Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саҥа куурка (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саҥа куурка (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.03.2024 10:08
Бүтэһик уруок бүтэн, алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ күйгүөрэн таһырдьа таҕыстылар. Настенька кылааһын кыргыттарын кэнниттэн тахсан, бүтэһигинэн тас ааны сапта. Кыргыттара, алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ диэтэххэ, уҥуохтарынан уһуннара, таҥастара муодунайа, барыта аныгылыы, бүтэһик истиилинэн тигиллибит кууркаларын кэтэн, уһун остоох тирии сапожканан дыралдьыһан өссө үрдээбит курдуктар. Үрдүкү кылаас кыргыттарыттан итэҕэһэ суох көрүҥнээхтэр. Настенька уҥуоҕунан да, сааһынан да барыларыттан кыра. Ийэтэ Марыына төрдүс кылааска атыыласпыт куурката хайы-үйэ аччаан, кыараан хаалбыт. Хайдах да нэдиэлэ ахсын ыраастаан, аллараа тардыалаан, уһата, кэҥэтэ сатаабытын иһин, саҥатыгар түһэн кэлбэт буоллаҕа. Онтон сапожкатын оһо кылгаһа, төһө да күн ахсын килбэчийиэр диэри баахсалаатар эргэтэ көстө сыттаҕа. Кыргыттара кини диэки, киһи бааргын диэн хайыһан да көрбөккө, оскуола улахан кыргыттарыныы, үрдүк хобулуктаах сапожкаларынан күүскэ тирэммэхтээн мас тротуарынан тоһугураһа турдулар. Настенька кыргыттарын батыспакка, дьиэлэр быыстарынан быһалыы барда. Кини куруутун бу суолунан сылдьар. Былырыын Зина сылдьара да, быйыл күһүҥҥүттэн кыргыттары кытта киин уулуссанан айанныыр. Детсад саастарыттан доҕордоспуттара, билигин олох атын, кинини кытта кэпсэппэт даҕаны, түҥнэри хайыһан көхсүн көрдөрөн кэбиһэр. «Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар» дииллэрэ оруннаах эбит. Настенька санаатыгар буолан, иннин-кэннин одуулаһан мылаарыҥнаабакка, тоҕо кылааһын кыргыттарыттан итэҕэс таҥастааҕын, аҕалара кинилэр ийэлэриттэн ордорон, атын дьахтарга барбытын эргитэ саныы истэ. Балтынаан аҕаларын олус таптыыллара. Бэйэтэ да сүрдээх оҕомсох этэ. Хаһан да бириэмэм суох, мэһэйдээмэҥ диэбэт этэ. Иллэҥ эрэ буоллар тэҥҥэ оонньуура, кыра кыыһын санныгар олордон, күнү быһа сүгэ сылдьара. Маняша аҕатын суохтаан киһи хараҕар биллэр гына дьүдэйбитэ. Түүнүн эмискэ ытаан уһуктара. Билигин аҕалара суоҕар арыый үөрэммит курдук эрээри, син биир аҕатын көрдөҕүнэ айманар, ытаабыт буолар. Аҕа тапталлаах оҕото этэ. Аны хайдах да харах уутун тохпут иһин аҕалара төннөр кыаҕа суох. Ол дьахтарыгар икки игирэ уолламмыта. Уолга баҕарбыт баҕата. Ийэтэ: «Уолум суох диэн муҥатыйара», — диэн кэпсээбитин дьиибэргии истибитэ. Онтон кыргыттар киһи буолбатахпыт дуо диэн санаа элэс гыммыта. Кыыс суол хабайар хаба ортотунан буолбакка, кытыытынан айаннаата. Бүтүннүү буорунан бүрүллүбүт күөх от тунааран төһө да айан дьоно, сүөһүлэр үнтү тэпсэннэр хоҥхойо-санньыйа турдаллар, хагдарыйбыкка, күҥҥэ тардыһан, буор анныттан быган кэнчээрилээн эрэллэрэ харахха быраҕыллар. Кыыс хараҕар эмискэ от быыһыгар туох эрэ күн уотугар килбэс гынна. Төҥкөс гынан сирийэн көрөн, соһуйан кэннинэн чугуруҥнаата. От күөҕэ кумааһынньык кылабачыйан ала-бэлиэ көстө сытар. Кыыс уора туран тутуллубут курдук, иннин-кэннин көрүммэхтээтэ. Балачча тэпсэҥнээн турбахтыы түһээт, төҥкөйөн, кумааһынньыгы ылан, быыллыйа охсубутун туора-маары соппохтоот, ким да суоҕун көрөн, үрүссээгин иһигэр угаат, сүгэ барбакка, түргэн хаамыынан дьиэтигэр барда. Бэҕэһээ Маняшаҕа аҕата от күөҕэ наһаа үчүгэй куурка ылан ыыппыт этэ. Балта кэтэн баран, кинини ымсыырдаары, сиэркилэ иннигэр күнү быһа эриллэҥнээбитэ. Уус киһи мындырдаабыт, хас биирдии муннуга кичэллээхтик тутуллубут дьиэ киһи хараҕар быраҕыллар тупсаҕай көстүүлээх. Олбуор иһигэр улахан тутуу суох эрээри, дьоҕус ампаар, кыра сарай дьоҕурдаах киһи тутуулара буолара биллэр. Бу аҕатын тутуулара. «Хара тыаны эт илиибитинэн солоон туппуппут» диир ийэлэрэ. Уһаайба иһигэр ийэлэрэ Марыына отонноох уонтан тахса маһы олордубута. Бэс ыйын ортото черешня, сарбынньах (рябина), акация, боярышник, яблоня мастара сибэккинэн силигилээн тураллара көрөргө сүрдээх үчүгэй. Киһи хараҕын манньытар, дууһатын сымнатар кэрэ көстүү. Отонноох мастар ийэлэрин саамай киэн туттуута буолаллар. Настенька дьиэтигэр киирээт, хоһугар ааста. Ийэтэ көстүбэт, үлэтигэр сырыттаҕа. Балта оронугар олорон, тугу эрэ көрдөөн, үрүссээгин хасыһар. — Эдьиий, мин бэҕэһээ учуутал күнүгэр аккырыыкка оҥорбутум дии. Ону ханна уурбуппун көрбүтүҥ дуо? – Маняша эдьиийин диэки уу-хаар баһа охсубут хап-хара хараҕынан эрэммиттии чоҕулуччу көрөр. — Ханна ууруоххунуй? Бэҕэһээ утуйаргар көрө сытарыҥ дии. Сэрэйдэххэ, оронуҥ анныгар түһэрдин ини? Кыра кыыс иһиттим-истибэтим диэбиттии оронун анныгар сылыпыс гынна, сотору буолаат, ымайыаҕынан ымайан аккырыыккатын туппутунан орҕостон таҕыста. Настенька түргэн хамсаныынан кумааһынньыгын суорҕанын анныгар куду аста. — Ийэбит бэйэҕит аһаарыҥ, хойутуу кэлиэм, Сэмэннээххэ хотон сыбаһыам диэбитэ, — Маняша кэпсээн чаҕаарар. – Эдьиий, ити биэсэлкэҕэ ийэбит эргэ кууркатын киллэрэн ыйаабыта. Сууйбут, абырахтаабыт. Эйигин кэтиэ этэ диэбитэ. Кууркаҥ наһаа кыччаабыт дии. — Араас буолума. Хата, эн саҥа кууркаламмыт эбиккин дии. Ити ийэм куурката наһаа эргэ, былыргы. Оҕолор күлүү гыныахтара. Ол кэриэтин бэйэм үлэлээн, куурка атыылаһыам, — Настенька быһаарыммыт киһи быһыытынан лоп- бааччы этэр. — Ол тугу үлэлиигин? – халлаан итиититтэн буолуо, дьиэлэрэ сылыйбыт аххан, итииргээн тэтэрэ кыыспыт мылтайбыт сирэйин кыыс ботуой курдук илиитинэн туора-маары соппохтоото. — Үлэлиэм дуо? Кыргыттар дьиэтээҕи үлэлэрин оҥорон биэриэм. Онно күҥҥэ биир мөһөөҕү биэриэх буолбуттара. — Учууталлар биллэхтэринэ мөҕүөхтэрэ, — балта куттаммыттыы өгүрүк-төгүрүк көрөр. — Чэ, барардаах буоллаххына бар. Мин бүгүн ханна да барбаппын. Иһиппин сууйан баран, уруокпун ааҕыам. — Сөп. Киэһээ ахсааммын оҥорон биэрээр эрэ, — албыннаспыт куолаһынан эппитигэр кыыс «Биэс уон солкуобай» диэри гынан баран аны ийэтигэр этиэ диэн туттунна. Балта хаһан айгыстан тахсарын тулуйбакка-тэһийбэккэ кэтэстэ, бара сатаан сапожкатын, саарпыгын булан баайан биэрдэ. Аан сабылларын кэтэһэн туран, хоһугар киирэн, «булумньутун» ороон арыйа тарта. Соһуйан мүччү тута сыыста. Биэстии тыһыынчалааҕынан кумааһынньык иһэ кытаран олорор. Хаһан да бачча элбэх харчыны көрбөтөх киһи куттанан сап-салыбырас буолла, ис-иһиттэн тиритэн, сирэйэ кытаран хаалла, көлөһүнэ сүүһүгэр бычыгыраата. Кумааһынньыгын түргэн үлүгэрдик тэллэҕин анныгар анньаат, уоскуйаары куукунаҕа тахсан, остуолга умса түһэн олордо. Итиччэ элбэх харчыны көрөн мах бэрдэрдэ. Хайдах гынар? Биллэхтэринэ «уоруйах» диэхтэрэ. Ийэтигэр биэрдэҕинэ мөҕүө, куттанан ытыа. «Сиргэ сытары хаһан да ылбат буолуҥ. Онтон сылтаан уора үөрэниэххит. Дьон туох санааттан бырахпыттарын ким да билбэт. Баҕар, куһаҕаны санаан соруйан бырахпыттара буолуо, өссө биллибэт. Ол кэриэтин, миигиттэн, ийэҕититтэн көрдөөҥ. Аччык да хонуохпут буоллар, булан биэриэм», — диэччи. Оччоҕо мин уоруйахпын дуо? Харчытын билбитим буоллар, ылыам суоҕа этэ. Мин тугу да толкуйдаабакка мээнэ ылбытым. Ким харчыта буолуой? Ити суолунан быһалыы ким да сылдьыбат. Суола кыбычаан баҕайы, барыта бүтэй-хаһаа. Оҕолор уонна ити эргиннээҕи ыаллар сылдьаллар. Кинилэргэ итинник харчы суох. Арай, Сэмэннээх киэнэ буолуо дуо? Үүт харчыта кэлбит буоллаҕына… «Харчыны ылбыт сиригэр илдьэн быраҕыахха» диэн быһаарыныыны ылынан, кууркатын кэтиэх курдук гынан иһэн, аан тыаһын истэн, тохтоон, уруок ааҕардыы үрүссээгин ылла. Сылайбыт-элэйбит ийэтэ киирэн кэллэ. Хонтуораҕа дьиэ сууйар үлэлээҕин таһынан туох үлэ көстөрүнэн быстах-остох үлэлэргэ үлэлиир буолан, хаһан да сынньанан сыппат, наар атаҕар тура тэбинэн тахсар. — Хайа, Настенька, аһаатыҥ дуо? Хонтуора сууйа барсыбаккын дуо? Бүгүн дэлби сылайдым, — ийэтэ саҥарарын быыһыгар олоппоско лах гына олороот, чаанньыктан тымныы уу куттан иһэр. — Сөп, — кыыс соруттарыыта суох таҥныбытынан барда. Хонтуора муостата бүтүннүү линолеумунан бүрүллүбүт буолан сууйарга чэпчэки. Куһаҕана диэн, үлэһиттэр үлэ чааһа да бүттэҕинэ, киирэн-тахсан биэрбэккэ эрэйдииллэр. Кэбиниэттэрин иһэ барыта иннэ-кэннэ аһыллыбыт көмпүүтэр. «Туһаттан тахсыбыты быраҕыа да эбиттэр», — диэн ийэтэ мөҕүттэр. Кэбиниэттэри ийэтэ сууйар кэмигэр Настенька көрүдүөрү, киирэр аан таһын барытын кыһанан, ньылбы сууйан кэбистэ. Маняша аны харчыны булуо диэн куттана саныы сырытта. Таах-сибиэ ити кумааһынньыгы ылан. Ылбатаҕа буоллар, дууһатыгар төһө эрэ чэпчэки буолуо этэй? Онтон билигин наар куттана, дьаархана сылдьар. Билиэхтэрэ, оччоҕо «уоруйах кыыс ити сылдьар» диэн сирэйгэ-харахха анньыахтара, өссө сууттуохтара. Ити санаатыттан ытыахча буолла. Аралдьыйаары «ууну тоҕобун» диэн матыыптаан таһырдьа ыстанна. Таһырдьа тахсан да диэн, хата, ааҥҥа участковайы утары көрсөн сүрэҕэ хайда сыыста. Ити кырыыстаах кумааһынньыгы тоҕо ылбытым буолла?! Бастаан куурка ылыам дии санаабыта. Онтон итиччэ элбэх харчыны көрөн баран, куттанартан атыны билбэт. Сарсын оскуолаҕа баран иһэн кумааһынньыгы ылбыт сиригэр төттөрү илдьэн уурарга сананна. — Анна Гаврильевна бүгүн харчы сүтэрбит. Уулуссаҕа ханна түһэрбиппин өйдөөбөппүн диир. Быйыл кыыһа оскуоланы бүтэрэр эбит. Былырыын уола бүтэрбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэр. Икки оҕону дьиэ куортамнаһан үөрэттэрэр кыаҕым суох диир. Онон Россельхозбааҥҥа хас да сыл мунньубут харчытынан ипотеканан студия хос ылаары бастакы усунуоһун биэриэхтээх харчытын сүтэрбит, — киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олордохторуна, ийэлэрэ бэркэ аһыммыт куолаһынан кэпсээбитин Настенька истибэтэх курдук тутунна. Онтон Маняша күн ахсын суруйан илдьиэхтээх диктанын суруйан бооччойо сатыы олордо. Марыына кыргыттара сэҥээрбэттэриттэн тохтоон хаалла. Кыыһа кыыһырыан кыыһырар. Олох чуумпуран хаалла. Хараҕа кытарбыт. Ытаабыт быһыылаах. Оҕом сыыһа, урут кэм «Кууркам аччаата, оҕолор бары саҥа кууркалаахтар» диэн күнү быһа быһах биитинии аалар буоллаҕына, бүгүн олох саҥарбата. Арааһа, Маняшаҕа аҕата куурка ылан биэрбититтэн санаата түстэ быһыылаах. «Миэхэ ылбаттар» диэн күнүүлүүр санаа баһыйдаҕа. Оҕобор кэлэр хамнастан хайаан да куурка ылбыт киһи. Атыыһыт Иннаҕа уурдарбыппын атыылаан кэбиспэт ини диэн бэрт элбэҕи эргитэ саныы олордо. Настенька төбөм ыалдьар диэн эрдэ сытта. Хараҕыттан Анна Гаврильевна мөссүөнэ сүппэт. Оскуолаҕа математика учууталынан үлэлиир, үрдүкү кылаастары үөрэтэр. Сүрдээх кытаанах, принципиальнай баҕайы, куруутун олохтон астымматах, тыйыс көрүҥнээх, кини уруогар үөрэнээччилэр тыымммакка да олороллор дииллэр. Ол эрээри, билиини биэрэр диэн хайгыыллар, кини математиканы үөрэтэр кылааһын төрөппүттэрэ астыналлар эрэ. Сарсын ити кумааһынньыгы хаһаайкатыгар биэрэр эбэтэр ким да көрбөт сиригэр аппаҕа быраҕыаҕа. Булаат биэрбэтэҕин иһин «уоруйах» диэн ааттыыллара чуолкай. Ол кэриэтин ким да көрбөт сиригэр сыттын… Халлаан саҥа сырдаан, дьиэ иһэ борук-сорук. Настенька бөөлүүн олох кыайан утуйбакка эрэйдэннэ. Утуйа сатаан араастаан сытан көрдө да, хата дэлби эргийэн-урбайан уута эбии көтөн хаалбыта. Сарсыарда уруккутун курдук, оронуттан тута ойон турбакка, өөр таалалыы сытта. Ийэтэ хаста да туруоран ыҥыра сатаан баран, кыыһырыах курдук буолбутуттан, нэһиилэ турда. Ийэтэ көрбөтүгэр «били» күөх кумааһынньыгын үрүссээгин сиэбигэр уган баран замогун кичэллээхтик ыга тардан сапта. Эмискэ иннигэр Анна Гаврильевна суолу бүтүннүү сабардаан, киэҥ-киэҥник атыллаан утары иһэрин көрөн, иннинэн-кэннинэн да барарын билбэккэ, биир кэм тэпсэҥнии турда. Сүрэҕэ бип-битигирэс буолла. Билбит, билигин харытыттан харбыа. Кумааһынньыгы биэриэххэ. Үрүссээгин сиэбин замогун илиитин иминэн тардыалыы сатаата да, аһыллыбата. «Үөрэххэр хойутаатыҥ», — диэн кытаанах соҕустук быһа баттаан саҥараат, аттынан тилир гынан ааспытыгар, «бэл» тымныы салгын биллэргэ дылы гынна. Настенька хайдах да халыҥ харчылаах кумааһынньыгы туппутунан оскуолаҕа тиийэр табыллыбатын өйдөөн, туох имнэммитэ буолла, атаҕа бэйэтэ нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтигэр салайда. Ыга куттаммыт, тип-титирэс, сибилигин ытаан барыахтыы уу-хаар баспыт харахтарын кистии-саба сотто турар кыыс участковай кэбиниэтин таһыгар турарын көрөн, нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ Светлана Алексеевна бэйэтин кэбиниэтигэр киллэрдэ. — Настенька, участковайга туохха кэллиҥ? Туох буолла? – Светлана Алексеевна оҕону куттаабатарбын диэбиттии сэмээр ыйытта. — Мин…, — кыыс сыҥсыйан ытаан киирэн барда. – Мин…бу суолтан буллум. Куттанабын…. Миигин уорбут диэхтэрэ. — Кумааһынньык… Аҕал эрэ, — дьахтар арыйан көрөн баран тылыттан матта. – Хантан буллуҥ? Анна Гаврильевна киэнэ буоллаҕа. Хата, бэркэ көстүбүт. Манна төһө баарый? — Мин аахпатаҕым. Оскуолабар бардым, — сибилигин ытыы турбут кыыс бэҕэһээҥҥиттэн ыар баттык буолбут, дууһатын моруу оҥорбут ыарахан ыйааһыннаах кумааһынньыктан босхоломмутуттан үөрбүттүү түргэн үлүгэрдик үрүссээгин харбаат, элэс гынна. Настенька үс уруок устата кылаастан тахсыбакка, паартатыгар дьуоҕаран олордо. Уруок бүппүтүн биллэрэн, чуораан биирдэ тыаһыыр бэйэтэ, тохтообокко, уһун-уһуннук төхтөрүйэн тыаһаабытыгар оҕолор «илиниэйкэ буолар» дэһэн кылаастан бары тоҕо сууллан таҕыстылар. Настенька илиниэйкэҕэ миигин этиэхтэрэ, уоруйах, булаат участковайга аҕалыахтаах этиҥ диэхтэрэ диэн санаатыттан уолуйа куттанна. Бүтүн оскуола иннигэр соҕотохтуу таһааран туруоруохтара. Түргэнник дьиэҕэ барыахха. Үрүссээгин ылан, иккис этээстэн маҥнайгы этээскэ түһэн, тыаһа суох биэсэлкэҕэ ааста. Саалаҕа дириэктэр саҥата иһиллэр. Кыыс кууркатын кэтэ да соруммакка, тахсар аан диэки барда. Эмискэ чуор баҕайытык кинини аатынан ыҥырар кылааһын салайааччытын саҥатын истэн сүрэҕэ «бар» гынна. — Настенька, ханна куоттуҥ? Эйигин илиниэйкэҕэ ыҥыраллар, — диэн Эльвира Игнатьевна чиҥ соҕустук эппитигэр олох өлөн түстэ. Нэһиилэ салбыҥнаан, учууталын батыһан, спортсаалаҕа киирбитигэр одоҥ-додоҥ да соҕус буоллар, илиниэйкэҕэ турааччылар ытыстарын таһына көрсүбүттэригэр соһуйан өрө көрө түстэ. — Оҕолоор, Григорьева Настя, биһиги оскуола алтыс кылааһын үөрэнээччитэ, Анна Гаврильевна сүтэрбит харчытын булан, нэһилиэк дьаһалтатыгар туттаран, чахчы чиэһинэй быһыыны көрдөрдө. Бары үөрэнээччилэр Настяттан холобур ылыҥ. Биһиги оскуола администрацията уонна коллектива Настянан киэн туттабыт уонна үөрэбит эрэ. Настя сүрэҕэ үөрүүнэн туолла. Сөпкө быһыыламмытыттан астына санаан, куттанан кумуччу тута сылдьар бэйэтэ төбөтүн өрө көтөҕөн, кыргыттарын кытта кэккэлэһэн, иккис этээскэ тахсан кылааһыгар киирдэ. Кыргыттара уруккуларын курдук атарахсыта көрбөккө, тэҥнээхтэрин курдук истиҥник кэпсэппиттэриттэн астына санаата. Ити кэмҥэ аан тэлэччи аһыллан кылааска Анна Гаврильевна киирэн кэлбитигэр, үөрэнээччилэр суугунаһан бары биир киһи курдук ойон турдулар. Учуутал мичээрдээбитинэн кыыска улахан пакеты туттаран кэбистэ. Настенька ыйытардыы Анна Гаврильевнаны көрбүтүгэр саҥата суох кэҕис гынна. Кыыс пакеты арыйан хостообутугар кыһыл куурка тахсан кэллэ… Саҥа куурка. Татьяна Находкина, Уус Алдан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан