Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: «ҮӨРЭНЭН ХААЛБЫТТАР, ОЛОХТОРУН СИЭРЭ БЫҺЫЫЛААХ…”

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: «ҮӨРЭНЭН ХААЛБЫТТАР, ОЛОХТОРУН СИЭРЭ БЫҺЫЫЛААХ…”

K
edersaas.ru Категорията суох
07.05.2021 18:00
Батсаап ситимигэр, бука, этэр курдук “харчы баһа”, байа диэн хантан эрэ көһөн кэлээт, Дьокуускайбыт саамай “курутуой” 203-с түөлбэтигэр олохсуйа охсубут нуучча дьахтара, “пахыый, дьокуускайдар киэн туттар аныгылыы тутуулаах микро-оройуоннара, киһи оҕотун да холкутук дьаарбатар, хаамар кыаҕа суох, бүтүннүү кир-хох, чалбах-бадараан, ыт-куоска сааҕа, дьон олорор түөлбэтигэр ханнык да санитарнай ирдэбилгэ эппиэттээбэт помуойа, сыбаалка курдук. Маннааҕылар үөрэнэн хаалбыттар, олохторун сиэрэ быһыылаах, олох да кыһамматтар, дьыалайдаабаттар” диэн бэккиһээн, сиргэнэн суруйбутун ааҕан баран, “патриоттуу санаам” оонньоон, “көр эрэ маны, ханнык эрэ илэчиискэ кэллэ кэлээт, сиилээн-сэнээн эрдэҕин “ диэн өһүргэнэн өттүкпүн үлтү түһэ сыспытым. Онтум баара… Сахалар улуу учуонайбыт, академик Владимир Ларионов аатынан киэҥ, сырдык уулусса 202-с түөлбэ уһун субурхай дьиэлэрин кыйа хайдахтаах кэбилэнэн сытарын көрүө этигит! 14 №-дээх өҕүллэр уһун субурҕа куорпус, салгыы өссө икки КПД дьиэлэр тастарынан Набережнайга диэри сылдьыбыккыт дуо, бу түөлбэлэр дьаһалталара, куорат тойотторо-хотуттара? Били батсаапка суруйбут нуучча дьахтара көрөрө буоллар, уҥан түһүө этэ. Бу уулуссаҕа кэлэн куорат бары табаахсыттара “бычоктарын” анаан-минээн тамнаабыттар быһыылаах. Биитэр бу дьиэлэргэ олорооччулар хас этээс, хас түннүк аайыттан кыһыны быһа тамнаабыттар бадахтаах. Биримээнэ уонунан мөлүйүөн сигэриэт, бөппүрүөскэ төҥүргэһэ дьапталлан сытар. Туруусугуттан, ыстааныттан, ырбаахытыттан хатыччы хаппыт бачыыҥкатыгар, “айаҕын аппыт” саппыкытыгар тиийэ, бэл, тэлэбиисэргэ рекламалыыр дьахтар “быракылааккатын”, боруода атыырга да кэтэрдиллиэх сиэкистэһэр сээкэйи булуохха-хомуйуохха сөп. Таас, пластик бытыылка туһунан этэ да барыллыбат. Хас хардыыҥ аайы ыһылла сытар. Маҕаһыыҥҥа, поликлиникаҕа, уһатыллыбыт күннээх оҕо уһуйааныгар ити бөҕү-саҕы ортотунан, уҥа-хаҥас тэбэн-хаһыйан ыраастана-ыраастана киирэҕин-тахсаҕын, оҕоҕун киллэрэҕин-таһаараҕын. Ыт сааҕын бэллэччи үктүү, тэпсэ сылдьаҕын. Бу туох алдьархайай, хаһааҥҥа диэри ыттаахтар, иккилии-үстүү ыттаахтар эмиэ бааллар, көҥүл-босхо тулалыыр эйгэни буортулуулларый, дьон-сэргэ, оҕо аймах доруобуйатын сүһүрдэллэрий? Тоҕо биир да тустаах тэрилтэ кыһамматый, ыттарын сааҕын тутатына ыраастыылларын ирдиир дьайымтыалаах дьаһаллар олохтоммотторуй? Бу боппуруос социальнай кыһалҕа буолбута ыраатта эбээт. 202-с түөлбэ дьаһалтата, куораппыт салалтата сахалыы ааҕар буоллаххытына, бу Биэтэс түөһээҥки тугу туойбутуй, кырдьык дуу, сымыйа дуу диэн анаан-минээн тиийэн бэрэбиэркэлээҥ, дьаһалла ылыҥ. Бу үлүгэрдээх улууканнаах бырааһынньыктарга улуу учуонайбыт В.П.Ларионов аатынан суос-соҕотох уулуссабыт итинник ньүдьү-балай дьүһүннэнэн, кэбилэнэн сытара саата-суута, сүрэ бэрт. Ама да биһи буолпут иһин…
edersaas.ru сайтан