Кэпсээ
Войти Регистрация

Моника (Кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Моника (Кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
21.04.2021 18:55
Сандал Николаевич университекка экэниэмикэ куурсугар лиэксийэ ааҕарын таһынан бастакы куурустарга кураатардыыра. Устудьуоннар эргиччи билиилээх, оттомноох, лоп-бааччы кураатардарын ытыктыыллара. «Моника… Ураты аат. Итинник ааттаах актриса баар быһыылаах этэ.. Тоҕо кини санаабыттан арахпат буолла?» — Сандал Николаевич эргэ планшетын ылан, сымнаҕас кириэһилэтигэр олорбута. Араас сыһыарыылары арыйталаабыта эрээри, бэйэтин санаатыгар аралдьыйан, аахпакка олорбута. Хайдах билистилэр этэй, Моникалыын? Күһүн, уопсай дьиэ аактабай саалатыгар мунньан, куурсун оҕолоругар кылгас бэсиэдэ ыыппыта. Бүтэн, устудьуоннар тарҕаспыттарын кэннэ, хомунан тахсаары турдаҕына, көрүдүөргэ кыргыттар күлсэн лыҥкынаһар саҥалара иһиллибитэ уонна саала аана тэлэллэ түспүтэ. Төрдүс кууруска үөрэнэр Лера Валькованы кытта урут көрбөтөх кыыһа киирэн кэлбитэ. Ол Моника, Лера тастыҥ эдьиийэ этэ. Кыргыттар теннистээн барбыттара. Сандал Николаевич, ачыкытын көннөрүнэн, кыргыттар оонньуулларын кэрэхсии одууласпыта. Моника чэпчэкитик туттан-хаптан, үөрүйэхтик оонньуурун бэлиэтии көрбүтэ. Кини оонньооччулар аттыларыгар кэлэн, сүбэ-ама биэриэн баҕарбыта эрээри: «Преподаватель баарыгар кыбыстан, аһыллан оонньуохтара суоҕа», — дии санаан, кыл сэлээппэтин илиитигэр туппутунан (интэлигиэн буолан, дьиэ иһигэр бэргэһэтин кэппэт) тахсар аан диэки барбыта. Моника ол кэмҥэ пинг-понг маҥан шаригын хаҥас илиитигэр хабан ылаат, Аргуновка эргиллибитэ уонна: «Оонньуубут дуо?» диэн ыйыппыта, мичээрдээн үрүҥ тиистэрэ кэчигирэспиттэрэ. Лера хараҕар түспүт баттаҕын сүүмэхтэрин алын уоһун ыртатан өрө үрбүтэ уонна ракеткатын улгумнук преподавательгэ ууммута, мичээрдээбитэ: «Сандал Ньукулаайабыс, кылааскытын көрдөрүҥ эрэ». Кини эдьиийэ үчүгэйдик оонньуурун билэр буолан, «кэбэҕэстик кыайыа» дии санаабыта. Сандал Николаевич, саарбахтаабыттыы тура түспүтэ. Онтон: «Оскуолаҕа сылдьан оонньуур этим ээ», — диэт, күрэҥ болтуотун устан ыскамыайкаҕа уурбута. Валерияттан аҥар өттө хара, атына кыһыл өҥнөөх ракетканы ылан, остуол таһыгар кэлбитэ. Маҕан мээчик тобурҕаан, от күөх остуол ньууруттан тэйиэккэлээн, сиэккэ уҥуор-маҥаар көтүөккэлээбитэ. Ол эрэн, маҥнайгы куурустар кураатардара уонна Моника бэрт «эйэлээхтик» киирсибиттэрэ. Моника, бэл, бэркэ сатыыр топ-спин ньыматынан эрийэн быһар албаһын туттубатаҕа. Икки партия кэнниттэн тохтообуттара. Аргунов, итииргээн, соруочукатын моонньун тимэҕин өһүлбүтэ, кыыстыын сэргэстэһэ олорбута уонна Лера бэрт азаартаахтык Кароматуллоны кытары оонньуулларын көрбүттэрэ. Теннистээн тэйиэккэлиир Лераҕа иккиэн кыһанан ыалдьыбыттара да, Каро тулуппатаҕа. Онтон Сандал Николаевич Моникаттан, Сыырдаахха олорорун истэн, «Саюри» оҕурсутун туһунан ыйыталаспыта, кыыска бэйэтин нүөмэрин биэрбитэ, салгыы сибээстэһиэх буолбуттара. Сарсыныгар Моника Сандал Николаевичка бассаабынан смайлик ыыппыта. Аргунов, тута хардаран, бирибиэттэспитэ. Итинтэн ыла суруйсар, кэпсэтэр буолбуттара. Моника Сыырдаахха олороро. Куоракка биирдэ эмэ кэлэн барара. Биирдэ Сандал Николаевичтыын болдьоһон «Синемаҕа» «Чудо-женщина» киинэҕэ сылдьыбыттара. Онтон Аргунов биирдэ кыыска кумааҕыга сурук суруйан, почтанан ыыппыта. Онно кини: «Күндү Моника, дорообото тут! Өйүүн, олунньу 2 күнүгэр, «Ы» буукуба күнэ. Эн сэлиэнньэҥ аатыгар сыалай икки «ы» буукуба баарынан, бу бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Суругум хойутаабакка тиийиэ диэн эрэнэбин. Сарсын сибэтиэй Луиза күнэ. Ийэҕэр, Луиза Фёдоровнаҕа, төрөөбүт күнүнэн истиҥ эҕэрдэтэ тиэрт. Эн хаһан куоракка киирэ сылдьыаххыный? Гриль-кафеҕа сылдьыах буолбуппут
дии. Сандал» диэн суруйбута. Сотору буолаат, Моникаттан кэмбиэрдээх сурук туппута. Итинтэн ыла, бассаапка суруйбатах санааларын көннөрү суругунан атастаһар буолбуттара. Ити курдук сыл аҥарыттан ордук доҕордоспуттара. Сүрдээҕин тапсаллара. Кинилэр бырааһынньыктарга аккырыыкка ыытыһаллара, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ көрсөн, куорат устун күүлэйдииллэрэ. Биирдэ Сандал Николаевич массыынатынан Сыырдаахха баран, «Саюриттан» помидор, оҕурсу ылбыта. Болдьоһон, Мониканы көрсүбүтэ. Массыынанан, хатааһылыы таарыйа, Намныыр суол устун элээрдибиттэрэ. Астына хатааһылаан кэлэн, кыыһы дьиэтигэр аҕалан баран, Аргунов симиттэ-симиттэ эппитэ: — Моника, мин эйигин наар санаан тахсабын. Эйигин таптыыбын… Эн биһи холбоһуох. Сааспыт разницата туох да оруола суох…» Моника Сандал Николаевич диэки көрбүтэ, мичээрдээбитэ уонна курустук эппитэ: — Оруоллаах. Мин эйиэхэ сылаастык сыһыаннаһабын. Доҕордоһорбутуттан үөрэбин. Баҕар, таптыырым да буолуо. Ол эрэн, эйиэхэ кэргэн таҕыстахпына, кэнэҕэс, ыарахаттар баар буолуохтара. Биирбит, эдэрин быһыытынан, кулууптуон баҕарыа, биирбит, сааһыран, дьиэҕэ олорорун ордоруо… Эн бэйэҕэр сөптөөх паараны булуоҥ. Мин эмиэ… ол кэриэтин, доҕордуу хаалыахха…» …Сандал Николаевич хомойон, Моника аккаастаабытыгар, ытыы сыспыта. Туманнырбыт ачыкытын устан, соттон баран, салҕалаабыт илиитинэн аа-дьуо кэҥэриитигэр олорпута. Онтон уруулун куораттыыр суол диэки салайбыта. Дьиэлииригэр, санааҕа ылларан, бэрт бытаанныык сыннаран айаннаабыта. Алексеева оскуолатын Аргунов 13 саастааҕар бүтэрбитэ. Тута үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Алта сылынан, 19-гар, магистратураны бүтэрбитигэр, кэскиллээх испэсэлииһи, университекка ассистент дуоһунаһыгар преподавателинэн хаалларбыттара. Оттон Моника 29-һа этэ. «Чэ, буоллун. Баҕар, кэлин, Моника санаата уларыйыаҕа», — диэн Сандал Николаевич бэйэтин уоскутуммута уонна массыынатын араадьыйатыгар сахалыы «Викторияны» холбообута. Максим Ксенофонтов Хаартыска: ru.depositphotos.com ылылынна
edersaas.ru сайтан