Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хара харахтар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хара харахтар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.09.2020 12:50
Саас – олус да кэрэ кэм. Ким үөрбэт буолуой күн барахсан чэмэличчи көрөн турдаҕына, ким санньыйыай айылҕа уһуктан, мэктиэтигэр, хамныы-хамныы уһуктар кэмигэр. Ол эрээри бу ардыгар уһаан-тэнийэн сири куурдан быстыбакка сылатара да баар суол. Холобур, быйыл дьыл кэлиитэ уһаата. Аны ардаан баран тохтуур аат суох. Дьиэм таһа күөл буолаары ыксатта. Хата, ким эрэ хаптаһын сыыһын булан далаһа оҥорбута абыраата. Хайа эрэ үтүө сүрэхтээх дьаһанан эрдэҕэ? Ол кыһаллар киһини “көмүс тарбах” диэн сүрэхтээбитим ыраатта. Саас буоллун, күһүн буоллун — далаһа уурар. Сир куурдаҕына ону хомуйа охсон кэбиһэр. Бүгүн дьиэбэр киирэн истэхпинэ, хантан кэлбиттэрэ буолла, биэс-алта оҕо кэлэн чуут түҥнэри көтө сыстылар. Ону кытта бадарааннаах уу бырдаҥалаан харыстыы испит таҥаһым сонно буорайда. Абаккабар, хаһыытаан хааллым. Ол эрээри дьонум кымаардаан көрбөтүлэр. Хата, туох эрэ диэт, күлэн бычыгырастылар. Кыһыйан да хайыамый. Дьиэбэр киирэн суунан-тараанан ас астыыр түбүгэр түстүм. Сарсыарда улуустан ийэм дьүөгэтэ Араайа балыыһаҕа көрдөрүнэ киирээри сылдьарын иһитиннэрбиттэрэ. Ол Араайа тоҕо анаан-минээн миэхэ түһээри оҥостубутун билбэппин. Туох буолуой, эттилэр, сорудах кэллэ – толорорго тиийиллэр. Онон бүгүҥҥү түбүк төрүөтэ – түөтэ Араайа. Хата, аһым бэлэм буолаатын кытта ааммын тоҥсуйдулар. Сүүрэн тиийэн аспытым, түөтэ Араайа субу мытырыллан үөрэн-көтөн турар. Аҕылаабыт аҕай. Икки илиитигэр толору суумкалаах. – Һуу, икки этээһи дабайаары эстэ сыстым. Дорообо, тукаам. Бу дьонуҥ сээкэй ыыппыттара. Суоппар Туола, ыксаатаҕа аатыран, таһаарсан абыраабата. Чахчы, ыйааһыннара сүр эбит. “Түөтэ Араайа чалбахтаах сири бачча этэҥҥэ туораабыт буоллаҕына, урукку кыаҕын ыһыкта илик эбит” диэн санаа охсуллан ааста: – Араайаа, суун-тараан, мин чэй бэлэмниим. Ол кэннэ дойду сонунун ыһа-тоҕо кэпсээр. – Ээ, оннук-оннук, туохха ыксаан, налыччы кэпсиэм. Балыыһаҕа бүөрбүн көрдөрө киирдим ээ. Напырабылыанньалаан ыыттылар. Анараа дьонум сыл аайы тиэстэрбиттэн сылайдылар быһыылаах диэн, сир уларыппыт дьүһүнүм. Онон, тукаам, аҕыйах күн тулуйар инигин, – диэт күлбүтүгэр, тэбис-тэҥ үрүҥ тиистэрэ кэчигирэстилэр. – Туох диэтэҥий, ол чааһыгар отой долгуйума. Мин күнү быһа үлэбэр буолуом, онон күлүүс тылын биэриэм, олох дьиэҥ курдук сылдьаар, – диэтим. Арааһы бары сэлэстибит. Инньэ гынан киэһэм хайдах эрэ олус сэргэхтик, түргэнник ааһан хаалла. Сарсыныгар ким -- үлэтигэр, ким балыыһатыгар икки аҥыы айаннаатыбыт. Киэһэ подъезка киирбитим, кирилиэскэ оҕо бөҕө мустубут. Били ыалларым уолугар кэлбиттэр быһыылаах. Ити аттыбынааҕы ыалы ааттыыбын. Бэркэ билэр ыалым. Билэн да диэн, баалларын биллэрэр дьон. Субуота, өрөбүл аайы ырыа-тойук, хаһыы-ыһыы. Күннэри-түүннэри тохтуур аат суох. Дьон бөҕөнү мунньаллар. Оҕо бөҕө сыбыытыыр. Оччоҕо ыал ийэтэ: “Андрейка-аа, ханна бардыҥ? Чэ, бар... хоммоккун. Эттим дии, хоммоккун!” – диэн титирэс куолаһынан хаһыытыырын хаста да истэн турабын. Мин киирбиппин көрөн мустубут оҕолор, хата, суолбуттан туораан биэрдилэр. Хайалара эрэ өссө: “Здравствуйте!” – диэн чап
гыннарда. Онтон тоҕо эрэ атыттара бэрт көрдөөҕү истибиттии күлэн тоҕо бардылар. Ол оҕолорго бэҕэһээҥҥи уунан ыстаҥалаһааччы “өстөөхтөрбүн” таба көрөн өссө абардым. Түөтэ Араайа номнуо кэлэн ас бөҕө астаан тоһуйбут. Идэбитинэн күннээҕини сэлэһэ-сэлэһэ чэйдээтибит. Сарсын өрөбүлгэ тугу гыныахпытын былааннаатыбыт. Араайа тыйаатырга сылдьыан баҕарар эбит, онно барар буоллубут. Хоспор киирэн үлэбин бэрэлии олордохпуна ааны тоҥсуйдулар. Мин кумааҕыбыттан тэйбэккэ олорон Араайаны ааны аһарыгар көрдөстүм. Аан аһылынна, тугу эрэ кэпсэттилэр. Мин ким буоллаҕай, бачча хойут диэн аан дьиэҕэ таҕыстым. Онтум ыалдьыт киирбит сибикитэ суох. Араайа ааны хатыы охсубут дуу. – Хайа, Араайаа, ким кэлэ сырытта? – муодарҕаан ыйытабын. – Ээ, ити ыал оҕолоро. Андрейбын диир. Ийэтэ дабылыанньата тахсан буорайбыт үһү. Эмп ылаары гынабын диир. Икки мөһөөҕү иэстээтэ. Сарсын паапам хамнаһа кэлиэ диир. Оччоҕо төннөрүөх буолла. Мин ону истэн баран, түөтэм кэнэнин аһына санаатым. – Оо, Араайаа, өс киирбэҕиҥ тоҕо бэрдэй. Ити харчыҥ төннүбэтэ буолуо ээ. – Эс, ама дуу... Чиэһинэй баҕайы курдук дии.. – Ол кини чиэһинэйэ сүүһүгэр сурулла сылдьар дуо? Билэр оҕолорум. Сытыылара диибин диэн. Ити оҕолортон тугу баҕарар күүтүөххэ сөп... – диэн, ааны бэйэм аспатахпын кэмсинэ-кэмсинэ хос диэки атыллаан истэхпинэ Араайа: – Сыыһарыҥ буолаарай. Хайдах оннук буолуой. Киһи хараҕа хаһан да сымыйалаабат ээ. Кини харахтара “аһаҕастар”, сүүрэкэлэс, симириктэс буолбатахха дылылар дии. Ылбытын төннөрүө дии саныыбын. – Дьэ, ону сарсын көрүөхпүт. Араайаа, ити “аһаҕас” диэн хайдах хараҕы этэҕиний? – Аһаҕас диэн сымыйаҕа, албыҥҥа күлүктэтэн саспатах хараҕы ааттыыбын. Баар буолаллар ээ, албын көрүүлэр, аҕала сатыы-сатыы ымманыйыы, сымыйанан үөрүү... олор сымыйа дуйга күлүктэтэллэр. Ол син биир таба көрдөххө биллэр ээ... оҕо буоллун, оҕонньор буоллун. Үйэм тухары маҕаһыыҥҥа үлэлээн дьон майгытын харахтарыттан көрөн син таайа үөрэнним ээ. Ити уол хараҕа биир оҕону санаттылар ээ... Чоҕулуҥнас хара харах... Ол хараҕы, ыраас көрүүнү хаһан да умнубатым буолуо... – Араайаа, ол ким хараҕай? – диэн киһим тылыттан мааҕыҥҥы чобуорхайбытым ааһа охсон симиктик ыйытабын. – Чэ, бээ олоруох, сэһэргиим. Дьыбааҥҥа чэй куттан олоробут. – Сүүрбэччэ сыллааҕыта этэ. Үлэм кэнниттэн ыксаан ахан дьиэбэр киирэн эрэбин. Ол саҕана сүөһү тутар этим дии. Биир ынаҕым төрөөрү ыалдьыбыта хаһыс да күнэ. Ол иһин олус ыксыыбын. Тас таҥаспын уста охсон хотоммор сүүрэбин. Арай хотоммуттан ким эрэ тахсар тыаһа иһилиннэ. Онтон сибиэркээн, үөттүрэхпин хаба тардаат, хорсун соҕустук хотоммор дьүккүйэбин. Ким да суохха дылы. Син биир булуом, ырааппатыҥ ини диэн, хотон кэннигэр тиийэбин. Арай хотон түннүгүн диэки от чөмөҕүн кэннигэр ким эрэ турар. Быкпатыттан сылыктаатахха, кыра бэйэлээххэ дылы. Оччолооҕу көрөн хорсунум өссө эбиллэн, аны атырдьахтанан отум диэки хаамабын. Куоласпын өссө сонотон ордоотуубун: “Кимҥиний? Кэһэтиэм, өссө саспыт буола-буола.
Ынах уора кэллиҥ дуо?” Ол саҕана хотонтон ынаҕы күрэтэллэрин туһунан сурах бөҕө тарҕана сылдьар кэмэ этэ. Ол хаһыытааппын кытта саһааччым ойон таҕыста да, куотар аакка барда. Оҥостон кэлбит хотууска, ону куоттарыам дуо, окумалыттан харбаан ыллым. Онтум баара, хап-хачаайы, дьарамай сордоох эбит. Эмискэ: “Түөтэ Араайаа, охсума, мин Максиммын ээ”, – диэн оҕо саҥата чаҕаарыйда. Онтон соһуйан хаалан, туппут тойооскубун соспутунан хотоҥҥо дэллэритэн киллэрдим. Сырдыкка, чахчы ыалым аах оҕолоро буоларын көрөн уоскуйдум. Олунньу ый тымныытыгар оҕо аҥаардас футболканан таһырдьа тахсыбытын көрөн ыалым аах эмиэ сатамматахтарын сэрэйдим. Ол дьон соччото суох олохтоохторун бэркэ билэрим. Ыал аҕата сотору-сотору аһаан кэбиһэн, аҕыс араллааны таһаарара таһырдьа кытта иһиллэрэ. Дьахтар аад аһыттан маппат быһыылааҕа. Бу уол кэннэ икки уу кырбас оҕолоохторо, оччолорго. Максим дьахтар урукку эриттэн оҕото буоларын билэрим. “Тоҕо хотоҥҥо хорҕойдуҥ? Ыал хотонугар да, дьиэтигэр да ыйытыга суох киирэр аанньата суох ээ”, – диэн лиэксийэ ааҕардыы сананным. – Ити тоҥоммун киирбитим ээ. Паапа итирик кэлбитэ. Миигин таһыйан баран таһырдьа үүрэн кэбистэ. Төннөн көрөөр эрэ диэбитэ. – Оттон маамаҥ долгуйан эрдэҕэ дии. Бачча тымныыга ханна барда диэн. – Ээ, суох. Маама суох ээ. Тетя Галялыын ханна эрэ барбыттара. Паапа онтон кыыһырбыта. Маамаҕын булан аҕал диэбитэ. Тетя Галялаах ыраах баҕайылар дии, – уолум лоп бааччы хоруйдаһан иһэр. Оҕону аһына санаан ынахпын көрөн баран дьиэбэр илдьэ таҕыстым. Галялаахха да субуоннаан маамабытын булан ылбатыбыт. Быһата, түөтэлэр сарсыҥҥы өрөбүлү туһанан бырааһынньыктыы сылдьаллар эбит этэ. Максимкабын аһатан, ириэрэн хайаан, кэпсэтэн-ипсэтэн бодоруһа оҕустубут. Түүнүн ынахпытын тахсан көмөлөөн төрөттүбүт. Ити кылгас кэм иһигэр Максим Сергеев диэн аччыгый атастанан хааллым. Оҕом майгылаах бастыҥа этэ. Итириксит дьоно болҕомто уурбаттарыттан ускул-тэскил сылдьан үөрэҕэр доҕолоҥноон ыллар да олус өйдөөҕө. Кыра бэйэтэ улахан киһилии оттомнонон ылара. Оччоҕо өйдөөх, аһаҕас, хап-хара хараҕынан унаарыччы көрөрө. Сотору-сотору киирэр үгэстэммитэ. Биирдэ эмэ дьоно көнө сылдьар кэмнэригэр киирбэтэҕинэ, аны мин суохтуурум. Быһата, оҕо диэни билбэтэх тоҥуй сүрэххэ ийэ иэйиитэ уһуктубута. Төһө кыайарбынан көмөлөһө сатыырым: таҥаһынан, аһынан... Ону киһим ылбат буола сатыыра. Балтыларын кытта бэрт дьоһуннук бодьуустаһара. Кыратын салааскаҕа соспутунан, улаханын сиэппитинэн дьыссаат диэки баран иһэллэрэ харахпар билигин да көстөр ээ. Оннук сылдьан сороҕор үөрэҕэр хойутаан барбакка төннөн иһэригэр түбэһээччибин. Мөхтөхпүнэ: “Иккис уруогунан барыам, бастакы – математика. Хойутаатахха киллэрбэт ээ”, – диэччи. Дьонун кытта биирдэ кэпсэтэн көрөөрү үөҕүллэ сыһан турардаахпын. Сыллар ааһан испиттэрэ, Максим улаатан оскуоланы бүтэрэрэ бу тиийэн кэлбитэ. Ол кэмнэргэ хам-түм көстөн ааһара. Табахтыыр эҥин буолбут этэ. Хаста да мөҕөн турабын. Оҕом күлэн эрэ кэбиһэрэ: “Түөтэ Араайаа, эн табахтаабыппын хантан биллиҥ?” – диирэ. “Оройуҥ барыта табах сыта дии. Пахай, киһи сыллыан да баҕарбат”,
– диирим уонна табаҕы быраҕыам дэтэн баран биирдэ тэйэрим. Күһүнүгэр уолум аармыйаҕа барбыта. Онно тиийэн баран, “итии туочукаҕа” барбытын хойут ийэтиттэн истибитим. Тылланан барда ини диэн испэр сэрэйэбин. Дэриэбинэҕэ кинини угуйар туох да суоҕа. Оскуолаҕа ыарахан иитиилээх оҕо аатыран бэйэтигэр оннук бырагыраамаланан хаалбыт курдуга. Онон салгыы үөрэнэр туһунан санаабата. Биир күһүн Максим дэриэбинэҕэ төннүбүтэ. Ол эрээри тута миэхэ киирэн көстөн ааспатаҕа. Сурах хоту уол майгыта буорайбыт, иһэр-аһыыр буолбут диэни истибитим. Ити кэмнэргэ мин биэнсийэҕэ тахсан үлэлээбэт этим. Биирдэ чуҥкук киэһэни барыы таарыйа сэрийээл көрө олордохпуна күүлэбин тоҥсуйдулар. Ааммын аспытым – Максим турар. Улааппыт аҕай. Мин үөрэ түстүм. Саҥа-иҥэ буолан иһэн киһим дьиэс-куос туттарын бэлиэтии көрдүм. Онтон уолум соҕотох буолбатаҕын биллим. Максим бэркэ саарыы-саарыы харчы иэс көрдөөтө. Аҕыйах күнүнэн харчыта кэлиэн, иэһин төннөрүөн биир-икки тылынан ыган таһаарда. Онно эрэ биллим, уолум биллэ холуочук эбитин. Урукку Максим уларыйан хаалбыт... куолаһа, дьүһүнэ... Арай хараҕа уруккулуу хап-хара, ып-ыраас. Хайыахпыный, иэһээтэҕим дии. Эрэммитим курдук, харчым этиллибит болдьоҕор төннүбүтэ. Араайам кэпсии олорон ах барда. Мин көһүтэ түһэн баран: – Түөтэ Араайаа, билигин Максим ханна баарый? – диэн ыйытабын. – Максим билигин ырыых-ыраах, эн биһикки өтөр тиийбэт сирбитигэр аттаммыта. Ыйааҕа оннук эбитэ буолуо. Ол күһүн куоракка сылдьан дьыалаҕа эриллэн хаайыыга киирбитэ... онно киирэн уһаабатах... өлбүт сураҕын истибитим. Оҕом олоҕо кылгаһа... хобдоҕо... Онно бэйэбин эмиэ буруйдана саныыбын. Ыал олоҕор орооһо сорунан баран, дьиҥнээхтик кыттыспатаҕым. Былдьаан ылыахха баара, онно киниэхэ наадыйбаттара. Оччоҕо Максимкабын кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа этэ... ону баҕас сатыам этэ. Курус кэпсээн кэннэ уу чуумпу бүрүүкээтэ. Ол чуумпуну үргүтэр кыах суох буолан биэрдэ. Сойбут чэйбитин туппутунан чочумча олордубут. Сарсыныгар тыйаатырбытыттан төннөрбүтүгэр ааҥҥа ыалбыт уола Андрей тоһуйа көрүстэ. Араайаҕа баһыыбалыы-баһыыбалыы икки мөһөөҕүн төннөрдө. Араайа эппитим дии диэбиттии, мин диэки көрдө, оҕону төбөтүттэн имэрийдэ. Нэдиэлэ курдугунан Араайа балыыһаттан бүтэн дойдутугар барбыта. *** Мин эмиэ сол курдук нэлэһийэ сытар чалбахпын туоруу сатыыбын. Бөлүүн ардах өссө түспүт. Далаһабыт уста сылдьар. Оо, эрэй. Кимэ биллибэт көмүс илии, ханнаҕыный, хаһан кэлэн саҥа далаһа уураҕын?! Арай, били “киэҥ далайга” ким эрэ букунайар. Кып-кыра бэйэтэ уп-уһун мастары сосуһан аҕала-аҕала тэлгии аҕай сылдьар. Өйдөөн көрбүтүм, ыалым аах уоллара Андрей эбит. Маһын тэлгээн бүтэн үрдүнэн хаамар, онтон бэйэтэ астыммыттыы күлэр: “Здравствуйте”, – диэн дорооболоһон дьоллоох хараҕа бу чоҕулуҥнуур. Биллим ээ, көмүс илии барахсан ким буоларын. Бу үтүөтүн тугунан эрэ махтаммыт киһи дии санаатым кэтит, эрэллээх саҥа далаһа устун хааман иһэн. М.Иванова.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан