Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кырдьартан ким да куоппат (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кырдьартан ким да куоппат (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.03.2024 01:00
Нарыйа оскуолатыттан кэлээт, эбэтэ сытар муннугун өҥөйдө. Эбэтэ барахсан токуллан баран улаҕа диэки хайыһан оронугар сытар. — Эбээ, мин кэллим. Турбаккын дуо? Иккиэн бииргэ аһаабаппыт дуо? –орон кытыытыгар олорон, эбэтин күкээрбит баттаҕын имэрийэр. — Ыы, оҕом сыыһа, кэллиҥ дуо? Чэ, туруум. О5ом кэлбитин кэннэ даххаһыйан сытыам дуо? – эмээхсин сиэнин көмөлөһүннэрэн олордо. Сиэнэ кылгас баттаҕын өрө-таҥнары имэрийэн көннөрөр кэмигэр туумбатыттан ачыкытын ылан иилиннэ, атаҕын иминэн дьиэтээҕи таапачыкатын булан кэттэ. — Бээ, бэйэм остуолга барыам. Аньыы даҕаны, наһаа сэлээннэммэт буоллаҕым. Бэйэтин кыаммат буолбут диэн, балыыһаҕа угаары гыныахтара. Эмээхсин остуолга олорбутугар, Нарыйа оһох билиитэтигэр турар эттээх, борщтаах миини ылан тэриэлкэҕэ кутан, эбэтин иннигэр дьалкыппатарбын ханнык диэбиттии, сэрэнэн уурда. — Чэ, эбээ, аһаа. Луоскаҥ бу баар. Билигин килиэп арыылаан биэриэм. — Уу, оҕом сыыһа, эн суоҕуҥ буоллар, хайдах көрүнэн сылдьыа эбитим буолла? Аҕаҥ куруутун солото суох. Ийэҥ миигин кырдьаҕас киһини көрөрүн олус ыарырҕатар. Үлэтэ да табыллыбат быһыылаах, — эмээхсин миинин иһэн сыпсырыйарын быыһыгар саҥаран омурда хапсыҥныыр. – Хата, оскуолаҕар туох сонун баарый? — Улахан суох. Арай бу нэдиэлэҕэ саха литературатын олимпиадатыгар барыахтаахпын. Онно учууталым Людмила Николаевна бэлэмниир. — Ээ, син билэр инигин. Сыл ахсын кыттаҕын буолбат дуо? – эбэтэ интэриэһиргиир. Аан аһыллар тыаһын истэн, иккиэн чөрбөс гыннылар. — Хайа, хайы-үйэҕэ кэлэн, сарсыарда буһаран уурбут мииммин барытын иһэн бүтэрэ охсубуттар буолбат дуо? – дьиэлээх хаһаайка киирэн, тас таҥаһын биэсэлкэҕэ ыйыы туран сөбүлээбэтэх куолаһа иһиллэр. – Кыргыттарга хааллардыҥ ини? — Баар ээ, биирдии тэриэлкэни куттубуппут, — Нарыйа буруйдаммыттыы хардарар. — Бу эмээхсин пенсияҥ хаһан кэлэр? Кредиппитин төлүүрбүт бу кэллэ, — Альбина миин иһэн сыпсырыйа олорор эмээхсини сөбүлээбэтэхтии көрөр. – Арыый ону-маны ырыҥалаан көрөр эмээхсин эбитиҥ буоллар, пенсияҕын, араастаан быспакка-соппокко, бүтүннүү ипотекаҕа угуоҥ этэ. Манна син итии дьиэҕэ, бэлэм аска олороҕун. Кыргыттарыҥ билигин оскуоланы бүтэриэхтэрэ. Оччоҕо дьон дьиэтин куортамнаан үөрэнэллэр дуо? — Олорон эрэр бу дьиэлээхпит буолбат дуо? Уонна бэйэҥ билэҕин, эбээ пенсиятын аҥарын ипотекаҕа угарын таһынан биһиэхэ үөрэнэрбитигэр диэн бааҥҥа уурар буолбат дуо? – Нарыйа эбэтин өйөөн илдьэн, оронугар сытыарар. — Хайа, бу оҕо киһини хабахха тыыннаран түһэн, эчи сүрүн. Чэ, көрүллүө. Хайаан да төлөбүрдээх үөрэххэ киирэргэ программаламмыт буола-буолалар. Ол төһө бэйэлээҕи муспут үһүгүт. Бэккэлээтэҕинэ, 100 тыһыынча солкуобай буолуо, — Альбина саҥарарын быыһыгар кыра кыргыттарыгар эттээх толору миини тэриэлкэҕэ кутан иннилэригэр уурталыыр. – Дьиэлээххит диэбит буола-буолалар. Бу мин бэйэлээх бэйэм дьоммуттан нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллибит дьиэм. Эһиги манна биир чымадааннаах киирбиккит. Онон олох киирбэккэ-тахсыбакка олоруҥ. — Ийээ, эдьиий Нарыйа үөрэххэ киирдэҕинэ, эбээ син-биир пенсиябын эһиэхэ үөрэххэ киирэргитигэр эмиэ ууруом диэбитэ, — Мааһыҥка аһаан кимиритэрин быыһыгар кэпсиир. — Онтон эбээ миэхэ төрөөбүт күммэр улахан планшет ылан биэриэх буолбута, — Полинчик эдьиийдэрин диэки ымсыырдыбыттыы иккиэннэрин хардары-таары көрөр. — Бу кыыс акаары быһыылаах. Эбэтин албыннаан планшет ылаары сылдьар эбит буолбат дуо? – Мааһыҥка кыыһыран балтын кытаанахтык кынчарыйа көрөр. — Ким эрэ кэллэ, — ааны тоҥсуйан тобугурата түһээт нэһилиэк социальнай үлэһитэ Анна Егоровна киирэн иһэрин көрөн Полинчик саҥа аллайар. — Хайыы, Анна Егоровна, дорообо. Илэ бэйэҕинэн тиийэн кэллиҥ дии, сибилигин эйигин саныы турбутум. Ханна айаннаатыҥ? – Альбина кыыһыран үллэ кытарбыт сирэйэ тута сымнаан, өрө көтө түстэ. — Дорооболоруҥ. Оҕолор хайы-үйэ үөрэхтэриттэн кэлэ охсубуттар дуу? Альбина Дмитриевна, дьыалабыт быһаарыллыах курдук, — Анна Егоровна бэйэтэ маҥан дьахтар, түргэнник хаампытыттан итииргээн, сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, кырааскаламмыт саһархай баттаҕын кэннин диэки хаһыйа тутар. — Оо-дьэ, бэрт. Түргэнник да быһаарыллыбыт, — дьиэлээх дьахтар сирэйэ сырдаан кэлэр. – Оҕолоор, аһаан бүттүгүт дуо, түргэнник остуолу босхолооҥ. Хоскутугар киирэн уруоккутун ааҕыҥ. Нарыйа, оскуолаҕар барардааххын дуо? Анна Егоровна, итии чэй иһэн баран барар инигин? Баһаалыста, дьыбааҥҥа олорунан кэбис, — дьиэлээх дьахтар ыалдьытын илэмэ-салама көтөн, ханна олордуон билбэт. — Туох дьыалатын этэҕит? – Нарыйа ийэлэрэ кыра оҕо уора туран тутуллубутун курдук сэрэхэдийэрин дьиибэргии көрөр. — Ону эн тоҕо туоһуластыҥ? Барытыгар сылама курдук сыстаҥнаан, эн билэн-көрөн иһиэхтээххин. Эбэҥ профилакторийга эмтэнэ-сынньана киирэр. Онно туох иэдээнэ буолла? – Альбина сөбүлээбэтэхтии кынчарыйа көрөр. — Хата, түргэнник быһаарылынна. Уола илии баттаан түргэтэттэ, — социальнай үлэһит сонун уһулан остуолга олорорун быыһыгар, дьыаланы быһаарбыт киһи быһыытынан кыайыылаахтык туттан, кэпсиирдии оҥостон айаҕа аһыллыах курдук туттан иһэн, дьиэлээх дьахтар дьиэс-куос туттубутун көрөн ах барар. — Ханнык профилакторийга барарый? “Чэбдиккэ» дуо? – кыыс тоһоҕолоон ыйытар. — Бу да кыыс, силиэстийэлээн түһэн… Бэйэтэ абыраныа этэ, эмтэнэн-сынньанан. Биир хостоох квартираҕа алта киһи айдааныгар-сүпсүлгэнигэр кырдьаҕас киһи аанньа сынньаммат, куу-хаа буолар ини. Онно анал медицинскэй үөрэхтээх эмчиттэр көрөллөрө-истэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой? – ийэлэрэ улахан кыыһын диэки үтүөмсүйбүттүү туттан туран, төбөтүн хамсатан, салыбырастаах сахалыы үрүҥ көмүс ытарҕатын араастаан эйэҥэлэтэрин быыһыгар велюр халаатын быакаччы бааммытын өссө чиҥэтэн ыга тардынна. — Эбэм ону билэр дуо? – кыыс ыйытарын тохтоппот. — Чэ, биллин-билбэтин. Биһиги киниэхэ үчүгэйи эрэ баҕаран ыытабыт. Бэйэтин үөлээннэхтэрин кытта сэһэргэһэн, бииргэ олорон сэргэхсийиэ даҕаны. Хата, үйэтэ уһуо. Манна кэпсэтэр киһитэ да суох. — Эн кэпсэппэккин. Биһиги эбэбитин кытта күннээҕи сонуммутун барытын кэпсэтэбит. Ханныгын да иһин сиэннэринээн бииргэ олороро киниэхэ ордугун хайдах өйдөөбөккүн? – кыыс эргичис гынан, эбэтэ сытар муннугар барда. — Чэ, мин бардым. Бэйэҕит быһаарсыҥ. Сарсын хонтуораҕа көрсүөхпүт, — Анна Егоровна холуон соҕустук туттан, ааны тыастаахтык сабан тахсан барар. Нарыйа эбэтэ улаҕа диэки хайыһан сытарын, саҥата суох көрөн турбахтаат, оскуолаҕа барардыы оҥоһунна. Даарыйа Николаевна олорбут олоҕун, эдэр сааһын эргитэ санаан, ытамньыйан, хараҕын уута чарчастыбыт иэдэһинэн сүүрэ сытта. Ньукулайынаан үчүгэйдик да олорбуттара. Биир дэриэбинэҕэ үөскээбит, сүүрбэлэрин эрэ туолбут уоллаах кыыс эдэр саастарыгар холбоһон, 40 сыл олус да дьоллоохтук, эйэлээхтик олорбуттара. Кэргэнэ суох буолбутун кэннэ, Ньукулайынаан туттубут дьиэтигэр 10 сыл соҕотоҕун олорбута, кэлин уола, Никитушката, күүһүнэн кэриэтэ куоракка аҕалбыта. Куоракка олохсуйбута оруобуна биэс сыл буолла. Сайынын отон кэмигэр, ыксал бөҕөнөн, дэриэбинэлэригэр баран кэлэллэр. Былырыын олох да тахса сылдьыбатахтара. Быйыл да тахсар санаалара суох. Дьиҥинэн бэйэтэ да дойдутугар сайылыыр кыахтаах. Дьиэтин сөргүтэрэ буоллар, дьүөгэлэрэ киирэн-тахсан, сайынын соҕотоҕун да олоруо этэ. Кини таҕыстаҕына, Нарыйата соҕотохтуу хаалларбата чуолкай. Бэйэтэ да дьонугар наһаа сэлээннэнэн олорон хаалла. Дьахтар соҕуруунан, кыраныысса таһынан сылын ахсын күүлэйдээн сири-дойдуну бараата. «Сылдьыбатах сирим суох”, — диэн дьүөгэлэригэр киһиргээн кэпсиир. Никитушката кэргэнин тылын быһа гыммат. Альбинатын тылыттан олох тахсыбат. “Кэргэниҥ тылынан сырыт, дьахтар дьиэ араҥаччыһыта буолар, оҕолоруҥ ийэлэрин кытта аахса үөрэнимэ”, — диэн бастаан этэрэ, бэйэтин санаатын кэргэнигэр утары саҥарбат гына соҥнообутун сыыһа эбит диэн кэлин кэмсинэ саныыр. Хата, сиэннэрэ, ордук улахан киһитэ Нарыйата сыһыана үчүгэй буолан, тулуһан олороохтуур. Дьахтар кийиит буолуоҕуттан кинини иһигэр киллэрбэт. Билигин наар кыараҕаспыт диэн тутулуктанар. Үс хостоох квартираҕа баҕарар үһү. Онно пенсияҕын барытын олорчу биэрбэккин диэн кыыһырар, ол кини пенсията 30 тыһыынча солкуобай хайдах да түҥэппит иһин улаатан кэлбэт буоллаҕа. Син көмөлөһөр курдук сананаахтыыра да, кийиит хараҕа туолбат. Ипотекаҕа 10 тыһыынчаны, кыргыттарыгар 15 тыһыынча солкуобайы сберкаҥҥа уурдарар. Бэйэтигэр ЕДВ-наан 7 тыһыынча 500 солкуобай хаалар. Ону син тыыннаах киһи онно-манна туттар буоллаҕа. Нэһилиэгэ нэһилиэнньэттэн наадыйан харчы көрдөөтүлэр да, ыыта олорор. Бу сайын бөһүөлэккэ уу ситимэ тардыллыытыгар икки тыһыынча солкуобайы ыыппытыгар кийиит кыыһыран өлө сыыспыта:”Ол водопроводы туһанар киһи курдук тоҕо харчы ыыттыҥ?” – диэн силбиэтэнии бөҕө буолбутугар Никитушката саба саҥаран тохтоппута. Аны дьүөгэлэрэ барахсаттар ыарыйдахтарына куорат киһитэ буолан эмтэрин атыылаһан ыытара кэмнээх буолуо дуо? Сиэннэрэ барахсаттар хайаан да араас минньигэстэригэр, оонньуурдарыгар сыыйан тэйэллэр. Чыычаахтарыгар хайдах да аккаастаабат. Билигин куоракка кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттараары өрө мөхсүбүтэ сыл аҥара буолла. Уола илии баттаата диэн үөрэн эрэллэрэ. Оҕом, Никитушкам, ырдьаҕастар дьиэлэригэр наһаа ыыппат ини… Даарыйа эмээхсин маҥан баттаҕа күкээрийэн, санна бөгдьөллөн, токуруйуоҕунан токуруйан, чараас суорҕанын сыҥааҕар диэри тардынан, иэдэһинэн субуруйан түспүт хараҕын уутун туора сотто сытта. Кырдьар кырыыс диэн бу буоллаҕа… Киһи үйэтэ чыычаах түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук буоллаҕа. Билигин төһө да кырдьан, мутугунан быраҕар муҥур үйэтэ түмүктэнэр чааһа чугаһаатар, олох олоруон, үйэтэ уһуон баҕарар. Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах… Нарыйа оскуолатыгар барыах курдук туттан иһэн, суолуттан туораан, аҕата үлэлиир тэрилтэтигэр барарга сананна. Кырдьан тоҥхойдор да, куруутун сырдыгынан сыдьаайбыт эбэтэ хараҕар көстөн кэллэ. Кырдьаҕас киһини бүдүгүрэ кырдьыбытын көрөр наһаа ыарахан дииллэр да, кини эбэтэ ис киирбэх, кыраһыабайдык кырдьыбыт диэн кинини ааттыахха сөп. Уһун суһуоҕа дэлби түһэн, убаан хааллар да, биир гына өрүнэн баран кэннигэр чөмчөччү эринэн кэбиһэр идэлээх. Кылдьыылаах киэҥ хара хараҕа билигин да уоттаах. Санаата көнньүөрэн, үөрдэҕинэ, бэл, хараҕа чаҕылыйан, уоттанан ылар. Эбэтэ сүрдээх чэнчис, уурбут-туппут курдук ыраас туттуулаах, ийэтэ тоҕо сөбүлээбэтин сатаан санаабат. Кийиит буолан дуо, ол иһин өс хоһоонугар “Уол оҕотооҕор кыыс оҕо уота сылаас» диэн этэн эрдэхтэрэ. Кыра эрдэ5инэ, сайынын дэриэбинэ5э эбэтигэр куруутун тахсара. Ахтылҕаннаах эбэлээх эһэтин төрөөбүт дойдуларын күөх дуолугар, сибэккилээх кырдалыгар оҕо сааһа ааспыта. Эбэтинээн хортуоппуй, хаппыыста, оҕурсу, помидор оҕуруот аһын арааһын олордон, биэбэйдээн да биэрэллэрэ. Сир астыыра, көлүччэҕэ сөтүөлээн чомполоноро, үрүмэччи эккирэтэн тэлгэһэни биир гына сүүрэн тэлээрэрэ. Сарсыарда ахсын дьэдьэннээх күөрчэх сиирэ, күнү быһа соһо сылдьан суорат мотуйара. Онтон киэһэ утуйарыгар эбэтэ барахсан олоҥхото, остуоруйата үтүөҕэ, кэрэҕэ, сырдыкка, кырдьыксыт, чиэһинэй буолууга сирдиирэ. «Уустук үллэриини», «Өҥөй Бөтүүгү» аан бастаан эбэтэ остуоруйалыырыттан билбитэ. Бу остуоруйалартан норуот үлэһит дьону сатабыллаах уонна үтүө майгылаах гына ойуулуурун сөҕө истибитэ. «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон Эрчимэн Бэргэн Чуура бухатыыр куртаҕыттан хара таас сымыыты булан, алдьатан, Хаачылаан Куону тилиннэрэрин олус сөҕө истибитэ. Эрчимэн Бэргэн Хаачылаан Куолуун холбоһон, улахан уруу тэрийэллэрэ кырачаан хараҕар билиҥҥи “горько” диэн хаһыытыыр сыбаайбаларыгар ханыылыы көрөн, өргө диэри умнубакка, манньыйа саныыра. Норуот туохха сүгүрүйэрин, тугу ытыктыырын, туохтан сиргэнэрин-кэлэйэрин өссө буукубаны билбэккэ да сылдьан, эбэтин киэһээ ахсын кэпсиир остуоруйаларыттан, олоҥхолоруттан билбитэ. «Олоҥхо омуннаах, остуоруйа эбиилээх» диэн өс хоһоонугар төһө да эттэллэр, кинини үчүгэйи, кэрэни сыаналыырга, кырдьаҕаһы, эдэри убаастыырга үөрэппитэ саарбаҕа суох. Онтон билигин эбэлэрин кырдьыбытын, ыалдьар-кыаммат буолбутун кэннэ, туһаттан таҕыстыҥ диэн кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарары илэ өйүнэн сылдьар киһи туох диэн сыаналыан сөбүй? Төрөппүт, хаан-уруу киһигин ити кэнниттэн хараҕын утары хайдах көрүөххэ сөбүй? “Кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт”, — диэн өс хоһоонугар тугу этэллэрий? Билигин аҕабар тиийэн бу сурах кырдьыгын-сымыйатын хайаан да билиэм. Аҕам ийэтин кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарарга сөбүлэспэтэх буолуохтаах. Кырдьар кырыыс дииллэрэ сөп эбит. Ол эрээри, бэйэлээх бэйэҥ төрөппүт оҕоҥ ийэлээх аҕатын кырдьыбыттарын кэнниттэн, сир-халлаан икки ардыгар хайдах хаалларыан сөбүй? Кырдьартан ким да куоппат. “Бэйэҕиттэн сиппэтэҕинэ, бэдэриттэн ситиэхтин”, — диэн өс хоһооно бэйэҕэр эргиллэн кэллэҕинэ биирдэ өйдүөх муҥмут буоллаҕа. Кыыс сотору аҕата үлэлиир сиригэр тиийэн, тэрилтэҕэ киирэр киһи быһыытынан бэрээдэктэнэн бүрүүкэтин, куоптатын көннөрүнэн имэрийбэхтээн ылла. Кылгас куудара баттаҕын кэннин диэки силэйэ аста, киэҥ кылдьыылаах хара хараҕа, күн уотуттан саатан араастаан симириктээтэр да, иккис этээс килэдиспит түннүктэрин ааҕа одууласта. Манна аҕата тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр кылаабынай исписэлииһинэн үлэлиир. Нарыйа киирэ үөрүйэх киһи быһыытынан иккис этээскэ таҕыста. Аҕатын үлэлиир кэбиниэтин аһан киирээт, түннүккэ кэннинэн нүксүччү туттан турар аҕатыгар хараҕа быраҕылынна. — Аҕаа, — Никита Николаевич кыыһа ыҥырбытыгар бэрт көһүүннүк туттан эргилиннэ, аҕатын суһуктуйбут сирэйин кыыс соһуйа көрдө, — Аҕаа, эбэбитин кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарарга эйиигин сөбүлэһэн илии баттаабыта дииллэрэ кырдьык дуо? — Һыллы, акаары аҕаҕын бырастыы гын, ааспыт нэдиэлэҕэ ол докумуоннарыгар илии баттаабыт буруйдаахпын. Бу күннэргэ элбэҕи толкуйдаатым. Күн сиригэр төрөппүт күн-күбэй ийэбин ол дьиэлэригэр төнүннэрбэттии биэрэргэ, хайдах санаам буолан илии баттаабытым буолла, айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ, — Никита Николаевич 15 — тээх кыыһа утары көрөн туран ыйыппытыгар, халты көрөн туран хоруйдуурун быыһыгар, киһи хараҕар быраҕыллар күрэҥсийбит баттаҕын имэриммэхтээн ылла. — Аҕаа, оччоҕо эбэбитин биэрбэппит, — кыыс аҕатын кууһан ылла. — Ол кырыыстаах кумааҕыны төттөрү ылыахпыт. Бардыбыт, — аҕата кыыһын санныттан кууһан кэбиниэттэн тахсан бардылар. – Бу бээтинсэҕэ дэриэбинэбитигэр тахсан, эбэбит дьиэтин сөргүтүөхпүт. Баҕатын хоту дойдутугар сайылыаҕа. Кыаллар буоллаҕына, ититэр систиэмэ холботторон, кыһынын хаһан баҕарар баҕардаҕына, тахсар гына дьаһаныахпыт. Мин киирэ-тахса ийэбин кытта олоруом. Кыаллар буоллаҕына, үлэ көһүннэҕинэ, үлэлии-олоро да тахсыам. Төрөөбүт дойду күндүтүн киһи сааһырдаҕын ахсын үчүгэйдик өйдүүр быһыылаах. Төрөөбүт сиргэ муҥура суох таптал хас биирдии киһи сүрэҕин хайа эрэ муннугар баар эрээри, сорох дьоҥҥо хойутаан уһуктар. Олортон биирдэстэрэ эн аҕан мин буолабын, — аҕата сирэйэ сырдаан кыыһыгар кэпсиирин быыһыгар быйыл сайын кэргэнэ Альбина Турцияҕа барар былааннааҕын кэпсээбитин өйдөөн кэллэ. Стамбулга Сулейман султан, Хурем хотун дыбарыастарынан, остуоруйа миэстэлэринэн күүлэйдиэх, мэчиэттэринэн сылдьыах буолан эрэрэ. Түөрт муора тулалаан турар сиригэр тиийэр уруккуттан ыра санаата. Субуота, өрөбүл күннэргэ 6 чаастан саҕалаан телевизортан арахпат. “Великолепный век” сериалы хас сырыы ахсын көтүппэккэ көрөртөн салгыбат буоллаҕа үһү. Ити күн киэһээҥҥи ас астаммат. Нарыйа бириэмэлэнэн ас астаатаҕына аһыыллар, суох да суох. Ийэлэрэ ааттаах “дьыбаан киэргэлэ» буолан сытар. Кырдьыгын эттэххэ, хара маҥнай ыал буолуохтарыттан Альбинаны төбөтүгэр олус ытыннарбыт. Кэргэнэ саҥарбыт саҥата, эппит этиитэ – киниэхэ сокуон этэ, бэл, тастыҥ дьон «үчүгэй, атаах дьахтар” диэн сөҕөн этээччилэр. Төһө да оҕолорун ийэтин, кэргэнин таптаатар, барытын тук курдук толорон испэккэ, нэмин көрөн сыһыаннаһыахха баар эбит. — Аҕаа, мин эмиэ тахсыам. Оскуоланы бүтэрэрим икки сыл хаалла. Тыаҕа үөрэниэм, — кыыс төрөппүтүн утарылаһыннарбаттыы булгуччулаахтык этэр. – Таарыччы эбэбин көрүөм, күүс-көмө буолуом… Бу күннэргэ ыарахан таһаҕас буолан, дууһаларыгар сөҥмүт ыар санааттан босхолонон аҕалаах кыыс иккис этээстэн чэпчэкитик дэгэйэн түстүлэр. Маарын сарсыардаттан, сибилигин ардыах курдук барыаран турбут халлаан халлан, күн чэмэличчи тыган кэлбититтэн, аҕалаах кыыс сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолла. Татьяна Находкина, Уус Алдан улууһа.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан