Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕо эрдэҕинээҕи ыһыах абылаҥа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕо эрдэҕинээҕи ыһыах абылаҥа
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.06.2021 09:24
Ханнык баҕарар саха оҕото сайыны, ыһыаҕы олус күндүтүк саныыр, ахтар. Ол курдук бүгүн биһиги биир дойдулаахтарбыт, Олоохуна биллэр-көстөр далбар хотуттара Анна Трофимовна Романова уонна Ирина Ивановна Чердонова ол минньигэс түүл, остуоруйа дойдутугар ыалдыттаан кэлбит саҕа сананан, ааспыт кэрэ кэмнэрин ахтан аастылар. edersaas.ru Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыытыттан, Даппарайтан төрүттээх Анна Трофимовна Романова кэпсиир: — Арааһа, бу 1962 сыллаахха этэ, төрдүс кылааһы бүтэрэн, 11 саастаахпар миигин аҕам Нарахаев Трофим Гаврилович ыраах Токоҕо ыһыахха илдьэ барар буолла. Аҕам убайа Нарахаев Уйбаан алгысчыт, олоҥхоһут этэ. Киниттэн алгыс ыла аҕам Токоҕо өрүү тахсара. Миигин илдьэ барар буолан Мокрощупова Октябрина диэн иистэнньэҥ тарбахтаах кыыска олус кырасыабай, тэлээркэй ырбаахы тиктэрдэ. Атынан айанныыр буоллубут. Аҕам ат самыытыгар олорорбор сымнаҕас буоллун диэн тэллэх оҥорон биэрдэ, онно сыта-олоро, күнү быһа айаннаатыбыт. Мин ат хаамарыгар бигэнэн утуйан да ылабын. Киэһэлик тиийэн дьоммутугар хоннубут. Онтон сарсыныгар ыһыах буолар сиригэр тиийдибит. Хатыҥ чараҥ ортотугар түһүлгэҕэ дьон төгүрүччү тоҕуоруйа мустубут, күөх окко сылгы, тыатааҕы тириитэ тэлгэммит, онно ыраахтан кэлбит ыалдьыттары олордоллор эбит. Биһиги эмиэ ол тэллэххэ баран олордубут. Бастаан кыталык кыргыттар киирэн хомуска оонньоон дьырылаттылар, онтон тоҕус туруйа уолаттар маҥан аттаах алгысчыты арыаллаан түһүлгэ ортотугар киллэрэн атыттан түһэрдилэр, атын сэргэҕэ баайдылар. Ол арыалдьыт оҕолор бэрт наҕыллык битийэн килиин курдук киирэллэр эбит. Үрүҥ таҥастаах алгысчыт оҕонньор уотун оттон, алҕаан киирэн барда, алаадьынан аһатта, кымыһынан күндүлээтэ, уоттан олус минньигэс кэриэрбит сыт таҕыста. Алгыс добуочча уһун буолла, мин утуйан да ыллым ол быыһыгар. Дьон алгыһы им-дьим олорон истэллэр, хаһан эмэ «Ноо!”, “Уруй!” диэн биирдии тылынан эбэллэр, оччоҕо мин уһуктан кэлэ-кэлэ эмиэ нухарыйан барабын. Алгыс бүтүүтэ кымыһынан күндүлээтилэр, барыбытыгар буспут эт, килиэп аҕаллылар, сонно олорон аһаатыбыт. Кытыы атыы-тутуу баар онтон утах, минньигэс атыылаһан түһүлгэҕэ олорон, киэһэ ат сүүрдүүтэ буолуор диэри илии-атах оонньуутун көрдүбүт. Уоланнар киирэн хапсаҕайдаһан туһуннуллар. Онно дьон: “Оо, бу Кыыллаах уола”, “бу – Абаҕа, Кээччи”, “бу бэйэбит уолбут” — диэн сэҥээрэ олордулар. Ким кыайбыкка улахан мүһэ туттаран иһэллэр, этин ыһыах дьонугар түҥэтэллэр. Сорохтор сонно тута уҥуоҕун хайытан силиитин сииллэр, оччоҕо кырдьаҕастар ол уолу эһиил эмиэ кэлэр буолсу диэн сабаҕалыыллар. Ол курдук аҕабын кытта күнү быһа салҕыбакка сырыттым, ат сүүрдүүтүн көрдүбүт. Онтон хойут дьэ оһуохайдаан бардылар, миигин аҕам дьоммун кытта дьиэҕэ атааран кэбистэ. Сарсыныгар аҕам үөрэ-көтө айаннаан иһэн миэхэ астына этэр: — Үчүгэй алгыс буолла, биир да иччилэрбит умнуллубатылар, онон сылы этэҥҥэ туоруур буоллубут, — атын эрчимээхтих – Һаат! диэн салайан дьиэбитигэр кэллибит. Онно өйдөөбүтүм — ыһыах сүрүн суолтата алгыска эбит. Айыыларга чугаһаан, айылҕаттан күүс-күдэх ылан, дьону тумэр санааҕа киллэрэр эбит бу алгыс алыыптаах тыла. Аныгылыы эттэххэ, дьиҥнээх фэн-шуй бу эбит. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, чөл олоҕу баҕарабын, алгыс баһа сыаланнын! — диэн түмүктүүр бэйэтин ахтыытын Анна Трофимовна. Аны Ньурба улууһун Маалыкайыттан төрүттээх Ирина Ивановна Чердонова бу курдук кэпсиир: — Мин ыһыахха өйдөөн хаалбытым — күөх от дыргыйар сыта, уохтаах кымыс амтана. Дойдум ыһыаҕар биһигини сахалыы таҥыннараллара, сарыы этэрбэстээх, киэҥ ырбаахылаах, оҕуруолаах бастыҥалаах, уһун суһуохтаах буоларбыт. Мэник оҕолор мустан-сырсан муҥхалыы оонньуурбут. Мунхаҕа түбэспит оҕо ырыа ыллыыр эбэтэр хоһоон ааҕар, улаатан баран уолаттар кыргыттары онон туһанан сыллаан хаалаллара. Ол оонньууга улахан дьон эмиэ кытталлара. Сыл аайы ыһыахха дьоруой-ийэ Ааныска улахан сылабаарга чэй оргутан арыылаах лиэппиэскэни 5 кэппиэйкэҕэ атыылыыра. Ону ылан сиирбит, олус да минньигэс буолара. Сарсыарда эрдэ аҕам улахан биэдэрэҕэ мүһэлээх эт миинин аҕалара, ону тото-хана сиирбит. Күнүс илии-атах оонньууларын, хапсаҕайга күрэхтэри сэргии көрөрбүт, киэһэлик дьэ саамай кыһыылаах (азартаах), уксуулаах, ыһыылаах-хаһыылаах ат сүүрдүүтэ буолара. Ону массыына, күрүө үрдүгэр тахса-тахса көрөрбүт. Хойутуу оһуохай саҕаланара, ол тылларын кыра-мэник эрдэххэ долоҕойго уурбакка, мэнээх муҥхалыы сүүрэр этибит, оһуохайдыы сылдьар улахан дьон ортотугар. Онтон улаатан баран санаатахха оһуохай этээччилэр отой сахалыы уус-уран тыллаах ырыанан нэһилиэк, улуус, бүтүн өрөспүүбүлүкэ сыллааҕы сонунун отчуот курдук оҥорон тупсаран туойаллар эбит. Дьон ол курдук этээччилэри сырса сылдьан истэллэрэ. Хойут пааркаҕа буолар Күөх Ньурба ыһыаҕар киһи барыта сөҕө-махтайа, көрө-истэ, үөрэ-көтө кытта кэлэрэ. Дьон тоҕуоруйа мустара. Улахан да түһүлгэлэр, аатырар оһуохайдар онно буолар этилэр. Сарсыарда 4 чааска диэри эргийэ сылдьаллара. Уһулуччу улахан этээччилэр, күрэхтэһии кыайыылаахтара, чулуу ат сүүрдээччилэр норуот биһирэбилин уонна улахан эттээх мүһэ биирискэ тиксэллэрэ. Харчынан бириис диэн ол кэмҥэ суох этэ, — диир түмүккэ Ирина Ивановна. Ахтыылары Валерий МАЛЫШЕВ суруйда («Өлүөхүмэ» хаһыат). Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан