Кэпсээ
Войти
Регистрация
Проспекка үүммүт күөх луук уонна сүппүт короссуопка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Проспекка үүммүт күөх луук уонна сүппүт короссуопка
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.05.2021 18:00
Проспекка үүммүт күөх луук уонна сүппүт короссуопка (Дьиҥнээх олохтон кэпсээн) Юля Кравченко уонна Андрий Таванец Саха сиригэр Донецкай уобаластан кэлбиттэрэ. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар туйгуннук үѳрэнэн 2-с кылааhы тахсыбыттара уонна иккиэн оскуолаларын лааҕырыгар сынньана сылдьыбыттара. Кырачаан, чуумпу Юля сандаархай харахтарыгар ааhан-араҕан биэрбэт курус санаа толбоно түспүт этэ. Ийэтэ суох, сэриигэ суорума суолламмыт дииллэрэ. Аҕатынаан иккиэйэҕин олороллоро. Юля туохтааҕар да үүнээйилэри кэрэхсиирэ. Лааҕыр оҕолоро сотору-сотору сылдьар “Фантастика уонна мүлчүргэннээх сырыылар эйгэлэрэ” диэн Залог бибилэтиэкэтиттэн “Мир растений” ыйынньык-кинигэни уларсан, кэрэхсээн ааҕа сылдьара. Улааттаҕына, ботаник буолан, күѳх эйгэҕэ үлэлиир, чинчийэр кэскиллээх былааннааҕа. Андрийы, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр, биир сиргэ тэhийэн олорбот сытыы уолчааны, аламаҕай уонна сүрдээх ис киирбэхтик мичимээрдии сылдьар буолан, оҕолуун-улаханныын бары сѳбүлүүллэрэ. Кини, мэлдьи күлэ-үѳрэ сылдьар бэйэтэ, арай, биирдэ, хараҕын уутун кѳрдѳрбүтэ. Чэ, саас-сааhынан сэhэргээтэххэ, ол маннык этэ. Субуота күн, лааҕыр “Робинзоннар” диэн этэрээтэ бибилэтиэкэҕэ сылдьан баран, Арҕаа Европа ускуустубаларын муhуойугар пааранан кэккэлээн испитэ. Давляты (Давлятов Сашаны оҕолор итинник ааттыыллара) кытта сиэттиhэн иhэр Андрий Таванец уларыттар атаҕын таҥаhын – короссуопкатын – уктубут салапаан бакыат-суумкатынан оту-маhы кытта «охсуhа» испитэ. Табаарыстара даҕаны, лааҕыр үлэhиттэрэ даҕаны боччуйардыы этэн, буойан кѳрбүттэригэр кыhамматаҕа. — Кѳрдүгүт дуо, ити хатыҥы короссуопкабынан хайдах курдук саайбыппын? Тыаhын иhиттигит ини?– уолчаан сүргэтэ кѳтѳҕүллэн, тѳбѳтүн үрдүнэн атах таҥастаах суумкатын эргичиҥнэппитэ. — Андрий, аан бастаан, бакыаккын кулахачытаргын тохтотуох кэриҥнээххин. Арай, мүлчү тутан, кимиэхэ эмэ сирэйигэр түстүн? – мэниктээн олустаары гыммыт уолчааны уҕарыппытым. – Иккиhинэн, киhи үүнээйини туhата суохха алдьатыа суохтаах. Кыратык саҥата суох хаампахтаан баран, эппитим: — Билэҕин дуо, биhиги, хоту сир олохтоохторо, саныырбытынан, от-мас, үүнээйи барыта тыыннаах, куттаах, иччилээх. Тыаҕа туос суллуу эбэтэр оттукка мас кэрдэ тахсыбыт киhи бастаан хатыҥтан эбэтэр тииттэн кѳрдѳhѳр… — Туох диэн? – Андрий бейсболкатын кэтэҕин диэки сыҕарыппытыгар, тиритэн хараара сиигирбит куудара омоонноох кылгас кѳҕүлэ быкпыта. Күн уотуттан хараҕа саатан, симириҥнээн ылбыта. — Соруйан, ѳhѳѳн буолбакка, кыhалҕа кыhайан алдьатан эрэбин диэн, — аа-дьуо быhаарбытым, — ити эн талаҕы, маhы суумкаҕынан охсуолаабытыҥ куhаҕан. — Хатыҥ, иччилээх буоллаҕына, иэстэhиэн сѳп дуо? – Таванец атах таҥастаах бакыатын хонноҕун анныгар кыбынаат, итэҕэйбэтэхтии ыйыппыта. — Биллэн турар, иэстэhэр, — мин иннибинэ табаарыhа Давлят саҥа аллайа охсубута. — Иэстэспэтэҕин да иhин, куhаҕан. Тулалыыр эйгэҕэ киhи харыстабыллаахтык сыhыаннаhыахтаах, — сүбэлиирдии эппитим. Кыргыттар уулусса кытыытынааҕы үѳттэр, хатыҥнар анныларыгар дѳрүн-дѳрүн кѳстѳр араас сибэккилэри кэрэхсии кѳрѳ, ырыта испиттэрэ. Юля Кравченко, лааҕыр физруга Екатерина Евгеньевнаттан кѳҥүллэтэн, Ленин проспегын кытыытынааҕы мастар анныларыттан тугу эрэ үргээбитэ уонна: — Бу туох сибэккиний? – диэн ыйыппыта. Кѳрбүппүт… болчуоктаммыт күѳх луугу тутан турара. Итэҕэйбэккэ, сыттаан кѳрбүппүт. Юля булбут “сибэккитэ” дьиҥнээх луук этэ. Дьэ, дьикти. Куорат ортотугар күѳх луук үүнэр эбит дии! Бука, ѳрүс кытылыттан кумаҕы аҕалан, олордуу мастар тѳрдүлэригэр куталларыгар, луук сиэмэтэ кэлсэн, үүммүт буолуохтаах. Петровскай уулуссатыгар чугаhаабыппыт. Доҕордоhуу болуоссатын ааhан эрдэхпитинэ, арай, Андрий аймана түспүтэ: — Биир короссуопкам суох! Түhэн хаалбыт! — Ити баар дии! Эппиттэрэ дии, эйиэхэ, маhы-талаҕы түбэhиэх кулаама диэн! – Света Винокурова, алдьанан, дьурааламмыт экраннаах смартфонун күн уота кубарыччы сиэбит джиинсатын кэлин сиэбигэр укта туран, сэтэриирдии эппитэ, — дьэ, билигин муhуой кѳрѳр оннугар таапачыкаҕын кѳрдүү барыаҕыҥ! — Таапачыка буолбатах, короссуопкам аҥаара. Булбатахпына, ийэм оройбун чокуйуо, – уолчаан сыҥсыйбыта, хараҕыттан сырдык таммахтар бычалыhан тахсыбыттара. — Ити аата, хатыҥ кэhэттэ, “аны миигин охсубат буол” диэн, — бытаан, холку Данил Зайцев эттээх, тѳгүрүк сирэйигэр түспүт кѳлѳhүнүн уҥа харытынан ньуххана туран быhаарбыта. — Доҕоччуок, уоскуй. Эр киhи буоллаҕыҥ, ытаама. Тѳннѳн иhэн бары кѳрдүѳхпүт уонна булан ылыахпыт. Ханна да барыа суоҕа, түспүт сиригэр сытара буолуо. Билигин олус интэриэhинэй, дьэрэкээн экспонаттары кѳрүѳхпүт, — кыра «робинзоны» аралдьыппытым. Дьиңэ, атын оҕолору Екатерина Евгеньевнаны кытта арҕааҥҥы ойуулуур ускуустуба түмэлигэр ыытан баран, уолчааны илдьэ, сонно тута, ол сүппүт атах таҥаhын кѳрдүү тѳннүөхпүн сѳп этэ даҕаны, бириэмэбит ыгыма бэрт этэ. Түмэли кѳрѳргѳ лааҕыр толору графигыттан биир эрэ чааhы «кырыйбыппыт». Муhуойга баар ураты кэрэ хартыыналары оҕолор олус сѳбүлээбиттэрэ. Үгүстэр дьоннорун кытта ѳрѳбүлгэ ѳссѳ кэлэ сылдьыахтарын баҕарбыттарын биллэрбиттэрэ. Тѳннѳн иhэн, аара, Андрий сүтэрбит короссуопкатын кѳрдѳѳбүппүт. Син балай да мачайдаммыппыт. Булбатахпыт. Хайыахпытый, эбиэт кэмэ чугаhаан, лааҕырбытыгар барбыппыт. Суол былаhын тухарын уолбут сүтүгүн аhыйан, кистээн хараҕын уутун сотто испитэ… Эбиэт кэннэ Андрийы ийэтэ ыла кэлбитэ. Атаҕын таҥаhын аҥаарын түмэлгэ баран иhэн сүтэрбитин кэпсээбитим. — Чэ, буолааччы… — тѳрѳппүт, хата, улахаҥҥа уурбатахтыы хардарбыта. Бэнидиэнньиккэ Таванец үѳрэн-кѳтѳн дьэргэстэйдэнэн кэлбитэ: ѳрѳбүлгэ дьонун кытта кѳрдѳѳн, сүтүгүн булбуттар этэ. — Бу! Буллубут! – Андрий “липучкалаах” хара короссуопкаларын кѳрдѳрбүтэ, — ааспыкка биҺиги отой атын сиргэ кѳрдѳѳбүт эбиппит. — Андрий, оту-маhы мээнэ тыыппат, алдьаппат буол, оччоҕо итинник балаhыанньаҕа түбэhиэҥ суоҕа! – аттыбытыгар турар Давлят “үѳрэппитэ”, күкээркэй баттахтаах тѳбѳтѳ лэкээрийбитэ. — Сѳп-сѳп, ѳйдѳѳтүм, аны үүнээйини мэнээк тыытыам суоҕа! Хатыҥ үчүгэйдик ѳйдѳттѳ! – Андрий атаҕын таңаhын уларытта олорон, кѳрдѳѳхтүк чаҕаарыйбыта, мичээрдээн мытырыйбыта. Оттон мин, атыны саныы олорор буолан, аргыый үѳhэ тыынан ылбытым: Юлялаах Андрий Саха сирин дойду оҥостон, манна хаалыахтара дуу? Эбэтэр, хаhан эрэ, дойдуларыгар тѳннүѳхтэрэ дуу? Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан