Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Ол былыр үһү дуо?» (Дьиҥнээх олохтон)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Ол былыр үһү дуо?» (Дьиҥнээх олохтон)
K
edersaas.ru
Категорията суох
07.05.2021 17:00
Уруок кэмигэр уон бииристэрбиниин «Дьикти саас» сэһэни ырыппыппыт. Оскуоланы бүтэрээччилэр проблемаларын тула кэпсэппиппит. Салгыы идэни талыы туһунан санаа атастаһыыта буолбута. Онтон сытыы-хотуу Паша Петрова: «Хайдах туттарсан киирбиккитий, университекка?» — диэн ыйыппыта. Мин: «Былыр, сүүрбэһис үйэҕэ…» — диэн кэпсээммин саҕалаан эрдэхпинэ, инники паартаҕа олорор Октя Аржакова күлбүтэ уонна: «Ол аата былыр үһү дуо? Былыр диэн динозаврдар саҕанааҕы кэм буо. Эбэтэр, чэ, мамоннар саҕанааҕы», — диэбитэ. Мин эмиэ күлбүтүм. Уруок бүппүтүн биллэрэн чуораан тыаһа чугдаарбыта. Учительскайга баран, сымнаҕас дьыбааҥҥа олорбутум уонна абитуриеннаабыт, практикаҕа хортуоппуйга сылдьыбыт кэммин эргитэ санаабытым. Улугуруу диэн ааттанар кэм – 1980 сыл. Н.С. Хрущев 1960 сыллаахха эрэннэрбитинэн, Сэбиэскэй Сойууска хомуньууhум тутуллуохтаах сыла этэ. Ол кыаллыбатаҕа. Бырапагандьыыстар «сайдыылаах сэсийэлиисим тутулунна» дииллэрэ. Москубаҕа сайыҥҥы Олимпиада тигинээн ааспыта. Эргиччи Виктор Чижиков худуоһунньук олимпийскай Мишката ымайан турар ойуута көстөрө. Ɵрɵспүүбүлүкэ киин куората таас дьиэлэрэ элбээн, киин уулуссалара килэйэн-халайан, син, соҕурууҥҥу куораттардыы көрүҥнэнэн эрэр кэмэ этэ. Тыаттан кэлэн, үрдүк үɵрэх кыhатыгар, чуолаан, саха салаатыгар туттарсар, кулуhун от курдук дьылыгыр, күлэн мичийэ сылдьар Наташа Иванова Дьокуускайы урут кɵрɵ илигэ. Кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар холоотоххо, тигинээн-таҥынаан, үɵс сир атын эбит ээ! Дьиэлэрэ үрдүгэ диибин диэн! Холобур, Ленин проспегар, межгород телефоннай станциятын таhыгар сэттэ этээстээх куорпус дьэндэйэн турарын Наташа сүрдээҕин кэрэхсии көрбүтэ. Эдьиийэ сирдээн, 5-с нүѳмэрдээх оптуобуhунан университет кылаабынай куорпуhугар баран, Наташа историко-филологическай факультет ЯО-80 салаатыгар докумуонун туттарбыта. Ол аата, Наташа «якутское отделение» диэн, саха тылын учууталлларын бэлэмниир отделениеҕа киирэрдии былааннаммыта. Кылаабынай куорпус киэҥ нэлэмэн уораҕайыгар сылдьан, саха салаатыгар абитуралыыр кыргыттары-уолаттары кɵрбүтэ-истибитэ. Араас ыччат баар этэ. Оскуола кэнниттэн туттарсар, букатын оҕочоос Агаша Габышева, Аня Афанасьева, Маша Турантаева, Саша Копырин, Володя Григорьев 16-17 саастаахтара. Аармыйаттан саҥа кэлбит, байыаннай формаларын уста илик диэмбэллэр Дима Данилов уонна Гена Жирков олоҕу билбит-кɵрбүт дьоннуу дьоhумсуйа тутталлара, нууччалыы тыллары кыбытан саҥараллара. Производствоҕа, ол аата сопхуоска эбэтэр бырамыысыланнаска үлэлээбиттэр сорохторо сиппит дьон этэ. Кинилэр ортолоругар Толя Егинов, Алик Кельциев, Максим Ксенофонтов, Иван Полятинскай, Надя Громова, Таня Сергеева, Люда Тартакынова бааллара. Кини бэйэтин курдук педучилище кэнниттэн кэлбит Валя Иванованы, Настя Тихонованы билэттиирэ. Толя, Таня, Максим, Валя, Люда күөх Ньурба ыччаттара этилэр. Гена, Надя, Саша, Маша Уус Алдан Түүлээҕиттэн төрүттээхтэрэ. Дьүɵгэтэ Лена Попова эмиэ саха салаатыгар туттарсарыттан Наташа сүрдээҕин үɵрбүтэ: хайа, киирэн хааллахтарына, бииргэ үɵрэниэхтэрэ дии! Абитуриеннар аҥаардарын кэриҥэ уопсай дьиэҕэ – 14-с куорпуска – киирэн олорон эксээмэннэрин туттарбыттара. Дьэ, манна баар этэ түбүктээх эрээри, кɵрдɵɵх-нардаах олох диэн! Сарсыардаттан консультацияларга сылдьан, дьарыктаныы кытаанаҕа. Күнүс кинигэ ааҕыыта, бэлэмнэнии. Ол быыhыгар чугастааҕы «Студенческай» лааппыттан бородуукта ылан аҕалан, ас астаныы, сулбу-халбы аhыы охсуу, эбэтэр 5-с остолобуойга тахсан, 60-70 харчыга тугу
эмэ хабыалааhын. Ол оннугар киэhэ ырыа-тойук, кɵр-нар, ардыгар, уопсай тиэргэнигэр оhуокай даҕаны дьиэрэйэрэ. Валерий Луковцев, «таалар налыы хонуулаах» Таатта Баайаҕатын ыччата, бу күннэргэ уопсайга олорон Саха сирин араас муннугуттан кэлэн үɵрэххэ туттарса сылдьар ыччаттардыын билсибитэ. Оскуолаҕа үɵрэнэр кэмигэр кыргыттардыын соччо айах атан сэлэспэт этэ. Манна кэлэн, араа-бараа саастаах кыргыттарын кытта билсэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, кыргыттар кэрэхсиир уоллара буоларын билэн, сүргэтэ кɵтɵҕүллэн сылдьара. Саха литературатын син билбэхтэhэринэн ааҕынара, саха классикатыттан үгүhү аахпыт буолан, үɵрэххэ киирэригэр эрэх-турах санаалаах этэ даҕаны, киирии куонкурус улахана салыннарара: 1 миэстэҕэ уонча оҕо этэ. Валерий табаарыстарын Ильяны, Маригы, Володяны кытта Yүйэ, Туйаара, Сахайаана диэн кыргыттары кытта билсибиттэрэ. Ол кыргыттар аллара этээскэ олороллоро. Валералаах киэhэ сапка саппыыска баайан түннүгүнэн түhэрэллэрэ. Кыргыттар суругу ааҕаллара. күлсэн кыччыгынаhаллара уонна харда суруйан баран сабы тардыалыыллара. Оччоҕо ɵрɵ субуйан ылан кэрэчээн абитуриенткалар хоруйдарын ааҕаллара. Yксүн ол-бу кɵрүдьүɵhү суруйсаллара. Оннук билсэн, аны хосторугар хардары-таары ыалдьыттаhар буолбуттара. Уолаттар үрдүк уҥуохтаах, мааны, килбик Сахайаананы, сытыы, чобуо Yүйэни, кɵрүдьүɵhү да эттэҕинэ, атыттар күлэр кэмнэригэр бэйэтэ күлбэт Туйаараны бары да «ис минэ» кыргыттарынан ааҕан, сүрдээхтик сɵбүлээбиттэрэ. Биир киэhэ, саппыысканан кыргыттары ыҥыран, хосторугар чайдаабыттара. Онтон Маригы ыллыырыгар кɵрдɵспүттэрэ. Парфёнов ɵр кɵрдɵhүннэрбэтэҕэ. Уhун синньигэс тарбахтара гитара устурууналарын устун имигэстик сүүрэн, намчы дьүрүскэни таhаарбыттара. Уол куударалаах, хойуу, уhун баттаҕын хантас гынан кэннин диэки илгибитэ уонна чуумпурбут хоhу уйгуурдумаары гыммыттыы, кыра соҕустук, ис киирбэх куолаhынан ыллаабыта: «Бэрт кыратык сэрэнэ-эн Мин сүрэхпин ɵҥɵйдɵргүн, Дууhам намчы иэйиитин Сэргии, иэйэ кɵрдɵргү-үн Бу боростуой бэйэбин Таптыаҥ этэ хайаан да». Марк гитараҕа оонньуу-оонньуу бэйэтин ырыаларын ыллаабытыгар, кыргыттар, этэргэ дылы, «уҥа-таала барбыттара». Уол «былааһы ылбыта». Ити кэмҥэ Максим таайын аах үс хостоох кыбартыыраларыгар тастыҥ эдьиийинээн дьиэhиттээн олорбута. Эксээмэннэригэр бэлэмнэнэрин быыhыгар саҥаhын балтын, Лоомтукаттан кэлэн үɵрэххэ туттарса сылдьар Марианна Поповалыын, эдьиийэ Маргариталыын куораты кэрийэллэрэ, киинэҕэ сылдьаллара. Марианна эдьиийэ (тётята) Марина Попова – Эдьиий Марыына, аатырбыт ырыаhыт, мэлдьи киирэ-тахса сылдьара. Кини чугас олороро. Марианна ырыаhыт Марыына балта буоларын билэн баран, уол кыыстан: -Эн эмиэ ыллыырыҥ буолуо? – диэн ыйыппыта. -Эс, ханта-ан? — Марианна унаарыппыта уонна күлэн лыҥкынаппыта. Ырыа тиэмэтигэр ити кэннэ эргиллибэтэхтэрэ. Биирдэ эмэ Максим Марианналыын «Волна» кафеҕа киирэн олоро түhэллэрэ, урут аахпыт кинигэлэрин туhунан ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Хас эксээмэн аастаҕын аайы саха салаатыгар туттарсар абитуриеннар кэккэлэрэ убаан, чарааhаан испитэ. Бырабааллаабыт оҕолор дьиэлэригэр тɵннɵллɵрɵ. Сорохтор дьиэлиэхтэрин кыбыстан, онуоха-маныаха диэри куоракка хаалаллара. Кэнники эксээмэн нуучча тылыгар ɵйтɵн суруйуу этэ. СГУ кылаабынай куорпуһун киэҥ-куоҥ аудиториятыгар олорон суруйбуттара. Онтон ɵйүүнүгэр үɵрэххэ киирбит оҕолор испииhэктэрэ тахсыбыта. 25 оҕо, устудьуон буолбут оҕолор испииһэктэригэр бэйэлэрин ааттарын булан, үлүскэн үɵрүүгэ куустарбыттара, дьол кынатыгар уйдарбыттара. Ким эрэ дьонугар телеграмма охсубута, ким
эрэ переговор сакаастаан устудьуон буолбутун кэпсии охсубута. Оттон Ньургун Иванов, куорат уола, дьонугар тиийэн лоп-бааччы: «Киирбиппин», — диэбитэ, мүчүк гыммыта. Дьоно үɵрбүттэрэ. Аҕата Михаил Спиридонович ɵрɵ кɵтɵҕүллэн: — Дьэ, буот! Аны биэс сыл устудьуон бурҕалдьытын дьулуурдаахтык соhуоххун, билиини сомсуоххун наада! – диэбитэ, ачыкыта чаҕылыҥнаабыта. Уопсайга оҕо ахсаана биллэ аҕыйаабыта, үөрэххэ киирбиттэр эрэ хаалбыттара. Атырдьах ыйа бүтэн эрэрэ. Ол кэмҥэ Максим таайа Семен Ефимов уоппуската бүтэн, дьонун кытта тыаттан киирбитэ. Дьиэҕэ баппат буола түспүттэрэ. Максимы тастыҥ убайа Дьɵгүɵр кɵрсɵн бэйэтигэр ыҥырбыта. Онон абитуриент уол Сэргэлээххэ, даачаҕа барбыта. Даачаҕа олорор кэмигэр убайыгар чугас ыаллара куруук сылдьаллара. Дьөгүөр доҕотторун Николай Мординовы, Михаил Чооруоһабы, Тимофей Степановы, Иннокентий Мухоплеву үөрэ-көтө көрсөрө. Абитуриент уол олоххо муударай көрүүлээх дьон сэһэргэһэллэрин кэрэхсии истэрэ. Илин Эҥэр, Уус Алдан дойдунаата (билигин ботуруйуот диэни итинник этэр буоллулар) Гена Жирков уонна «Орто Халымабын» дэнэр Мииринэй Таас Yрэҕин уола Дима Данилов хара бастакыттан биир тылы булан, иккиэн диэмбэл дьон быһыытынан, бииргэ сылдьан абитуралаабыттара. Дима кэргэннээх, ѳйүн туппут уолан этэ. Гена, эбээтин такайыытынан эбитэ дуу, ѳбүгэлэригэр олоҥхоһуттар бааллара дуу, устар ууну сомоҕолуур уран тыллааҕынан саҥа табаарыстарын сѳхтѳрөрө. Дималаах Гена үѳрэххэ киирбиттэрин билээт, байыаннай куормаларын устан, кырасдааныскай устудьуон буола түспүттэрэ (бу этиибин суруйан баран, саарыы түстүм, «киирбиттэрин истээт» диэххэ дуу? чэ, сахалыы өйдөнөр ини, хааллын). …Балаҕан ыйын саҥатыгар устудьуоннары сельхозпрактикаҕа илдьибиттэрэ. Саха салаатын бастакы куурсун устудьуоннара Намҥа, Хатырыкка, хортуоппуй хостооһунугар барбыттара. Кинилэри ачыкытын тааhын курдат сытыытык кɵрɵн-истэн чаҕылыҥныыр Протодьяконов Василий Никитич диэн ыстаарсай бэрэпэдэбээтэл илдьибитэ. Кини – «Ньургуhуннар» диэн киэҥник биллибит ырыа ааптара этэ. Куораттан тахсан, ПАЗик оптуобуhунан Намҥа тиийиэхтэригэр диэри оҕолор ыллаан-туойан, сэhэргэhэн, суол ырааҕын билбэккэ хаалбыттара. Афанасий Николаевич диэн эргэлээх харахтаах, алта уончалаах, овощевод-биригэдьииргэ оҕолору туттаран баран Василий Никитич куоракка тɵннүбүтэ. Куораттан Намҥа диэри айан кэмин устатыгар бодоруhа охсубут оҕолор кинини сайыhа хаалбыттара. Биригэдьиир Аппанаас практиканнары Атамай диэн сиргэ, хаптаhын дьиэҕэ олохтообута. Кини сылын аайы кэриэтэ практиканнары кытта үлэлиир буолан, оҕолордуун улопсай тылы түргэнник булбута. Yлэ саҕаламмыта. Сарсыарда туран, урукумуонньуктан тымныы уунан суунан ньуурдарын туртатаат, дьуhуурунай табаарыстара буhарбыт хааhытын мотуйаат, устудьуоннар буолаҕа бараллара. Хортуоппуй хомуйан, кууллаан, бырысыапка тиэйэн, күhүҥҥү күн бүппүтүн билбэккэ хаалаллара. 3 нуучча кыргыттардаахтара. Иккитэ историктар этэ. Оттон кугас баттахтаах Наташа диэн медиктэрэ, медфак 4-с куурсун устудьуоҥката этэ. Ким эмэ илиитин дьуккуруттаҕына, тугун эмэ эчэттэҕинэ маҥнайгы көмөнү түргэнник, сатабыллаахтык оҥороро. Киэhэ, боруҥуй буолуута, устудьуоннардыын билсэ-көрсө дэриэбинэ ыччата кэлэрэ. Таһырдьа, кулуһун тула олорон, хараҥа халлаан сулустарыгар харбаһан тахсыахтыы үөмэхтэһэр сырдык кыымнары көрө-көрө арааһы кэпсэтэллэрэ. Биир киэһэ кырасдааныскай сэрии туһунан кэпсэппиттэрэ. Бааһынай көрүҥнээх Ваня Чиркоев бэркэ тэптэн олорон Боссоойко туһунан кэпсээбитэ. Боссоойко күүһүн-уоҕун,
бөдөҥүн сөҕө-махтайа ахтыбыта. Коля диэн сопхуос оробуочайа уол 1920-һис сылларга буолбут биир түбэлтэни кэпсээбитэ. Ону эбэтиттэн истибит эбит. Сунтаар Дьаарханыгар биир дьадаҥы, Уйбаныаптар диэн, ыаллар олорбуттар. Кинилэр икки уоллаахтарыттан биирин туора нэһилиэккэ, баай ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин билсибэккэ улааппыттар. Былаас уларыйан, кырасдааныскай сэрии саҕаламмыт. Дьонугар улааппыт уол хомсомуол, өрөпкүөм буолбут. Баайдар сирдэрин дьадаҥыларга түҥэппит. Баайга иитиллибит уол үрүҥ хамандыыра буолбут. Биэлэйдэр өрөпкүөм уолу ирдээн кэлэн туппуттар. «Ытарга!» — дэспиттэр. Хамандыырдара тыаҕа ыта таһаарбыт. Ол эрэн илиитэ барбатах. Төрдүн-ууһун ыйыталаспыт. Хомсомуол уол кэпсээбит, сэниэ ыалга иитийэх барбыт бырааттааҕын ахтыбыт. Ол баай ыалы ааттаабыт. Дьэ, онно билсибиттэр, убайдыы-бырааттыы буолалларын. «Хааным тардан ыппатах эбиппин», — диэбит биэлэй хамандыыра. Сүбэлэспиттэр, салгыы тугу гыналларын. Арай, «бырааттар» көрдөхтөрүнэ, хамандыырдара тутуллубут киһини кэрииттэн төттөрү аҕалбыт. «Биһиги этэрээппитигэр баҕа өттүнэн кыттыһар буолла», — диэн биллэрбит. Онон саҥа «бырааттаммыттар». Уонча хонон баран, биир ытыалаһыы кэмигэр, үрүҥнэр чугуйар кэмнэригэр, ол бырааттара сүтэн хаалбыт. «Таптаран, устуруойтан туораатаҕа», — дэспиттэр «бырааттар». Киһилэрэ кыһылларга барбыт эбит. Ити кэпсээни истэн баран, бука бары: «Ок-сиэ! Адьас «Ини-бии» драма курдук!» — дэһэ түспүппүт… Балаҕан ыйын 16-гар Дуся Алексеева 17-тин туолбута. Киэһэ, күүрээннээх үлэ кэнниттэн, быраактыкаҕа бииргэ сылдьар табаарыстара киниэхэ кыттыһан куукула ылбыттарын бэлэхтээбиттэрэ. От күɵх харахтаах, сырдык, кэрэ дьүһүннээх кыыс үɵрэн, долгуйан, тэтэрэн хаалбыта уонна: «Бу мин саамай таптыыр куукулам буолуо». – диэбитэ, саҥа сыаҕайын түɵһүгэр ыксары кууспута. Долгуннурар баттаҕын кѳннѳрѳн, имигэстик кэннин диэки сиэлийбитэ. — Эн королева курдуккун, — Максим чугаһаан кэлэн, Дуся кулгааҕар сибигинэйбитэ. — Оо, дьэ, ама дуу, — кыысчаан симиттибиттии ботугураабыта. Онтон, уусуннаан баран, биригэдьиир Аппанаас аҕалбыт арбуһун астына сиэбиттэрэ. Хамнастарын суотугар үссэнэр буолан, аһылыктара тотоойу, сибиэһэй этэ. Онтон тахсан оһуокайдаабыттара. Дуся һээдьэ таһаарбыта. Бары күлэ-үѳрэ һээдьэлээн сэгэлдьийбиттэрэ. Ол эрэн барыта үүт-тураан буолбатах этэ. Араас түбэлтэ тахсара. Биир күн, ардах кэнниттэн, уолаттар тыраасса кытыытыгар «Беларус» тыраактар түҥнэстэ сытарын көрбүттэрэ. Кабината хампы баттаммыт, 4 көлүөһэтэ «өрө көрө» сытара. Кэлин истибиттэрэ, хата, тырахтарыыс тыыннаах хаалбыт. Онтон суол оҥоро сылдьааччылар былыргы кылабыыһа аттынан суолу анньаары, киһи уҥуоҕун алдьаппыттарын туһунан кэпсээн тарҕаммыта. Эмээхсин кырамтата буортан быкпыт. Илиитигэр үрүҥ көмүс биһилэхтээх эбит. Ону биир мэник-тэник олохтоох уол тарбаҕыттан устан ылбыт. Онтон, дьэ, арай, түүн ол уол түһээн эмээхсини көрбүт. Эмээхсин уолтан мас-таас курдук биһилэҕин көрдөөбүт. Уол баттатан, эрэйдэнэн, нэһиилэ уһуктубут. Толкуйдаан баран, булумньутун төттөрү илдьибит. Тиийбитэ, суол оҥорооччулар буорунан барытын саба кутан, тэҥнээн кэбиспиттэр. Уол: «Манан этэ», — дии санаабыт сиригэр биһилэҕи ууран баран, эмээхсинтэн бырастыы гынарыгар көрдөһөн ботугураабыт уонна, арыый санаата чэпчээн, дьиэлээбит… Хатырык ыччаттара устудьуоннардыын түргэнник доҕордоспуттара. Кулууп үлэһиттэрэ, сопхуос хомсомуоллара тылларын ылыннаран, биир
субуота киэһэ устудьуоннар кулуупка кэнсиэртээбиттэрэ. Роза Семенова (Байбал Сэмэнэп эдьиийэ) ыллаабытын олохтоохтор олус хайҕаабыттара. Роза олус истиҥ, нарын куолаһынан икки ырыаны толорбута. Маша Турантаева Шахурдина ырыатын толорбутугар овацияны кытары «бис», «браво» хаһыылар дуорайбыттара. Маша намчытык ыллыырын Лата Мангешкар диэн аатырбыт Индия ырыаһыт дьахтарын куолаһыгар майгыннатыахха сөбө. Дэлэҕэ да, ити Индия саамай биллэр «кадр кэннинээҕи ырыаһыта», көмүс күөмэй күөрэгэйэ, композитора, актрисата, продюсера 1942 сылтан 2000 сылга диэри тыһыынчаттан тахса киинэҕэ 7 тыһыынча кэриҥэ ырыаны 26 араас тылынан ыллыа дуо? Ол иһигэр «Бродяга», «Господин 420», «Приключения Али-Бабы и сорока разбойников» курдук аан дойдуга аатырбыт киинэлэргэ ыллаабыта. Маша тырымнас куолаһынан истиҥник ыллаан лыҥкынатара аатырбыт прима ырыаһыт толоруутун санатара. Ваня Чиркоев көрдөөх кэпсээниттэн көрөөччүлэр күлсэн, харахтарын уута тахсыбыта. Ваня бэйэтин олоҕуттан араас кэмҥэ буолбут көрүдьүөс түбэлтэлэри кэпсээбитэ. Холобур, оҕо сылдьан, харчытын бытарыттараары, «разменяйте» диирин оннугар «разорвите» диэбитин, онтон да атын, нууччалыы сатаан саҥарбакка, араас көрүдьүөскэ түбэспитин сэһэргээн бэркэ сэргэхсиппитэ. Зоя Стручкова хомуска оонньоон дьүрүһүппүтэ. Онтон оһуокай таһаарбыта. Көрөөччүлэр устудьуоннар «оонньууларын» бэркэ сэргээн көрбүттэрэ. Дьыалабыайдык эттэххэ, «кэнсиэр ситиһиилээхтик ааспыта». Биир субуота киэһэ, үҥкүү кэмигэр, холуочук уолтан сылтаан устудьуоннар олохтоох уолаттары кытта сутуруктарынан «быһаарсыбыттара». Быраактыка устатыгар нэһилиэнньэни кытта ити соҕотох атааннаһыы этэ. Биир ый биллибэккэ ааспыта. Күүстээх үлэттэн илиилэрэ чэрдийбит, сибиэһэй салгынтан чэбдигирбит устудьуоннар киин куоракка төннөр кэмнэрэ кэлбитэ. Олохтоохтор кинилэри долгуйа, сайыһа атаарбыттара. Оптуобус шоссе устун сыыйылыннарбыта. Оҕолор ыллыы-туойа айаннаабыттара. Кинилэри сэргэх-сэмэй Сэргэлээх, дьаныардаах үөрэх, маҥнайгы таптал, истиҥ доҕордоһуу, устудьуоннар уопсай дьиэҕэ көхтөөх, көрдөөх-нардаах олохторо күүтэрэ. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан