Кэпсээ
Войти Регистрация

«Боруоҥҥа Суоруну көрүстүм…»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Боруоҥҥа Суоруну көрүстүм…»

K
edersaas.ru Категорията суох
29.04.2021 19:00
“Боруоҥҥа Суоруну көрүстүм…” (“Сарыал кэпсээннэриттэн”) Бүгүн Максим Ксенофонтов кэпсээнин ааҕыҥ. Кыайыы күнэ да чугаһаата. “Оо, хайдах кэрэний, үөрүүлээҕий, фроҥҥа саханы көрсөр, сахалыы тылынан саңарар!” Тимофей Сметанин. 1987 сыл. Кыайыы Күнүгэр сэрии ветераннарыгар кэлээскэлээх мотоцикл фондата көрүллүбүтэ. Эhэбит Байбал “пуонда” матасыыкылын сайын ылан, бэйэтэ этэринэн, “атах тардыстан”, бэркэ абыранныбыт. Эhэм сэрии туhунан мээнэ кэпсээбэт. Кини 1943 сыллаахха ыңырыллан барбыт. Икки сыл устата үстэ бааhыран, контузия ылан, 1945 сыл кулун тутарыгар дойдутугар эргиллибит. Кэлээт, төһө да доруобуйата айгыраатар, холкуоhугар биригэдьиирдээн барбыт. …Хатың сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолан, собо ыан эрэр. Бэс ыйын 6 күнэ дьиҥ сайыҥҥылыы куйааһынан ылааран турда. Эдьиийим Соня сессията саҕаланан, суруга сэдэхсийдэ. Эбэм почта дьааhыгыттан хаhыаты киллэрэн, сурунаал остуолун үрдүгэр тэлимнэтэн “тэбиир”. Суоппушкаттан сурук кэлбит буоллаҕына үөрэ түhэр, бастакынан ааҕар. Сурук суох буоллаҕына, почта кэлбэтэҕин курдук саныыр. Рита каникула саҕаланан, поруомунан туораан, иллэрээ күн кэлбитэ. Киэhээҥҥи аhылыкка бары мустан, аа-дьуо сэhэргэhэ-сэhэргэhэ чэйдиирбитин сөбүлүүбүт. Арай, ортолуу чэйдии олорон эhэм: − Бүгүн түөскэм — скрипач Павел Коган — төрөөбүт күнэ, − диэн күллэртээтэ. Эбэм, тугу эрэ этээри гынара өтө көстөр. Бүлүүhэлээх чэйин саhархай подсолнух ойуулаах ыскаатарга ууран баран: − Өссө бэс ыйын алтатыгар норуодунай артыыска Татьяна Пельтцер төрөөбүт күнэ ээ, − диэтэ. − Уонна мин подругам Лера Разина днюхата − Рита мүчүңнээтэ. − Онно бараҕын дуу? – эбэм ыйытта. − Куоракка бииргэ үөрэнэбит ээ. Дойдутугар Сангаарга барбыта. Онно хайдах барыамый? – эдьиийим быhаарда. Мин телевизорга соторутааҕыта көрбүт “Солдаты свободы” киинэбин испэр саныы олорбутум. Онтон эhэбин одууласпытым. Ол олорон: “Сэриигэ биир дойдулаахтарын көрсүбүтэ дуу?” − дии санаатым. Ол иhин: − Көр эрэ, эһээ, сэриигэ сахалары көрсөр этиҥ дуо? – диэн ыйыттым. Бары чуумпура түстүлэр, эhэм диэки хайыстылар. Эhэбит Байбал кыырыктыйан эрэр баттаҕын хаҥас ытыhынан өрө ньиккэрийдэ: − Ырааппыт эбит, сэрии бүппүтэ. Түөрт уонча сыл. Эмиэ да, санаан кэллэххэ, субу соторутааҥҥы курдук. Сэриилэспитим иккис сылыгар этэ, ол. 1944 сыллаахха… Төрдүс Украинскай фроҥҥа генерал-полковник Иван Ефимович Петров командующайдаах Закарпатьены босхолуур операцияҕа 1-ы армияҕа баарым. Дьэ, арай, биир күн политрукпут Андрий Иващенко: “Суруйааччылар көрсүhэ кэллилэр”, — диэн биллэрдэ. Чугастыы, уруккута колхоз бурдук кутар маҥхааhайын аттыгар взводпут муhунна. Арай, биэс суруйааччы кэлбит. Бары байыаннай формалаахтар. Иккитэ нуучча, биир адыгеец, иккитэ азиялыы сирэйдээхтэр. Санаабар, ханна эрэ көрбүт дьонум курдуктар. Уруургуу көрдүм. Бастаан нууччалар уонна адыгеец бэсиэдэлээтилэр, хоhоонноруттан аахтылар. Онтон, «саха курдук» диэбит дьоммуттан биирдэстэрэ: “Бойцы! Пламенный привет из Якутской АССР!” − диэн саҕалаата. Дьэ, доҕоор, сыл аҥарын быhа саханы көрбөтөх киhи, иннэ-бүргэс үрдүгэр олорор курдук, эргичиҥнии түстүм. Онно билбитим, Дмитрий Сивцев – Суорун Омоллоон уонна Сэргэй Баhылайап
эбиттэр. Сэргэйи, “Мэңэлэр хайа үрдүгэр” кинигэ ааптарын, отой сэмилээгим курдук көрдүм. Саха сирэ боруоҥҥа көмөтүн, кыайыы туhугар киллэрэр кылаатын туhунан кэпсээтилэр. Аны: “Сахалыы ырыаны истиң”, − диэн буолла. Васильев патефон быластыыҥкатын таhаарда. Сиргэ батары саайыллыбыт үөл тоhоҕолорго устуруустамматах хаптаhыннары саайан оҥоhуллубут бохуотунай остуолга турар патефон тутааҕын эрийэн кулугуратта. Чуумпу. Украина үрдүк мастарын төбөлөрө барбах суугунаhан ылаллар. Полевой куукуна турар сирин диэки кураанах солуур “таҥкыр” гынара иhилиннэ. Сергей Степанович патефон голуопкатын аргыый ылан, эргийэ турар быластыыҥкаҕа уурда. Екатерина Захарова “Кэҕэ” диэн ырыата эбит. Сахалыы ырыа кэрэтик даҕаны иhиллибитэ. Дойдубар, алааспар баар курдук санаммытым. Төрөөбүт алааhым ахтылҕана сүр күүскэ саба халыйан кэбиспитэ. Саас кэҕэ этэрин, ыhыы үлэтин, дьиэбин, дьоммун санаабытым… букатын кэбирээбитим…Табаарыстарым миигин дьиппиэн дии саныыллар этэ. Арай, онно, хараҕым уутун кистии-саба сотторбун көрбүттэрэ буолуо. Хор, төрөөбүт дойду ахтылҕана оннук күүстээх буолар эбит этэ. Бэсиэдэ бүппүтүн кэннэ суруйааччылар тула үмүөрүстүбүт. Саллааттар быыстарынан Сивцевтээх Васильевка чугаhаатым. Дьоммун кытта илии тутуhан, дьэ, сахалыы тото кэпсэттим. “Командировкаҕа сылдьабыт. Хас да ый буоллубут”, − диэн кэпсээтилэр. Дмитрий Кононович хаңас илиитэ бэрэбээскилээх. “Үнүр, биир чааска “сын полка” оҕо баарыгар, сахалыы хабылык оңорон биэрээри, эчэттим. Ничего, кыра, дьуккуруйуу кэриэтэ”, − диэтэр даҕаны, ыалдьар быhыылааҕа, сотору-сотору имэринэрэ. Сылдьыбыттарын былаhын тухары саха саллааттарын, хамандыырдарын тустарынан үчүгэй эрэ сыанабылы истэллэрин туhунан киэн тутта аҕыннылар. “Кыым” хаhыаты бэлэхтээтилэр. Ол хаhыаты букатын өргө диэри, хас да хос бүк тутан, гимнастёркам сиэбигэр уктан илдьэ сылдьыбытым. Ахтылҕаммын аhараары, дьонум суруктарын уонна ол хаhыаты хос-хос ааҕарым. “Көрсүhүүнэн! Кыайыы туhугар!” − диэн 50-нуу гыраамы «чук» гынныбыт. Биир дойдулаахтарбар тугу эрэ бэлэхтиэхпин ба5ардым. Саллаат киhиэхэ туох үгүс мал-сал кэлиэй? Арай, сэп-сэбиргэл эрэ баар. Трофейнай парабеллумнаахпын. Онтубун, бастаан утаа, взводум командирыгар биэриэхпин баҕарбытым. Онтон хаппырыыстаабатын, чугаска сыалын бэркэ табарын билэммин бэйэбэр хаалларыммытым. Ол бэстилиэппин Сергей Степановичка туттаран кэбистим: “Биир дойдулааххыттан!” Оттон Дмитрий Кононовичка финкабын биэрдим: «Саха эр бэрдэ сытыы быhахтаах буолуохтаах!» Бэйэм бүк тутуллар, обургу быhахтаа5ым. Онон финскэй кынчаалбын убаастыыр суруйааччыбар үөрэ-көтө бэлэхтээбитим. “Биилээ5и бэлэхтэттэххэ, манньыат бэриллэр”, − диэт, Суорун Омоллоон сиэбин хаста. Бытархай харчы булбакка: “Доор, Сэргэ-эй, иэстээ эрэ кэппиэйкэтэ”, − диэтэ күлэ-күлэ. Доҕоро куударалаах хойуу, хара батта5ын кэннин диэки сиэлийэн кэбиhээт, хап-сабар алтан үстээх харчыны таһаара охсон биэрдэ: “Аксакаал, сыр харчы бу баар!” Суорун Омоллоон күллэ: “Аска хаал даа? Ырҕаччы даа? Хаалан-хаалан, Ырҕаччы аһаан буоллаҕа дии!” Көр, тыл маастара диэх курдук! Биһиги күлсээт, чэрдээх ытыстарбытын ыгыта тутустубут. Дьэ, итинник көрсүhүү буолан турар. Долгуйан, бэл, хоһоон суруйбутум. Онно Боруоҥҥа Суоруну көрүстүм, Кинилиин Васильев сылдьара. Сахалыы саҥаны истэммин Олуһун даҕаны мин үөрдүм диэн устуруокалара бааллара. Ол хоһооммун биир сурукпун
кытта дьоммор ыыппытым. Сэрииттэн кэлэрбэр, боруоннааҕы суруктарым бааллар этэ. Санаабар, көтөх муҥунан. Нэдиэлэ аайы суруйар этим буоллаҕа. Дьэ, ону, ол суруктарбын, бөх курдук санаан, ол-бу эргэ хаһыаттары кытта, уот күөдьүтүүтэ эҥин гынан кэбиспиппит. Аны санаатахха, хаалларан, уура сылдьыахха баар эбит… Ол хоһоонноох суругум баара буоллар… Билигим ити биир эрэ күппүлүөт өйбөр хаалбыт. Син уһун, сэттэ-аҕыс күппүлүөт этэ. Эһэм, кыратык саҥата суох олоро түстэ, онтон салгыы эттэ: — Сэриигэ икки сыл устата, син, хаста да сахалары көрсүбүтүм. Ол эрэн, ити суруйааччылары көрсүбүт күммүн олох умнубаппын… − Сэрии кэнниттэн кинилэри көрсүбүтүҥ дуу? – эдьиийим Рита эhэтин диэки көрдө. − Ол онно, кинигэ ыскаабыгар, Суорун Омоллоон уонна Сэргэй Баhылайап автографтаан бэлэхтээбит кинигэлэрэ бааллар. Олору сэрии кэнниттэн көрсүбүппэр бэлэхтээбиттэрэ. Суоруну 1957 сылга, Сергей Степановиhы 1960 уонна 1962 сылларга көрсүбүтүм. Сергей Степанович мин бэлэхтээбит парабеллуммун дойдутугар илдьэ кэлэн испит. Аара, Новосибирскайга, байыаннай патруль онтун тутан ылбыт этэ, “именной буолбатах” диэн. Кини сэриигэ өлбүт саха буойуттарын олус аhыйара. Ильмень күөл аттынааҕы памятнигы туттарбыта дииллэр. …Эhэм бүлүүhэлээх чааскытын бэйэтиттэн тэйиччи аспыта. Чуумпуран олорбохтообуппут. − Хара кырыыстаах сэрии… Төhөлөөх иэдээни аҕалбытын ким ааҕан ситиэй?! Сэрии алдьаппатаҕа буоллар, төhөлөөх сайдыа, силигилиэ этибитий? – эбэм нүhэрдик, иhиллэр-иhиллибэттик ботугураабыта… Ити кэмҥэ мин сэрии уотун будулҕанын ааспыт, кыайыыны аҕалсыбыт эһэбин ытыктыы, таптыы одууласпытым. Оттон эһэм сэриигэ сылдьан саха суруйааччыларын көрсүбүтүн хаттаан эргитэ саныы олорор быhыылааҕа. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан