Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: БҮЛҮҮ ЧОЧУЛАРЫГАР БУРДУКТА САКААСТААҤ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: БҮЛҮҮ ЧОЧУЛАРЫГАР БУРДУКТА САКААСТААҤ
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.04.2021 18:00
Күлүм аллар мичээрдээх нэлэйбит-хотойбут нуучча уола, байыаннай лүөччүк Юрий Гагарин киһи аймах устуоруйатыгар аан бастаан бүтүн аан дойдуну аймаан халлаан куйаарыгар ыттыбыта 60 сыла туолуутун бэлиэтээн, сэбиэскэй эрдэҕинээҕибэр эргиллэн санаам көтөҕүллэн сылдьан, халлаан куйаарыттан сиргэ түһэн аныгы “этэрбэс араадьыйатынан” – бассаабынан өйбөр-сүрэхпэр мэлдьи тута сылдьар оҕо, эдэр сааһым умнуллубат, ахтылҕаннаах өйдөбүлүн – бэйэ бурдугун, бэйэ килиэбин, саха лэппиэскэтин, арыылаах алаадьытын сытын, амтанын ылан, өссө өрүкүйдүм, үөрдүм. Бүлүүлэр, быйыл төрүттэммитэ 250 сылын туолар кырдьаҕас Чочу нэһилиэгин сир уустара, бэйэлэрэ үүннэрбит көмүс туораах сэлиэһинэйдэрин миэлиҥсэлээн мээккэлээн, аймахтарбыт алтайдар да аатырар бурдуктарыттан туох да итэҕэһэ суох бэйэ саха бурдугун оҥорон, аныгылыы суулаан-хаалаан, суруктаан-бичиктээн атыыга таһаарбыттар! Инньэ гынан, соруннахха, баҕардахха ирбэт тоҥтон да быйаҥ алларан, бэйэ аһынан-үөлүнэн бэйэни хааччынан олорбут өбүгэлэрбит, аҕа саастаах көлүөнэ дьоммут үйэлээх үгэстэрин, үөрүйэхтэрин умуннарбакка-хаалларбакка салгыы сайыннарар кыах баарын дакаастаатылар! Бурдуктаах аммаларга, өлүөхүмэлэргэ сөргүтүнэллэригэр-сөхсүтүнэллэригэр илдьит ыыттылар. Бу бастыҥ бачыым Бүлүү эҥээриттэн саҕыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. Сыа Бүлүү өҥ буоругар 30-c сыллардаахтан сэлиэһинэй, дьэһимиэн, дьаарысса бурдук үүннэриллэрэ. Аҕа дойду сэриитин инниттэн холкуостаахтар гааттан 100 буут үүнүүнү хомуйар ыстахаанабыскай эбэһээтэлистибэ ылыналлара. Оттон Уотту сиригэр 1936 сыллаахха Сталин аатынан холкуос бурдук үүннэрээччилэрэ 7 гаалаах бааһынаттан 1 гаатыттан 46 сэнтиниэр дьэһимиэн үүнүүтүн хомуйбуттара. 1 гааны чугаһатар иэннээх уопутунай учаастактан 128 сэнтиниэр үүнүүнү ылан, бутун аан дойдуга рекорд олохтообуттара баара. Бэрэссэдээтэллэрэ Николай Семенович Таппагаровка Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Сахалар, сопхуостар тэриллэн, пааспарданан-тойдонон, оробуочай кылаас буолуохпутугар диэри, бэйэбит бурдукпутун суорунанан тардынан, сыр-мыр бурдуктанан, астанан олорбуппут. Мин да, оҕочоос сылдьан, сүрэҕэлдьээн хоруончахалатан кэбиһэн ийэбиттэн мөҕүллэ-мөҕүллэ Хачыгыр курдук бурдук тардар тугун билбит киһибин. Борбуйбун көтөҕөрүм саҕана дэриэбинэбитигэр миэлиҥсэ таҥан туруоран, аҕам миэлиҥсэһит буолан, арбаҕаһыгар бүтүннүү бурдук быылын бүрүнэ сылдьара, кууллаах бурдугу сосуһара билиҥээҥҥэ диэри харахпар көстөр. Холкуостаах хоодуоттар Суон Мэхээлэ, Күүстээх Бообо, Чооруос Гуоса сыарҕаларыгар өрөһөлүү тиэммит кууллаах бурдуктаах иккилии оҕуһунан нолуок бурдугу Дьокуускайга сыппыанай пууҥҥа туттара ыраах айаҥҥа туруналларын чуолкайдык өйдүүбүн. Сахалар бурдуктаах омукпут. Кытаанах усулуобуйаҕа бурдугу үүннэрэр үгэспитин сөргүтэр кыахтаахпытын тыыннаах холобурунан дакаастаабыт, хорсун быһыыны көрдөрбүт үлэһит чочуларга махтал! Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан