Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьиэ ахтылҕана
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьиэ ахтылҕана
K
edersaas.ru
Категорията суох
03.05.2021 19:00
Соторутааҕыта Татьяна Находкина саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. «Мүрү саһарҕата» Уус Алдан улууһун хаһыата «Улуус уран тыллаахтара» сиэрийэнэн кини айымньыларын бэчээттээтэ. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар Татьяна Находкина «Дьиэ ахтылҕана» сэһэнин билиһиннэрэбит. – Хайа, ыаллар, дорооболоруҥ! Туох сонун? – Даарыйа, таһынааҕы ыаллара, айманан киирэн кэллэ. Таһырдьа кэтэр кылгас истээх сонун, кролик бэргэһэтин уһулан аан таһыгар баар мас ыскамыайкаҕа бырахта, кылгас сиэрэй хаатыҥкатын уһулу баттаан, оһоххо өйөннөр уураат, аһыыр остуол таһыгар турар маска лаглаччы олорунан кэбистэ. – Ыччуу-ычча, халлааммыт тымныйбыт аххан. Дьэ, аргыардаах ахсынньы, торулуур тохсунньу ыйдарбыт кэлэн эрэллэрэ биллэр. – Туох сонуннанан бачча эрдэ киирдиҥ? – дьиэлээх хаһаайка Өкүлүүнэ сонурҕаабыттыы ыйытар. – Аата, эрдэ буоллаҕай? Сэмэниҥ хотонуттан киирэ илик дуо? Ол иһин сарсыардааҥҥы аһылыгы баттаһаары киирбитим. Сэмэн туох үлүгэр эрдэ турар? Сарсыарда 6 чааска туран, хотонугар тахсар. Хатыай, кыһын утуйа түһэн баран 8 чааска да тахсыаҕын. Билигин Саҥа дьылтан сүөһүлэргит төрөөн киирэн бардахтарына, сынньалаҥҥыт бүтэр. – Ээ, чэ, бээ, хотону кэпсэтимиэххэ, хата, сэргэх сонунна тардан кэбис, — Өкүлүүнэ тиэтэтэр. – Бэҕэһээ дьэ, сонун бөҕөнү истэн, бөөлүүн олох аанньа да утуйбатым, – дьахтар сонуннаах киһи быһыытынан олоппоһун остуолга чугаһата тардар. – Чэ, бээ, билигин итии чэй кутуом. Оҕонньор билигин киириэ. Үлэлии тахсыбыт киһини куота чэйдиири сөбүлээбэт, – Өкүлүүнэ остуолун тирээпкэтинэн ньылбы сотон иһитин тардыбытынан барар. – Бэҕэһээҥҥи соккуойум, хата, баар эбит. Сылытыахха. – Оо, дьэ, эһиги да кырыйдыгыт. Оҕолоргут улааттылар. Сүөһүгүтүн аччатыа эбиккит. Кылаабынайа, доруобуйа буоллаҕа. Аан аһыллан, туман бөҕөнү бүрүнэн, тымыныы салгыны аргытан Сэмэн, дьиэлээх хаһаайын икки биэдэрэни таҥкынатан киирэн кэллэ. – Һуу, хотон сыта бөҕө буолан аҥкылыйан Сэмэммит хотонуттан киирдэ дуу? – Даарыйа аймана көрүстэ. – Оо, мааны ыал оҕотун, бу дьахтар, хотон киһитэ оҥорон бүтэрбит. Төрөппүттэрэ дэриэбинэ сис, мааны ыаллара этэ. Кыргыттар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Сеня уолга ымсыыран аҕай биэрэр этибит, саһыгыраччы күлэр. – Эн эмиэ ымсыырбытыҥ дуо? – Өкүлүүнэ күлэр. – Чэ, чэйдиэҕиҥ, хата, Сэмэн Даарыйабыт сонун бөҕөлөөх кэлэн олорор. Эйигин күүтэн олоробут. – Туох үлүгэри иһитиннэрээри күүттүгүт? Хас дэриэбинэ кэпсээнин истэр ол мин дьахтар үһүбүн дуо? Чэ, кэпсээҥ, истиэҕи, – Сэмэн олоппостоох кэлэн, остуолга аһыырдыы олорор. Өкүлүүнэ буруолуу сылдьар итии тэриэлкэлээх миини иннигэр ууран биэрэр. – Дириэктэрбит уола кэргэн ылбыт. Кими ылбытын истиэххитин баҕараҕыт дуо? Сураҕа, Арина Андреевна сөбүлээбэккэ киирии-тахсыы бөҕө үһү. Уола Саша дьиэтигэр да тохтообокко, кыыс дьонугар ааспыт. Дьиктитэ, ол баар. Даарыйа уоһун чорботуоҕунан чорботон сибигинэйэ былаан этэр. – Ээ, чэ, үөннүрбэккэҕин кэпсээн ис. Бүгүн тугу да гыммакка эйигин кэтээн олоробут дуо, дэриэбинэ хас хобун-сибин истээри. Термоска сылаас чэйдэ бэлэмнээ, Гаанньылыын от тиэйэ барыахпыт, – Сэмэ сулбу-халбы
чэйин иһээт, остуолтан турар. – Бу оҕонньор туох буолла? Кэпсээтин ээ. Хас кэлбит-барбыт дьахтары иһиллии олорума да, бүттэҕэ дии. Чэйгин бэлэмнээбитим, оһоххо турар. Ол Саша кими ылбытый? Маннааҕы кыыһы дуо? Оттон Шараповтар кыыстарын Эльзаны ыллаҕа дии. Сураҕын иһиттэххэ, сайыны быһа суксуруспуттар дииллэр этэ. Ону дьэ билэн, кэпсээн оҥосто сылдьаҕын дуо? – дьиэлээх дьахтар күлэр. – Пахай, былыргы сойбут сонун эбит. Кулгааҕын, хараҕын эчи, бүөлэннэҕин, сүрүн. Ол Арина буоллаҕына, бэйэлээх бэйэм бырааппын кэпсии олороҕун. — Саамай киһи интэриэһиргиирэ, дьэ, кэллэ. Сэмэммит барда дуо? Чэ, эр дьон аахайбат крдук тутталлар да, кимнээҕэр билбит-көрбүт буолаллар. Хотуой, балтыҥ Арина Авдеевна олох сөбүлээбэт үһү. Ылыа суоҕа диэн эрэнэ сылдьыбыта, кыыһы кэргэн ыларын таһынан, дьиэтигэр да таарыйбакка ааспыт. – Холбостуннар ээ, ону тоҕо сөбүлээбэт. Кыыс тырымнаан, сахаҕа тас көстүүтэ мааны кыыс, өй-санаа, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр. Шараповтары тоҕо сирэр? Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк сис ыала, сүөһү, ас-үөл бөҕө. Икки үөр сылгылаахтар, уонча ыанар ынахтаахатр. Аҕалара Трофим арыгы испэт, дьаһал бөҕө, дьиэ-уот мааны, Марусяны этэ да барыллыбат, үлэһитинэн киниэхэ тэҥнээх дьахтар нэһилиэккэ суох. – Өкүлүүнэ саба саҥарар. – Өкүлүүнэ, балтыҥ Авдеевна өйдөөх дьахтар сөбүлээбэтэх буолан этэр. Чэ, мин бардым. Сотору мин да иһитиннэрбэтэхпинэ, дьахталлар иһитиннэриэхтэрэ. Аймахтарын буолан, киһини саҥардыбаккын. Оҕолордоох киһи мээнэ улаханнык саҥарбаппын, – Даарыйа таҥнан, ааны күүскэ аһан-сабан таһырдьа тахсар. Өкүлүүнэ иһитин хомуйа охсоот, бэрэскитин буһарарга сананна. Үлэлээбэт буолан, тугу гына олоруой, аныгы үйэ күһэйэн, күн ахсын эт, хортуоппуй, хаппыыста. Сымыыттаах ириис бэрэскитин оҥорон маҕаһыыҥҥа бырыһыаҥҥа туттаран харчылаһар. Оҕолоро иккиэн устудьуоннар. Уоллара төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр буолан, иккиэн үлэлээбэт буолан харчыга ыарырҕаталлар, хата, сүөһү иитэр буолан онон төлөһөллөр. Кини биэнсийэтинэн олороллор. Сэмэнэ биэнсийэҕэ тахса илик. Өссө да биэс сылынан тахсар. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. ИП буолан, түүннэри-күнүстэри биир күн сынньалаҥа суох олорон көрбөккө үлэлиир. Сүөһүтүн кыһынын бэйэтэ көрөр. Ынахтар төрүүллэрэ саҕаланнахтарына, сайылыкка тахсыахтарыгар диэри кини ыыр. Онтон сайылыкка Сэмэн бэйэтин эдьиийэ кэргэнинээн ынах ыыллар, хамнастаах ыанньыксыттар аатыраллар. Олорбут да иһэн-аһаан кэбистэхтэринэ, олох да бэйэбитигэр кыһалҕа бөҕөнү үөскэтэллэр. Сэмэн дьонун көрөн-истэн харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһаллар. Атын эдьиий эбитэ буоллар, быраатыгар кыһаллыахтаах, көмөлөһүөхтээх этэ буоллаҕа. Биһиэнэ төттөрүтэ. Эдьиийбит дьаабы дьахтар, иһэрин-аһыырын таһынан, үһүс кэргэнигэр олорор. Үһүөннэриттэн биирдии оҕолоох. Ол оҕолор кыһалҕалара барыта кинилэр үрдүлэринэн. Оскуолаҕа хас харчы хомуура, взнос кинилэргэ түһээн курдук түһэр. “Сүгүн ииппэт эрээри, тоҕо төрүүллэр” диэн бэл, оҕолоро сүөргүлүүллэр. Хата, бу үһүс киһитэ урукку кэргэнинээҕэр арыыйда быһыылаах, кэм үлэлэспитэ буола сатыыр, наһаа арыгылаан нэдиэлэни нэдиэлэнэн сүппэт, кэргэнигэр, оҕолоругар кэм үчүгэй сыһыаннаах. Урукку эрдэрэ итирэн баран кырбаан, бөһүөлэги биир гына эккирэтэн сордуур этилэр.
Сэмэн дьонун көрөн-истэн, харааннаан, арыгыларын эмтэтэн сордонор, эдьиийигэр наһаа кыһанар. Хаһан өйдөнөр эдьиий эбитэ буолла? Оҕолоругар да кыһаммат. Сэмэн кыра уолга ымсыырар, ылыан баҕарра. Ону кини сөбүлээбэт. “Кырдьар сааска иккиэн бэйэбит эрэ туспутугар холкутук олоруохха. Туох киһиттэн оҕоломмута, төрүччүтэ биллибэт оҕо. Таһыттан да көмөлөһөрүҥ сөп. Сотору сиэннэр кэлиэхтэрэ”, – диэн хааччахтаһарын син саҥата суох истэр эрээри, Сиэнньискэни көрдөҕүнэ, ыманыйар аҕай. Күнү быһа тиэхиньикэҕэ олордо сылдьар. Сайын алта саастаах адаарыйбыт улахан баҕайы уолу моонньугар олордон баран дэриэбинэни биир гына кэрийээччи. Уол да убайыгар наһаа үчүгэй. Кимҥиний диэтэхтэринэ, Харитонов Сэмэн Сэмэнэбиспин диэтэҕинэ, Сэмэн олох ууллан хаалар. Уол сирэйэ төгүрүйэн, хараҕа чоҕулуйан дьүһүннүүн убайыгар майгынныыр. Бэл, иһин өрө анньан, тээтэллэн турдаҕына үүт-үкчү буолааччы. Чаас ырааппыт, маҕаһыыҥҥа барра кэм буолбут. Дьахталлар эбиэккэ баран иһэн таарыччы бэрэски атыылаһан ааһааччылар. Сэмэҥҥэ аҕыйахтык хаалларыахха, күн ахсын сииртэн салҕыбат. “Хайа, бэрэскибит баар дуо?”, – диэн лөҥкүнээбитинэн киирээччи диэн бэрт элбэҕи саныырын быыһыгар Өкүлүүнэ икки пакекка толору бэрэски хаалаан, дьиэтиттэн тахсан барда. 2 Аныгылыы быһыылаах маҥан натуральнай тирии дьыбааҥҥа икки иэдэһэ дьэлтэйэ кытарыар дылы кыыһырбыт Арина Авдеевна олорор. Уһун солко халаатын сотору-сотору огдос гынан көннөрүммэхтиир. Ити уол Шараповтар кыыстарын аны кэргэн ылан бүттэҕэ. Хайдах гынан, киһи мэһэйдэһиэн сөбө эбитэ буолла? Сайын сөбүлээбэппин биллэрбиттэр. “Ээ, мээнэ” диэн кэбиспитэ. Аахайбатах курдук туттубута. Уонна оннук сылдьан кыыс оҕууругар иҥиннэҕэ. Бэл, бэҕэһээ кэлэн баран дьиэтигэр киирбэккэ, таһынан ааспыт. Онтон билигин киэһээ 5 чаас буолла да, сураҕа да суох. Кини бүгүн өрөбүл буолан, ас бөҕөнү астаан, мааны уолун күүтэн олорор да, баччааҥҥа дылы дьиэлээхпин диэн дьиэтин өҥөйөн көрбөтө. Дьэ, үчүгэйдик ити кыыс оҕууругар иҥнибит. Ити киһи, аҕабыт буолуохсут эмиэ мэлийдэ. Ким эрэ гарааһыгар кэпсэтэ-сэлэһэ олордоҕо. Уолугар олох кыһаммат. Күһүн этэн көрбүтүгэр:» Эдэр дьон арахсыахтара даҕаны, холбоһуохтара даҕаны», – диэн баран күлэн кэбиспитэ. Эдьиийэ Алина эмиэ кыһаммат, бииргэ олороллор ааттаах да, тугу да билбэт, чэ, быһата быраттын көрбөтөх, хонтуруоллаабатах. Бэҕэһээ: » Быраатыҥ ханнаный?» – диэбитигэр: «Итиннэ эһиэхэ, ини», – диэн саайдаҕа үһү. Бары да уһуну-киэҥи ырыҥалаабат дьон. «Сыа сиир буолбуппут» эрэ диэн тыллаахтар. Алина бэйэтэ да, сааһа ыраатта, сүүрбэ биэһэ буолла, эмиэ биир боростуой, үөрэҕэ суох уолу батыһыннаран аҕалара буолуо. Дьаабы оҕолор. Туох да өй-санаа суох дьоно. Ити уол дьиэлээхпин диэн саатар кэлэ сылдьыбат. Биһигин, төрөппүттэрин даҕаны итинник буоллаҕына, дьонунан аахпат эбит. Аан аһыллар тыаһын истэн чорос гынна. Дубленка сонун нэлэкэйдэнэн, нуорка бэргэһэтин кэтэҕэр анньынан аҕалара аҕылаан-мэҥилээн киирэн, аан таһынааҕы раздевалкаҕа таҥаһын ыйаан баран, маҥан тирии кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олордо. — Хантан өлөн-быстан кэллиҥ? Уолуҥ бэҕэһээ куораттан кэлбит ааттаах да, манна төрөөбүт дьиэтигэр төрөппүттэригэр кэлэ
сылдьыбата. Онно саҥа ийэлэнэн, аҕаланан олордоҕо, – Арина кыыһырбытыттан саҥата ибигирээн олорор. – Ээ, чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Массыынабын көрдөрдүм. Күнү быһа дьыбаан киэргэлэ оҥорон сытыараары гынныҥ дуо? – Василий Иванович сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. – Чэ, эйиэхэ этэн да диэн. Туохха да кыһаммат киһи бааргын дии. Аҕа кынныгар аһыы барыаххын санаталыы олороҕун дуу? – дьахтар силбиэтэнэр. – Эмиэ солуута суох ону-маны лахсыйан бардыҥ. Уолгар онтон эрийиэххин. Ону-маны сэрэйэн көрөн, уорбалыы сатаабакка, – Василий «Кыым » хаһыаты ылан ааҕардыы кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн сытынан кэбиһэр. Арина кэргэнин кыйахаммыттыы көрөрүн баһыгар сотовай төлөпүөнүн ылан, куукунатыгар тахсан, билэр нүөмэрин күүскэ баттаан эрийэр. – Алуо… Саша… – дьахтар ньиэрбинэйдээбит куолаһынан төлөпүөнүгэр саҥарар. – Алуо… Маама… Дорообо, туох баарый? – уолун саҥата бу баардыы иһиллэр. – Алуо, Саша, ханна бааргын? Дьиэҕэр тоҕо кэлбэккин? – Тиийиэм буоллаҕа дии. Ханна барыамый! Бараары олоробун. – Кэл, кэл, түргэнник. – Авдеевна төлөпүөнүн түргэн баҕайытык саба баттыыр. – Баһылай, уолбут билигин кэлэр үһү. Остуолу, чэ, тардыахха. – Ээ, чэ, тарт, бэйэҥ даҕаны. Ол хас буолан кэлэллэр үһүнүй? – эр киһи саҥата саалаттан иһиллэр. – Хас буолан кэллэхтэрэй? Эльзатынаан кэлэрэ буолуо. Соҕотох кэлэрэ буоллар. Хонор ини. Кэпсэтиэ этибит. – Чэ, мээнэ ону-маны саҥарыма. Хайыы үйэ ыал буоларга быһаарыммыт дьону ол-бу диэн саҥаран хомото сылдьаайыккыный? Бэйэлэрэ быһаарыннахтара дии. Эн биһигиттэн ыйытыахтара суоҕа. Дьиэлээх хаһаайка саҥата суох эрдэ сахалыы иһиккэ кутан бэлэмнээбит алаадьытын, эттээх хортуоппуйунан буһарбыт соркуойун, оҕурсунан, помидорунан оҥорбут салаатын төгүрүк остуолга уурталаан баран, уолун кэтэһэн сыҥаах баттанан олордо. Сотру буолаат, аан аһыллар тыаһын истэн, ойон туран, киирэр ааҥҥа ыстанна. Уола соҕотоҕун киирбитин соһуйа көрдө. – Хайа, соҕотох кэллиҥ дуо? Оттон Эльзан? – Кэлбэт. Эһигиттэн куттанар. Ийээ, эн сөбүлээбэтиҥ туһунан дэриэбинэ туолбут дии? – уоллара кыыһырбыттыы туттан нуорка бэргэһэтин, кууркатын дьыбааҥҥа быраҕаттыыр, унтуутун туран эрэ онньоҕунан үктээн туран уһулан, дьиэ ортотун диэки тэбэр. – Хайа, бу уол туох буолан биһиги үрдүбүтүнэн кыыһыран кэллэ? – ийэлэрэ соһуйа түһэр. – Уолуҥ олох буорайбыт дии. Киһини таһынан атаахтаппытыҥ хайа аанньа буолуой? Төбөҥ үрдүгэр ытыарбыт уолгун хайдах гынаҕын? – аҕалара сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. – Кэлиҥ, чэ, аһыаҕыҥ, – Арина аҕаларын сөбүлээбэтэхтии көрөрүн быыһыгар дьонун остуолга ыҥырар. Остуолга олороллор. Уоллара аһаабакка, чэйин сыпсырыйбыта буола олорор. – Тоҕо дьиэҕэр тохтообокко, кыыс дьиэтигэр үргүлдьү аастыҥ? Уонна саатар, биһиэхэ эрдэттэн эппэккин. Атын эбитэ буоллар, уол дьоно бастакынан билиэхтээх этибит, – ийэтэ төһө кыалларынан сымнаҕас соҕустук саҥара сатыыр. – Ийээ, эн Эльзалыын доҕордоһорбун уруккуттан сөбүлээбэт этиҥ. Тоҕо Шараповтары абааһы көрдүҥ? Эһиги иннигитин хаһан туора хаамтылар? Мин көрүөхпэр, бэйэбит курдук, боростуой тыа ыала. Арай, эһигиттэн
итэҕэстэрэ диэн анал үөрэхтэрэ суоҕа буолуо. – Хайа, бу уол туох үлүгэр элбэх саҥаланан кэллиҥ? Шараповтарга үчүгэйдик бэрт буолбуккун, – ийэтэ кыыһыран өрө хабылла түһэр. – Чэ, сатаан кэпсэтиэ суоххут. Иккиэн да үүт-үкчү дьоҥҥут. Утуйа бардым. – Василий куукунаттан тахсан барар. – Мин эмиэ утуйа бардым, – уол ойон туран иннигэр турар олоппоһу сыҕарыта тэбэн тахсар. Арина икки ытыһынан төбөтүн хам туттан олорон хаалар. Дьэ, эмиэ хараахтара суох эр дьон. Саатар киһини кытта тэһийэн-тулуйан кэпсэппэттэр. Сарсын аны улуус киинигэр үөрэх управлениетыгар мунньахха барыахтаах. Онтон төһөҕө кэлэрэ биллибэт. Уол сарсыарда ойон тураат, кыыһыгар барыаҕа. Аҕатыттан тутуллубат. Оччоҕо хаһан кэпсэтэбин? Шараповтарга күтүөт буолан бүттэҕэ. Дьиҥинэн, Шараповтар куһаҕана суох аймах эрээри, төрүттэрин сөбүлээбэт. Кини төрөппүттэрэ сүөһү үлэһитэ буолан, Шараповтары кытта биир сайылыкка сайылыыллара. Ийэтэ ыанньыксыттыыра, аҕата бостууктуура. Сайыны быһа ыалларыттан сэрэхэдийэллэрэ. Эбэлэрэ Арыппыас эмээхсин баттаҕа ыһыллан-арбайан баран, атах сыгынньыах сайылыгы биир гына мэнэрийэн, ытыһын таһына-таһына биирдэ эмит сүүрэкэлээн аҕай биэрэрэ. Кэргэнэ суох буоллаҕына, ким да туппат этэ. Оҕонньортон куттанар быһыылааҕа, иһэрин көрдөҕүнэ, дьиэтигэр сүүрэрэ. Бу санаатахха, син сымнаҕас эбит. Дьону кыраабат-таныйбат быһыылааҕа. Сүүрэкэлиирэ эрэ, оҕо-дьахтар барыта дьиэлэригэр киирэн ааннарын хатаналлара. «Иирээки» дииллэрэ. Биир күһүн сүтэн хаалбыта. Ким да сүтүктээбэтэҕэ, көрдөөбөтөхтөрө даҕаны. Кэлин ийэтиттэн ыйыппыттарыгар, оҕонньоро өлбүтүн кэннэ уола Миитэрэй инбэлииттэр букатыннаахтык туттарбыт үһү диэбитэ. Онон, ол Арыппыас барахсан дьылҕата онон түмүктэммитэ. Билигин ол Шараповтар нэһилиэк сис ыала буолан, сүөһү-ас ииттэн, байан-тайан олороллор. Ол ийэтин туттарбыт уол кыыһын кыыһа, кинилэр кийииттэрэ буолуохтаах. Эльза эһэтэ Миитэрэй буолар. Ити аймахтарга кэлин Арыппыас курдук айылҕаттан атаҕастаммыт сыдьаан суоҕунан суох. Ырытан көрдөххө, сиэннэрэ барыта уолаттар, баҕар, ол иһин буолуо. Дьахтар ыарыыта кыыска сыстар дииллэрэ хайдаҕа эбитэ буолла. Айыы даҕаны, Эльза оннук буолуо дии санаабат эрээри, кыыһы кытта бииргэ төрөөбүт балтылара иккиэн итэҕэстээх төрөөн, аах-маах, мөлтөх аатыран оскуолаҕа үөрэммэтэхтэрэ. Барахсаттар кыһыҥҥы бытархан тымныыга, сайыҥҥы сыралҕан итиигэ аҥаарыччы көрөн баран хас күн ахсын маҕаһыынтан килиэп сыһан-соһон сордонон иһэр буолаллара. Анал, тустаах үлэлэрэ быһыылааҕа. ийэлэрэ кыайан төрөөбөккө, оһоллонон, итиннк буолбуттар дииллэр да, хайдаҕа эбитэ буолла? Оттон Эльзаны кесаревонан ылбыттар үһү, оннук буоллаҕына, кыра кыргыттары тоҕо оннук төрөппөтүлэр? Чэ, ону билбит суох. Кыыс ийэтэ Маруся кинини көрдөҕүнэ, олох дорооболоспот, атын сири түҥнэри көрөн ааһар, ол аата сөбүлээбэтин биллэрэр буоллаҕа. Билигин дьэ, дьиҥнээхтик холбоһон, ыал буолар буоллахтарына, хайдах буолаллар, сыбаайба тэрийэллэрэ эрэ хаалар. Куоракка төһөлөөх элбэх кыраһыабай кыыс баара буолуой? Биһиэнэ биһиэнин курдук. Эльзаттан атын кыыс суоҕун курдук. Балтыларбын кытта сүбэлэһиэххэ баар этэ. Иккиэн да, кини курдук истэригэр тута сылдьыбат кыргыттар, билбит-көрбүт, нэһилиэк сонунун барытын ким да иннинэ истибит буолаллар. Билигин батсаабынан суруйуохха.
Оччоҕо улуус киинигэр тиийиэр диэри сарсын кыргыттара эппиэттээбит буолуохтара. Сыбаайба тэрийэр буоллахха, куоракка «Полярная звезда» рестораҥҥа тэрийиллиэ, 50 киһилээх. Биһиги аймахтан 30 киһини, Шараповтартан 20 киһини ыҥыртарыллыа. Сөп буолуо, 200-300 киһилээх сыбаайба тэийэн аарыгырыллыбат. Хайа аанньа халыҥ аймах буолан даххаһыйбатыннар. Арина Авдеевна син туох эрэ быһаарыныыны ылбыт киһи быһыытынан, иһитин хомуйарга сананан, электрическэй оһоҕун холбоон «чып» гыннарда. Татьяна Находкина, Уус Алдан (Салгыыта бэчээттэниэ)
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан