Кэпсээ
Войти Регистрация

ЭРЭЛ САНАА (СЭҺЭН САЛГЫЫТА)

Главная / Кэпсээн арааһа / ЭРЭЛ САНАА (СЭҺЭН САЛГЫЫТА)

K
edersaas.ru Категорията суох
22.05.2021 21:40
III Сырдык, ыраас, толору тэриллээх киэҥ-куоҥ балыыһа. Ыарыһахтары көрөр кэбиниэккэ маҥан халааттаах  Наина Николаевна туналыйан олорор. Аттыгар сиэстэрэ Нина кыыс сотовай телефонугар тугу эрэ кыһаллан-мүһэллэн суруйар. — Чэ, биллэрии бөҕө ыыттым. Өйүүҥҥэ диэри көрөллөр ини? Диспансеризация диэн, дьэ, абыраллаах көрүү. Сыллата дьон бөҕө көрдөрөн абыраналлар,- Нина телефонун остуолга уурар. — Оннук, ол эрээри, мин саныахпар туга эрэ тиийбэт. Быраастар, нэһилиэккэ таҕыстахтарына, ыксал бөҕөнөн сүүрэ сылдьан көрөллөр. Дьиҥинэн, аппарааттарын барытын тиэйэ сылдьан, хонон-өрөөн көрөллөрө буоллар, нэһилиэнньэ астыныа этэ. — Оннук. Бүгүн көрдөрөөччү олох суох. Эбиэттэн киэһэ кэлиэхтэрэ. Эбиэттии барбаппыт дуо? – Нина ыйытардыы бырааһын көрөр. — Баран. Бэҕэһээ үһүс көлүөнэ оскуола тэрээһинигэр сылдьыбытым. Онно ити байаанныыр уол туох оҕонуй? — Наина Николаевна интэриэһиргээбит киһи быһыытынан ыйытар. — Коляны этэҕин дуо? Оскуола оҕото, аата булан-булан ыйыттаххын,- сиэстэрэ бырааһын соһуйбуттуу бэрт болҕомтолоохтук көрөр. — Онтукаҥ атаҕа көнтөс ээ. Кырдьык, байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуур. Атаҕа үчүгэйэ буоллар, спортсмен бэрдэ буолуо этэ. Билигин да остуол оонньууларыгар инники күөҥҥэ сылдьар быһыылаах. — Байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуурун иһин ыйытабын. Чэ, эбиэккэ барыахха,- Найыына бэрт чэпчэкитик туттан турар. – Киһи хас ыйыттаҕын ахсын, атыҥҥа эргитэ өйдөөн, соһуйбута-өмүрбүтэ буолума эрэ. — Оччоҕо саҥата суох уу ньимиликээн буолабыт дуо? — Ээ, чэ, наһаа да оннук буолбатар. Хата, ол уол медицинскэй карточкатын аҕал эрэ. Атаҕын туппуттарын кэннэ тоҕо атаҕа көнтөс буола оспутун билиэхпит. Мин аҕам РФ үтүөлээх хирура. Киниэхэ көрдөрүөм этэ. Сыыһа остоҕо дии. Пахай, туох да суруллубатах дии. Ыраас илиис. Маннааҕы балыыһа үлэһиттэрин дьалаҕайдарыттан атаҕа сыыһа оспут эбит. — Онтон «быраас» Сэмэн иһэ-аһыы сылдьан оҕо атаҕын сыыһа туттаҕа дии. Төрөппүттэрэ да, тыа дьоно, Сэмэни эрэнэннэр, кыһамматах буоллахтара,- сиэстэрэ Нина мунчаарбыттыы хардарар. — Баҕар, наада буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа баран эппэрээссийэлэтиэн сөп буоллаҕа. Дьонноро төһө кыахтаахтарый? Спонсорство да көрдүөхтэрин сөп. Эдэр киһини аһына көрөбүн,- Найыына хатыҥ сэбирдэхтэрэ тононон, сири-дойдуну бүтүннүү саһархай кыраасканан бүрүйэ түһэллэрин түннүгүнэн мунчаарбыттыы көрөн олордо. — Эбиэт буолла, барыахха. Хата «Успех» маҕаһыыҥҥа сылдьан ааһыах,- кыргыттар түргэн соҕустук хомунан тахсаллар. — Оо, кыһыммыт барахсан, дьэ, дьыбарсыйан кэлэн истэҕэ. Хаарыан күһүн бүттэҕэ. Сотору аргыардаах ахсынньы, торулуур тымныылаах тохсунньу ыйдар тигинээн кэлиэхтэрэ турдаҕа. Ыччака,- Нина тохтоло суох чубугуруу иһэн, санаатын ситэ эппэккэ, кэтэмэҕэйдээбиттии, куолаһын аччата охсор,- Эбиэт саҕаланна да. хайаан да вызов буолар буоллаҕа. — Тоҕо инньэ диэтиҥ? — Онтон көрбөккүн дуо, Семеновна ыксаан-бохсоон иһэр. Кыргыттар, хаамыыларын бытаардан, тохтоон, күүтэн турдулар. Ыксаабыт, сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, тириппит-хоруппут дьахтар түргэн хаамыынан чугаһаан кэллэ. — Дорооболоруҥ, кыргыттаар. Найыына Николаевна, кэргэним бэргээтэ. Бэҕэһээҥҥиттэн түҥ-таҥ саҥарар. Билигин
олох да саҥарбат, мээнэни көрөн баран сытар. Этэ ип-итии, кыраадыс бөҕө. — Оо, онтон сарсыарда эрдэ ыҥырыаххын. Чэ, бардыбыт. Промедол баар дуо? — Баар. Бэҕэһээ киэһэ Нина уколлаабыта. Бүгүн эбиэттэн киэһэ сылдьыах буолбута, — дьахтар ыксаабытыттан хараҕын биир кэм чыпчыҥнат да чыпчыҥнат буолар. Дьахталлар түргэн хаамыынан дэриэбинэ хоту уһугар бараллар. Хараҥа өҥнөөх саһархай полистиролунан бүрүллүбүт, хаачыстыбалаахтык тутуллубут икки этээстээх дьиэ аанын тэлэччи аһан, үһүөн субуруһан киирэллэр. Найыына киирээт, ыарыһах иккис этээстэн бастакы этээскэ түспүтүн, аһыыр остуоллара бэттэх аан таһыгар кэлбитин бэлиэтии көрөн, аҕалара дьонун харыстаан баҕатынан аллараа түстэҕэ диэн сэрэйэ санаата. Уйбаан 60 сааһын саҥа ааспыт киһи ыарыы бөҕөҕө ылларан, кумааҕы курдук кубарыйан, хараҕын быһа симэн сытаахтыыр. Куртах рага буолан, балыыһа бөҕөнү кэрийэн, кэлин аккаас ылан, киһи аатыттан ааһан, күн аахса сыттаҕа. Нина түргэн-тарҕан соҕустук туттан, укуолун биэрээт, систиэмэ туруорбутунан барда. Уйбаан барахсан хараҕын нэһиилэ аһан, үһүөннэрин кэриччи көрө сытан, хатырбыт уоһун аргыый сэгэтэн тугу эрэ этэрдии туттубутун көрөн, кэргэнэ Анна Семеновна инчэҕэй баатанан уоһун сотон биэрдэ. — Антах бар,- ыарыһах кэргэнигэр биллэр-биллибэттик «бар» диирдии илиитинэн бэлиэ биэрбитигэр Семеновна саҥата суох тэйэн биэрдэ. — Тыыным кыайан тахсыбакка, эрэйи көрдүм. Күнү-дьылы эрэ аахса сытабын,- Уйбаан кыыкынаан саҥарбытыгар икки омурда хапсыҥнаан ылла,- Тэһитэ кэйиэлээҥҥит күттүөннээх миэстэ да хаалбата. Син-биир үтүөрбэппин. Олус эрэйдэммэккэ бүтүөхпүн баҕарабын. — Ээ, Уйбаан, туох диэн тылластаххыный? Сыыйа үчүгэй буолуоҥ дии,- Нина систиэмэтин көннөрөн көрөрүн быыһыгар хардарар. — Хайдах да буолуум, ыҥырдахтарына аны кэлимэҥ. Сэниэм эһиннэ,- Уйбаан хараҕын быһа симэ сытан нэһиилэ саҥарар, — Эдэр сааспыттан тырахтарыыс буолан, кыһыннары-сайыннары тиэхиникэни кытта тииһэн, тоҥон-хатан, ыарыыны ыарыы диэбэккэ, эмтэнэр-эмтэммэт икки ардынан сылдьан, кылгас үйэлэнэр дьылҕалаах эбиппин. Кыра эрдэхпиттэн тулаайах хаалан, аһыыр-аһаабат сылдьыбытым. Аны киһи-хара буолан, дьэ, олох олоруохтаах этим, ону сөбүн олордуҥ диирдии, ас барбат буолан, куһаҕан ыарыыга хаптардаҕым, абаккатын. Амтаннааҕы аһаабакка, минньигэһи амсайбакка, ас сытынан тотон, кыһалҕа бөҕө көрдүм. Маннык ыарыыны өстөөхпөр да баҕарбаппын. Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Чэ, эһиги барыҥ. — Уйбаан, тулуйа сатаа. Ыарыыга бэринимэ. Билигин арыый чэпчиэҥ. Киэһээ кэлиэхпит. Биһиги ыарыһаҕы эмтиир эбээһинэспит. Эмчиттэр олохпут сүрүн соруга – дьону эмтээһин, кинилэр эрэйдэрин-муҥнарын чэпчэтии буолар. Кытаат, тулуй,- Найыына Уйбаан илиитин сэрэнэн ыга тутта, — Чэ, биһиги бардыбыт. Кыргыттар тахсалларын кэтээн туран, Анна Семеновна кэргэнин таһыгар олоппостоох кэлэн олорор. — Баанньыккын отун. Тыыннаахпына, суунуохпун баҕарабын, — Уйбаан иһиллэр-иһиллибэттик саҥарар. — Хайдах суунуоххунуй? Тулуйуоҥ дуо?- Анна Семеновна соһуйа түһэр. — Өлбүтүм кэннэ сууйарыҥ ордук дуо? Уолаттаргын кытта баалынайга сууйаргыт ыарахан буолбатах. Чэ, бар, сылайдым. Нуктаан ылыам. Уолаттары ыҥыр, баанньыгы бэлэмнээҥ. — Сөп,- дьахтар түһэҕиттэн тардыһан, ыараханнык
туран тахсан барар, икки чанчыгынан сүүрэр хараҕын уутун сотторун быыһыгар ыал буолан туспа олорор уолаттарын суотабай төлөпүөннэригэр күүскэ баттаталаан эрийдэ. IV Оскуола. Уруок бүтэн, көрүдүөр оҕо саҥатынан туола түһэр. Тип-тигинэс, кыра, орто саастаах уолаттар төттөрү-таары сүүрэн мэлэкэчиһэллэр. Онтон кыргыттар сиэттиһэн баран төттөрү-таары хаамсан аалыҥнаһаллар. Үрдүкү кылаас кыргыттара, уолаттара кылаастан тахсыбакка, түннүккэ, муннукка тоҕуоруһаллар. — Хайа, Коля, улууска хары баттаһыытыгар хаһан барар буоллуҥ? – табаарыһа, уһун синньигэс, акылдьыйбыт Ким уол үөрэнэр остуолун үрдүгэр олорон ыйытар. — Кэлэр нэдиэлэҕэ дииллэр. Хата, бу субуотаҕа Тандаҕа саха национальнай оонньууларыгар, чуолаан мас тардыһыыга, хары баттаһыыга нэһилиэктэринэн күрэхтэһии буолар. Фестиваль үһү. Онно барыахтаахпын эрээри,- Коля сирэйигэр кыйахаммыт быһыы көстөр. — Онно тоҕо барыаххын баҕарбаккын? Бэрт буоллаҕа дии,- Ким дьиктиргээбиттии көрөр. — Ээ, суох, атынтан. Москваҕа 18-40 сааһыгар диэри саастаахтарга инбэлииттэр икки ардыларыгар хас да көрүҥҥэ күрэхтэһии буолар үһү. Онно ыытаарылар ньиэрбэбин барытын сиэтилэр, — Коля кыйахаммытыттан сирэйэ дьэс кытарар, сымыһаҕын быһа ытырар. — Эс, бардаҕыҥ дии. Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр мин үөрүүнэн барыам этэ. Эн буоллаҕына мундуйдуу олороҕун. — Мин инбэлиит буолбатахпын. Инбэлииттэр күрэхтэһиилэригэр кытын диэн эттэллэр эрэ, ис-испиттэн оргуйан, кыыһыран барабын. Бэл, аллергиялыы сыһабын. Эт- этим кыһыйбытынан барар. Ол сүрэҕэ, эппиэтинэһэ суох, арыгыттан күнэ-ыйа тахсар иһээччи Сэмэн «бырааһы» итэҕэйэн, дьонум хирурга көрдөрбөккөлөр, атаҕым маннык көнтөс буола оспут. Дьиҥинэн бэйэм муус доруобайбын,- Коля, бэл, хараҕа сиигирэн, чаҕылыйан ылар. – Дьаабы киһи. Көрдөхпүнэ, эт-этим барыта күүрэн, сутурукпун ыга туттубуппун бэйэм да билбэккэ хаалабын. — Кэбис, доҕор, илиигэр күүстээх киһи биирдэ эрэ охсон хаалыаҥ. Киһини эчэтэҥҥин аны хаайыы аһылыга буолаайыккыный? Билигин киһи эрэһээҥки хаайыыттан дьэбэрэҕэ түһэрэ түргэн,- Ким кырдьаҕас киһилии, боччумуран олорон быһаарар. — Ээ, чэ, кырдьаҕаһымсыйан бүт, — Коля табаарыһын өттүккэ аспытыгар уола остуолтан сууллан истэҕинэ, илиититтэн харбаан ылар. -Айа, доо, киһини умсары охсо сыстыҥ дии. — Бэйэҥ да, тыал ханна үрэр да, кыыска дылы суулла сылдьаҕын. Мөлтөх киһигин. Инбэлиит таарыйдаҕын ахсын, охтор буоллаххына, хайдах сир үрдүгэр хаама сылдьаҕын? – Коля күлэр. — Диэмэ даҕаны,- Ким бигэргэтэрдии табаарыһын саннын таптайбахтыыр. Уолаттар күлсэ-күлсэ кылаастан тахсан бараллар. Көрүдүөргэ тахсаат, утары кылааска медиктэр баалларын соһуйа көрөллөр. — Хайа, прививкэ оҥоро сылдьаллар дуу? Кирииби утары буоллаҕа дуу?- Ким соһуйар. — Оннук ини,- Коля сэҥээрбэтэх куолаһынан хардарар. Электрическэй чуораан уруокка ыҥыран өрө тырылыы түспүтүгэр сүүрэ-көтө, өрө мөхсө сылдьыбыт оҕолор кыыстыын-уоллуун кылаастарыгар сырсан тилигирэстилэр. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ аа-дьуо кылаастарыгар киирдилэр. Коля Найыына Николаевна остуолга төҥкөйөн суруйа олорорун көрөн ааста. Сотору история учуутала Никита Алексеевич киирэн, хатылааһын диэн, дьоһумсуйа туттан, кылаас сурунаалын үөһэттэн-аллараа эргитэ сыымайдаан көрөн истэҕинэ, кылааһы тобугуратан тоҥсуйа түһээт, балыыһа сиэстэрэтэ Нина
киирэн кэллэ. — Бастаан уолаттар, онтон кыргыттар киирэҕит, — диэн этэрин кытта, түргэн туттуулаах дьон, уолаттар, ааҥҥа кыбылла сыһан, анньыалаһан тахсан бардылар. Бастаан Найыына Николаевна доруобуйаларын туругун иһиллээн бэрибиэркэлээн баран, айахтарын атытан, күөмэйдэрин көрөр эбит. Көрүү кэнниттэн сиэстэрэ Нина прививкэни бэрт сылбырҕатык туттан биэрэр. Бары бүтэн тахсан истэхтэринэ, быраас: “Коля, эн хаал”,- диэбитигэр соһуйан, бэйэтэ да билбэтинэн, кытаран киирэн барда. Олоппос ылан, Найыына Николаевна утары олордо. — Туох баарый? – бэрт холустук ыйытар. — Атаҕыҥ хаһааҥҥыттан ыалдьар? Тоҕо итинник хаамаҕын? – уол симиттибитин бэлиэтии көрөр. – Бүгүн эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа көрдөрө кэлээр. Карточкаҕар туох да суруллубатах. — Аны кэлэн, 14 сыл ааспытын кэннэ, көрдөрөр туох наадалааҕый? – Коля ойон туран тахсан истэҕинэ, кэнниттэн Нина саҥата чаҕаарыйа түһэр. — Кэлээр, кэлээр, билигин медицина күүстээх. Ол 14-15 сыллааҕы курдук буолуо дуо, үйэ уларыйан турар. Найыына Николаевна, эбиэт буолла, барбаппыт дуо, эбиэттэн киэһээ көрдөрөөччү элбэх буолара буолуо. Аны сарсын ситэри биэрэр инибит? — Сөп, сөп. Барыахха. Учууталлар барахсаттар хайдах тулуйан үлэлииллэрэ буолла? Оҕолор айдааннарыттан куу-хаа буоллум, — Найыына күлэр. — Куһаҕан сонуннаахпын. Анна Семеновна эрийэ сырытта. Уйбаан барахсан, барбыт. Биһиги кэннибиттэн бэйэтэ баҕатынан баанньыктаабыттар. Сэргэхсийбит аҕай үһү. Биир кыра тэриэлкэ миин, үүттээх чэй испит. “Сарсын саалаҕа көһөрүө этигит”,- диэхтээбит. Ол кэнниттэн үчүгэй баҕайытык кэпсэтэ сытан нуктаабыт. Утуйда, арыый буолбут курдук диэн, Анна Семеновна иһитин хомуйбут, онтон уолаттар дьиэлэригэр барбыттар. Иһитин хомуйан киирбитэ, утуйа сытара үһү, этэ-сиинэ сөрүүн, температурата суоҕа диир. Онтон чаас курдук утуйа түһэн ылыам дии санаан, сытан баран, эмискэ 12 чааска уһукта биэрбитэ, Уйбаан барахсан ыарыы бөҕөҕө ылларан сытар эбит. Уолаттарын ыҥырбыт. Тулуйбакка хаһаас уколлааҕын биэрбит да, өйдөммөккө бүгүн 11 чаас ааһыыта тыына быстыбыт. Биһигини ыҥыраары гыммытын уолаттара ыҥыттарбатахтар. Сибилигин эрийдэ. Бара сылдьар инибит? Ол иһин кылааһы ыҥырбатаҕым,- Нина долгуйбут куолаһынан кэпсиир. — Сөпкө гыммыккын. Бара сылдьар буоллахпыт. — Уйбаан барахсан, кытаанах санаалаах киһи, ыарахан ыарыыны кытта тулуктаһа сатаата. Олох барытын бэйэтэ дьаһайа сытан бараахтаата быһыылаах. — Чэ, барыахха. Кыргыттар оскуолаттан тахсан бараллар. Татьяна Находкина, Уус Алдан. Уруһуй: c.izo.kz ылылынна
edersaas.ru сайтан