Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох салҕанар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох салҕанар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.09.2020 16:04
Лаана олус долгуйан, сүрэҕэ өрө битийэр тыаһыттан эмискэ уһуктан кэллэ. Чаһыны көрбүтэ, сарсыарда алта чаас буолбут. Өр дуу, өтөр дуу оронугар сытан түүлүн тойоннуу сатаата. Арай түһээтэҕинэ, төрөөбүт дойдутун сибэккилээх кырдалынан дьаарбайа сылдьар эбит. Тула барыта уу чуумпу, сып-сырдык. Күн уотун сардаҥата өрүскэ күлүмүрдүү оонньуур. Маннык бэйэлээх кэрэ сиргэ киһи эрэ көнньүөрэн, ыллыах-туойуох айылаах. Лаана аллара өрүскэ киирэн, сөтүөлүөн баҕарда. Эбэтэ барахсан кинини сып-сылааһынан угуттуу көрүстэ. Онуоха кимнээҕэр үчүгэйдик харбыыр киһиэхэ дылы уҥуор туоруурга сананна. Үйэтин тухары ууга сылдьыбыт киһи курдук чэпчэкитик харбаан иһэн, эмискэ илиитэ хамсаабат буолан хаалла. Кини тимирэн эрэрин өйдөөн, өрө харбыалаһа сатаата да — туһа суох. Хаһыытын ким да истибэтэ... «Туох куһаҕан түүлэй, туох суолталаах эбитэ буолла?». Лаана аргыый аҕай туран таҥнан, үлэтигэр бараары тэриннэ. Уолун Данилканы уһугуннара сатаата да, киһитэ турар аат диэн суох. Быһыыта, түүнү быһа көмпүүтэрдээн, хойутаан утуйбут. «Бачча улахан уол түөрт истиэнэҕэ күнү-күннүктээн хаалла сытара тугун сүрэй? Көмпүүтэртэн атыны тугу да сэргээбэт. Саатар, даачаҕа, эдьиийин аахха, тахсан көмөлөспөт», – диэн, муннун анныгар мөҕүттэ-мөҕүттэ үлэтигэр ыстанна. Лаана уола Данилкалыын бу дьиэҕэ иккиэйэхтэр эрэ. Уолун сүүрбэ сааһыгар маҥнайгы тапталыттан оҕоломмута. Кэлин биллибитэ, тапталлааҕа кинини кэргэн ылар санаата суох эбит. Хайыаҕай, төһө да кыһыйбытын, хоргуппутун иһин, оҕону хаалларарга быһаарыммыта. Онтон ыла эр дьонтон улаханнык кэлэйэн, кими да чугаһаппат. Хата, уолун бэйэтэ иитэн, улаатыннаран эрэрин – саамай улахан ситиһиитинэн ааҕар. Данилката эһиил хайыы-үйэ оскуоланы бүтэрэр. Ол эрээри, аҥаардас ийэ буолан, наһаа атаахтатан, тараҥнатан кэбиһэн дуу, уола бачча сааһыгар диэри уһуну-киэҥи толкуйдаабат. Ийэ бэлэмигэр үөрэнэн хаалбыт. Бастаан утаа Лаана уолун “уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьыаҕынааҕар көмпүүтэргэ олороро быдан ордук” дии санаабыта. Дьэ, улаханнык алҕаһаабыт эбит. Лаана — киһи эрэ хараҕа хатанар кэрэ дьүһүннээх дьахтар. Аныгы олох сиэринэн, салоннарга, спортсаалаҕа сылдьан бэйэтин көрүнэр идэлээх. Онон быһыыта-таһаата, дьүһүнэ-бодото эдэр кыыска маарынныыр. Дьиҥэр, кини элбэх эр киһи нохтолоох сүрэҕин аймаабыт буруйдаах эрээри, онно улахан болҕомтотун уурбат. Бүгүн Лаана үлэтигэр да табыллыбата. Үлэлиир да баҕата уостан хаалла. Үлэ чааһа хаһан бүтэрин нэһиилэ тулуйан-тэһийэн кэтэстэ. Дьиэтигэр кэлбитэ, уола туран “абыраабыт”. Мааҕын «даачаҕа бардым» диэн эрийбитэ кырдьык эрэ, сымыйа эрэ. Баҕар, уулусса “кээмэйдии” сылдьар да буоллаҕына көҥүлэ. Киһи эрэммэт киһитэ. Лаана туустаах сылаас ваннаҕа киирэн, күннээҕи түбүгүттэн босхоломмут курдук буолла. Онтон аат эрэ харата туран сотунна. Арай илиитэ уҥа түөһүгэр туох эрэ кытаанах хомуогу таарыйда. Соһуйан, иккистээн тыытан көрбүтэ, кырдьык, теннис мээчигиттэн эрэ арыый кыра кээмэйдээх туох эрэ баар эбит. Мантан Лаана олус куттанна, бу иннинэ туох да баар сибикитэ биллибэт этэ. «Сарсын суһаллык балыыһаҕа көрдөрүөххэ наада» дии санаата. *** Киһи – санаа кулута. Кини
санаабыт санаата оннук күүстээх, дьулуурдаах уонна тулуурдаах буолар. «Өскөтүн киһи тугу эрэ олус күүскэ баҕардаҕына, ол — хайаан да туолар» диэн этэллэр. Лаана маныаха ис сүрэҕиттэн итэҕэйиэн баҕарар. Кини билигин даҕаны күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр дьахтар эбээт! Өссө да олох олоруон, оҕотун Данилканы атаҕар туруоруон, таптыан уонна таптатыан баҕарар. Бу орто дойдуга оҥоруохтааҕа, айыахтааҕа-тутуохтааҕа үгүс. Ону барытын бу ыарыы туһуттан куоттарыа баар дии. Кини бу сытан, били түүлүн өйдүү түстэ. Ийэтиттэн бу туһунан сэмээр ыйыппытын «сөтүөлүүр – ыалдьарга» диэн тойоннообута уонна сэрэнэн сылдьарыгар сүбэлээбитэ. Бүтэһигэр, тимирэрин туһунан саҥарбатаҕа... Лаана санньыар санааны кэрэһилиир үрүҥ истиэнэттэн, үрүҥ халааттаах эмчиттэртэн, ыарыылаах укуоллартан олус да сылайда. Манна сытарын тухары дьиҥнээх олох аттынан ааһар курдук. Сарсыҥҥы күн хайдах буоларыттан инники олоҕо тутулуктаах. Сарсын – эпэрээссийэ. Киниэхэ сыл аҥаарын анараа өттүгэр «рак молочной железы» диэн ыарахан диагноз туруорбуттара. Итинтэн Лаана олоҕо ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии тосту уларыйбыта. Ыйы-ыйдаан балыыһаларынан сүүрүү, бараммат анаалыс туттарыыта буолбута... Урут балыыһа диэни билбэтэх киһи, эпэрээссийэттэн олус куттанар. Күүтэр, кэтэһэр саҕа куһаҕан суох. Көһүттэххэ, бириэмэ өссө бытааннык барарга дылы... Хаһан эрэ сарсын буолан, барыта бүтэр биитэр саҕаланар? Биирдэ өйдөммүтэ, балаатаҕа соҕотох сытар эбит. Түөһүн хамсаабат гына ыга кэлгийбиттэр. «Тыыннаахпын» диэн бастакы санаа кылам гынна. Этэ-сиинэ ыалдьыбат, арай түөһүн бэрэбээскэтэ тыынарыгар мэһэйдиир курдук. Бэҕэһээҥҥи уопсай наркоз кэнниттэн саҥардыы өйүн-төйүн була сатыы сыттаҕына, онколог дьахтар мичээрдээбитинэн киирэн кэллэ: — Светлана Григорьевна, маладьыас! Эйигин эпэрээссийэ этэҥҥэ ааспытынан эҕэрдэлиибин! Билигин төһө кыалларынан холус хамсаныылары оҥорбот буола сатаа. Оччоҕо аны биир-икки ыйынан, мантан тахсыаххын сөп. Быраас бу этиитэ Лаанаҕа үйэтигэр истибэтэх үөрүүлээх сонун буолла. Таҥара баар эбит, олох салҕанар... Күн Чөмчүүк.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан