Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрэл санаа (сэһэн салгыыта)

Главная / Кэпсээн арааһа / Эрэл санаа (сэһэн салгыыта)

K
edersaas.ru Категорията суох
24.05.2021 21:29
VII  Коля төһө да иһигэр сөбүлээбэтэр, хайыай, Наина Николаевналыын куоракка медцентрга баран иһэр. Онно хирург, кыыс аҕата, Николай Иванович приемҥа күнүс 12 чааска ыҥырбыт. Дьиҥинэн барсыа суохтаах этэ да, баҕар, дьолго, атахтанан хаалыа, оччоҕо тэҥнээхтэрин кытта тэҥҥэ сүүрүө-көтүө этэ буоллаҕа. Уонна төрөппүттэрин тылларын быһа гыммакка бырааһынаан барсан истэҕэ. Өрүһү туораан, Кангаласс сыырын өрө сүүрэн тахсаат, суоппар Клим уол эргиллэн ким ханна түһэрин токоолосто. — Биһиги медицина киинигэр тиийэбит,- Найыына Николаевна чуолкайдык хардарда. — Сөп, — суоппар саҥата иһилиннэ. Өр-өтөр буолбатылар, чаҕылхай күөх өҥнөөх профилииһинэн бүрүллүбүт элбэх этээстээх дьиэлэр кэчигирэһэн турар медицина киинин оройуонугар тохтоотулар. Коля хотоойутук туттубакка умса туттан бырааһын батыһарга тиийдэ. Уһун, көнөтүк кэдэччи туттубут кыыс сүрдээх дьулурҕатык сиртэн-буортан тэйбит курдук кынталдьыйа туттан хаамарын, кистии-саба сонургуу көрө истэ. “Кылаабынай хирург Александров Н.И.” диэн табличка сыһыарыллыбыт кэбиниэт аанын тоҥсуйа түһээт киирбиттэригэр ис киирбэх көрүҥнээх, маҥан, бэрт төрөлкөй киһи үөрэ көрүстэ. — Оо, хайы-үйэ кэлэ оҕустугут дуо? – Николай Иванович илиитин Коляҕа биэрдэ. – Хайа, Коля, кэмчиэрийбэккэ олорунан кэбис. Найыына, медицинскэй карточкаҥ баар ини. — Баар, — Найыына бэрт эрэллээхтик туттан карточканы ылан бырааска биэрдэ. Аҕалаах кыыс тас көрүҥнэринэн маарыҥнаһалларын таһынан бэйэ-бэйэлэригэр сүрдээх болҕомтолоохтук, истиҥник сыһыаннаһалларын уол бэлиэтии көрдө. — Хайа, оччотооҕу бырааскыт олох толорботох эбит. Бу Найыына эн буочарыҥ, — Николай Иванович сөбүлээбэтэх куолаһынан саҥарарын быыһыгар уол атаҕын илиитин иминэн туппаҕалаан көрдө.- Билигин рентгеҥҥэ барыаххыт. Коля, кырдьыгынан эт эрэ. Атаҕыҥ тостубута оспут, дьиҥинэн эйиэхэ хаамаргар мэһэйдээбэт. Ону хаттаан тоһуттаран баран, саҥалыы уҥуоххун туттараргыттан куттаммаккын дуо? – Николай Иванович уолу болҕомтолоохтук көрдө. — Суох, куттаммаппын. Мин оҕо эрдэхпиттэн тэҥнээхтэрбин кытта сүүрэн-көтөн тэҥҥэ сылдьыахпын баҕарабын. Миигин сыл ахсын улууска комиссияҕа ыҥыран инбэлиит оҥоро сатыыллар. Инбэлиит буолан дьыаланы быһаарбаккын,- Коля кыыһырбыт куолаһынан саҥарарыгар, бэл, куолаһа титирэстээн ылла. — Сөп. Коля, иһит. Чугастыы Москваҕа баран да оҥотторуоххун сөп. Биһиги мантан кэпсэтэн, докумуоҥҥун барытын толорон, плановайга киллэрэ сатыахпыт. Ол эрээри, платнайга да түбэһиэххин сөп. Ыарахан буолуо. Оччоҕо хайыыгын?- хирург уолу үтэн-анньан көрөр. — Сөп. Төрөппүттэрим сөбүлэһэллэр,- Коля эрэллээхтик хардарар. — Аҕаа, коммерческайы дьоно уйунуохтара суоҕа. Сүөһү иитэллэр. Ону тутуннахтарына эрэ төлөһөр кыахтаахтар, — Найыына уол төрөппүттэрин балаһыанньатын кэпсиирин сөбүлээбэтин биллэрэн, Коля көхсүн этиппэхтээтэ. — Сөп. Өйдөөтүм. Соруйан ыйыппытым. Эн сөптөөх эппиэти биэрдиҥ. Чэ, рентгеҥҥэ барыҥ, — Николай Иванович дьоһуннаахтык туттан, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн олордо. Күнү быһа Коля Найыына Николаевнаны батыһа сырытта. Рентгеҥҥэ атаҕын араастаан эргитэ сылдьан уһуллулар, көрдүлэр-иһиттилэр. Үлэ чааһа бүтэ илигинэ, түмүктэрин ылан, Найыына Николаевнаҕа туттардылар. — Сарсын кэпсэтиэхпит. Дьиэҕэ баран сынньаныҥ, — Николай Иванович судургутук хоруйдаата. Найыына Николаевна үгүс кэпсэтиитэ суох: «Биһиэхэ бараҕын»,- диэбитигэр уол иһигэр сөбүлээбэтэр да, ханна барыай, барсарыгар тиийдэ. Табаарыһа Игорь: “Эдьиийим аахха тиийээр” диэн аадырыһын, телефоннарын биэрбит кумааҕытын кууркатын сиэбигэр чугас илдьэ сылдьыбытын саҥата суох бигээн көрдө. Николай Иванович дьиэтигэр олох атын эбит. Дьоһумсуйа туттубута ханна да суох. Быһыччы көрбүт хараҕа, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолбут. Чөҥөрүйбүт хара хараҕа мичээрдии сылдьар. Кыыһын кыра оҕо курдук төбөтүттэн имэрийэ, сыллыы сылдьар идэлээх эбит. Ийэлэрэ, арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах кыраһыабай дьахтар, остуол хотойорунан ас бөҕөнү астаабыт. Коля фаршированнай собону ордук сөбүлээн сиэтэ. Кини дьиэлээхтэр эппэрээссийэ туһунан тугу даҕаны эппэтэллэр да, бэйэлэригэр эрэллээх дьиэ кэргэнтэн эрэл кыыма саҕылларын курдук сананна. Сарсыарда бэркэ чэпчээн уһугунна. Санаатыгар, атаҕа түүнү быһа дьырылаан ыалдьар буоллаҕына, ыалдьыбата даҕаны. Сарсыарда Елена Георгиевна минньигэс, тотоойу аһын аһаат, үһүөн Николай Иванович хара дьүһүннээх “Тойота-200” джип Land Cruiser иномаркатыгар олорон медицинэ киинин диэки сыыйылыннардылар. Халлааҥҥа харбаһар үрдүк дьиэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаспыттыы, элэҥнэһэн ааһалларын, куораппыт ханнык да соҕуруу куораттартан итэҕэһэ суох кэрэ көрүҥнээхтэрин Коля астына көрө олордо. Кэлин куорат олус да тупсубут. Эчи, массыыната, маҕаһыына элбэҕин диэн санаталаан ылла. Массыына түннүгүнэн уулуссаны көрө олорор Коляны Наина сотору-сотору хараҕын быраҕан көрөн ыла олордо. Табыллан, атаҕа эппэрээссийэлэнэрэ буоллар, төһө эрэ дьоллонор, табаарыстарын кытта хонууга, алааска төһө эрэ сүүрэн элээрэр, спортсаалаҕа баскетболлаан, волейболлаан имитэр, илии, атах оонньууларыгар хайдах курдук бырдааттаныа этэй? Аҕата бэйэтэ эппэрээссийэлээри гынар быһыылаах. Тоҕо эрэ саҥарбат, бэҕэһээ ийэтэ оннук быктаран ылбыта. Билбэтим, дьэ. Сиппит киһи оспут атаҕын хаттаан тоһутан саҥалыы көннөрөр ыарахан буолуо. Бүгүн быһаарылыннын, быһаарыллыбатын киэһээ бөһүөлэкпэр барбыт киһи. Бүтүн бөһүөлэги сиэстэрэҕэ хаалларбат буоллаҕым. Араас барыта буолуон сөп, дьон ыалдьан хааллаҕына, Нина хайдах барытын көрүөй? Бырааспыт, сылтах булан, куоракка уоллуун баран хаалла диэхтэрэ. Дьон айаҕын саба туппаккын. Туох баҕарар диэхтэрэ. Бэл, ийэм араас киһи үөйбэтэх боппуруостарын биэрэн, киһини ууга-уокка түһэрэр. Бэҕэһээ манты оҥоро сылдьан: “Коля кырабын дэммэт, эйигин алдьархай үчүгэйдик көрөр, сөбүлүүр дуу, хайдах дуу?”- диэтэҕэ үһү. Чэ, бээ, ону-маны  хаалар суолу санаамыахха. Хата, таксист Федяҕа эрийиэххэ. Киирбит буолуохтаах. Дьиэбиттэн барар инибин. Аһаан, ийэм аһыттан ылан барыам этэ. Аҕата кэннин хайыһан эргиллэн көрбүтүн бэлиэтии көрдө. — Аҕаа, тугуй? Тугу этээри гынныҥ? — Ээ, суох. Консилиумҥа сылдьан баран, тута барбат инигин? Мин эйигин ассистент оҥостоору гынабын. Аркадийым уоппускаҕа сылдьар. — Ээ, суох. Аҕаа, хайдах буоллуҥ? Кэбис. Олох чугаһаабаппын. Мин боростуой эппэрээссийэлэри оҥорбутум. Ыарахан эппэрээссийэҕэ сылдьыбаппын. Куттанабын. Аркадийтан атын үчүгэй хирург-быраас суох,- Наина илиитинэн сапсына түстэ.- Уонна Коляны билэрим бэрт, бэйэм ыарыһаҕым. Дьонноро да куттаналлар. Москваҕа тоҕо ыыппаккын? — Москваҕа да ыыттахха ыытыллар буоллаҕа. Ол эрээри, снимогыттан көрдөххө, киһи бэйэтэ да оҥоруон сөп курдук. Коля, хайыыгын, миигин эрэнэҕин дуо? – Николай Иванович уол диэки эйэргээбиттии көрөр. — Эрэнэн буоллаҕа, — Коля мүчүк гынар. — Уонна бөһүөлэкпин хайдах эмчитэ суох хаалларыахпыный? Бүгүн да барыахпын санаталыы олоробун. Кыыс «бөһүөлэкпин» диэбитин истэн, уол Наинаны өссө убаастыы көрдө. — Ассистенынан хааларга бирикээс таһааттарыахпыт. Аҕыйах кэмҥэ бырааһа суох хааллаттарыахпыт суоҕа. Уонна эн бэйэҥ ыарыһаҕыҥ. Ыарахан эппэрээссийэҕэ үөрэнэн иһиэҥ этэ. Бөһүөлэккэ үөрэммэккэ-сайдыбакка сыппат инигин? Коляны эппэрээссийэлээн атаҕын чөлүгэр түһэриэхпит. Мин эппэрээссийэлиэм, Наина ассистенныа, ийэбит сиэстэрэ эбээһинэһин толоруо. Үчүгэй команда буолбатах дуо? – Николай Иванович күлэн ылар. Иннигэр олорон иһэр Елена Георгиевна саҥарбат. Киниэхэ биллэр дьыала быһыылаах. Опыттаах, ааһан иһэр үлэтэ буоллаҕа. Медицина киинигэр начаас сыыйылыннаран тиийдилэр. Эбиэккэ диэри уол Елена Георгиевна эппиэтинэһигэр сылдьар буолла. Аҕатынаан тоһугуруу турбут Наинаны, Коля дьон көрбөтүнэн, сайыһан батыһа көрөн хаалла. VIII  Коля оронугар ону-маны эргитэ саныы сытта. Дьонноро теплицаларыгар хара сарсыардаттан тииһэллэр. Сыл ахсын оҕуруоттарын аччатыах буолаллар да, хата, саас буолуо эрэ кэрэх, эбии элбэтэн иһэллэр. Түөрт улахан теплицалаахтар: оҕурсуну, помидору хото олордоллор. Билигин кыратык таалалыы түһэн баран, хортуоппуйун салгыы олордуо этэ. Кини эбээһинэһэ хортуоппуй олордуута. Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаабыта да, бүтэрэ илик. Сарсын бүтэрэр ини. Төрөппүттэрэ бириинчиктэрэ сүрдээх. Хортуоппуй чааскытыгар хайаан да биир ытыс мас күлүн куттаран тэйэллэр. Хайыаҕай, күл кутар буоллаҕа. Ол иннинэ хортуоппуй сирин оҥоттороллор. Иккитэ тиэрдэрэллэр, онтон аны өрүс кумаҕын, хара буор куттаран баран биирдэ фрезалыыллар. Ол да кэнниттэн хортуоппуйу мээнэ олордон барбаккын. Аҕата анаан оҥорбут кирээдэ мээрэйдиир маһынан тардан, тэҥнээн баран биирдэ олордоҕун. Маарын аҕата: «Көхсүгүн наһаа сотору-сотору көннөрөҕүн», — диэн сэмэлээн эрэрэ. Ааспыт саас консилиум буолбут күнүгэр Найыына Николаевналыын иккиэн төннүбүттэрэ. Москвалар бэйэҕит эппэрээссийэлиир кыахтааххыт диэбит этилэр. Онон БКЭ эксээмэннэрин кэннилэриттэн эппэрээссийэлииргэ сүбэлэспиттэрэ. Бэс ыйын ортотугар, эксээмэннэр кэннилэриттэн, тута куоракка балыыһаҕа киириэхтээх. Онно уонча күн бэлэмнээн баран оҥоруохтаахтар. Наина эмиэ барсыахтаах. Ол санаатыттан уол түөһүн толору үөрүү, долгуйуу сүүрээнэ ыга кууста. Билигин бэрибиэркэлэнэбин диэн ааттаан нэдиэлэҕэ хайаан да иккитэ баран кэлэр. Тугун бэрибиэркэлэтиэй? Бырааһа күлэ көрсөр. Суолтатыгар дабылыанньатын мээрэйдиир, сүрэҕин иһиллиир. “Бар, эн миэхэ мэһэйдиигин, дьон туох эрэ диэхтэрэ”,- диэн үүрэртэн ордубат. Онтон уол кыыһы көрбөтөҕүнэ, хайдах эрэ буолар, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри чуҥкуйар, тэһийбэт, кыыс сырдык кыымынан сыдьаайар сырдык хараҕын көрүөн, толбоннурар саһархай суһуоҕун имэрийэн ылыан баҕарар да, ол киниэхэ кыаллыбат. Дьиҥинэн биир бөһүөлэккэ олороллор эрээри, кыыс киниэхэ күн халлаантан ырааҕын курдук ыраах. История учуутала Никита Алексеевич, сураҕа, кыыска иҥээҥниир, балыыһа дьиэтиттэн арахпат дииллэр. Кулуупка киинэҕэ, кэнсиэргэ бииргэ олороллор, анал олорор ыскамыайкалаахтар үһү. Чэ, буоллун. Ол эрээри, Коляҕа эмиэ эрэл кыыма баар. Кыыс кинини көрө түстэҕинэ, имэ кыыһа түһэр. “Куоракка хаһан барабыт? Мин эйиэхэ эрэ эппэрээссийэлэтиэхпин баҕарабын”,- диэтэҕинэ, «Эмиэ кавалер дии»,- диэн күлэн үрүҥ тиистэрэ кэчигирии түһэллэр. — Хортуоппуй олордооччу, туох ааттаах сыттыҥ? – аҕатын саҥата иһилиннэ. —  Ээ, турдум, нуктаан ылбыппын. Сарсын бүтэрэр инибин. Эһиэнэ буолан баран сиргит наһаа киэҥ дии. — Оннук буолумуна. Ытыс саҕа сиргэ ыстараары гынаҕын дуо? Этэҥҥэ буоллаҕына, аны күһүн үөрэнэ бараргар бэйэҕэр үп буолуо этэ. Күлүҥ баар ини? — Баар бөҕө. Эн кыһыны быһа хаһааммыт күлүҥ хантан бүтүөй? – уол аҕатын элэктээн күлэр. Коля көмөлөһүннэрээри табаарыстарын телефонунан ыҥыран ылла. Бэйэбит да, хортуоппуйбут ыһыыта бүппэккэ, мөҕүллэ сылдьабыт диэтилэр да, ситэ отут мүнүүтэ буолбакка, “Кавасаки ниндзя” матаһыыкылларынан көтүтэн кэллилэр. — Бүгүн субуота. Киэһээ дискотекаҕа барбаккын дуо? Бэрт киһи балыыһаҕа бараары тураҕын дуо? Арааһа, Никита Алексеевич эйигиннээҕэр актыыбынай позициялаах быһыылаах. Күн ахсын кыыска иҥээҥнээн, уопсай дьиэҕэ бара турар. Кулуупка анал олорор миэстэлээхтэр дииллэр,- диэн уолу дэлби хаадьылаатылар. Уол төһө да сөбүлүү истибэтэр, кыһаллыбатах курдук туттан, тэҥҥэ күллэ-салла. Ол туран, уолаттара имнэнсибиттэригэр уулуссаны көрө түстэ. Никита Алексеевич матаһыыкылыгар Наина Николаевнаны олордон баран соҕуруу диэки көтүтэн эрэр эбит. — Ити ханна бардылар? Ньукуолуннуу бардылар дуу, хайа сах дуу? – уолаттар таайа сатыы турдулар. Коля киэһээ дискотекаҕа барбакка, ийэтин кытта “Великолепный век” киинэни көрдө. Ийэтэ бу турецкай киинэни хас сыл ахсын салгыбакка көрөр, төһө да ис хоһоонун билэ олордор, киинэ чаҕылхай кырааскатын, сүрүн геройдарын кыраһыабайдарын, таҥастара-саптара маанытын астына көрөр. Киинэ кэнниттэн Найыынаҕа тута эрийэргэ сананна. Балачча гудоктаан ыҥыран баран, бэрт ыраахтан кыыс куолаһа иһилиннэ. — Алуо, туох сонун? Бүгүн Ньукуолуну бэлиэтээтигит дуо?- уол быһаччы ыйытта. — Суох. Тоҕо итинник ыйыттыҥ?- Найыына куолаһа холку. — Онтон Никита Алексеевичтыын көтүтэн эрэр этигит дии… — Оо, хата булан ыйыттаххын. Ону мин тоҕо эйиэхэ дакылааттыахтаахпыный? – кыыс күлэр. – Никита Алексеевич эбэтэ ыалдьыбыт этэ. Онно бара сылдьыбытым. Эмээхсин мөлтөөбүт. — Ээ,- уол мух-мах буолан эппиэттиэн икки ардыгар телефона быстан хаалла. Кыыһырда дуу, телефонун ситэ кэпсэппэккэ ууран кэбистэ. Кыыска саҥалыы эрийиэх курдук туттан истэҕинэ, телефона күлүмнээн кэллэ. — Алуо, Коля, тоҕо дискотекаҕа кэлбэтиҥ? – кыыс саҥата чаҥкыныы түстэ. — Онно тоҕо барыахтаахпыный, тугу сүтэрбиппиний? – Коля хардата судургу. — Эн буолан баран итинтэн ордук эппиэттиэҥ дуо? Дискотека бүтэн эрэр. Халлаан хараҥарда. Миигин дьиэбэр матаһыыкылынан илт эрэ,- кыыс да хаалсыбат. — Матаһыыкыллаахтар элбэхтэр. Мин утуйдум,- уол телефонун арааран кэбистэ. Маняша… Алдьархайдаах сытыы кыыс. Баара-суоҕа ахсыс кылааска үөрэнэр эрээри, быйыл күһүҥҥүттэн киниттэн арахсыбат, элиэтээн аҕай биэрэр. Кини наадата бүппэт, туох баар кыһалҕатын уолунан быһаартараары гынар. Убайа Гриша күлэн эрэрэ: «Балтым, дьэ, сымала курдук сыстан баран, олох арахсыа суоҕа, эппэтэҕэ диэйэҕин. Эйигин сөбүлээбит үһү». Дьэ, кырдьык кыыс оҕото. Хап-харанан чоҕулуччу көрөн, иэдэһэ болтоллон, кытаран-наҕаран, үрдүкү кылаас кыргыттарыттан итэҕэһэ суох көрүҥнээх. “Иэдэһиҥ болтоллон, хаһан детсад саастан тахсан кыыс оҕолуу көрүҥнэнэҕин”,- диэн күлэн ытатааччы. Кыһыыта бэрт ээ, сылтах көһүннэр эрэ, киһини эккирэтэ сылдьар идэлээх. Табаарыһын балта буолбатаҕа буоллар, оннун булларбыта ырааппыт буолуо этэ. — Коля, бар, дьыбаантан. Хоскор ороҥҥун оҥостон сыт,- диэн ийэтин саҥатын истэн, уол аргыый туран, хоһугар сүөдэҥниир. IX  Коля ситии-хотуу аттестатын илиитигэр тутан долгуйа үөрдэ. Бу күн сиригэр төрөөн, олох олорон орто үөрэхтэммитин туһунан докумуоннанан салгыы идэ ылар үөрэххэ барар бырааптаннаҕа. Аны бэйэтин бас билэр, кимтэн да тутулуга суох улахан киһи буоллаҕа. Бэҕэһээҥҥигэ диэри: «Ээ, эн оҕочоос. Оскуола оҕото баҕас чыыбырҕаама. Хата, ийэҥ суоратын сиэн баран, утуйбутуҥ ордук буолуо»,- дииллэрэ истэргэ кыһыылаах буолара. Улахан ыччат уолаттар тойомсуйан, тос курдук көрөллөрө тохтуура буолуо. Оннооҕор учууталым Никита Алексеевич, Найыынаттан быһыылаах, сөбүлээбэтэх курдук көрөр. Хата, история предметин талбытым буоллар, проваллатыа эбит. Уолаттарым курдук историк, юрист идэлэринэн иирбэтэҕим үчүгэй эбит. Оскуола аанын сабан тахсан баран, эбии чиҥэтэрдии, ааны көхсүнэн лигийэн биэрбититтэн сонньуйа санаата. — Чэ, бардыбыт, тоҕо оскуолаҕа аны хаһан да киириэм суоҕа диэбиттии, ыга саба тураҕын,- табаарыһа Гриша күлэр. – Өссө да кэлиэхпит турдаҕа. Чэ, кытаат, банкет бүттэ, аны үргүлдьү похуокка барыахпыт, күнү көрсүөхпүт. Иһиттэн ааны күүскэ анньыалаабыттарыгар түргэн үлүгэрдик кирилиэһи таҥнары сүүрэн түстүлэр. Коля Гришалыын хаадьылаһан кэккэлэһэ хаамсан иһэн, дьиэтин диэки туораата. Калитка таһыгар Маняша турарын соһуйа көрдө. — Хайа, Маняша, кими кэтэһэн манна турдуҥ? — Эйигин күүтэбин. Походка ким баҕарар барсар бырааптаах буолбат дуо?- кыыс кырааскаламмыт кыламаннаах хараҕынан араастаан тэрбэччи көрдө. — Ол эйигин ким ыҥырбытай?- Коля ыйытарын быыһыгар кыра кыыс уоһун кып-кыһыл гына кырааскаламмыта көрөргө сүөргү баҕайы дии санаан ылла. — Эн барбаккын дуо? Үрүҥ халааттаах аанньалгын күүтэ тураҕын дуо, күүтэн эрэйдэнимэ. Мин илэ харахпынан көрбүтүм, Никита Алексеевичтыын матаһыыкылга олорон барбыттара, — уол кыыс саҥатын иһиллии барбакка, калиткатын күүскэ тэлэччи аһан олбуоругар киирдэ. Ийэлээх аҕата утары көрсөн олорон чэйдии олороллорун соһуйа көрдө. — Хайа, тоҕо утуйбакка түүннэри олордугут? — Ээ, бэйэбит. Ынахтарбыт хойутаан кэллилэр. Түптэ бөҕөтө оҥордубут да, бырдахха да кыһаммат буолбуттар. Эн похуокка бараҕын дуо? – ийэтэ ыйытардыы көрдө. — Барбат инибин. Сүрэҕэлдьиибин даҕаны,- дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн олордо. — Дьэ, бэйэҥ билэн эрдэҕиҥ. Иһиттиҥ дуо, Маняша обургу иһитиннэрэ оҕуста ини? Бүгүн киэһэни быһа калитка аанын кэтээн, туран аҕай биэрдэ. Дьэ, Сэмэнэптэргэ сытыы кыыс төрөөбүт. Ийэлээх-аҕата сытыары-сымнаҕас, күөх оту тосту үктээбэт, сытар ынаҕы туруорбат дьон. — Тугу этиэхтээх этэй? — Найыына Николаевна аҕата эмискэ охтубут үһү. Инфарктаабыт дииллэр. Никита Алексеевич Суоттуга матаһыыкылынан катерга киллэрбит. Антах биэрэккэ дьоно тоһуйаллар үһү. — Дьэ, иэдээн. Бэйэтэ медик киһи хайдах ыалдьарын билээхтээбэккэ сылдьыбытай? Эмп-том баар сиригэр уонна эмчит киһи түргэнник этэҥҥэ буолар ини,- ийэтэ кэпсиирин быыһыгар уолун көрөн ылар. — Оо, оччоҕо эппэрээссийэбит? – Коля соһуйан, тута курус гына түһэр. Уоллара сибилигин ситии-хотуу аттестатын ылан үөрбүт-көппүт бэйэтэ, күлүм аллайбыта ханна да суох буолбутун ийэтэ бэлиэтии көрдөр да, хайыай. — Солбуллубат киһи диэн суох. Оҥоруохтара буоллаҕа. Николай Иванович ыалдьыбыта кырдьык куһаҕан,- аҕалара туран телевизорын араарарын быыһыгар хомойбуттуу саҥарар. – Чэ, эмээхсин, утуйуохха. Чаас ыраатта. Сотору сарсыардааҥҥы ынахтарыҥ ыамыгар турар да кэмиҥ кэлиэ. — Ээ, кырдьык, утуйуоҕуҥ. Коля, онтон эн похуокка барбаккын дуо? — Суох ини. Маарын сарсыардаттан оскуола мероприятиетыттан мин да сөп буоллум. Утуйуом этэ, — уол хоһугар киирэр. Оронугар тиэрэ түһэн сытан Найыынаны бу баардыы хараҕар көрөн ылла. Найыына барахсан аҕата ыалдьыбытыттан төһө эрэ куттанна? Сарсын кэпсэтэн, тугун-ханныгын билсибит киһи. Николай Иванович ыалдьыбыта куһаҕан. Баар суох эрэнэр киһим. Хаарыан киһи. Билиитэ-көрүүтэ, дуоспуруннаахтык, ылыннарыылаахтык саҥарара, ыарыһаҕын бэйэтигэр тардан, эрэл санааны үөскэтэрэ, бэл, тас көстүүлүүн үчүгэйэ, улахана, сахаҕа чахчы астык киһи. Үлэһитин, кыһамньылааҕын, дьон ытыктабылын ыларын туһунан этэ да барыллыбат. Хайдах эмэ гынан үтүөрэрэ буоллар. Экзаменнарбын, хата, бэркэ туттардым. Найыына үөрдэ быһыылаах. «Олох аахпаккын? Хайдах туттараҕын?» — диир этэ. Докумуоннарбын ситиһэн, икки хас үөрэххэ биэрбит киһи. Медкэллиэскэ киириэн баҕарарын ийэтэ истэн баран, кини саҕа үөрбүт киһи суоҕа. Медбрат буолуллуо. “Тоҕо медбрат буоллуҥ? Тута мединститукка киириэххин?” – Намыына сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ.  “Иккиэн быраас буоллахпытына, тыа сиригэр хайдах биир балыыһаҕа үлэлиэхпитий? Эн быраастыаҥ, онтон мин сиэстэрэлиэм. Нинаны кэргэн таһааран биир эмэ участковай балыыһаҕа ыытыллыа. Уонна мин үрдүк үөрэхтээх эмчит буолуохпун баҕарбаппын. Оскуолаҕа да бэрт эрэйинэн үөрэммитим. Сөбүн уон биир сыл учууталлар сирэйдэрин-харахтарын манаан үөрэммитим сөп ”, — диэн кыргыттары күллэртээбитэ. Кырдьык, үрдүк үөрэх киниэхэ наадата суох. Үөрэнэрим – син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ. Убайдара иккиэн үрдүк үөрэхтээх ааттаахтар да, харчылаах, булар-талар, дьаһайар үлэлэрэ суох. Барыта үрдүкү салалтаттан, дьонтон тутулуктаахтар. Көстүүмнээхтэр, хаалтыстаахтар эрэ. Ийэбит дьэ, ону астынар. Коля ону-маны эргитэ саныы сытан утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Сарсыарда ийэтэ күөрчэҕин ытыйан, биһилэҕин тыаһа таһыргыырыттан уһуктан кэллэ. Ийэтэ барахсан. Ынах сүөһү иитэр буолан, киһини өйдүүр буолуоҕуттан, үрүҥ аһынан оҕолорун тутахсыппатаҕа. Кинилэргэ куруутун күөрчэх, суорат, быыппах баар буолан, табаарыс уолаттара сайын буһурук куйааска “быыппах” иһээри ааннарын саппаттара. Ийэлэрэ, хата, дэлэй-холой илиилээх буолан, үрүҥ аһа бүппэтэ, олбуор иһинээҕи оҕолор бары тииһинэллэр. “Тетя Өкүлүүнэ наһаа минньигэс быыппахтаах, суоратын хойуутун этэ да барыллыбат”,- диэччилэр. Дьикти ээ, таһынааҕы ыаллара, дэлэҕэ «ыанньыксыттар» диэн ааттаныахтара дуо, кини өйдүүрүн тухары ынах бөҕөнү ыан үрүҥ ас үрүлэтэллэр, государствоҕа сыллата хас эмэ туоннанан үүт туттараллар эрээри, дьиэнэн үрүҥ ас диэни билбэттэр. Телефонун ылан батсааптары көрүөн баҕарда эрээри, тоҕо эрэ санаата кэлбэтэ. Маняшаттан атын ким да суруйбатаҕа буолуо, киһини таһынан олус сытыы кыыс. Күнү быһа батсааптаан сордуур. Убайа Гриша бэйэтэ да балтыттан саллар. «Бэйэҕиттэн биэс сыл аҕа дьахтардааҕар мин ордук буоллаҕым», — диэн суруйар буоллаҕа. Бээ, туруохха, ийэм күөрчэҕин сиэххэ, туох сытын-сымарын таһаарда? Алаадьы буһарбыт быһыылаах. — Ийээ, тугу буһардыҥ? Сыт-сымар бөҕөнү таһаарбыккын, — уол, ийэтэ оһоххо арыылаах алаадьы, сыалаах эт айах тутарын соһуйа көрдө.- Бүгүн туох бырааһынньыга буолла, эбэтэр ким ханна айаннаата? — Суох, ким да ханна да барбата. Бырааһынньык да буолбатах. Бэйэм оһохпун аһатабын. — Тоҕо? – уол килиэби күөрчэххэ булкуйан мотуйарын быыһыгар туоһулаһарын тохтоппот. — Дьай дьалбарыйдын,                                 Николай Иванович туһугар Ыарыы сыстыбатын,                                  Аал уотум иччитин Доруобуйата тубустун,                                  Амтаннаах аһынан Айыыһыта арчылаатын,                                Аһаттаҕым буоллун! Иэйэхситэ эҥэрдэстин диэн -Оо, дьэ, ийээ. Араас буолаҕын ээ. Ити чахчы итэҕэйэҕин дуо? Билиҥҥи кэмҥэ эмп-том күүстээх, үчүгэй буолуоҕа. Кыыһа Найыына, кэргэнэ Елена эмтээн начаас атаҕар туруоруохтара. Онно эн алгыһын наадата суох. — Буоллун. Ол эрээри, айыыттан-таҥараттан көрдөһө сырыттахха, санааҕа астык. Үчүгэй киһиэхэ көрдөспүт туох куһаҕаннаах буолуой? Чэ, хата, үчүгэйдик тото-хана аһаан баран, докумуоҥҥун барытын ситэн, сарсын улуус киинигэр баран, медкөрүүгүтүн ситиһиэ этигит. Гриша аҕата түөрт оҕону илдьиэх буолбута. Онон бэлэмнэн. Быыскар-арыккар Найыына Николаевнаҕа эрий. — Ол мин эрийэрбэр кыһанара буолуо дуо? – Коля дьээбэлэнэн күлэр. _ Чэ, үөннүрбэккэ тур. Аһыы охсон оскуолаҕар бар. — Сөп, билигин, — телефонун ылан, олус билэр нүөмэрдэрин күүскэ баттаталыыр. Аҕыйахта гудоктуурун кытта Найыына саҥата бу баардыы иһиллибитигэр соһуйан ходьох гынна, итии сүүрээн сирэйигэр саба биэрдэ. — Алуо, Найыына, аҕаҥ хайдаҕый? – диэн аргыый бөтүгүрээтэ. — Этэҥҥэ. Эн аттестаккын ыллыҥ дуо? – кыыс саҥата олох бу баардыы иһиллэр. Бэл, тыынара кытта биллэргэ дылы. — Ылан. Эппэрээсийэбит кэмигэр буолара дуу? – уол саарбахтаабыттыы ыйытар. — Куттаныма. Эппэрээссийэ буолуоҕа. Аҕам консультант баҕас буолабын диир. Аркадий оҥорорго сөбүлэспитэ. Киниттэн атын күүстээх хирург-быраас республикаҕа суох, күнэ көспөт. Хаһан үөрэххэ докумуоҥҥун туттара киирэҕин? Кытаат, түргэнник туттара оҕус. Күүтэбит, — диэт Найыына телефонун саба тутан кэбистэ. Уол сүрэҕэ үөрүүнэн туолла. Барыта быһаарыллыбыт. «Күүтэбит»,- диэтэ. Ити аата күүтэр буоллаҕа. Билигин ийэбэр этиэм. Кылаабынайа, Николай Иванович үчүгэй, этэҥҥэ буолбут, эппэрээссийэ көспөт… Атаҕым табылыннар, төһө эрэ, тэҥнээхтэрбин кытта тэҥҥэ сүүрүөм-көтүөм, оонньуом, күрэхтэһиэм этэй диэн санаатыттан Коля манньыйан ылла. Күүһүгэр күүс, санаатыгар санаа, сүрэҕэр эрэл эбиллэргэ дылы гынна. Татьяна Находкина, Уус Алдан. Уруһуй: oreltimes.ru
edersaas.ru сайтан