Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэрэ аҥаардар, кэхтимэҥ!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэрэ аҥаардар, кэхтимэҥ!
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.09.2020 13:36
Мин куоракка Сайсарыга олоробун. Саҥа үйэ саҕаланарын саҕана сарсыарда үлэбэр бараары “Полесье” маҕаһыын таһыгар тохтобулга кэлэрим. Наар да буолбатар, син элбэхтэ отучча саастаах саха нарын дьахтарын көрсөрүм. Ортону үрдүнэн уҥуохтаах, мөтөгөр түөстээх, бэйэтигэр сөп эттээҕэ-сииннээҕэ. Эйэҕэстик арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах, сыыйыллаҕас хаастаах, отон курдук обуйук уостаах этэ. Таҥаһа-саба өрүү муодунайа, бэйэтигэр наһаа барсар гына таҥнара. Куорат киинигэр тиийэн, үлэтигэр быһыылаах, наар оптуобустан түһэрэ. Хайа баҕарар киһи, эр киһиттэн дьахтарыттан тутулуга суох, кэрэ, кырасыабай дьону көрдөҕүнэ, хараҕа хатанара баа буолбат. Ол курдук, мин эмиэ бу саха дьахтарын көрөн хайа эр киһи хоонньугар сытар холооннооҕо буолуой диэн таайа, ымсыыра да санаабытым баар диэтэхпинэ, улахан аньыы буолбата буолуо. Ааппытын да билсибэтэрбит, наар көрсөр дьон быһыытынан, мичээрдэһэн, тоҥхоҥноһон дорооболоһон ааһарбыт. Балайда бириэмэ ааспытын кэннэ ол саха кыыс дьахтара көстүбэт буолбута. Хаһан эмэ санаан ааһарым, дьиэ эҥин атыылаһан, куорат атын оройуонугар көстөҕө буолуо диэн санаа эмиэ кылам гынан ааһара. Ыкса күһүн Сайсары тохтобулугар сарсыарда эмиэ кинини көрсө түстүм. Миигин көрөн мичээрдээбитинэн, супту хааман кэлэн дорооболосто. – Мин Антонина диэммин. Өрүү көрсөбүт эрээри ааппытын билсибэппит, – диэтэ. Хайдах эрэ сирэйэ кубархайын, таҥаһа-саба ыраас да буоллар боростуойун көрөн атыҥырыы санаатым. Саҥарбытыгар сибиэһэй арыгы сыта аҥылыс гынна. – Мин уоппускаҕа сылдьабын, сотору үлэбэр тахсабын. Онон кыаллар буоллаҕына, баһаалыста, биир мөһөөхтө иэстээ эрэ. Хамнастан тута төннөрүөм, – диэтэ. Айах атан кэпсэппэтэх кэрэ дьахтарым бэйэтэ кэпсэппитигэр соһуйан, бокуойа суох көһүлүөгүм үрдүгэр түһэн, биир мөһөөҕү ылан уунан биэрэ оҕустум. – Бэҕэһээ төрөөбүт күммүн бэлиэтээбиппит. Онон... хайаан да төннөрүөм., – диэн ыйыппатаҕым үрүдүнэн быһаарда уонна наадатын сиппит киһи быһыытынан хааман хоролдьуйа турда. Оптуобуска киирэн иһэн эргиллэн дьахтарым маҕаһыын ойоҕоһугар икки орто саастаах эр дьон турарыгар тиийбитин көрөн хаалым. Ол онон ааста. Кыһын хаста да кинини Сайсарыга сарсыарда, ардыгар үлэ чааһын кэнниттэн наар эр дьон арыалдьыттаах сылдьарын көрөн аһарталаатым. Миигин көрдөҕүнэ кыбыстардыы туттара, сирэйин кистии умса туттан дьон күлүгэр түһэрэ. Тымныы кыһын ааһан, саас барахсан салаллан, уу-хаар тахсыыта биир сарсыарда тохтобулга, күйүөскэ кэнниттэн ким эрэ өҥөс гына-гына сүтэн хааларын таба көрдүм. Туох айылаах киһитэ өҥөҥнөөтө диэн күйүөскэни эргийэн тиийдим. Арай, доҕоор, бабат! Били нарын сахам дьахтара дьүһүн-бодо буолан тураахтыыр эбит! Кэрэ сэбэрэбит ханан да суох, аҥаар хараҕа улахан көҕөрүүлээх, таҥас-сап туга-ханныга биллибэт кирдээх. Табах, арыгы булкуспут дьаардаах сыта аҥылыс гына түстэ: – Ээ... дорообо, баһаалыста, уон солкуобайда иэһээ эрэ... – диэхтээтэ. – Хайа, тоойуом, бу хайдах буоллуҥ, туохха түбэстиҥ?.. – диэн соһуйбутум ааспытын кэннэ сиэппиттэн сүүрбэччэ солкуобайдаахпын ылан уунан иһэн ыйыттым. Дьахтарым: – Ээ, бэйэм... – диэтэ уонна иһиллибэт гына тугу эрэ үлүгүнэйэн
баран, бытархайын бобо тутан доҕолоҥнуу былаастаан хааман сукуҥнуу турда. Эргэ маҕаһыын таһыгар кэм да кэтэһэн турар дьоннордоох эбит. Саха биир кэрэ-нарын дьахтарын дьылҕата кэҕиннэҕэ ити... Мин хараастан, дөйөн өр турдум. Баҕар, өйүн-төйүн тутан, эмтэнэн өрүттүбүтэ буолуо диэн баҕа санаалаахпын. Баҕар... ол туһунан саныахха да ыарахан... Бары билэ-көрө сылдьабыт, баксаалга, маҕаһыыннарга элбэх умнаһыт, эдэр да соҕус, сааһырбыт да дьон, ускул-тэскил сылдьалларын. Ол да буоллар кэрэ аҥаардар, кыргыттар, дьахталлар, дьүһүн-бодо буола сылдьаллара көрөргө аһара олуона! Манна бырабыыталыстыба улахан болҕомтону ууран дьарыгырара буоллар диэҕи баҕарыллар. Оттон эһиги, саха кэрэ аҥаардара, кэхтимэҥ, инникигитин санааҥ! Эр дьону дьоллооҥ, оҕолонон-урууланан саха дьонун дэлэтиҥ! Михаил Захаров. Ааптар уруһуйа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан