Кэпсээ
Войти
Регистрация
Былакаат содула
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Былакаат содула
K
edersaas.ru
Категорията суох
31.05.2021 22:01
Кыра оскуолаттан улахан оскуолаҕа тахсыбыт киһи олох дьэргэҥнээн олоробун. Көрүдүөрэ сүүрүөххэ уһунуун, оҕото элбэҕиин, перемена быыһыгар лапталыы да охсобут, «үспүйүөн-милииссийэ» оонньуубут, «голялаан» да ылабыт, ол икки ардыгар охсуһабыт да, охсуһуу да көрөбүт. 10-15 мүнүүтэ билигин кылгас курдук, оччолорго сыалай олох. Палисаднигы туора туппут курдук синньигэс мастарынан оҥоһуллубут истиэндэлэр баар буолааччылар. Арай, биир күн оннук истиэндэҕэ дьоннор хаартыскаларын аҕалан ыйаабыттар. Мин ону олус болҕомтолоохтук одуулаан көрдүм, кимнэрин-туохтарын сирийэн аахтым, тарбахпынан мөссүөннэрин батыһыннаран иһэн алҕаска, биир киһини тэһэ баттаан кэбистим. Аттыбар оҕолор син бааллара да, наһаа көрбөтүлэр ини диэн эрэх-турах санаалаах кылааһым диэки аргыый аҕай бара турдум. Дьиҥэр, олох алҕас, улахан сыыһалаах да курдук санаммаппын. Уруок саҕаланна. Онтон ортолоон эрдэҕинэ кылаас аанын тоҥсуйдулар, биир мааны учуутал киирэн:» Никитини аҕыйах мүнүүтэҕэ ылыым эрэ,»— диэтэ. Мин сүрэҕим тэбиитэ күүһүрдэ, тыыным хаайтара сыста, атахтарым тугу да билбэт, нукаай курдук буолан халлылар. Уһун учуутал кэнниттэн, уһун көрүдүөрүм устун батыһан иһэбин. Истиэндэ аттыгар кэлэн тохтоото, барытын сэрэйдим. Хараҕын «тэһэ анньан кэбиспит» депутатым «Дьэ, тутулуннуҥ да?!» диэбиттии аҥар хараҕынан мин диэки кынчарыйа кыҥастаһар курдук. Учуутал: «Бу эн оҥордуҥ да, Никитин?» — диэн бэйэтигэр сөбө суох суп-суон куолаһынан, чуумпу көрүдүөрү биирдэ тобус-толору доргутта. Мин буоллаҕына: «Мин,» —дии сатыыбын да, айаҕым иһэ кууран хаалбыт, саҥам кыайан тахсыбат, умса көрөн турдум. «Өссө биирдэ ыйытабыт, ким «тэстэ?»— өссө улаханнык этиҥ эппитинии ыйытан баргытта. Оо, мин мууска итии уу кутуллубутунуу, тыаһыы-тыаһыы бытарыйан хаалыахпын баҕардым. Нэһиилэ, иһим түгэҕэр ханна эрэ ыраах саспыт саҥабын буламмын, син киһи эрэ буолларбын: «Мин,» — диэтим. Учуутал: «Дьэ, Никитин, бүгүн харахтарын, сарсын төбөлөрүн «быһарыҥ» буолуо, бу биһигини инникигэ сирдиир дьоммутун, бүтүн норуот талбыт, итэҕэйбит дьонун эн харахтарын «тэһэриҥ» ханан да киһи өйүгэр баппат. Мин бу оскуолаҕа отучча сыл үлэлээтим, ол тухары биир да оҕо биир да депутат хараҕын «тэһэ» илигэ, эн бу быһыыгынан ҕтүн ийэҥ, аҕаҥ, дэриэбинэҥ, биһиги оскуолабыт аатын түһэн биэрдиҥ. Билигин бу дьон хаартыскаларын төттөрү хомуйа кэлиэхтэрэ, онно ыйытыахтара: «Хайа, бу ким «тэстэ»?» —диэн. Биһиги, биллэн турар, Никитин диэхпит. Бүттэ, эйигин төттөрү оскуолатыгар бардын диэхтэрэ, эбэтэр пионергыттан усталлар, эбэтэр олох даҕаны холуонньаҕа ыыталлар. Бу, Никитин, сууттанар дьыала буолар! Вандализм!» —диэн үрүт-үрдүгэр этэ-тыына турда. Оо, мин муус буолан бытарыйбакка, эмискэ кулунчук буолан хаалыахпын баҕардым, уонна хараҕым хайа диэки көрөрүнэн, күрүөнү үрдүнэн ойон ырыых-ыраах куотуохпун саныы турдахпына: «Сыыһаҕын билинэҕин дуу, суох дуу? Олох миэхэ өсөһүмэ, төрдүстээн ыйытабын,» — диэтэ. «Билинэбин,»-диэн хардара охсоот, мин кылааһым диэки бара турдум. Кэннибиттэн: » Өссө биирдэ быракааһы оҥоруоҥ да, мин эйиигин оскуолаҕар төттөрү ыытыам,» — дии хаалла. «Ыыт, ыыт, миэхэ онно өссө ордук,»—диэн испэр саҥара-саҥара, кылааспар киирэн салгыы үөрэнним. Дьиҥэр, мин алҕас «тэстэҕим» дии, соруйан буолбатах. Ийэбэр бэйэм кэпсиэҕим, ийэм өйдүөҕэ, диэн бэйэм бэйэбин уоскутунан син оннубар түһэн испитим. Онтукам баара, икки-үс хонугунан оскуола линейката буолла. Санаабар, тыһыынчанан оҕо биир саалаҕа бары муһуннубут. Сахсырҕа көтөрө иһиллэр чуумпута буолбутун кэннэ саҕаланна. Сөҥ куоластаах учууталым саҕалаата, мин сүрэҕим «пар» гына түстэ. Элбэҕи ону-маны эттэ, онтон: «Никитин, таҕыс манна!» -диэтэ. Аат эрэ харата, эмиэ истибэт буолан хаалбыт атахтарбын соһон таҕыстым. Санаабар, палачтардаах киинэҕэ, болуоссакка ыйана тахсыбыт киһи курдукпун. Учуутал: «Дьэ, Никитин, бу бииргэ үөрэнэр доҕотторгор кэпсээ, туох «үтүөнү» оҥорбуккун!»- диэн бирикээстээтэ. Мин муус буолан бытарыйбакка, кулунчук буолан куоппакка, «человек- невидимка» буолан баран, ким да көрбөтүгэр мантан тыаһа суох тахсан барыахпын баҕардым. Өр саҥата суох өсөһөн турдум. Учуутал: «Оҕолоор, бу Никитин депутат хараҕын «тэспит»!» — диэтин кытары, мин сыҥсыйан ытаан киирэн бардым. Хараҕым уутун сиэхпинэн туора-маары соттобун, буруйбуттан буолбакка, ордук ытыырбыттан кыбыстар быһыылааҕым. Арай, уулаах хараҕым быыһынан көрдөхпүнэ, икки кылааһынан үрдүкү үөрэнэр убайым оҕолор быыстарынан сүүрэн иһэр эбит. Кэллэ да миигин харбаан ылла, уонна иккиэн сиэттиспитинэн көрүдүөр устун сүүрдүбүт. Санаабар, сэрии толоонуттан, миинэ эстиититтэн куотан иһэр саллааттар курдукпут. «Суумкаҕын, кууркаҕын ыл!»- диэт убайым туора сүүрдэ. Мин кылааспар киирээт, малбын хомуннум, кууркабын ыллым, санаабар үспүйүөн-разведчик курдукпун. Убайым оскуола боруогар күүтэн турар эбит, буут быстарынан сүүрдүбүт. Аҕылаһан-мэҕилэһэн эбэбитигэр кэллибит. Сэрииттэн тыыннаах хаалбыт саллааттар курдукпут, сэрии толоонугар, буулдьаҕа табыллан өлөөрү сыттахпына, убайым быыһаан таһаарбытыгар олус да махтана санаатым этэ, онтум баара аны кини мөҕөн киирэн барда. Ол курдук эбэ ортотугар диэри аны мин хаһан даҕаны биир да хараҕы «тэһиэ» суох буолан, көрүдүөргэ хаамыынан эрэ сылдьыах буолан, көрсүбүт улахан дьоммор барыларыгар, улаханнык «здравствуйте» диэх буолан, эйэлэһэн тиийдибит. Тиийэн аһаат, маспытын кыстаат, дал ыраастаан баран убайым миигин бэйэтин кытары оонньуу илдьэ барыах буолан, бэрт эйэлээхтик дьиэбитигэр киирбиппит. Хата, бу түгэни дьоммор учууталым да, убайдарым да кэпсээбэтэхтэр этэ, онон мөҕүллүүм онон бүппүтэ. Учууталларбыт барахсаттар кыра да сыыһабытын кытаанахтык сэмэлээн, буойан, такайан киһи гынан таһаардахтара. Үтүөкэн учууталларга уһаарыллан, билиҥҥи көлүөнэ оҕолордооҕор быдан тулуурдаахпыт дуу дии саныыбын. Хас биирдии учууталбар, кырдьык, хом санаата суох махталым муҥура суох. Арай, билигин депутакка кандидаттар мөссүөннэрин көрдөхпүнэ, тоҕо эрэ харахтарын кыҥастаһабын…. Захар Никитин, Дьокуускай. Уруһуй: mel.fm
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан