына олорунан кэбиһэн баран, үттэрэн укуолун ыла барар. Онтуттан астынар курдук, син манньыйбыкка дылы буолар да, үҥсэргиирин син биир тохтоппот. Киэһэлик ыарахан ыарыһаҕы киллэрбиттэрэ, ынчыга-хончуга сүрдээх. Уҥуох-тирии, сирэйэ кубарыйан, харахтара иһирдьэ киирэн, мунна хонтойон, сөрүөччү тардан хаалаахтаабыт. Ыалдьыбыта ырааппыт быһыылаах. Кини таһыгар кыыһа, эдэрчи дьахтар, түбүгүрэр. Эмээхсин укуолтан аккаастана сатыыр. Кыыһа ааттаһан элэ-была тылын этэр, эмтэннэххинэ үтүөрүөҥ диир. Кырдьаҕас киһи ыыппат ыарыы булбутун сэрэйээхтиир быһыылаах: өлөр өлүү хаһан ылан сынньатарын эрэ кэтэһэр курдук. Кыыһа, хараҕын уутун соттон кэбиһэ-кэбиһэ, ийэтин ыарыылыыр; укуол биэрэ киирэр сиэстэрэни абыраа даа диэбиттии көрөр. Балаата иһэ уу чуумпу, бары им-дьим сылдьабыт, арай нууччабыт дьахтара эрэ кынчыаттанар. Ыарахан ыарыһаҕы киллэрбиттэрин сөбүлээбэккэ сибигинэйэ соҕус мөҥүттэр. Киэһэлик иккис кыыс кэллэ. Утуктаан иэдэйбит аҕаһын солбуйа. Мин көрөн билэр кыыһым эбит. Кини – биһиги үлэлиир дьиэбитигэр баар дьоҕус тэрилтэҕэ дьиэ сууйааччы. Куруук тиэтэлинэн сылдьар, түргэн-тарҕан туттунуулаах кыыһы кытары биирдэ тоҕо эрэ иллэҥсийэн, кэпсэтэн турардаахпыт. Ээ, арба, сууйуохтаах кэбиниэтин күлүүһүн илдьэ баран хаалбыттарын кэтэһэригэр ыксаа да ыксаа буолбута. Ону: «Тоҕо наһаа ыксыыгын, ханна эрэ наадаҕа таҕыстахтара, сотору кэлиэхтэрэ», – диэбитим. «Оо, дьэ, үс үлэҕэ үлэлиибин ээ. Аһара хойутаатахпына, бүтэһик оптуобуһу куоттарабын», – диэбитэ. Онуоха мин: «Тыый, сорох биир үлэтигэр да нэһиилэ тиийинэр. Ол хайдах оннук үлэлиигин?» – диэн соһуйбутум. – Үс оҕолоохпун ээ. Бары оскуолаҕа үөрэнэллэр. Үс үлэ да хамнаһа тиийбэт, хата, бэйэбит дьиэлэнэн абыранныбыт. Бу иннинэ куортамнаан олорбуппут, онно баар этэ – улахан кыһалҕа. – Чахчы абыраммыккыт дии, ол ипотеканан дьиэлэннигит дуо? – Тыый, туох ипотеката кэлиэй? Биир үтүө санаалаах эмээхсин дьиэлээбитэ. – Ол хайдах? – диэн, эмиэ дьиэ кыһалҕалаах киһи сэргии түстүм. – Оттон социальнайга үлэлии сылдьан ол нуучча эмээхсинин кытта билсибитим. Соҕотох кыыстааҕа эргэ тахсан соҕуруу барбыт. Кыыһын хаартыскатын көрө-көрө ытыыр эрэ этэ. Бэйэтэ астмалаах, сүһүөхтэрэ да хамсаппат. Дьиэтиттэн кыайан тахсар кыаҕа суох курдук ыалдьыбыт. Мин киниэхэ бастаан социальнай үлэһит быһыытынан ананан кэлбитим. – Оттон аҕаҕыт? – Оо, ол киһини санатыма даҕаны. Үс оҕолонуохпар диэри сорбун сордообута. Бастаан билсэрбитигэр
арыгы да испэт, бэл, табахтаабат да этэ. Онтон оҕоломмутум кэннэ сотору-сотору иһэр буолбута, дьиэтигэр пиибэлээх кэлэрэ. Саҥата-иҥэтэ хойдон, куолута киирэрэ. Кини дьонун кыра дьиэлэрин оҥостон биир уһаайбаҕа олорбуппут. Кэлин тулуйбакка ийэтигэр эттэхпинэ «эр дьон бары иһэллэр, өйдөнүө буоллаҕа дии» диэн кэбиһэрэ. Бастакы оҕобут – уол. Кэргэним аны кыыска баҕарбыта, кыыс оҕолоннохпутуна, арыгыны иһиэм суоҕа диэбитэ. Өс хоту ыарахан буолбутум. Иккис уолбут төрөөбүтэ. Төрүүр дьиэҕэ аҕабыт итирик дьаллаҥалаан кэлбитигэр кыбыстыбытым даҕаны. Ол кэнниттэн иһэн кэллэҕин аайы “кыыс оҕом суох” дии-дии хомуруйар, илиитин да көтөҕөр буолбута. Ол сылдьан эмиэ ыарахан буолбутум. Хайыамый, туох-ханнык үһүстээх. Бэйэм да кыыс оҕолонуохпун баҕарарым. Үрдүк айыылартан кыыста бэлэхтээҥ диэн үҥэн-сүктэн көрдөһөрүм. Көрдөһүүм тиийэн, кыыс оҕо үөскээбит этэ, УЗИнан билэн үөрүү бөҕөтө буолбуппут. Аҕабыт, оҕолонорум чугаһаан сырыттахпына, биирдэ итирик кэлэн айдааран, быыс курдук ууруллубут стенка ыскаабын тоҕо тэппитигэр сууллан, кыра уолбутун сиирэ-халты түспүтэ, антресола босхо баран, аһыыр остуолтан халтарыйан испэр охсуллубута. Оҕо ытааһына, мин часкыырым, итирик киһи маатырата – киһи тулуйбат айдаана. Ити алдьархайга сүрэҕим ыалдьан, хараҕым хараҥаран, сэниэтэ суох сап-салҕалас буолбутум, өйбүн сүтэриэм диэн, оҕолорум тустарыгар куттаммытым. “Дьэ, тосторун биэрдим” диэн уоскуйан, эрим буолуохсут муостаҕа утуйан, хаһыҥыраан хаалбыта. Саамай абарбытым диэн, киэһэ аҕата киирэ сылдьыбыта. Ити үлүгэрдээх талҕаланыыны, тыаһы-ууһу, ытаһыыны чугас олорор дьон син иһиттэхтэрэ дии, онно быыһыы саба сырсан киирбэтэхтэрэ. – Хайа, бу тугуй? – диэн соһуйдаҕа буолбута, – хомуйан кэбиһиэххитин, – диэбитэ. – Бэйэтэ хомуйуоҕа… – эрэ диэн хардарбытым. Ыскаабы ырычаахтаһан туруорбута, остуолу көннөрбүтэ. “Иһит-хомуос – эн өлүүҥ” диэтэҕэ буолуо, тахсан барбыта. Саатар, сиэннэрин туоһуласпатаҕа. Дэлби куттаммыт, ытаспыт оҕолор утуйа сыталлара. Түүнүгэр ыалдьыбытым. Бэйэм төлөпүөннээн бырааһы ыҥыртарбытым. Быраас кэлэн суһаллык балыыһаҕа илдьэр буолбута, дьоммутугар тоҥсуйан оҕолору көрөөрүҥ диэбитим. Улуус киинигэр ыыппыттара, онно киирэн итэҕэс оҕону төрөппүтүм. Сиһигэр улахан эчэйиилээх этэ. Ону кыра эрдэҕинэ эмтэтэттэххэ үчүгэй буолуо диэн, куоракка уһуннук эмтэммиппит. Ол сылдьан манна – балыыһаҕа үлэлээбитим. Икки оҕобун кэргэним дьоно кырдьаҕас ыарыһах ийэбэр ыыппыттара. Кэргэним “кыыс-кыыс” диэн баран, син биир арыгылыырын бырахпатаҕа, аны ким да кинини үлэҕэ ылбат буолбута. Онон куоракка эмтэнэр кэммитигэр тугунан да көмөлөспөтөҕө. Оҕом сиһигэр эпэрээссийэ кэнниттэн сылга иккитэ уокка, массааска сылдьыахтааҕа. Инбэлииккэ таһаарбыттара, биэнсийэ анаабыттара. Онон, кэлэр-барар ороскуоппут кыайтарыа суоҕуттан, манна үлэлии хааларга санаммытым. Оҕом номнуо үс сааһын туолбута. Эбэлэригэр сылдьар убайдара биирэ – саадка, иккиһэ бастакы кылааска үөрэнэллэрэ. Мин кэтэр таҥастарын мантан ылан ыытарым. Бастаан 5 тыһ. ыалга хос ылан олорбутум. Наһаа үчүгэй ыаллар түбэһэн, оҕобун көрсөн абыраабыттара. Кыыһым бэйэтэ да, ийэтэ солото суоҕун билбит курдук, хаппырыыһа суоҕа. Ол сылдьан социальнайга кырдьаҕастары көрөр-харайар үлэҕэ киирбитим. Үлэм ыарахан да буоллар сөбүлээбитим.
Араас майгылаах, олохтон кэлэйбит да, олоххо тардыһыылаах да кырдьаҕастар түбэһэллэрэ. Олору кытары биир тылы булуохха, санааларын табыахха наада. Онуоха ийэлээх аҕам иитиилэрэ көмөлөһөрө дии саныыбын. Кинилэр дьоҥҥо сыһыаннара ураты этэ. Дьону сиилиир эҥин кэпсэтиини дьиэбитигэр истибэккэ улааппыппыт. Бэл, дьон күлүү-элэк гынар, «Хара Бааска кэлиэ» диэн оҕолорун куттуур «абааһылара», айылҕа атаҕастаабыт эрэйдээҕэ, хаамаайы Хара Бааска биһиэхэ ыалдьыттаан ааһара. Ийэм чэй тардан аһатара, аҕам дуоспуруннаан кэпсэтэрэ. Дьиҥэ, куһаҕан киһи диэн суох ээ. Була сатаатахха, киһи үчүгэй өрүтүн син биир булаҕын. Ханнык да ыарахан майгылаах дии санаабыт киһиҥ, киһилии сыһыаннастахха, дууһата аһыллар. Миигин кырдьаҕастарым үөрүүнэн, кэтэһэн аҕай көрсөллөр. Мин эмиэ кинилэргэ убанан хаалабын. Биир кырдьаҕаһым Лидия Евсеевна аҕыс уонун лаппа ааспыт, уруккута метеоролог идэлээх нуучча мааны эмээхсинэ этэ. Муус маҥан убаҕас баттаҕын өрүү чөкөччү хомунан кырыбыайканан туттарбыт буолара, халлаан күөх харахтара сааһырдар да ып-ыраастык көрөллөрө, кини майгылаах мааныта буоларын туоһулуурга дылылара. Соҕурууттан эдэркээн кыыс кэлэн баран, манна олохсуйан хаалбыт. Кэргэнэ хохуол эбит, сүүрбэччэ сыллааҕыта мырааҥҥа таһаарбыттар. Евсеевна, кыыһа ыҥыра сатыырын үрдүнэн, тапталлаах кэргэнин кытары көмүллээри барбат эбит. «Харитонушкам манна соҕотоҕун сытыа дуо?» – диир. Олус иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара көстөр, араамалаах хаартыскаларга куруук күлэн-үөрэн, сарын-сарыннарыттан өйөнсөн түспүттэрэ элбэх. Барахсаттар ол гынан баран биир эрэ оҕоломмуттар. Мин үс оҕобун соҕотоҕун иитэ сылдьарбыттан саллар. Киниэхэ нэдиэлэҕэ үстэ кэлэбин, «доча» диэн ааттыыр. Сүһүөх ыарыыта буулаан, дьиэ иһигэр тайахтаах нэһиилэ сылдьар. Нууччалыы хаһыаттары ылларан ааҕар. Баайыы сап ылларан наскы, үтүлүк баайар. Тарбаҕа эрэйинэн хамсыыр эрээри, үөрүйэҕэ бэрт буолан, ыйга син хаһы да баайар. “Манан дьарыктамматым буоллар, илиибинэн олох да туттубат буолбут буолуом этэ уонна соҕотох киһиэхэ күн уһуна бэрт, чуҥкуйан да бүтүөм этэ” диир. Хаачыстыбалаах үлэни илдьэммин тэрилтэ дьахталларыгар көрдөрдөхпүнэ, чэпчэки сыанаҕа былдьаһыгынан ылаллар. Эмээхсиним онтон олус үөрэр. Көмүллэрбэр диэн харчы мунньар. Күһүн хаппыыста тууһатар. Кини этэн биэрэринэн онтубут олус табыллар. Саас түннүктэрин сууйан-сотон, сиэккэ саайан аһыллар оҥоробун, күһүн ханаппаакылыыбын. Социальнай харалта харчы биэрбитигэр обуой, кырааска ылан, эдьиийбин көмөлөһүннэрэн дьиэтин өрөмүөннээбиппит. Онтубут сырдаан, киһи кута-сүрэ тохтуур мааны дьиэтэ буолбута. Баанната дьэбин быһа сиэбитин уларыттарбыппыт. Онтугар өйөөн-убаан олортоххо, дуоһуйа суунар этэ. Ол тухары мэлдьи махтана сылдьар. Оннук киһиэхэ санааҥ ордук кэлэн көмөлөһүөххүн баҕараҕын, оҥорбутуҥ-туттубутуҥ барыта санаа хоту буолар. Балыыһаҕа киирдэҕинэ, дьиэтин эрэнэн хаалларар. Хаһыакка, тэлэбиисэргэ дьиэни халаабыттарын туһунан элбэхтик суруйаллар, онон соҕотох эмээхсин дьиксинэрэ ханна барыай. Бааҥҥа уурбут харчытыттан ытыс соттубут буолан, харчытын сыыһын тэллэҕин анныгар мунньаахтыыр. Наһаа үчүгэйдик бодоруспуппут кэннэ эмээхсин эрэйдээх өлөр ыарыытыгар охтубута. Балыыһаҕа киирэртэн, сидиэлкэ булартан аккаастаммыта. Кыыһа «сиэннэнним, кыыһым ыараханнык оҕолонно» диэн, кэлэр кыаҕа суоҕун биллэрбитэ. Мин биир үлэбиттэн уурайан, социальнайдарбыттан көҥүллэтэн эмээхсиммин бүөбэйдээбитим.
Отой хаппырыыһа суох буолан абыраабыта. Ол курдук чуумпутук анараа дойдуга, Харитонушкатыгар айаннаабыта. Чугаһаабытын билэн, нотариус ыҥыртарбыта. Иккиэн хоско олорон син өр дьыалаларын толорбуттара. Нотариус барбытын кэнниттэн эмээхсин миигин ыҥыран: «Тоойуом, эйигин бэйэм оҕом курдук истиҥник санаан сылдьабын, ол иһин дьиэбин эйиэхэ хаалларар буоллум. Мэлдьи аһыныгас, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр маннык үтүө майгыгын ыһыктыма. Оҕолоргун атахтарыгар туруортаа» диэбитигэр мин дөйөн хаалбыт курдук буолбутум, онтон аны хараҕым уута субуруйан, ытаан киирэн барбытым. Кэлин арыый кэҥээн: «Оттон кыыскар? Өссө хос сиэннэммиккин дии…» диэбиппэр, эмээхсин үөһэ тыынан баран, илиибиттэн ылан имэрийэ-имэрийэ: «Кинилэр олорор сирдэригэр олордуннар. Онно сылаас, бу мин курдук эрдэ ыарыһах буолуохтара суоҕа. Мин эдэрбэр, тымныыны тымныы диэбэккэ, чараас таҥаһынан сылдьан эрдэ ыарыһахтыйбытым. Миигин Харитонушкам аттыгар көмтөрөөр», – диэн баран, сэниэтэ бүтэн нухарыйбыт курдук буолбута. Дьэ, ити курдук, күүппэтэх өттүбүттэн икки хостоох кыбартыыраланан хаалбытым. Олохпор эрэлим күүһүрбүтэ, санаам эрчимирбитэ. Ол кэпсэтииттэн миэхэ эмиэ сырдык санаа хаалбыта, сир үрдүгэр киһи кыһалҕатын көрөр, көмөлөһөр сырдык күүс баарыгар эрэлим улааппыта. ххх Кыыһым барахсан ийэтин тула көтөр, ытыыр. Онно-манна төлөпүөннэтэлээн: «Ийэм хаана тохтообот, быыһааҥ. Хирургияҕа ылыҥ!» – диэн, элэ-была тылын этэр. “Хайыыр да кыахпыт суох” дииллэр быһыылаах: кыыс ытыы-ытыы, ийэтин алларанан-үөһэнэн тохтообокко кэлэр хаанын ыраастыыр, тымныйбыт илиитин-атаҕын имэрийэн сылыта сатыыр… Өлөр өлүү ыар тыынын тулуйбакка ыарыһахтар көрүдүөргэ таҕыстылар. Нууччабыт дьахтара: «Манна – көрүдүөргэ хонобут дуо? Кылаабынай бырааска үҥсүөм!» диэн айдааны тарта. Тиһэх тыынынан нэһиилэ сурдургуур эмээхсиммитин ороннору баҕастары көрүдүөргэ соһон таһаардылар. Кыыс эрэйдээх «ийэбин көрүдүөргэ таһаарымаҥ» диэн ытыы-ытыы ааттаһа сатаата. Биһиги им-дьим сыттыбыт. Түүн үөһүгэр эмээхсин быстаахтаабыта. Сарсыарда илдьибиттэр этэ. Ити билбэт эмээхсиним хайдахтаах курдук сылаастык, истиҥник хараллан ийэ буорун булбутун, кини оҕолоругар биэрбит таптала, сырата хардалаах буолбутун мин курдаттыы сэрэйэбин. Көр, олоххо сыһыан итинник буолар, таптал тапталы, үтүө санаа үтүө санааны үөскэтэр.
kyym.ru сайтан