Кэпсээ
Войти
Регистрация
АПТААХ ЧУОРААНЧЫК
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ АПТААХ ЧУОРААНЧЫК
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
07.06.2022 17:35
Ааптар: Мария Винокурова - Ийээ, көрүүй. Бу ханнык чэчигий? Эчи, кэрэтин!- сайыҥҥы тэтэркэй ырбаахылаах, кылгас баттахтаах, хап-харанан көрбүт алта саастаах кыысчаан ийэтин илиититтэн тардыалаһар. - Тукаам, бу чуораанчык диэн хонуу сибэккитэ, - сибэкки ойуулаах сырдык ырбаахылаах, хара бараан хатыҥыр дьахтар кыыһа кэрэни кэрэхсиириттэн үөрэн, истиҥник мичээрдиир. - Кырдьык дуо? Ийээ, үүт-үкчү Маҥаачый чуораанчыгын курдук дии! Тыаһыыр дуо? Истиэххэ! – Кыыс кулгааҕын тоһуйан, элбэх күөх чэчиктээх умнаска нөрүйэр. - Суох. Биһиги кини тыаһын кыайан истибэппит. Туйаара, аптаах чуораанчык туһунан остуоруйа истиэххин баҕараҕын? - Кэпсээ. Истэбин! – Туйаара үөрэн, ыйаастыгас харахтара тырымнаатылар. - Арай биирдэ, сандал саас ааһан, самаан сайын кэлбит кэмигэр ийэ буорга силис тардан, быыкаайык үнүгэс быган тахсыбыт. Сыыйа, от-мас көҕөрөр, сир-дойду сибэккинэн симэнэр күннэригэр ол үнүгэспит үүнэн силигилээбит. Ситэ арылла илик эминньэхтээх күөх чэчиктэрэ тыллан, сир диэки хоҥкуйбуттар. Кэрэчээн чэчиги бары таптыыллар эбит. Оннооҕор күн, сылаас сардаҥаларын ыһан, чуораанчыгы иилии эргийэ сылдьан: “Мичилий”, – дии-дии эйэҕэстик мичээрдиир. Туйаара, күн хайдах мичээрдиирий? – Даайыс кыыһын сирэйин одуулаата. - Ийээ, бу маннык мичээрдиир,- Туйаара күн сырдыгыттан харахтарын симириктээн, мичик аллайда. - Чээн, оҕом мичээрэ үчүгэйин! Оттон сырдык нуһараҥ түүн үрүҥ көмүс ый тахсан, күөх чэчиккэ анаан, аргыый аҕай биһик ырыатын ыллыыр. Уонна уоһун чорботон, намыыннык: "Утуй, утуй", - диир. Туйаара, ый уоһун хайдах чорботоруй? - Маннык! – кыысчаан уоһун чорботто. Эбиитин чуораанчыгы имэрийдэ. – Утуй, утуй, - дии-дии ботугураата. - Оҕом сотору бэйэтэ остуоруйа кэпсиэҕэ,- Даайыс кыыһын баттаҕын имэрийдэ. – Чэ, Туйаара, дьиэбитигэр барыахха. Мин эйиэхэ чэчик хайдах арылларын көрдөрүөм. Сөп? - Иэхэйбиин! Көрүөхпүн олус баҕарабын! – кыыстаах ийэ тиэтэйбиттии дьиэлэрин диэки хаамтылар. *** Даайыс кумааҕыга дьоҕус төгүрүгү ойуулаата уонна хаста да тарбаҕын төбөтүн ууран, тула сурааһыннары тарта. Аҕыс тэбис-тэҥ эминньэхтээх чэчик буолла. - Ийээ, билигин харандаастарбын аҕалыам, - диэт, кыысчаан хоско сүүрдэ. Кини чэчиги дьэрэкээн өҥүнэн киэргэттэ. - Кустук өҥнөөх чэчик буолбут дии! –Даайыс кыыһын хайҕаата уонна нэлэгэр иһит түгэҕэр уу кутта. Дьэрэкээн чэчиги кырыйан, эминньэхтэрин бүк тутта. Уонна уу үрдүгэр сэрэнэн уурда. Ону эрэ кэтэспит курдук, сибэкки аа-дьуо аһылынна. Кыыстаах ийэ кэрэ көстүүнү көрөн, дьоллоохтук күллүлэр. - Наһаа астык! – Туйаара үөрэн саҥа аллайда. - Туйаара, сибэкки хас күн аайы аһыллар ээ, - Даайыс эйэҕэстик мичээрдээтэ. - Кырдьык дуо? Чуораанчык эмиэ аһыллар дуо? - Эмиэ. Чэчиктэр киһи курдук эмиэ утуйар кэмнээхтэр. Эминньэхтэрин кумунан, нуктууллар. "Уум кэллэ", - диэччигин дии. Оттон тыала суох сайыҥҥы түүн окко сиик түһэр. Чэчиктэр ол сииккэ сууланан, бэрт минньигэстик утуйаллар. Чөмчүүк таастыы кылабачыйан, окко-маска ыһыллан сытар элбэх сииги көрүөххүн баҕараҕын? - Көрүөхпүн баҕарабын! Оттон тоҕо билигин көстүбэтий? - Күнүс салгын сылыйан, сиик көтөн хаалар. Тыала суох сөрүүн сарсыарда сииктээх оту кэһиэххэ сөп. Сииги көрдөхпүнэ, сарсыарда эрдэ уһугуннарыам, сөп? - Ийээ, арай чуораанчыгы үргээн, хоспор киллэриим? Баҕар, сарсыарда сииктээх турар буолуоҕа! - Тукаам, сиик таһырдьа сөрүүҥҥэ үөскүүр. Халлаан тымныйдаҕына, салгыҥҥа баар уу паара таммах уу буолан хаалар. Чуораанчыгы үргээтэххинэ, иинэн-хатан хагдарыйыа. Кэбис, үргээмэ. - Сөп-сөп. Оччоҕо олох тыытыам суоҕа. - Сөпкө эттиҥ, сыллыый. Аптаах чуораанчык туһунан остуоруйаны салгыы истиэххин баҕараҕын? - Кэпсээ, ийээ. Истэбин! - Сибэккинэн симэммит киэҥ хонуу ортотугар үүммүт күөх чуораанчык сарсыарда күн таҕыстаҕына уһуктан, эминньэхтэрин арыйар эбит. Тыалга эйэҥэлээн, лыҥкыр-лыҥкыр тыаһаатаҕына, окко-маска оһуор курдук ыйаммыт дьэрэкээн чэчиктэр кэпсэтэн-ипсэтэн, ыллаан-туойан бараллар. Сибэккилэр сипсиэрдэрин истэн, үөн-көйүүр дэлэйэр, лыах кэрэмэһэ кэрэчээн чэчиктэргэ түһэр уонна сири-дойдуну кэрийэ сылдьан, көрбүт-билбит сонуннарын үллэстэллэр. Онтон чэчиктэр ыалдьыттарын минньигэс сүмэһининэн маанылыыллар. Киэһэ күн киириитэ чуораанчыкпыт лыҥкыныыр. Ол кэнниттэн, уу-чуумпу сатыылыыр. От-мас ылы-чып баран, устунан нуктуур, нухарыйар. Тыаһа суох үөмэн кэлбит үрүҥ түүн борук-сорук суорҕанынан тула баары оргууй сабар, сөрүүн салгынынан бигээн, үтүө-кэрэ түүллэри бэлэхтиир. - Ийээ, чуораанчык хайдах тыаһыырый? - "Лыҥ-лыҥ",- диэн тыаһыыр. Ону сибэккилэр уонна үөн-көйүүр эрэ истэр кыахтаахтар. - Чуораанчык тыаһыырын иһиттэрбин ньии, - Туйаара өрө тыынар. - Санаарҕаама тоойуом. Хата, чуораанчыгы ойуулуубут дуо? - Сөп. Кырдьык даҕаны! – Туйаара кумааҕыга күөх чэчиги ойуулаан бооччойдо. *** - Килиэп баар дуо? – Даайыс атыыһыттан ыйытта. - Баар-баар. Атыыга оонньуурдары аҕалбыппыт. Көрөҕүн дуо? - Хата, көрдөр эрэ. Ол чуораанчык сибэкки дуу? - Оннук. Иһит эрэ. Кыра оҕону саататар оонньуур, - атыыһыт чуораанчыгы хамсаппытыгар, иһигэр баар бытархай оҕуруолар тыаһаатылар. - Сөп. Сыаната хаһый? – Даайыс суумкатыттан кумааһынньыгын хостоото. *** - Иэхэйбиин! Ийээ, бу миэхэ дуо?- Туйаара саҥа оонньуурун эргим-ургум тутта, ол аайы чуораанчыга тыаһаан, кыыс күлүм аллайда. - Эйиэхэ аҕаллым. Сотору оскуолаҕа үөрэнэ барыаҥ дии! Уруок саҕаланарын уонна бүтэрин чуораан тыаһа биллэрэр ээ. - Ийээ, махтанабын! Чуораан тыаһа диэн тугуй? Улахан-улахан чуораанчык дуо? - Урут алтан чуорааны тыаһаталлар эбит. Билигин кнопканы баттаатаххына, улахан чугдаарар тыас иһиллэр. - Кырдьык дуо? Наһаа үчүгэйдик тыаһыыр, – Туйаара хаста да оонньуурун тыаһатта. Онтон кыыс хоһугар киирэн бүктэ. Сотору аптаах чуораанчык тыаһаата. Туйаара боччумурбут куолаһа тугу эрэ кэпсиир, үөрэтэр. Ол кэнниттэн, эмиэ чуораанчыга тыаһаата. Кыысчаан тэбэнэттээхтик күлэрэ иһиллэр. Бука, уруок быыһа саҕаланан, оонньуурдар күлэн-үөрэн эрдэхтэрэ. Мария Винокурова
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан