Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саахардаах килиэп (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саахардаах килиэп (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.03.2024 10:00
…Ньукуус аһыан олус баҕарар. Суох, кини аччыктаан өлөөрү гыммыт оҕо буолбатах, ол гынан баран, кини син биир аһыан олус баҕарар. Бадаҕа, бу сэрии аччык кэмин кэнниттэн барыларыгар хаалан хаалбыт өйдөбүл буолуо. Кини биир убайа нэһилиэккэ баар интэринээт-оскуолаҕа үөрэнэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн соҕотох. Онтон Ньукуус ийэтэ олус үөрэр, сорох нэһилиэк дьахталлара, эмиэ сэрии огдооболоро, кини биир уола судаарыстыба харчытыгар иитиллэригэр күнүүлүүллэр. Арай биирдэ ийэтэ Ньукууһы сорудахтаан убайыгар интэринээккэ ыытта. Тиийбитэ, эбиэт бириэмэтэ этэ. Утары көрсө тахсыбыт убайа быраатын кыра килиэп тооромоһунан күндүлээтэ. Бу сип-сибилигин оһохтон тахсыбыт буруолуу сылдьар килиэп уолчаан мэйиитин эргиттэ. …Ити күнтэн ыла Ньукуус куруук убайыгар барыан баҕарар. Кини санаатыгар, онно мэлдьи буруолуу сылдьар мип-минньигэс килиэп тооромоһо кинини күүтэр. Кырдьык, убайа кыракый быраата кэлэригэр куруутун килиэптээх тоһуйар. Ньукуус убайыттан күндү бэлэҕи ылан баран тута ыйыстан кэбиспэт: бастаан өр да өр сыттыыр, онтон кыракый синньигэс тарбахчааннарынан ийэтэ хаһан эрэ биэрбит тэрэпиискэтигэр кичэйэн суулуур уонна сылаас хонноҕун диэки кистиир. Ол кэнниттэн төһө кыах баарынан эбээтин диэки түһүнэр. Сыыры дабайан баран тохтоон хайыһа биэрэр, Ньукуус билэр – убайа хамсаабакка кинини одуулаан турар… Ньукуус эбээтэ соҕотоҕун олорор. Кини ыалдьар, оронуттан нэһиилэ турар, ол гынан баран, биир соҕотох хаалбыт кийиитигэр көһүөн баҕарбат. Кини санаатыгар, бу дьиэ оһоҕо умулуннаҕына, сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт кыра уола дойдутугар төннөр суолу булуо суоҕа. Ньукуус билэр – эбээтэ куруук кинини кыра саахар кэһиилээх кэтэһэр. Уолчаан бастаан эбээтин олбоҕор тиийэр, кырдьаҕас киһи кырачаан сиэнин сүүһүттэн сыллыыр – бу киниэхэ күндүттэн-күндү сиэнэ, сураҕа суох сүппүт уолун бэлэҕэ. Кини сиэнин бэйэтин мэйиитэ эргийиэр диэри сыллыыр. Маннык түгэннэргэ олус дьоллонор. Ньукуус сонун уһулар, баран остуолга олорор уонна тэрэпиискэҕэ сууламмыт убайа биэрбит килиэп тооромоһун хостуур. Онтон ыксаабакка – син биир ким да суох, эбээтин саахарын кытта ол килиэби сиир. … Билигин Ньукуус бэйэтэ кырдьаҕас, улахан дуоһунастан биэнсийэҕэ тахсыбыт ытыктанар киһи, бары кинини Николай Васильевич диэн убаастаан ааттыыллар. Киниэхэ туох барыта баар. Барыта… Арай туохха да тэҥнэспэт киһи мэйиитин эргитэр кыракый сылдьан интэринээккэ үөрэнэр убайа амсаппыт килиэп тооромоһо эрэ суох. Николай Васильевич билигин да өйө хоппот – хайдах убайа сүүс харахтаах интэринээттэн киниэхэ килиэп булан таһаарарын; оронтон турбат эбээтэ куруук кинини саахар кэһиилээх көрсөрүн. Хоруй суох… Николай Васильевич бу туһунан толкуйдаатаҕына, төбөтө ыалдьар, сүрэҕэ мөхсөр, тыына хаайтарар уонна хараҕа ууланан барар. Кини өр да өр кэргэнин сылаас былаатынан бүрүнэн баран иһийэн олорор. Чочумча буолан баран сүрэҕэ уоскуйар, нуктаан барар. Уутун быыһынан кэргэнэ кыра сиэнин аһылыкка ыҥырарын истэр. Уолчаан көмпүүтэриттэн арахпат, аһыан баҕарбат. …Уулуссаҕа хараҥаран эрэр. Кыһыҥҥы кылгас күн уонна уһун түүн икки ардыгар олус кыра түгэҥҥэ баар буолар борук-сорукка халлааҥҥа хайыы үйэ маҥнайгы сулустар чаҕылыйдылар. Николай Васильевич дьэ утуйда, түһээтэҕинэ, кини убайыттан эбээтигэр сүүрэн иһэр. Үрдүгэр сааскы аламаҕай күн, хонноҕор кимиэхэ да суох минньигэс убайа бэлэхтээбит килиэп тооромоһо, оттон эбээтин дьиэтигэр кинини саахар кэтэһэр. Николай Васильевич утуйа сытан мичээрдиир, бу силлиэ буурҕанан куустарбыт аан ийэ дойдуга киниттэн ордук дьоллоох киһи суох…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан