Кэпсээ
Войти Регистрация

Сынньалаҥҥа: Тиимтик мучумааннара

Главная / Кэпсээн арааһа / Сынньалаҥҥа: Тиимтик мучумааннара

K
edersaas.ru Категорията суох
13.05.2021 19:00
Тиимтик, киэптии соҕус туттан орто уолугар бирикээс кэриэтэ “күрүөҥ аанын арый, чугаһаатым” диэн көрдьүөттэннэ. Аһыылаах күрүө аанынан киирэн, дьиэ иннигэр “уазик” массыына туормастаан хорус гына түстэ. Дьиэтигэр киирэн, бултуйбут киһи быһыытынан, үрүсээгин тыастаахтык оһоҕун иннигэр бырахта уонна сүгэн киирбит иһинэн хатыырдаах, аҕатыттан хаалбыт саатын муостаҕа доргута соҕус киирии аан соҕуруоккатыгар өйөннөрө туруорда. Саата чочумча буолан баран эстэн бурҕас гынна. Тиимтик соһуйан чохчос гына түстэ. Сиргэ тимириэн халыҥа биэстээх былаахыта уйунна. Ойоҕо “оҕолору дэҥнээри” диэт, маат-муут буола түстэ да, сахсырҕа өлөрөрүнэн ханна түбэһиэх сыбаабытынан барда. Тиимтик ойоҕун ытарчалыы кууһаат, “алҕас эҥин” диэн сыллаан-уураан нэһиилэ тохтотто. Дьэ арыый уоскуйан булдун хостоору үрүсээгин арыйбыта, бөхтөөх бакыаты кыттыгастара киниэхэ симпиттэр эбит. Таһырдьа таһаарыан сүрэ­ҕэлдьээн, сиик таттара таарыйа эҥин дии санаан оһоххо си­­мээт, уот анньан кэбистэ. Бултарын оһох иннигэр тэлгэтэн баран, аһыыр сиргэ ааста. Ойоҕо миин куппутун үрэн сойута-со­йута иһэ олорон, “антах бөхпүтүн хомунан ыраастаан кэллибит. Ол бөҕү көрбөппөр сараһыттар мин үрүсээкпэр укпуттар эбит, ону дьиэ сиигин таарыйа таттараары оһоххо симтим” диэтин кытта, дьэ доҕор, эстэр тыас тыаһыыр да дьиэни биир гына кыһыл кирпииччэ тоорохойдоро ыһылла түһэллэр. Ону тэҥэ ойоҕо барахсан хаһыыра түһээт, хос эбээтиттэн хаалбыт ыбыс ыарахан миин баһар хамыйаҕынан олох бэккэ түбэһиннэрэн, оройун хаба ортотугар табар. Тиимтик барахсан сыыҥа бырдьас гына түһэр да туймааран төттөрү олбоҕор олорунан кэбиһэр. Олбох көхсүгэр дөйөн балай эмэ тиэрэ түһэн олоро түһэр уонна өйдөнөн түҥ-таҥ үктээн оһоҕун диэки баран истэҕинэ оһоҕо түллэх гына түһэр да чэчэгэйин сиирэ-халты кирпииччэ тоорохойо иһиирэн ааһар да, били кэлбит-барбыт ыалдьыттарга киэн туттан көрдөрөр мааны лүүстүрэтин тоҕо түһэн кэбиһэр. Ойоҕо часкыйа түһээт, Тиимтиги көхсүттэн анньыбыта, киһитэ бэйэтэ да туймаара сылдьар киһи туруйалаан тиийэр да билиитэтэ, ойоҕоһо суох оһоҕор төбөтүн оройунан дьылыс гынан хаалар. Эмиэ өйүн сүтэрэн, дөйө быһыытыйан сытынан кэбиһэр. Ойоҕо кэлэн “Тиимтик, Тиимтик, тыыннааххын дуо” дии-дии ытаан сыҥсыйарын истэр уонна сору­йан, куттана түстүн диэн, хайдах охтубутай да оннук умса түһэн сытар. Ойоҕо ыксыы быһыыты­йар, тардыалыы сатаан кыайбакка, оҕолорун көмөлөһүннэрээри, хаһыытаан ыҥыра сатаан баран, дьиэ түгэҕэр оҕолорун көрдүү барар. Оҕолор барахсаттар куттанан үһүөн үс аҥыы саспыттарын син көрдүү түһэн баран булуталыыр. Улахан уол дьыбаан дьааһыгар, кыра орон анныгар, орто уол ыскаап иһигэр киирбиттэр. Төрдүөн көмөлөөн син аҕаларын ороон таһаараллар. Паапалара да кыратык көмөлөһөн биэрэр. Кыра уол өрө хантайан туран мааматыттан ыйытар: “Маамаа, паапа боевик буолбут дуо?” Маамата: “Суох, сыллыый, паапабыт боевик буолбатах, байанайдаах булчут”, — диэн эппиэттиир. “Тиимтик, өйдөн”, — дии-дии илгиэлиир, устунан сирэйин таһыйан барар. Тиимтик ыарыытын тулуйбакка, өйдөммүтэ буолан ойон турар. Улахана үөрэн паапатын иһиттэн кууһан туран “ураа, паапам тыыннаах” диэн саҥа
аллайа түһэр. “Оо, мааҕыын Дьаакып хаа ботуруонун булбакка кэлбитэ ээ. Бөххө буккуйбуттар эбит”, — дии саныыр. «Ити сааны киэр гын” диэн кэргэнэ Тиимтиккэ кытаанахтык этэр. УРУТ. 2020 сыл 09.06.
edersaas.ru сайтан