Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа (6-с чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа (6-с чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
01.05.2021 18:00
Салгыыта. Иннин манна аах: https://edersaas.ru/dyl-a-5-s-chaa-a/ Биһиги кэтэбилгэ икки киһини туруоран баран, солбуһа сылдьан саабыт кэннинэн саайталыыбыт. Син кыра-кыралаан көөрөттөн, кирпииччэбит эмтэрийэр. Кыра хайаҕас тахсыбытынан көрбүппүт, эмиэ биһиэнин курдук хос эбит. Солбуйса сылдьан, тоҕута сынньан, киһи батар хайаҕаһын ньа­чаас оҥордубут. Дьэ киһи туттара-хаптара, күүһэ-уоҕа эбиллэрэ ынырык эбит тыын былдьаһыгар. Бастаан саамай бөдөҥмүтүн, Омскай уолун батардыбыт. Бүтэһик уолбут гранатаны аллараа ыыта охсон баран истиэнэни нөҥүөлээтэ. Атын подъезка тахсан кэллибит. Мин кэнники хаалан, граната кольцотун ылан баран, гранатабын кирпииччэнэн баттатан кэбистим. Атахтарынан кирпииччэни сыҕарыччы астахтарына, эстиэхтээх. Хата подъезпытыгар ыт үрэр киһи суох буолан, этэҥҥэ таһырдьа тахсан, мэндиэмэннээх дьиэни кыйа сүүрэн, охтубут дьиэ эркинин күлүгэр састыбыт. Бары баарбыт диэн испэр үөрэ санаатым. Ол саһан олордохпутуна, хаалларбыт гранатам эстэр тыаһа иһилиннэ. Бары “почти землякпытын” хайҕыыбыт. Илиитин бобута тутан эҕэрдэлииллэр, махтаналлар. Хата кыһыл кирпииччэ түбэһэн быыһаммыппыт. Сиэмэн кирпииччэ эбитэ буоллар, дьыалабыт хаахтыйара хааллаҕа. Ол саһан уоскуйа олордохпутуна, “сепаратисты идут” диэн Омскайтан сылдьар Швед диэн ааты иҥэриммит уол сибигинэйдэ. Сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, арыычча тарҕаһан олоруҥ диэн дьоммун тэйитэлээн биэрдим. Дьоммут биһиги ыраастаабыт дьиэбитин БМП-нан олох тоҕута ытыалаабытынан бардылар. Биһиги үөрэн “наши” дэһэ түстүбүт. Ыраахтан хаһыытаһан баарбытын, кимнээхпитин биллэрэн баран, хаххабытыттан тахсан холбостубут. Дьоммутун, ба­­йыаннай көлөлөрү олох тоҕута ытыалаан кэбиспиттэр этэ. Эмиэ хаан, эмиэ өлүктэр. Биһиги, өлбөт быабытыгар, дьиэҕэ киирэн биэрбит этибит. Син сорохтор тыыннаах ордоннор, аттынааҕы биригээдэни көмөҕө ыҥырбыттар этэ. Эмиэ иннибит диэки оргууй кимэн, хараҥаны бүрүнэн, хааман иһэбит. Мин кэһэйбит буоламмын, БТР-тан, БМП-тан тэйиччи сылдьа сатыыбын. Көрдөххө, бөҕө-таҕа курдук да, кэбирэҕэ сүрдээх. Тимирэ ньалҕаарыйан ууллуор диэри ума­йар. Эмиэ уот уһууран кэллэ да эстии тыаһа, көлөлөрбүт биирдэһэ төбөтө көттө, иккиһэ кутаа уоту бүрүнэн кэбистэ. Эмиэ буолуохтааҕын курдук, хас түннүк үөлэһиттэн олохтоохтор ытыалаан субуруҥнаталлар. Саллааттар барахсаттар мээнэ мунан хаалан баран, төттөрү-таары сүүрэкэлэһэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта ытыалаһан да ылаллар. Мин дьоммун, сытыҥ диэн баран, оҥхой курдукка ыстанным. Били отуттан тахса көмөҕө кэлбит сэрииһиттэрим ханна да бааллара биллибэт буолан хаалла. Мин дьоммун, сытан эрэ ааттарын ыҥыртаан бэрэбиэркэлээтим. Бары бааллар, өлүөрдэр эбит. Бу төгүрүктээһинтэн тахсан, куотуохха дии санаан, ол бу диэки көрөбүн. Хараҥа, туох да көстүбэт. Билигин тыын салҕыы тахсыахтарын иннинэ тэйиэххэ, куотан биэ­риэххэ, мааҕыын саһан олорбут сирбит диэки барыахха, диэн элэс са­­наат, миигин батыһыҥ диэт, инним хоту хаамтым. Хата, хараҥа буолан, кимҥэ да көстүбэккэ, тэйдэр тэйэн үлүбээй хаамабын. Ол хааман иһэн атахпар туох эрэ быа курдук иилиһиннэ уонна уот күлүм гынна да, сүтэн хааллым. Өйдөммүтүм, дьиэ иһигэр соҕотоҕун сытабын. Муннукка, түннүк аннынан. Илиибин түөспэр уурбуттар, атахпын тэҥнии туппуттар. Тымныыттан көһүйэн хаалбыт эбиппин. Уолаттарым өлбүт дии санаан, хаалларбыттарын сэрэйдим. Аҥаар атаҕым баара биллибэт.
Төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, хаҥас өттүгүм хаан, бэрэбээскилии сатаабыттар, хаан буолбут өрбөх көстөр. Арай туох эрэ тыас тыаһаабытыгар саабын харбанан көрдүм, саам суох, илдьэ барбыттар. Тыас диэки хайыһын көрбүтүм, биир тэллэх ыта нуучча уолун өлүгүн тиниктээн, айаҕын тыаһатар эбит. Ону көрөн, хантан күүс киирбитэ эбит буолла, олоро түстүм. Арааһа, мин тыыннаахпын билэн, чугаһаабатах буолуохтаах. Ол олорон, ким эрэ сыбдыйан хаамар тыаһын иһиттим да өлбүт курдук төттөрү сытынан кэбистим. “Почти землягым” кэлэн ыты үүрэн, тугунан эрэ быраҕан ньааҕынатта уонна ыҥыра-ыҥыра мин диэки кэллэ. Төһө да ыарытыйдарбын, ­дьиибэлэниэх санаам кэлэн, хам­наабакка сыттым. Киһим оргууй, утуйа сытар киһини уһугуннарардыы илгиэлээтэ. Хамнаабакка сытабын. Киһим хараҕын уутун соттон баран эргиллэн баран эрдэҕинэ, атаҕар оҕустум. Киһим соһу­йан өрүтэ ыстаҥалаан ылла. Оо, үөрбүтүн онно көрүөҥ этэ. “Ах ты пердун, живой, живой” дии-дии күүскэ баҕайы ­кууста. “Давай тур, са­­таан хаамаҕын дуо? Атаҕыҥ ыалдьар дуо?” диэн үөрүүтүн быыһыгар хос-хос ыйытта. Киһим түннүккэ тиийэн, саһан олорон, тула өттүн көрү­тэлээтэ. Турарбар көмөлөһөн, аҥаар өттүбүттэн өйөөн дьиэ кэннинэн тахсан, хас да мэндиэмэннээх дьиэлэри нөҥүөлээн, биир дьиэ бадыбаалыгар киирбиппит, уолаттарым бары бааллар, тыыннаахтар эбит. Дьэ үөрүү-көтүү, куустуһуу. Миигин өллө диэн хаалларбыттар. “Почти землягым” миигин суохтаан, өлбүппүн итэҕэйбэккэ, бэрэбиэркэлии барбыт эбит. “Олох сүрэҕим билбитэ, тыыннаах диэн” дии-дии санныбын таптайа-таптайа хараҕын уутун соттоохтуур. “Мин бэйэм эйиэхэ барбатаҕым, атахтарым илдьибиттэрэ” диэн баран кууспахалаан ылла. Мин растяжка боробулуохатын таарыйбыт этим. Тэйиччи соҕус буоланнар, мин эрэ бааһырбыппын. Сотору БТР кэлэн тохтоото. Түҥ-таҥ тутан БТР-га симэн кэбистилэр. “Почти землягым», түргэнник үтүөр, гражданкаҕа көрсүөхпүт диэн баран илиибин ыбылы тутта. Эмиэ иккистээн госпитальга бардаҕым дии, хайыахпыный. Сыл аҥаарын курдук госпитальга сыттым. Хаста да эпэрээссийэлээтилэр тааһым уҥуоҕун. Билигин, көрөрүҥ курдук, син хаамар оҥордулар диэн баран, атаҕын хамнатта. Уолаттарбын кытта билсэбин, бары тыыннаахтар. “Почти землягым” ыҥырар, кэлэн миэхэ үлэлээ диэн. Арааһа, массыына буллахпына дойдубар төннүөм диэн баран, кэпсээним манан бүтэр диэбиттии, хоонньуттан билээгэтин таһааран эмиэ омурдуталаан ылла. Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ.
edersaas.ru сайтан