Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Таптал хараҕа суох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Таптал хараҕа суох
К
Кыым
Күлүк
23.02.2026 15:00
🎵 Таптал хараҕа суох
00:00
--:--
Посмотреть рекламу и скачать
Биһиги нэһилиэкпитигэр хараҕа суох эмээхсин баара. Биирдэ сир астыы сылдьан эбэбиттэн “кини тоҕо хараҕа суоҕуй?” диэн ыйыппытым. Онуоха манныгы кэпсээбитэ. Дьиҥэ, кини кэлин хойутуу соҕус икки хараҕынан көрбөт буолбут. Олус кырасыабай дьүһүннээх, мааны дьахтар эбит. Биир уолу кытары бэргэһэлэнэн, икки оҕону төрөтөн ньир бааччы олорбуттар. Онтон уоттаах сэрии кэлбитигэр кэргэнин фроҥҥа ыҥырбыттар. Дьахтар икки оҕотун кытта бэйэлэрэ эрэ хаалбыттар. Кэргэнэ сэриигэ барбытын кэннэ “сэрии толоонугар дьоруойдуу оҕунна” диэн суругу туппут. Оҕолоро үстээх уонна түөртээх кыргыттар эбит. Сэрии бүтүөн иннинэ, кинилэр холкуостарыгар бааһырбыт байыас төннөн кэлбит. Оччолорго эр киһи да диэн ордоохтооботох эбит. Дьахтар бу эргиллэн кэлбит саллааты харааччы иириэр диэри таптаан кэбиспит. Онуоха анарааҥҥыта “икки оҕолоох огдообону көрбөппүн” диэн кыккыраччы аккаастаабыт. Ол да тухары дьахтар наар кинини манаан тахсар эбит. Биирдэ эбэм аах дьахтар балаҕанын аттынан ааһан иһэн оҕо ытыырын истибиттэр. Тиийбиттэрэ, балаҕан баттыктаах халҕанынан көрөн турар эбит. Быыһынан өҥөйөн көрбүттэрэ, ол икки кыыс оһох күлүн сии олороллор үһү. Аччыктаан. Кэлин истибиттэрэ, дьахтар оҕолорун тыыга уган баран өрүскэ ыыппыт этэ. Ону бэйэтэ “чыычаахтарым дьэҥкэрэн өлбүттэрин кистээтим” диэн эппит үһү. Тоҕо киһилии кистээбэтэҕин улаханнык туоһулаһа да барбатахтар. Сыалын ситиһэн, ол дьахтар, били, бааһырбыт байыаһы кытары син биир ыал буолбуттар. Ол эрээри, оҕоломмотохтор. Ыар сэриигэ сылдьыбыт киһи туох аанньа буолуой. Түүннэри ыһыыран-хаһыыран турар эбит, онтон кэлин наһаа иһэр буолбут. Киһи мээнэ тулуйбат, уйбат буоллаҕа. Наһаа эрэйдээхтик олорбуттара диэн кэпсииллэр. 60-с сылларга кэргэнин үлтү кырбаан, икки хараҕыттан матарбыт эбит. Онтон ыла күн сырдыгын билээхтээбэтэх. Кэлин “оҕолорбун быыһаабатах аньыыбар” диэн хараастан ытыыра үһү. Бу дьахтар 90-с сыллар саҥаларыгар, наһаа эрэйдээхтик ыалдьан, күн сириттэн барбыта. Розалия.
kyym.ru сайтан
➤
➤
🎵 Таптал хараҕа суох
kyym.ru сайтан