Кэпсээ
Войти Регистрация

Өксүөн

Главная / Кэпсээн арааһа / Өксүөн

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
10.09.2020 14:48
Нэһилиэк дьоно үксэ кэриэтэ Быыпсай Баһыкка сүүһүнэн сүөһүтүн көрөн-истэн, айаҕын булунан олороро. Кыах суох буолтун кэннэ дьадаҥылар эрэйдээхтэр хайыахтара баарай, иитиллэр сирдэрэ ити эрэ буоллаҕа. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат – син киһи-хара буолан, бэл, ойохтонон-урууланан, дьиэлэнэн-уоттанан, бур-бур буруо таһааран олороохтууллар. Уонун ааспыт Өксүөнү аҕата Уһун Кирилэ Баһыккалаахха хамначчытынан биэрбитэ. Уол тугу соруйаллар да, сонно элэстэнэн тиийэн булбута-талбыта эрэ баар. Кытыгырас буолан, сүөһүлэрин ыамҥа хойутаппат. Дэҥҥэ сүөһүлэрэ тэллэйи батыһан ыраатан хаалан сордууллар. Ол сырсыытын мучумааныгар сылдьар Өксүөнү этэрбэһин тигиитэ көтүллэн оҥойо сылдьарынан мутук супту киирэн кэһэтэр. Оччоҕо уол ыарыытыттан бүк түһэн, ис-иһиттэн эҥсэн ынчыктыыр, хараҕын уута саба халыйан кэлэр. Биир эмэ ынаҕын булбакка кэллэҕинэ, тойоно чанчыгыттан тардан сарылатар. Оччоҕо уол убайа Баасканы санаан кэлэн сымыһаҕын быһа ытырар, мин даҕаны хаһан эрэ иэстэһэр күнүм үүнүө диэн бүк эрэнэр. Өксүөн, дьиҥэр, убайын үдүк-бадык эрэ өйдүүр. Бааска бу Баһыккалаах аймахтара киһиэхэ хамначчыттыы сылдьан, эмиэ кини курдук атаҕастанаахтыыра эбитэ буолуо, биирдэ ааһан иһэр түөкүннэргэ маллаах, харчылаах ампаардарын ыйан биэрбит. Куруук кырбанарыттан «иэстэһэбин» диэн. Били дьоно кыттыгастара уолга аҕыйах бытархайы дук гыммыттар уонна дьаарбаҥкаттан атыыласпыт арыгыларыттан кутан биэрбиттэр. Арыгы испэтэҕэ буоллар, Бааска, баҕар, биллибэккэ хаалыа эбитэ буолуо. Онон холуочугуттан сэдиптээн уорууга хайаан да кыттыспыт буолуохтаах диэн, начаас ыккардыгар тутан хаайбыттара уонна өтөр соҕус буолан баран, уокуруктан суут дьоно кэлэн хас да сылга Иркутскай хаайыытыгар ыыппыттара. Өксүөн итини барытын дьонтон истибитэ уонна «убайым эрэйдээх ханна эрэ сылдьаахтыыр, тыыннаах эрэ суох эрэ?» диэн, барбах өйдүүр убайын аһыйан, кэри-куру буолара. Икки убайа Өлөксөйдөөх Тэрэнтэй киниэхэ холоотоххо, хайыы-үйэ турбут дьон этилэр. Ырааҕынан, инньэ уонунан көстөөх сиринэн эргийэн бултууллара, дойдуларыгар кэллэхтэринэ, өрүскэ киирэн балыктыыллара. Хата, сороҕор үрэҕи быһыттаан тууччаҕы, хатыыһы бэркэ хостууллара. Сырыыны сылдьар, кыанар буолан, баай Баһыкка этин, арыытын Өлүөхүмэҕэ илдьэн татаар атыыһыттарыгар туттараллара. Кинилэр тыаттан өлгөмнүк бултуйан кэллэхтэринэ, чугас эргиннээҕилэр бары тииһинэллэрэ: булчуттар кими да матарбат этилэр. Дьэ, оччоҕо Өксүөн чулуу булчут убайдардаах буолан, «ыйааһына» биллэ үрдүүрэ. Тута сылдьан тиниктээбит уҥуоҕунан, бэл, Баһыкка кыргыттарын быраҕан кыыратара. Бу кыргыттар Дьокуускайга епархиальнай духуобунай училищеҕа үөрэнэллэрэ. Сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар кэлбит мааны кыргыттар бэйэлэрин ыккардыгар нууччалыы кэпсэтэллэрэ. «Ас көрдөөн» онньойбут этэрбэстээх Өксүөнү көрө-көрө, нууччалыы тугу эрэ саҥараллара уонна күлэн ыгысталлара. Дьэ, ол иһин уол ситэ тиниктээбэтэх уҥуоҕунан кинилэри эпчиргэлиирэ. Ити кэмҥэ баҕас Өксүөн кимтэн да куттаммат – булчут убайдара бааллар. Дьиктитэ диэн, бу уол эмиэ убайа Бааска курдук булка тоҕо эрэ таласпат этэ. Хата, ол оннугар «ити Баһыкка хайдах байбыта буолуой, оттон биһиги тоҕо дьадаҥыбытый?» эҥин диэн, букатын чыҥха атыҥҥа төбөтүн сынньара. Уһун Кирилэ биирин үксүн ол иһин сайын аайы Өксүөнү Баһыккаҕа биэрэрэ. * *
* Аҕыйах сыл иһигэр нэһилиэккэ уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолла. Баай-дьадаҥы, кыһыл-үрүҥ диэн, бииргэм түптэ-түрүлүөн, өрө ытыллыы оргуйан олордо. Ол ыккардыгар Уһун Кирилэлээххэ үөрүүлээх сонун кэллэ: били, өрдөөҕүтэ хаайыыга барбыт уоллара Бааска кыһыл бэрдэ, өссө хомуньуус буолан иһэр үһү. Эмиэ да үөрүү, эмиэ да дьиксинии. Ол быыһыгар бу эргиннээҕилэр бары да кэриэтэ «быраат» буолан баай Баһыкка сугулаан дьиэтигэр саа сүгэ-сүгэ суксуруһаллар. Арай онно Өлөксөйдөөх Тэрэнтэй суохтара: үгэстэринэн булка этилэр. Уон түөрт саастаах Өксүөнү ийэтэ, хараҕа суох Сүөкүлэ «мээнэ орохочуйума, саалана-саалана ити үлүгэрдээх быһыта кэйсээри тииһии аанньанан аҕыа суоҕа» диэн кэнийэрэ. Өксүөн да бэркэ мунаарбыта. Кинини кытта тэҥҥэ кэриэтэ хамначчыттаабыт, бэрт үтүө майгылаах Лэкиэс, Мэхээс курдук дьон эмиэ «быраат» буолбуттар. Дьиҥэр, арыый кыанара, улахана буоллар, Өксүөн, атыттартан хаалсымаары, манна холбоһуох этэ. Арай биир сөбүлээбэтэ диэн – бу «бырааттар» муҥур тойонноро, кинини атаҕастаан сордооччу Баһыкка эбитэ. Билигин аны убайа Бааска хомуньуус үһү. Ол аата, киниэхэ үчүгэй сыһыаннаах, сороҕор көмүскэспит, кинини аһыммыт дьоно Лэкиэстээх убайын кыр өстөөхтөрө буолаллар дуу? «Этэрээт диэннэригэр киирдэххэ, буор босхо ырбаахы, ыстаан таҥаһа, чэй, табах биэрэллэр үһү» дии-дии, үрэх баһыттан хастыы эмэ киһи кэлэн «быраат» буолбуттара. Биир киэһэ сугулаан таһыгар хас да сүөһүнү өлөрөн сиэн-аһаан, арыгылаан аамайданнылар. «Тугу эмэ бэрсээ инилэр, убайдарым тайахтарын этиттэн кими да матарбат этилэр» диэн, Өксүөн эргэ манаагылаах кэлбитигэр тугу да дук гымматылар. Хата, биир билбэт киһитэ «нохоо, кыһыл быһыылааххын, кэл эрэ бэттэх» диэн баран, этин элийбэлиир харыстаах быһаҕынан дугдуҥнаата уонна үөһүн тартара-тартара күлэн алларастаабыта буолла. Мантан түргэнник дьаадьыйдахха сатаныыһы диэн, Өксүөн тыа саҕатынан дьиэтин диэки түһүннэ. Ол иһэн көрдөҕүнэ балачча сонос тииккэ сабыс-саҥа буулдьа саа өйөннөрүллэн турар. Чугаһынан ким да суох. «Арыгылаан аамайдана сылдьан умуннахтара, аны кэлэн өйдүүллэрэ да биллибэт» дии санаат, уол сааны хаба тардан ылла уонна ойуур иһигэр сылбыс гынан хаалла. Сүрэҕин тыаһа битиргэс, аны ким эрэ көрбүтэ буолуо, тутан ылыахтара диэн куттана санаата. Бу саатын ханна гынар? Дьиэтигэр илдьэ киирдэҕинэ, аҕата туох диэҕэй? Ол иһин дьиэтиттэн чугас ыркый иһигэр муоҕу арыйа тардан онно кистээтэ. Наада буолуо. Ити санаатыттан ис-иһиттэн хайдах эрэ бугуһуйан кэллэ. Оо, убайа Бааска кэлэн «Өксүөн, мин этэрээппэр киир уонна баттыыр-атаҕастыыр баайдары кытары сэриилэһэ барыс» диэбэт ээ! Дьэ, оччоҕо бу саатын сүгэн хайаан да барсыа этэ. Пахай, Лэкиэстээҕи үтүктэн «быраат» буолбут киһи диэн санаабыта да баар ээ, пыы! Айахтарын эрэ айдааныгар сылдьар арыгыһыт эрэйдээхтэр. Сааҕытын булбакка саатыаххыт! * * * «Кыһыллар бу диэки чугаһаабыттар. Бүлүмүөт диэн тохтоло суох түргэнник ытар сэптээхтэр үһү. Онтулара быдан ыраах сиртэн сууһарар үһү. Аны туран, ол дьонуҥ үксүлэрэ нууччалар. Кими да харыстаабаттар, онон эрэй эрдэтинэ тыаҕа
саһыахха» диэн, дьон дьиксинэ кэпсэтэллэрэ. Били, этэрээт тэринэн мэскэйдэммит Баһыкка «бырааттара» көрүөх бэтэрээ өттүгэр ыһыллан хааллылар. Үрэх баһынааҕы дьон хайыы-сахха «өтөхтөрүн быспыттар», маннааҕылар бааллара-суохтара биллибэккэ дьылыйан сылдьаллар. Арай «быраат» буола сылдьыбыт бэлиэлэрэ – саҥа ырбаахылара уонна ыстааннара. Дьиэни-уоту, сүөһүнү быраҕан ханна куотуохтарай. Дьэ, төрөөн кэлэн түбэспэтэх кыһалҕаларыгар ылларан, сырыттахтарына, улуустуур суолунан аттаах дьон дибдиһитэн кэллилэр. Элбэхтэрэ да сүр. Эппиттэрин курдук, үксэ нууччалар. Сирэй-харах, бүтүннүү бар түү дьон тугу эрэ кэпсэтэн айманаллар. Ол быыһыгар саха да син көстөр. Онон син туох эрэ өйүөк баар буолсу. Саха саханы көрөн туран, хайдах кэйгэллэтиэй. Өксүөн аҕатын кытары бу дьону көрө турдахтарына, биир курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах эдэр киһи кинилэргэ чуо хааман курбалдьыйан кэллэ. Өттүгэр саабылалаах, бэстилиэттээх. Кэллэ да Уһун Кирилэни кууһан ылла. Бааска эбит! Өксүөн санаатыгар, убайым син бэйэм курдук, бэркэлээтэҕинэ, арыый өндөс буолуо диэбитэ ханна баарый? Адьас билбэт киһитэ сытыы баҕайытык көрүтэлиир, ол быыһыгар күлэн ылар. Өксүөнү кууһан ылан өрүтэ көтөҕөлөөтө. Күүһэ да бэрт. Маннык бэйэлээх киһи ити саабылатынан маҕыйа түһэн баран сырбаттаҕына, били, эти элийбэлиир харыс быһахтаах урааҥхайтан туох да хаалыа суох эбит. Ийэлэрэ Сүөкүлэ «Оҕом Бааска кэлбитин харахтаах буолан көрбүт киһи баар ини» дии-дии, аны ытаан сыҥсыйан барбытын ааттыыр түбүккэ түстүлэр. – Хайа, быраатым, туох дьарыктааххын? Сатаан ааҕаҕын, суруйаҕын дуо? – Баһыккалаахха сүөһү көрөбүн. Оскуолаҕа ыыппаттар. Баһыкка аҕабар «уолгун оскуолаҕа төрүт биэримэ, сатананы куобах сототун уҥуоҕунан төбөтүн чокуйа-чокуйа сүөһү көрдөрүллүө» диэбит. Уонна хантан кэлэн сатаан ааҕыамый? – Дьэ, аҕаа, бырааппын Дьокуускайга илдьэ барабын. Үөрэттэриэм. Билигин чыҥха атын үйэ кэллэ. Үөрэхтээх, үлэһит киһи буолан дойдутугар эргиллиэҕэ. * * * Өксүөн олоҕор кылгас кэм иһигэр уларыйыы бөҕө буолла. Убайа детдомҥа олохтообута. Нууччалыы билбэт буолан, маҥнай утаа муннугу ханныгы кэрийэ сылдьыбыта. Хата, нууччалыы сэбэрэлээх эрээри сахалыы ыраастык саҥарар табаарыстанан абыраммыта. Манна туспа сокуоннаах «дойду» эбит. Охсуһары кытта охсуһан, доҕордоһору кытта доҕордоһон истэххэ эрэ сатаан сылдьаҕын. Өксүөн ити курдук 16 сааһыгар ааҕарга-суруйарга үөрэммитэ, өссө биэнньиэр этэрээтигэр киирдиҥ диэн, кыһыл хаалтыс баайдылар. Сотору буолаат, аны хомсомуол гыннылар. Ол ыккардыгар сааһыҥ сиппит, детдомтан уурайаҕын диэн буолла. Убайа Бааска сэбиэскэй-бартыыйнай оскуоланы бүтэрэн Бүлүүгэ баран, уол соҕотох эргичийэн хаалбыта. Хата, хомсомуол буолан, кинини чугастааҕы нэһилиэктэргэ сири үллэриигэ, артыал тэрийиитигэр үлэлэппиттэрэ. Бу сылдьан Дьокуускайга аҕыйах ыйдаах учуутал кууруһа аһыллыбытын истэр. Саҥа үйэ сүрдээх тэтимнээх, тохтообокко дьулуруй да дьулуруй. Өксүөн түһээн да баттаппатах дойдутугар – Уһук Хоту түҥкэлийэр түгэҕэр – түөрт кылаастаах оскуола сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Киинтэн кый ыраах, туундара аҥаардаах дойду быыкаа нэһилиэгэр үөрэхтээх киһи диэн, соҕотох кини эрэ этэ. Дьокуускайтан ыыталларыгар «хамнаһыҥ маннааҕы учууталлааҕар 15 бырыһыанынан үрдүк буолуоҕа, ботуччу ылыаҥ»
диэбиттэрэ да, бу дойдуну булуоҕуттан ол харчыларын көрө да илик. Хата, хоргуйан өлбөт быатыгар, олохтоохтор кыыл этэ, балык бэрсэннэр, баччаҕа тиийэн кэллэ. Олорор дьиэтэ – оскуола быыкаа хоһо. Биир улахан кыһалҕата – оттук маһы булуу. Өксүөн сүрүн үлэтин таһынан өссө нэһилиэк Сэбиэтигэр суруксуттуура. Онон үлэ үөһүгэр төбөтүн оройунан түһэн, күнэ-дьыла биллибэккэ ааһар. Ийэлээх аҕата хайдах эрэ олороохтууллар? Убайа Бааска бүтүн уокуругу салайар киһи буолан, эмиэ күн солото суох сылдьар буолуохтаах. Оттон икки убайа Өлөксөйдөөх Тэрэнтэй бу дойдуга бааллара эбитэ буоллар, ыраата барбакка төһө эрэ бултуйаллар этэ?! Ньучубуо, Өксүөн – саҥа үйэ киһитэ. Хаалыылаах бу хоту нэһилиэги кыаҕа тиийэринэн сайыннарыа. Кини хомсомуол эбээт! Өксүөн кыараҕас хоһугар олорон аны 80-ча сылынан оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинини утумнаан учуутал буолуохтарын, онон бэйэтэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин педагогтарын династиятын» биир төрүттээччи буоларын хантан билиэй. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан