Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Киэһээ миин иһиэхпит

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Киэһээ миин иһиэхпит

K
edersaas.ru Категорията суох
22.05.2021 18:00
Бүгүн – Ньукуолун. Сахалар буоллахпыт, кус сиэхпит. Эбэбитигэр айан-сырыы суола аһыллан, бэҕэһээ, биир ийэттэн-аҕаттан эрэ төрөөбөтөх “буруйдаах”, аҕыйах сыл балыс бииргэ үөскээбит быраатым Оппуонньа Уол көҕөн, чыккымай кэһиилэнэн кэлэн, куорат ыалыгар күндү хоноһо буолла. Бэйэтэ даҕаны, иһинэн-таһынан кэпсээн-ипсээн, сэргэх киһи. Өрүс үрдүгэр, Баллыгынайдаахха оҥостон-дурдаланан сытан, хайдах бултаабыттарын омуннура-төлөннүрэ сэһэргээн, быара суох ыыта сыста. — Өлүөнэ эбэбит быйыл отой да күөллүү уһунна. Утуйан оҥторо сыттахпытына сайан хаалбыт. Урукку курдук ууттан куотан көһөн саамыламматыбыт, бэрт баҕайы. Кус өрүһүнэн ааста. Сайдыылаах дьон, куораттар, хаҥаластар, биһиги курдук буолуохтара дуо, араас электроннай араадьыйалара, сэптэрэ-сэбиргэллэрэ баһаам. Онтуларын холбоон, муут-маат бөҕөнү түһэрэн, куһу-хааһы ыраахтан супту ыҥыран ылаллар. Ааранан биһигини дөйүтэлии сыстылар. Быстах-остох, көҕөн-чөккөй түстэҕинэ үс аптамаатынан тиҥийэбит. Дьэ, кырдьаҕас убаай, көрбөтөхпүтүн көрөммүт сөрү диэн сөҕөн, бэри диэн бэккиһээн сылдьабыт, — Оппуонньам, кэм да тугу эрэ бэтиэхэлэнээри гыннаҕына курдук, сирэйэ-хараҕа туран, ньуосканан баспыт миинин айаҕар тиэрдэрин да умнан кэбистэ. — Ол тугу? – диэн токкоолоһобун. — Кыраныысса таһыгар кыстыыр аныгы атыырдар адьас «педофиллар» буолбуттар. Көрдөрбүтүнэн быыкаайык тыһы чыккымайы былдьасыһа-былдьасыһа, тэпсэн кэбистилэр ээ! Сарсыарданан этэ, собус-соҕотох тыһы чыккымай дурдабыт иннигэр «сарк» гына түспүтүн мыынан ыппакка, сокуон да көҥүллээбэт, балайда олордубут. Эмискэ үөһэттэн «сох-сох!» диэбитинэн атыыр халба тумса адаарыйбытынан чыккымай эрэйдээх үрдүгэр сапта түстэ. Ол дьаабылана сырыттаҕына, аны ойоҕос диэкиттэн «маат-маат!» диэн сөҥнүк маатырҕаабытынан атыыр көҕөн көҕүлэ көҕөрүмтүйэ оонньоон, атыыр халбаны кыһыл атахтарынан «каратэлаан» түҥнэри тэбэн түһэрдэ уонна бэйэтэ чыккымай эрэйдээх үрдүгэр үҥкүүлээбитинэн барда. Ээ, биһиги абаран-кыйаханан, «педофиллары» холботон баран тибигирэтэн кэбистибит! — Тугу-тугу туойан эрэриҥ буолла, — диэн бэйэм да саараатым, бэккиһээтим. — Убаай, өссө иһит. Ынахтар көппөттөрө саамай сөп эбит! — Туох даа? — Алаҕалдьыйа убайбыныын Тимир Боруу таһыгар тохтоон табаахтаатыбыт. Субу-субу үөһэнэн үөрдэр көтөн сирилэһэн-куһугураһан ааһаллар. Арай ол турдахпытына, үрдүбүтүгэр «Трруу!» диэн туруйа хаһыытаата. Хантас гыммыппыт, үс туруйа биир сиргэ эргийэ көтөн, халлаан оройун диэки харбаһа сатыыллар эбит. Мааны кыыллары одуулаһа, өрө хантаһа турдахпытына, Бааскам сүүһүгэр туох эрэ хара «тос» гынна. Киһим соһуйан «һок!» диэт олоро түстэ. Бу туох аатай, диэн көрбүппүт, туруйа сааҕа эбит! Дьэ, булан-булан Вася-Василек сүүһүгэр түспүтэ сүрдээх. Атан турар айаҕар түспэтэҕэр баһыыба. Арай, ынахтар көтөр буоллуннар, иэдээн дии… — Ээ, бар, бу уол ону-маны туойан, — күлүөхпүн да, ытыахпын да билбэккэ, Оппуонньабын саба саҥаран кэбистим. Бүгүн – Ньукуолун. «Бэдэбиил» да, туох эрэ хаппыт да буоллуннар, кустарбын үргүүбүн. Киэһээ миин иһиэхпит.
edersaas.ru сайтан