Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: ИИТИМНЬИ…

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: ИИТИМНЬИ…

K
edersaas.ru Категорията суох
13.06.2021 18:00
Истэрин-истэр этим, ааҕарын ааҕар этим да, эмэнсийэр сааспар көрбөтөхпүн көрөммүн бэри диэн бэккиһээн, сөрү диэн сөҕөн, кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн сылдьабын. Саха буоллаҕым, оҥостон олорон харыс саҕа хотуурбун игиилээн, буруустаан, даачам олбуорун иһигэр мас, талах быыһынан киһини самаҕынан өрө анньыбыт хойуу оту охсон хонноҕум аһыллан эрдэҕинэ, сиэним кыыс сыбдыгырайан кэлэн, сирэйэ-хараҕа чаҕылыйбыта сүрдээх: “Эһээ-эһээ, барыах. Онно туох эрэ улахан баҕайы чыычаах айаҕын атан баран олорор. Аттыгар сылгы чыычааҕа айманар, тырыбыныыр”, — дии-дии үөс-батааска биэрбэккэ, хотуурдары баҕастары сиэтэн дэллэриттэ. Учаастагым муннугар олбуору кыйа халлааны сабардаан үүнэн силигилээн аҕай турар бузина мас лабаатыгар хойуу сэбирдэхтэринэн хаххаланан эриэн саадьаҕайдыҥы сүүнэ көтөр сохсоллон олорор эбит. “Кэҕэ дии, арба Бөтүрүөп күнүнэн этэн-кэҕийэн бүттэҕэ. Ол иһин ньимийэн олордоҕо. Тоҕо көппөтүй” диэн муодарҕаан эрдэхпинэ, тумсун сыыһынан тоноҕоччуну сараччы уоппут сылгы чыычааҕа сарыкынайан кэлбитигэр били баҕайы айаҕын аппаччы атта. Ол быыһыгар сип-синньигэстик чаҥырҕаан-иһиирэ нылар, эриэн дьирбиилээх кынатын хас биир куорсунун аллара саратан илибирэтэр. Сылгы чыычааҕа аппайбыт айах иһигэр төбөтүн сыыһын батары биэрэн, тоноҕоччутун куолайыгар симэ анньаат, “чырык” бөҕөнү түһэрэн салгыы бултаһа көтөн тырыбынайа турда. Сылгы чыычааҕа барахсан, уйатыгар суобаһа суох кэҕэ кыыл уоран сымыыттаабытын баттаан таһаарбыт буруйугар, ити үлүгэрдээх буолуор диэри иитимньи оҥостон босхо аһатан муҥнана сырыттаҕа. Кэҕэтэ өссө улааттаҕына, эрэйдээҕи тоноҕоччулары бэйэлэри билэн көрбөккө ыйыстан кэбистэҕинэ көҥүлэ. Хаһан бэлэм ас кэлэрин кэтэһэн сохсоллон олорор кыылы үргүтэн “чус!” диэбиппэр, сэбирдэхтэр быыстарыгар көппөх гынаат, көтөн тилигирии турбутугар бэйэм да соһуйдум. “Көр эрэ маны, көтөр эрээри бэйэтэ бултаспакка, быыкайкаан чыычаах бэлэмигэр иитимньи буолан эрэйдиир эбит. Суобаһа суох” диэн кэлэйии бөҕөнү кэлэйдим. Иитимньилэр… Бу тылтан сиэттэрэн аптабаксаал таһыгар сөллөстүбүт-сылластыбыт сирэй-харах, таҥас-сап буолан, төһө-хачча саастаахтарын киһи кыайан быһаарбат гына имиллибит-хомуллубут, кэлбити-барбыты сүгүн аһарбакка умналаһан лаҕырбыт ытыстарын тоһуйа сылдьар саха кыргыттарын, уолаттарын, уонах дэлби иҥэн молуой буолбут мас уктаах этибиэркэни таҥнары туппут курдук сирилиспит-бурулуспут “ыстаастаах” БОМР-дары, БОМЖ-тары да санаан, илэ көрөр курдукпун. Күннээх, күлүмүрдэс олохпут күлүктээх дьэбэрэтин иччилэрэ, уопсастыба көрүнньүк иитимньилэрэ. Үүт-үкчү ити кэҕэ оҕотун курдук. Ити киһи аатыттан ааһан сүөдэҥнэһэр-сыылаҥнаһар ыччаттар ортолоругар сырдыкка, үөрэххэ тардыһан, ийэлээх аҕаларын муҥнаахтары соролоон, соҕотох сүөһүлэрин сүүскэ бэрдэртэрэн харчыланан куораты булбуттар, кыайан туттарсыбакка, устунан ускул-тэскил баран, очурга оҕустаран киһи көрбөт, ыт үрбэт буолан биичтии сылдьаахтаатахтара. Ити иитимньи кэҕэчээн ситэн-хотон, кыната кытаатан, күөмэйэ чөллөрүйэн кэрии тыаҕа, даачаҕа уот баҕанатыгар да олорон этэн кэҕийэн бардаҕына, олохпутун киэргэтэр кини саҕа кэрэ көтөр суох буолар. Оттон ити уопсастыба көрүнньүк иитимньилэригэр кубулуйбут, киһи аатыттан ааспыт ыччаттарбыт эрэйдээхтэргэ олох тыынын, олоххо тардыһыы күүһүн иҥэрэр, бэттэх төнүннэрэр сиэрдээх суолу тобулар киһи баар ини… Киһилии сыһыаннаһан, аһынан буолбакка, ытыктаан. Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан