Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Очоҕос тахсыбатын…»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Очоҕос тахсыбатын…»
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.06.2021 20:00
(Дьиҥнээх олохтон кэпсээн) Чыыһыла дьиктитин туһунан Максим Ксенофонтов кэпсээнин ааҕыҥ эрэ. Михаил Спиридонович Иванов – Багдарыын Сүлбэ, сахаттан бастакынан оҕо саҥатын, сирдэр ааттарын, дьон аатын үөрэппит бөдөҥ чинчийээччи, талааннаах суруйааччы этэ. Кини «Атах туппай» диэн, оҕо саҥатын туhунан кинигэтигэр, кыра оҕо айан кэбиhэ охсор, импровизациялыыр дьоҕурун көрдөрөр биир маннык лоскуй баар. Арай, 4 саастаах уол тарбаҕын быhар. Хаан тахсар, оҕо куттанар, ытыыр. Ону улахаттар биинтэнэн бэрэбээскилии туран, сэрэтэн, куттаан этэллэр: «Аныгыскыга сэрэнэн туттар буол, аны, ити бааскынан очоҕоhуҥ тахсыаҕа». Уолчаан тарбаҕыттан ис буотарага тахсыан сөбүн истэн улаханнык дьулайар, саллар. Онтон, сотору буолаат, уоллара оонньуу олорон ыллыырын истэллэр: Сэрии буолбаты-ын, Хаан тохтубатын, Очоҕос тахсыбатын. Ити, кыра уолчаан ырыатын санаан кэллим, 2070 сылга сэрии туруон сөбүн толкуйдаан баран. Бэйи эрэ, саас-сааhынан кэпсиим. Уон сыллааҕыта этэ. Өлүөхүмэ куоракка киирэн, Ыhыах иннинэ «Водолей» маҕаhыын ыскылаат-баазатыттан уоптабайдаан, ас-үөл ыла сылдьыбытым. Соторутааҕыта ардаан ааспыт буолан, халлаан кытта дьэҥкэрбит курдуга. Халлаан устун тунаархай, маҕан былыттар усталлара, олор анныларынан хараҥаччылар төттөрү-таары көтөллөрө. Массыынабар бородуукта тиэнэн баран, дьиэлиэм иннинэ үссэнэ түhээри, остолобуойга барбытым. «Северянка» остолобуой, мэлдьи буоларыныы, элбэх киhилээх этэ. Ас ыла туран, Өлүөхүмэ таҥаратын дьиэтин баачыкатын Андрейы көрсүбүтүм. Кинини кытта биир остуолга олорон, эбиэттээн барбыппыт. Аҕабыыт Ставропольтан төрүттээҕэ. Уруккута история уонна обществоведение учуутала этэ. Бу орто уҥуохтаах, киппэ, убаан эрэ баттахтаах, сэбирийбит чачархай бытыктаах, биэс уончалаах, эргиччи дириҥ билиилээх, үрдүк култууралаах киhи олоҕу уратытык анаарара. Онон кинилиин сэhэргэhэр олус интэриэhинэй этэ. Бастаан күн-дьыл, олох-дьаhах туhунан кэпсэппиппит. Онтон: — Оройуон дьаhалтатын иннигэр, болуоссакка турар Ильич пааматынньыгын кырааскалыы сылдьаллар, — диэн, күнүс тугу көрбүппүн кэпсээбитим. – Ленин кылгастык да олорбут эбит ээ. «Эhэбит» диир этибит да, 47 саастааҕар саҥа былааhы олохтообут. 54-гэр эрэ бараахтаабыт эбит. — Оннук. Билиҥҥи кэм мээрэйинэн, саас ортолооҕор эрэ, — Андрей аҕабыыт сөбүлэспитэ уонна иhэн бүтэрбит миинин тэриэлкэтин туора уурбута. Кэтилиэттээх хортуоппуйун иннигэр уурунан баран, онтун үрдүгэр дыргыл сыттаах хара биэрэс таммалаппыта. — Сылам аламай күн! Добрый день! – эрчимнээх саҥа иhиллибитигэр, көрбүтүм, кылгас сиэхтээх сырдык халлаан күөх соруочукалаах, өтүүктээх хара бүрүүкэлээх, хараҥа таастаах салгын ачыкылаах, Николай Нутчин, саха тылын учуутала, бодунуостаах астаах биhиги олорор остуолбутугар күлүм аллайбытынан чугаhаан эрэрэ, — эhигинниин олоруохха сөп дуу? — Аламай күн сыламынан! Олор, Коля, — табаарыhым бодунуоhун остуолга уурбутугар илии тутуhан дорооболоспутум. — День добрый! – Андрей лоҥкунас куолаhынан хардарбыта уонна Николайы учуутал саҥа үөрэнээччини көрөрүнүү, одуулаhан ылбыта. — Бу биир идэлээҕим, Николай Николаевич Нутчин, — дьоммун билиhиннэрбитим. – Коля, бу Андрей Уразов, аҕабыыт. — Дьикти араспаанньа: Нутчин. Ол аата Русских диэбит курдук дуо? – баачыка салпыакканан уоhун соттон баран дьиктиргээбиттии ыйыппыта. — Даа. «Нуучча» диэнтэн тахсыбыт араспаанньа, — диэн хардарбыта Нутчин уонна хаппыыста салаатын биилкэтинэн аспыта. – Уразов диэн эмиэ интэриэhинэй фамилия эбит. Ураhа диэҥҥэ майгынныыр. — Оннук, түүрдүү буолуон сөп, — Андрей хомпуоттаах ыстакааныттан омурдан ылбыта. — Коля, биhиги Ленин туhунан кэпсэтэ олордубут. Эдэрчитигэр өрөбөлүүссүйэни салайбыт эбит, — Коляҕа кэпсээтим. — Быйыл кулун тутар 25 күнүгэр Ленин сиэн балта Ольга Ульянова күн сириттэн барда, — диэбитэ аҕабыыт. — Оо, Ольга Дмитриевна дуо? Истибэтэх эбиппин дии, — мунчаарбыттыы эппитим. — Кини, — Андрей тоҥхох гыммыта. — Сонуннарга этэн аhарбыттара, — Нутчин хара ачыкытын устан соруочукатын түөhүн сиэбигэр уктубута, онтон салгыы аhаан барбыта. — 29 сыл анараа өттүгэр, 1982 сыллаахха, Леонид Ильич олохтон туораабыта… — Уразов тугу эрэ толкуйдаабыттыы, хомпуоттаах ыстакаанын тутан олорон эппитэ. — Өктөөп параадын кэнниттэн сотору буолаат… — оччолорго, көстө турбут биэриини быhан, тыйыс сирэйдэммит диктор көстөн кэлээт, генсек өлбүтүн биллэрбитэ соhуччутун санаан кэлбитим. — Брежнев иннинэ, 1953 сыллаахха Сталин уhуктубаттыы утуйбута. Эмиэ 29 сыл арыттаах, — аҕабыыт өйүгэр суоттуурдуу туттубута. — Ленин – 1924. Эмиэ 29 сыл. — Тугун дьиктитэй? – Коля биилкэтин тарбаҕар эргичиҥнэппитэ. – ити закономерность буолуо дуо? — Сорохтор Таҥара былааннаан итинник буолар дии саныыллар. Ленин иннинэ, 1895 сыллаахха, Энгельс суох буолбута, — Андрей аҕабыыт кураанахтаабыт ыстакаанын остуолга «лос» гына уурбута. – Эмиэ 29 сыл арытыалаах. — Эс, хайдах хайдаҕый?! – Нутчин улаханнык мунаарбыта. — Чыыhыла магиятын, ити кэннэ, киhи итэҕэйиэн да сөп курдук, — диэбитим мин, эмиэ сүрдээхтик дьиктиргээн. — Энгельс өлүөн иннинэ 29 сыл баарына, 1866 сыллаахха… — баачыка бытыгын имэриммитэ. — Карл Маркс?! – Коля биhикки тэҥинэн куттаммыттыы ыйыппыппыт. — Суох, Август Бебель, социал-демократтар хамсааhыннарын төрүттээччи, — Уразов салпыакканан сүүhүн соттубута. — Оо! Хайдах баҕайыный? Ама, оннук оҥорор туох эрэ сүдү күүс баар дуу? – Коля саhарчы буспут сибиэhэй кексин тутан олорон ыйыппыта, онтон бурдук аhын үрдүттэн изюму тууран ылан «кырк» гына ыстаабыта. — Мин саныахпар, сөп түбэhии, — аҕабыыт мичээрдээбитэ. – Олоххо араас дьикти элбэх. — Оччотугар, инники олохпут барыта былааннанан, кэмнэнэн-кэрдиистэнэн турар курдук буолан тахсар, – Коля мунчаарбыттыы эппиттэ. — Уустук боппуруос. Арай, барыта ананан, үөhэттэн ыйыллан турара буоллар, олохпут олус судургутуйуо этэ. Устуоруйаҕа лиичинэс оруолун суолтата улахан диэн кэпсиир этилэр, ВУЗ-ка. Итинник муокастык хатыланар кэрдиис кэмнэри чинчийиэххэ сөп. Туох эрэ, айылҕа сокуонун кытта ситимнээҕи булан ылыахха сөп, — толкуйдуу түhэн баран, аа-дьуо саҥарбытым. — Оннук, — диэбитэ Уразов, — атын да, итинтэн ураты, чыыhыланы кытта сибээстээх дьикти ааспыт олохпутугар элбэх. — Холобур? – кэрэхсэбиллээх чахчылары салгыы истээри ыйыппытым. — 1554 сыллаахха шведтэр Россияҕа сэриинэн киирбиттэрэ. Сэрии саҕаламмыта. 3 сылынан Россия кыайбыта. 129 сыл буолан баран, 1683 сылга мусульманнар уонна христианнар сэриилэрэ саҕаламмыта. Осман импиэрийэтэ Австрияҕа саба түспүтэ. Австрия, Речь Посполитая, Россия союзниктар этэ. Устунан, биhиги дойдубутугар «Улуу Турция сэриитэ» диэн ааттаммыт сэрии саҕаламмыта. Россия кыайбыта, — аҕабыыт кэриччи көрбүтэ уонна салгыы кэпсээбитэ. – 129 сыл буолан баран, 1812 сыллаахха Наполеон Россияны сэриилиир былааннаах тоҕо ааҥнаан ккирбитэ. Хотторбута. 4 сылынан казактар Парижка киирбиттэрэ. Өссө 129 сылынан ньиэмэстэр саба түспүттэрэ. Кыайтарбыттара. 4 сылынан Сэбиэскэй аармыйа Берлиини ылбыта. — Кө-өр эрэ, эмиэ чыыhыла дьиктитэ! – саҥа аллайбытым. — Эс, хайдах итиннигий, ээ? – Николай Николаевич аhаан бүтэн, бодунуоhугар иhитин сааhылаабыта. Бары туран, бодунуостаах иhиттэрбитин илдьэн, анал остуолга уурталаабыппыт уонна таhырдьа тахсыбыппыт. Салгыы, дьиэ эргиннээҕини, буолаары турар Ыhыаҕы кэпсэтэ түhэн баран, тарҕаспыппыт. Баачыка Таҥаратын дьиэтигэр барбыта. Коля үөрэх салаатын икки этээстээх дьиэтин диэки хаама турбута. Мин сапараапкаланаары бензоколонкаҕа элээрдибитим. Билигин суоттаан көрөбүн, өскөтүн, ити чыыhыла эргииринэн олохпут салаллан баран иhэр түбэлтэтигэр… Икки тыhыынча уон бииргэ сүүрбэ тоҕуhу эбэбит. 2040 сыл тахсар. Ити кэмҥэ социал-демократтар эбэтэр хомуньуустар лиидэрдэрэ олохтон туоруон сөп эбит. Оттон 1941-гэ 129-hу эптэххэ, 2070 буолар. Ол сылга улахан сэрии да күөртэннэҕинэ көҥүлэ. Оннук буолбатар ханнык. «Хаан тохтубатын, очоҕос тахсыбатын!» Максим Ксенофонтов Хаартыска: 7dach.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан