Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэмбиэртэн тохтубут кумах кыырпахтара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэмбиэртэн тохтубут кумах кыырпахтара
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.06.2024 10:15
Киэһэрдэ. Төһө да күн киирээри оҥостон мас төбөлөрүн хаарыйдар, син биир ип-итии салгын илгийэр, салгын суоҕун кэриэтэ. Сиртэн тэйэ оонньуур дьэргэлгэн араас дьикти көстүүлэри оонньотор. Кыра Ньукуолка дьэргэлгэн көстүүлэрин кэрэхсээн, хараҕа арахпат, эбэтэ кэпсээбит остуоруйаларын араас уобарастара бары көстөллөр. Ол турдаҕына, эмискэ, алаас уҥуоргу өттүнэн, тыа саҕатыгар аттаах киһи уобараһа сиртэн тэйэн устан иһэргэ дылы, сүтэ-сүтэ көһүннэ. Эбэтэ Маарыйа эмиэ бу көстүүнү дьэбин уоһуйан, дьиксиммит харахтарынан одуулуу турарыгар Ньукуолка хараҕа хатанна. Кинилэр алаастарыгар улаханнык ким да сылдьыбат буолан, иккиэйэҕин дьиктиргээн, көрөн соҥуоран сукуллан турдулар. Арааһа, эмиэ илдьит дуу, сурук дуу аҕалан истэҕэ… Маарыйа эмээхсин икки улахан уолун сүтэрбит улахан аһыылаах, өлбүт сурахтарын, хара суругу эмиэ итинник алаас уҥуоргутунан айаннаан маҥан атынан аҕалан биэрбиттэрэ. Билигин кыра уола, Ньукуолка аҕата Паана, сэрии толоонугар тыыннаах ордон сылдьар. Ийэ сүрэҕэ барахсан үргүбүт туллуктуу өрө мөҕүстэ, туох эрэ соччото суох сураҕы истимээри, тэйитэ нүөлүйэ мөхтө. Ньукуолка санаатыгар, туох барыта тохтоон, чуумпуран, тугу эрэ кэтэспиттии иһийдэ. Аттаах киһи чугаһаан кэллэ, нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээрэ Сибиэтэ эбит. Сурук аҕалбыт. Ньукуолка да, эбэтэ да суругу сатаан аахпаттарын билэр буолан, Сибиэтэ обургу суругу ааҕаары ынньаҥалаппытын эмээхсин “дьиэҕэ киириэх” диэн тохтотто. Саха ыалын сиэринэн, киирбит ыалдьыкка Маарыйа эмээхсин итии үүттээх чэй кутан, алаадьы ууран остуол тарта. Сэкирэтээр Сибиэтэ итии чэйи сыпсырыйан иһэ олорор кэмигэр, Маарыйа аргыый аҕай, сэрэммиттии кэмбиэри тэнитэн арыйа олордо. Остуолга кэмбиэр иһиттэн добуочча элбэх кумах кыырпахтара тоҕуннулар. Сэрии толоонуттан кэлсибит кыырпахтар буоллахтара… Эмээхсин биир да кумах кыырпаҕа хаалыа суоҕар диэри ытыһыгар холбуйан ылан, маҥан былаатын муннугар кичэйэн суулаан, хам баайан кэбистэ. Оччотооҕу Ньукуолка, билигин Николай Пантелеймонович, кэмбиэртэн тохтубут кумах тыаһын билигин да истэргэ дылы… «Өстөөх уоттаах атааката намыраабытын быыһыгар окуопа иһигэр суруйа олоробун. Өстөөх икки атаакатын тохтоттубут…» диэн сурукка тиһиллибит. Сурук түмүгэр, Пантелеймон дьонугар-сэргэтигэр эҕэрдэ ыыппыт. Сибиэтэ суругу ааҕан бүтэрээт, сыа-сым курдук үс муннуктуу хомуйа тутан, сыаннай кылаат курдук, Маарыйаҕа туттарда. Бу сурук, кырдьык, сыаналаах күндү мал бөҕө буоллаҕа, сүрэх баастаах ийэ муҥнаах чороҥ соҕотох хаалбыт уолун тыыннааҕын туоһута. Кини уола тыыннаах… тыыннаах эбээт, тыыннаах! Сэкирэтээр Сибиэтэ соругун сиппит киһи быһыытынан, сып-сап туттан, атыгар олороот төттөрү, алаас уҥуоргутун диэки, ыстаннара турда. Кини бу ыалга иккитэ хара өлүү суругун аҕалан туттаран турар, онон бу сырыыга үтүө сонуну бэйэтэ тиэрдэргэ санаммыта. Төннөн иһэн, суол арахсыытыгар, эмискэ өйдөөбүтэ, сурук аллараа өттүгэр суруллубут күнүн-дьылын этээхтээбэтэх эбит. Онон көрдөххө, саллаат суруга балтараа ый айаннаабыт. Төһө да уоттаах сэрии турдар, сурук син түргэнник кэлэрэ-барара. Бу сурук тоҕо наһаа уһуннук айаннаабыта буолла диэн Сибиэтэ иһигэр дьиктиргии истэ… 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллын барбыт, 1914 сыллааҕы төрүөх Прокопьев Пантелеймон Николаевич өлбүтүн туһунан хара сурук 1943 сыллаахха күһүн сэтинньи ыйга, Ньукуолка эбэтэ Маарыйа өлбүтэ биир ый ааспытын кэнниттэн кэлбитэ. Онон ийэ барахсан, төһө да сүрэҕэ сэрэйдэр, ордон хаалбыт кыра уола өлбүтүн истибэккэ, анараа дойдуга аттаннаҕа… Николай Пантелеймонович аҕатын көмүс уҥуоҕа харалла сытар сирин, кэлин, уларыта тутуу кэнниттэн, Калуга уобалаһыгар баар Милеево дэриэбинэтиттэн булбута. Бастакы сырыытыгар үс уолун үһүөннэрин илдьэ тиийбитэ. Кинилэри тимир суол ыстаансыйатыгар олохтоох байыаннай-патриотическэй түмсүү кыттыылаахтара көрсүбүттэрэ. Бастакы күннэригэр, дэриэбинэ киэн туттар сирдэрин, «Тишина» киинэҕэ ылламмыт, кэлбит турист эрэ бары сөҕө көрөр аатырбыт “Безымянная высотаны” көрдөрө бараары гыммыттарын, Николай Пантелеймонович, бу экскурсияттан, эйэҕэстик мичээрдээн баран, аккаастаммыта. Тута аҕата көмүллэ сытар сиригэр барбыттара. Хонуу… Туох да уратыта суох нуучча сирин хонуута. Аргыый чуумпутук устар үрүйэ, сэмэйдик үүммүт хахыйахтар, хатыҥнар… Киһи курданарыгар диэри үүммүт от быыһынан ыллык, охсуллубатах оту оргууй хамсатар сиккиэр тыал, араас от-мас сыта, сибэккиттэн сибэккигэ көтөр тигээйи тыаһа эрэ иһиллэр чуумпута… Бу барыта Николай Пантелеймонович өйүгэр хаһан да умнуллубаттыы хатаммыттар. Бу сырыыны барытын олохтоох информатика учуутала хаамыраҕа устубута уонна Николай Пантелеймоновичка бэлэх ууммута. Бу устууну дойдутугар дьиэтигэр кэлэн баран хаста да хатылаан, санаан кэлэ-кэлэ көрбүтэ. Хаһыс көрүүтүгэр эбитэ буолла, кэлин бу устууга биир түгэни бэлиэтии көрбүтэ. Тыһыынчанан көмүс уҥуохтар обелисктарын быыһыгар, арай, Сахабыт сирин хатыҥар майгынныыр дьоҕус сэмэй хатыҥ үүнэн, хас биирдии саха саллаатын уҥуоҕун имэрийбиттии, сүрэҕин уоскутардыы суугунуу турара… Николай Пантелеймонович аҕатын төрөөбүт алааһыттан кыракый өрбөх мөһөөччүккэ уктан кэлбит буорун хостуура, аттыгар үс уола, эһэлэрин харахтаан көрбөтөх көмүс сиэннэрэ тураллара көстөр. Аҕатын ийэ буорун уҥуохха уурар сиэрин-туомун толорор саҥатын тыал садьыйан сүгүн иһитиннэрбэт, арай, уруургуу көрбүт хатыҥа сөпсөһөрдүү суугунуура иһиллэр. Хаһан да бүтүө суохтуу ийэ буор таммалыыр… Николай Пантелеймоновиһы эмискэ мип-минньигэс салгын сайа охсорго дылы гынна, ырыых ыраах хаалбыт оҕо сааһын алааһын салгына… Ону кытта эбэтэ маҥан былаакка суулаан уурбут аҕатын суруга көстөргө дылы гынна….кэмбиэртэн тохтор кумах кыырпахтарын тыаһа… Алексей АМБРОСЬЕВ-Сиэн МУНДУ, Нууччалыыттан сахалыы Варвара ВАСИЛЬЕВА тылбааһа.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан