Кэпсээ
Войти
Регистрация
БОССООЙКО (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БОССООЙКО (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.06.2021 20:00
Рустэм Гусманович Галиуллин 1987 сыллаахха Татарстан Арча оройуонун Наласа дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. 2009 с. Казань университетын татаар тылын уонна историятын факультетын «Бастыҥ выпускник-туйгун үөрэнээччи 2009» мэтээллээх бүтэрбитэ. Устудьуоннуур кэмигэр «Чаян» («Скорпион») сурунаалга, «Шаһри Казан» («Казань куорат») хаһыакка үлэлэспитэ. Үөрэҕин кэнниттэн тута аспирантураҕа киирбитэ. Филологическай наука хандьыдаата научнай истиэпэннээх. «Казан утлары» («Казань уоттара») литературнай сурунаал отделын эрэдээктэринэн, «Идель» ыччат сурунаалын сүрүн эрэдээктэринэн, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академиятын Тылга, литератураҕа уонна искусствоҕа институтун учуонай-сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Билигин «Казан утлары» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ. Муса Джалиль аатынан Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, «Иделем акчарлагы» («Волга хоптолоро») эдэр суруйааччылар куонкурустарын кыайыылааҕа. Бу кэпсээни 2015 с. «Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээлгэ кэлэ сылдьан хомуйбут матырыйаалларынан суруйбута. Рустэм ГАЛИУЛЛИН БОССООЙКО Чап-чараас үрүҥ былыттары быһыта көтүтэлээн, кыратык титирэстээн ыла-ыла сөмөлүөт өрө көтөн таҕыста. Сүүнэ улахан, сараадыйбыт кынаттардаах «Боинг» көтөр хайысхатын булаары иҥнэҥнээмэхтээн ыллаҕына, бэйэҥ да билбэккинэн сиргэ хаама сылдьыбыт хас биирдии мүнүүтэҕин туохтааҕар да күндүтүк өйдөөн кэлэҕин, туох кыһалҕатыттан манна баар буолан хаалбытым буолла дии саныыгын. Арааһа, пассажирдар бары да оннук саныыллар быһыылаах. Туох да диэбит иһин, кыырай халлааҥҥа көтөн тахсар – дьиктиттэн дьикти уонна дьулаан эбээт… Сэтинньи саҥата. Москва тротуардарыгар, уулуссаларыгар түспүт инчэҕэй хаар тута ууллан, харааран иһэр. Арай куорат кытыытынааҕы тыытыллыбатах кырыстаах сирдэргэ хаар маҥан өҥө балачча өр тулуктаһар. Ол иһин туманынан бүрүллүбүт куорат хара уонна маҥан эрэ өҥнөөх курдук. Оттон «Внуково» үөһэттэн «муҥура суох» диэн бэлиэ курдук буолан көстөр. Эбэтэр эриллэҕэс үөстээх үрэх элгээнин курдук дуу? Оттон сөмөлүөттэр ол элгээҥҥэ уулу түспүт хаастар курдуктар… Сөмөлүөт, дьэ, сөптөөх үрдүккэ тахсан титирэстиирэ тохтоото уонна тыаһа суох долгулдьуйар муус маҥан муоранан устан иһэр хараабылга кубулуйда. Мин сүүспүттэн көлөһүн бөдөҥ таммахтарын сотуннум, кириэһилэм курун төлөрүтүннүм уонна туран дыраап соммун нэлэкэйдэнним. Аттыбар олорор аргыспын дьэ өйдөөн көрдүм: ис киирбэх көрүҥнээх, тып-тап курдук быһыылаах, орто уҥуохтаах, төгүрүк сирэйигэр муос иилээх ачыкылаах, сытыы чаҕылыҥнас харахтаах. – Ыалдьыттыы көтөн иһэҕин дуу? – диэн эйэҕэстик ыйытта. – Ээ. – Бастакы сырыыҥ быһыылаах, арааһа? – диэн баран хараҕын мин чараас соммор быраҕан ылла. – Биһиэхэ Саха сиригэр билигин тымныы бөҕө. – Кырдьык, бастакы сырыым. Тугу кэтэн барыахпын билбэтэҕим, биһиэхэ саҥа бастакы хаар түһэн эрэр ээ, – диэтим уонна күлэ-оонньуу кэпсэтиини атыҥҥа көһөрдүм. – Санаарҕаама, татаардары өҥүрүк куйаас даҕаны, бытархан тымныы даҕаны куттаабат, биһиги тулуурдаах омуктарбыт. – Тыый, эн татааргын дуо? – саха сирэйэ сырдыы түстэ. Мин сөбүлэһэн кэҕис гыныам икки ардыгар киһим миэхэ ыкса сыҕарыс гынна уонна уһуннук кэпсэтэргэ оҥостон холку, сымнаҕас саҥата өссө истиҥ иэйиилэннэ. Оттон мин маннык кэпсэтинньэҥ аргыстаммыппыттан үөрдүм, сэттэ чааһы быһа көтөргө ирэ-хоро сэһэргэһэртэн атыны тугу гыныаҥый? – Саха сиригэр аймахтарыҥ бааллар дуо? Биһиэхэ татаардар бэрт аҕыйахтар ээ. Эбэтэр үлэлии баран иһэҕин дуу? Аргыһым үрүт-үрдүгэр ыйыталаһан барда. – Суруйааччы доҕорум Хабырыыс соторутааҕыта Татарстаҥҥа ыалдьыттаабыта уонна литературнай бэстибээлгэ ыҥырбыта. Онно баран иһэбин. – Эн эмиэ суруйааччыгын дуо? – Суруйбатахтарына сатаммат дьонтон биирдэстэрэбин… – Ээ сөп, өйдөөтүм! – киһим астыммыттыы өрө тыынна. – Боссоойко туһунан суруйуоххун баҕараҕын? – Боссоойко даа? – Кини туһунан билбэккин дуо? – Билэбин, билэбин! – диэн долгуйбуппун биллэрбэккэ буола сатыы-сатыы хоруйдаатым. – Миэхэ кини туһунан доҕорум Хабырыыс кэпсээбитэ. Кини саха норуотун номоҕор киирбит киһи. Татаар бэрдэ Гиззатулла Рахматуллин! Аатырбыт күүстээх, баатыр, бөдөҥ-садаҥ киһи, ол иһин Боссоойко диэн ааттаммыт. Саха аргыһым астыммыттыы күлүм аллайда. Үп-үрүҥ былыттар арҕастарын көрөн чочумча тугу эрэ санаан олоро түстэ уонна кыракый сиэнигэр кэпсиир оҕонньор кэриэтэ наллаан Гиззатулла туһунан урут тугу истибитин, билбитин кэпсээн барда. Сэттис халлааҥҥа өрө көтөн күүгүнээн тахсан баран, биир дойдулааҕыҥ туһунан остуоруйаҕа маарынныыр кэпсээни истэр олус да умсугутуулаах уонна долгутуулаах буолар эбит… Хап-хара харахтаах кэрэчээн стюардесса санныбыттан таарыйбытыгар кэпсээн умсулҕаныгар ылларан олорон соһуйан өрө көрө түстүм. – Сөмөлүөт намтаан эрэр, баһаалыста, кургун баан! Бай, ити икки ардыгар кэлэ оҕустахпыт дуу? Мин айаҕыттан минньигэс эмсэҕин ылларбыт оҕо курдук хомойбуттуу аргыһым диэки көрбүтүм уонна соһуйан дьик гынан ылбытым, киһим харахтара уунан бычалыйбыт этилэр. – Мин хайдах баарынан эйиэхэ кэпсээтим, – диэтэ киһим мичээрдии-мичээрдии. – Суруйааччылартан уонна учуонайдартан өссө элбэҕи билиэҕиҥ. Сөмөлүөт Өлүөнэ үрдүнэн тайааран кэлэн Дьокуускай хаар маҥан иэнигэр оҕуруону тиспит курдук уоттардаах аэропорка түстэ. Пассажирдары көрсөр дьоҥҥо аргыспынаан бииргэ таҕыстыбыт. Сахалыы таҥастаах, кымыстаах чороонноох уонна туустаах килиэптээх кыргыттары көрөөт, долгуйан уолукпар туох эрэ өрө үтэн кэллэ. Ол кэмҥэ кыргыттар быыстарыттан Хабырыыс тахсан кэлэн, кууһа түстэ. – Ситиһиини баҕарабын, Боссоойко сыдьаана! – аргыс сахам санныбын таптайда уонна тиэтэлинэн быраһаайдаста. – Махтал, агай! Олоххор өрүү үтүө дьон эрэ көрүстүннэр! …Хабырыыс мин дыраап сонноохпун көрдө уонна баһын быһа илгиһиннэ. – Маннык таҥас сөмөлүөккэ эрэ олорорго үчүгэй, биһиэхэ отучча кыраадыс тымныы, – диэтэ мүчүк гына-гына. – Сөп чэ, эйиэхэ сөптөөх саҕынньаҕы булуохпут. – Ээ, туох буолуой, тулуйуохпут. Аргыһым миигин Боссоойко сыдьаана диэбитин иһиттиҥ ини. Хабырыыс харахтарыгар сонурҕаабыт, үөрбүт кыымнар чаҕылыстылар. – Ама, эрэннэрбиккин толордуҥ дуо? Эйиэхэ ыыппыт архыыбым матырыйааллара туһалаатылар дуо? – Туһалаан буолумуна! Ол эрээри эн бэйэҥ суруйааччыгын дии: хараххынан көрө, илиигинэн тута-хаба, эккинэн-хааҥҥынан, куккунан-сүргүнэн аһара иликкинэ ханнык да айымньы суруллубатын билэҕин! Ол иһин мин манна кэллим. – Дьэ оттон ол иһин эйигин манна ыҥырбытым ээ, доҕоччуок! – Хабырыыс миигин өссө туох күүтэрин этэ охсорго тиэтэйбэтэ. – Нөрүөн-нөргүй буолуохтун Боссоойко төрөөбүт ирбэт чэҥнээх дойдутугар үктэммиккинэн! Саха сиригэр биир нэдиэлэ сылдьыбыт кэммэр көрсүбүт киһибиттэн барытыттан Гиззатулла Рахматуллин туһунан ыйыталастым. – Оо, кини саха норуотун номоҕор киирбит киһи! – дииллэр биллиилээх учуонайдар, суруйааччылар. (Салгыыта бэчээттэниэ) Татаардыыттан Наиль Ишмухаметов, нууччалыыттан Данил Макеев тылбаастаатылар
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан