Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: ЭН МАНТЫККЫН ЫТ СИЭТИН!…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: ЭН МАНТЫККЫН ЫТ СИЭТИН!…
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.05.2021 19:00
Мин даҕаны, бааттаах оҕонньор буолан биэрдим. Даачабыт маҕаһыыныттан килиэп, сиэннэрбэр бытыылкалаах кыбаас атыылаһан, килэйбит-халайбыт үрдүк олбуор кэтэҕэр хайа эрэ саха дьахтара эрин үөҕэн-мөҥөн умайыктанарын истэ-истэ, кулгаахтаах буолан баран истиэм суоҕа дуо, саллаҥнаан истэхпинэ: “Эн мантыккын ыт сиэтин!”— диэн дьахтар часкыырын кытта, атаҕым анныгар туох эрэ кырбас эт “пал” гына түстэ. Өйдөөн көөртүм, моонньоох баһа, кынаттара быһыта охсуллубут, тириитэ ньылбыламмыт суор анды бэйэтинэн буолан биэрдэ! Баччалааҕы көрөн баран туруом дуо, ыт да буолбатарбын, мин туспар, Таҥара бэйэтэ быраҕан биэрбит дэписсиит “тооромос этин”, илиим да титирэстээн көрбөккө, сууҥкабар уктан кэбистим. — Суолас, итириктээн баскын да өндөтөр кыаҕа суох, дурда кэтэҕэр үтүрүллэн сыппыт үһүгүн. Уонна баран, андылаах баҕастаах. — Саабын бырааппар Бадараан Бааскаҕа туттарбытым. Түспүт андылары ытыстаҕа дии. Мин саам ыппыт андытын ылымынабын, сирэҕэс! — Сүөһү, саатар киһилии астаабаккын. Үргүөххүн сүрэҕэлдьээҥҥин, көтөрү сүөһү курдук тириилэри-сыалары ньылбы сүлэн кэбиһэҕин! Кэннибэр сиэдэрэй олбуордаах саха ыала өссө да этиһэ, аймана хааллылар. Күөх сайын маанылаах бэлэҕин сатаан бултаабакка, кыайан астаабакка, ыттарга тамнааттанар, сиргэ-буорга тэпсэр, өбүгэлэрбититтэн бэриллибит үгэс, сиэр-туом дьиэни билбэт, тутуспат аныгы сахалартан кэлэйэммин, санаам түһэн, тутуурум ыараан, нэһиилэ үнүөхтээн дьиэбэр кэллим. — Хайаа, эмиэ хам туттараары гынныҥ дуо?— эмээхсиним эрэйдээх, тутуурбун сулбу тардан ылла уонна буоларыныы, табылыакка, уу аҕала бэйбэһийээхтээтэ. Ити тухары сууҥка тутуурдаах сылдьарын дьэ өйдөөн көрөн, атыылаһан аҕалбыппын биир-биир оруу туран, саҥа аллайа түстэ: — Бай, аат оҕонньоро, бу үлүгэрдээх буорга-сыыска буккуллубут туох ааттаах суорай дуу, турааҕай дуу, хайа бөхтөн, помуойаттан аҕаллыҥ. Умса түһүөххэр диэри, Түптүр Хара курдук ону-маны хомуйсаахтааҥҥын. — Чэ-чэ, Түптүрдэнимэ-Хараланыма, итиннэ ыаллар ыкка бырахпыт суор андыларын аҕаллым. Оннук-маннык диэн кэтэмэҕэйдээмэ, сыа-сым курдук тутан сууйан-сайҕаан бараҥҥын, киэһээ аһылыкка буһараар, — диэн аҕылыы-мэҥилии олорон эмээхсиним эрэйдээҕи соруйустум. Инньэ гынан, биһиги ыаллар, быйыл сайыны көрсө син си буолбатыбыт. Төһө да хоргуна, сыата суох, ньулуку-ньалыкы соҕус да буоллар, миин истэхпит, анды этин амсайдахпыт дии. Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан