Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа (4-с чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа (4-с чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
16.04.2021 20:33
(Салгыыта. Иннин манна аах: https://edersaas.ru/dyl-a-3-s-chaa-a/). Аҕыйах кэм иһигэр, уонча мүнүүтэ буолла дуу, суох дуу, тула өттүм эргиччи, бу соторутааҕыта кэккэлэһэ, кэпсэтэ испит уолаттарым өлүктэрэ онно-манна ыһыллан сытаахтыыллар. Снайпердар хас сөкүүндэ аайы киһини охтортуохтарын сөп. Мин ити буолан, биирдэ да ыппатым, ханна эрэ хаххалаах сир эбитэ буоллар, ытыалаһан да көрүөх баара. Билигин тула өттүм аһаҕас, ытыстарын иһигэр киирэн сытабын, хараҕым харатын эрэ хамсатабын. Бу сытан олоҕум харахпар элэҥнээн ааста. Ийэм, аҕам “тоо­йуом, хамнаабакка сыт, дьиэҕэр тыыннаах эргилин”, диэн көрдөһөллөрө харахпар көстөргө дылы буолла. Син балайда умса түһэн сытан тоҥо быһыытыйдым. Ол сыттахпына, атахтар тыастара чугаһаан, аттыбар кэлэн тохтоото. Куттаммыт са­­наабар, тыыммын салҕыы кэллилэр диэн, олох хамнаабакка, сиргэ хам сыстыахпынан сыстан сыттым. Миигин өлбүт дии санаан аттыбынан аастылар. Тэйбиттэрин кэннэ халтаһам быыһынан көрбүтүм, бэйэм дьонум тыыннаахтары көрдүү сылдьаллар эбит. Мин оргууй орҕостон олордум, төбөм иһэ дьалкыҥнас, мэ­­йиим эр­гийтэлээн, үөһэ-аллараа кулахачытар. Саҥара сатыыбын да саҥам кыыкы­наан тахсыбат. Саҥа, тыас улаата-­улаата кыччаан иһиллэр. “Один живой” диэн саҥараат, икки өттүбүттэн өйөөн, дьиэ анныгар бадыбаалга киллэрэн, истиэнэҕэ көхсүбүнэн өйөннөрө олордон, «автомат возьми” диэн баран тахсан бардылар. Тула өттүм бааһырбыт саллааттар. Олор ортолоругар аттыбар кэккэлэһэ сылдьыбыт Челябинскай уола, миигин билэн, ыарытыйарын быыһыгар мичээрдии олорор эбит. Атаҕын жгутунан кэлгийбиттэр этэ. Саамай илиилээхтэрэ-атахтаахтара мин эбиппин. Мэйиим эргийэрэ, истэрим чөлүгэр түспүккэ дылы. Арай миигин булалларыгар таҥас нөҥүө бууппар укуол биэрбиттэрэ ыалдьар. Бадыбаалы бааһырбыттарынан толорон кэбистилэр, ыарытыйан ынчыктыыр, үөхсэр саҥаларынан ­туолла. Тойоттор билигин Саҥа дьыл остуолугар олордохторо, биһигини уот айахха анньан баран. Биир санна кыа хаан буолбут, бүгүн Грачёв төрөөбүт күнэ диэн саҥарда, истиэнэҕэ көхсүнэн тайанан олорон. Ким эрэ, морпехтар көмөҕө кэлбэтэхтэрэ буоллар, биһиги хайдах буоларбыт биллибэт этэ диир. Биһигини бадыбаалга кистээн баран, умнан кэбистилэр быһыылаах. Ким да биллибэтэҕэ үһүс чааһыгар барда. Сорох-сорохтор тыыммат-хамсаабат буолан хааллылар. Үгүс бааһырбыт, уу испит киһи, кимиэхэ уулааҕый диэн ыйыталлар бэйэ-бэйэлэриттэн. Өлүөр киһи манна саһан олоруом дуо дии санаан, ууну эбэтэр бааһырбыттары хомуйааччылары булуом диэн санаалаах та­­һырдьа тахсардыы сананан, оргууй үөһэ дабайдым. Аана суох, холуодата эрэ хаалбыт аһаҕаска чуга­һаан оргууй ол-бу диэки көрүтэлиибин. Тэйиччи соҕус били тоҕо тэптэрбит БТР уонна БМП күлүгүрэн көстөллөр. Онно тиийбит киһи, баҕар, уу булуо этэ дуо диэн бэйэбиттэн ыйытардыы ботугураатым. Маҥан колгуоткалар бааллара буолуо диэн саныы оҕустум. Өр чуҥнаан турдум, тэйиччи соҕус эстии, аптамаат, бүлүмүөт тыаһа өрө умайыктанара иһиллэр. Онно аһа­ҕастык сүүрэн тиийиэхпин, этим тардан ылла. Мааҕыын кыргыттар хаарыан уолаттары аһыммакка ытыалыыллара сүр этэ. Ол чуҥнуу турдахпына, дьиэ ойоҕуһуттан БТР тахсан кэллэ да, хата биһиги диэки көрдө көрбүтүнэн элээрдэн кэлэн, хорус гына тохтоото. Өлбүттэри хаалларан, тыыннаахтары сып-сап тиэйээт, кэлбит суолунан төттөрү
айаннаата. Ыытардаах ыччат эбит, өрө көтүөкэлэтэн. Бааһырбыттар сахсыллан хаһыытаһа олороллор. Ол иһэн, чуолҕанынан куораты көрөбүн. Уруккута кыраһыабай куорат эбит, кылгас кэм иһигэр түргэнник урусхаллаабыттар. Бүтүн дьиэ баара көстүбэт. Биир сиргэ тохтоон, бааһырбыттары эбии ыллыбыт. Грознай куораттан тахсаат, көлөбүт айанын өссө эбэн биэрдэ. Хайа диэки баран иһэрбитин саньытаар саллааттан ыйыталаһабын. Саньытаарым сылайбыт, утуйбатаҕа өтө көстөр, кытаран хаалбыт хараҕынан көрөн баран, “Ханкала, полевой госпиталь “Восток” диэн эппиэттээтэ. Бааһырбыттары сүөкэһэн баран соҕотохсуйан хааллым. Аны хантан чааспын булабын диэн санаалаах мээнэ баран иһэн, кыһыл ки­­риэс ойуулаах тепляк массыына аттыгар мойуор турарыгар тиийэн кыһалҕабын кэпсээбиппэр, саҥата суох улахан балаакка диэки ыйан кэбистэ. Мин балааккаҕа кэлэн, сабыытын сэгэтэн, “разрешите” диэн кэлбиппин биллэрэн ыйыттым. Иһирдьэ үрүҥ халаатын үрдүгэр подполковник сыбаанньалаах бушлааты кэппит харатыҥы хааннаах нуучча дьахтара остуолга тугу эрэ суруйа олорор эбит. Киһи киирдэ диэн кыһаммакка, суруйбутун кубулуппакка, суруйа олорор. Мин турбалыы түһэн баран, туох быһылаантан манна кэлбиппин кэпсээтим. Дьахтарым миигин истэрэ-истибэтэ биллибэт да ­буоллар, кыһалҕабын кэпсээтим. Эмискэ дьахтарым “Костя-яя” диэн хаһыы­таан тэһэ баран, киһини соһутта. Костя диэн ыҥырбыт киһитэ киирэн кэлбитин, саҥата суох хараҕынан мин диэки ыйда. Костята, миигин батыс диэн баран, аттыгар турар балааккаҕа сирдээн илтэ. Балаакка ичи­гэс эбит, тимир оһох турар, кыһыл ки­­риэстээх маҥан ыскааптар тураллар. Костя иннибэр туран баран “илиигин утары уун, тарбаҕыҥ төбөтүнэн муннугун бул, биэстэ приседание оҥор. Мэйииҥ эргийэр дуо? Төбөҥ ыалдьар дуо? Сүрэҕин өлөхсүйэр дуо?” диэн хос-хос ыйытта уонна харахпын сырдатан көрдө. Мин “суох” диирбиттэн соло булбатым. Уонна тугу эрэ суру­йан, маны тойоҥҥор биэрээр диэн баран, кыра лоскуй кумааҕыны туттараат, “бүттүбүт, чааскар бар” диэтэ. Тахсан истэхпинэ, “билигин ити БТР төннөр, аарааҥҥа диэри барыс” диэтэ. Мин чааспар тиийбитим, туга да уларыйбакка тураахтыыр. Капитаным үөрэ көрүстэ, уруккуттан билэр киһитин курдук. Улахан-кыра чыыннаахтар, капитаан соһуйарын-өмүрэрин истэн, кэлэн тулабын эргийэн кэ­­бистилэр. Өллө дии санаабыт киһилэрэ бу сүөдэллэн турдаҕым. Манна, биир да киһини ордорбокко, хапкааннарыгар киллэрэн, имири эспиттэр диэн сурах кэлбит. Хайдах-туох буолбутун тойоммут доппуруос курдук кэпсэттэрдэ. Киэһээҥҥи мунньах кэннэ, уруккуҥ курдук үлэлии сырыт диэтилэр. Бу күннэргэ аанньа утуйбатах буоламмын, сыттыкка төбөбүн эрэ ууруом кэрэх, утуйан хаалбыппын. Түһээтэхпинэ, биир сирэйэ барыта бытык киһи үрдүбэр саба түһэн хабарҕалыы сатыыр. Мин уһуу­таат уһуктан кэлбитим, аттыбар сыппыт старшай лейтенант уһугуннара турарар эбит. Уһуктубутум, олорор эбиппин. “Үлүгүнүйэн утуппатыҥ” диир. Мин таһырдьа тахсан хаамыталаатым. Ким да суох, арай часовой эрэ хаамыталыы сылдьар. Киирэн сытаат нухарыйан истэхпинэ бытыктаах киһим үрдүбэр саба түһэн эмиэ утуппата. Ол гынан, сарсыарда сынньаныахтааҕар үнтү сылайан уһугуннум. Туох түүлүн түһээбиппин уолаттарбыттан ыйыталаһа сатаатым да, биир да түүлдьүт суох эбит. “Бородатые только моджахеды” эрэ дэһэллэр. Биир киэһэ, күүстээх
мунньах кэннэ, Грознай куоракка сарсыарда уопсай холуоннаны кытта барар ­буоллубут. Миигин эмиэ барсаҕын диэтилэр. Мин куттанан дуу, долгуйан дуу, ол түүн аанньа утуйбатарбын да уолаттарбын кытта тэҥҥэ турдаҕым дии. Түүнү быһа “градынан” куораты ытыалаатылар быһыылаах, онон син эрэх-турах санаалаахпыт. Халлаан суһуктуйуута Грознай куорат аттыгар кэлэн тохтоотубут. Барыбытын БТР-тан түһэртээн баран, батыһыҥ диэн ха­­маандалаатылар. Биһиги тойотторбут тугу быһаарбыттарынан хамнанабыт, тыынабыт. Эмиэ бөлөхтөрүнэн бытарыһан, тарҕаһан, куоракка оргууй кимэн киирэн иһэбит. Оо элбэх дьиэ үнтү сынньыллыбыт, ойоҕоһо сууллубут, үрдэ суох дьиэлэр, “эһиги биһигини тоҕо үнтү сынньан, тоҕо алдьатаҕыт” диэбиттии оҥоһон тураахтыыллар. Аттыбар Красноярскайтан сылдьар Пашка, мин диэки хайыһан баран “оҕо ытыыр” дии-дии бэргэһэтин сыҥааҕын өрө өндөтөн иһиллээн чөрөҥөлөөтө уонна онон-манан көмүллэн хаалбыт бадыбаал аанын тардыалыы сатаата. Биһиги хаһыа да буолан шлакоблок, сиэмэн тоорохойдорун ыраастаан, ааны арыйбыппыт, оҕотун көтөхппүт дьахтар тахсан кэллэ. Пашка дьахтартан “өссө ким эмит баар дуо?” диэн ыйыппытыгар, нууччалыы ыраас баҕайытык “нет” диэт, биһигиттэн куттаммыттыы туттан, тэйэ хааман истэҕинэ, оҕото ийэтиттэн ыйытар “они убийцы да?” диэн. Мин улаханнык кэлэйэ санаатым. Оҕо, ийэтэ тугу саҥарбытын хаты­лаан эрдэҕэ. Пашка иһирдьэ оргууй киирэн иһэн “кыранаата” диэн хаһыытаатын кытта эстэн бурҕас гынна. Мин аантан тэйиччи соҕус этим, соһуйан чохчос гыммыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. Маатыралыы түһээт, кыра түннүгүнэн кыранаатабын иһирдьэ кыыратан кэбистим. Атыттар да миигиттэн хаалсыбатылар, түөрт-биэс эһиннэ быһылаах. Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ. (Салгыыта тахсыаҕа).
edersaas.ru сайтан