Кэпсээ
Войти Регистрация

Альберт Бүлүүйүскэй: Көтүүлэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Альберт Бүлүүйүскэй: Көтүүлэр

K
edersaas.ru Категорията суох
16.04.2021 17:00
Ол күн мин суругум остуолугар олорон, санаам ытылҕанын кумааҕыга хоторо олорбутум. Хайдах эрэ чэпчэкитик, кудуххайдык, ол өһөх, нэм, бытаан санаам сүүрүк курдук чэпчэкитик суруллан иһэриттэн сыаналаатахха, аны санаатахха, санаам кынаттанан, олус диэн үөрэн, бэркэ диэн көнньүөрэн олорбут эбиппин… «Хотугу сулуска» бэчээттэммит бастакы хоһооннорбун бэ­­лиэтээн, кинилэр гонорардарынан ылыммыт кыһыл көмүс дуйдаах «Старт» диэн сүрэҕим иһинэн сайа охсон киирбит олус үчүгэй биир сүһүөхтээх кэрэ ааттаах чаһыбын ол олорон ылан көрбүтүм – 6 чаас буолуо 5 мүнүүтэ буолан эрэрэ. Эмискэ радио хардьыгыныы түспүтэ, ол аата алта буолаары чуга­һаан, совхозтааҕы радист ра­­дионан ыытан эрдэҕэ. Арай, туох да аһара эҥкилэ суох ыраас куоластаах киһи саҥата бэрт хол­­кутук, өрөгөйдөөбүттүү этэн эрэр эбит: “Говорит Москва! Говорит Москва!..” Хаста да ити курдук хаты­лаабытын кэннэ, эмиэ өрө күүрэн, холкутук салҕаан барбыта: “Дойду бары радиостанциялара үлэлиир…” Мин туох эрэ үөрүүлээҕи, туох эрэ соһуччуну истиэм диэн испэр сэрэйэн, чөрбөйөн олорбутум – онтум хаһан да түһээн баттаппатах солуммун сэһэргээн эрэр эбит. Советскай Союз гражданина, майор Ю.А. Гагарин аан дойдуга аан бастаан космос куйаарыгар көтөн тахсан баран, этэҥҥэ ийэ сиригэр эргиллэн түспүтүн биһиги бары бэркэ билэр ыраас, дьикти үчүгэй куоластаах доҕорбут Юрий Левитан ньиргиэрдээхтик этэн эрэр эбит. Оо, дьэ, онно үөрбүппүн эриэхсит! Бэл диэтэр бэйэбин умнубут курдугум: илиим-атаҕым босхо барбыта, хараҕым тугу да арааран көрбөт буолбута – быһатынан эттэххэ, ыйааһыны сүтэрии точкатыгар көтөн тахсыбыт курдук, салгыҥҥа көҥүл-босхо көтө сылдьар курдук, түүлүү чэпчээн хаалбытым. Барыны умнубутум, арай ситимэ суох, быстах тыллар төбөбөр чаҕылҕанныы сандаарбыттара. «Гагарин… Космос… Биһиги…» Уһаабыт күн өссө да мин түннүкпэр чаҕылыйа оонньуура, кыайтарары билбэтэх кыһыл көмүс кылыс сардаҥалара, өссө да тоҥ хомурах хаартан тэйэн, кылбачыһа сырсаллара. Оттон халлаан? Халлаан барахсан биһиги киһибитин дэлэй ку­­йаарыгар дьаарбатаары сору­йан ырааһырбыт курдук, күп-күөҕүнэн күлүмүрдүү, күлэ-үөрэ турара… Иннибэр маҥхайа сытар илиис кумааҕыны эһэ тардан ылаат, туох да бокуойа суох авторучкабынан сырылатан барбытым. Радиоҕа Советскай Союз Гимнэ өссө күүрүүлээхтик, өссө өрөгөйдөөбүттүк ньиргийэ турара. Бэйэм да өйдөөбөккө олордохпуна соһуччутук мин илииспэр маннык строкалар суруллан барбыттара. — Киһи көттө! — Ханна? — Космоска! Үөрүүлээх муусука ньиргийэн иһилиннэ! Сити үһүөйэх көннөрү тылларга Биһиги улуубут өссө билиннэ! Өссө да уһуннук, өссө да үөрүүлээхтик үөрүүбүн-көтүүбүн бүтүннүүтүн суруйан барбытым. Ол кэнниттэн солуммун кэпсии таҥна охсоот, та­­һырдьа ыстаммытым. Биэс саастаах кыракый быраатым таһаараа ыалтан сүүрэн иһэр эбит. — Убаай… Гагарин… – диэн олус үөрбүт чаҥкынас куолаһынан үөгүлээбитин субу истэр курдукпун… — Тоойуом, билэбит… – бы­­рааппын ылан, салгыҥҥа быраҕаттаан баран, түһэрээт, ааһа сүүрбүтүм… Кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕо­лор­дуун-дьах­тар­дыын, ту­рар­дыын-тур­баттыын – бары өй­дөрө-санаалара куйаар халлааҥҥа көппүт сиэннэрин, оҕолорун, саастыылаахтарын, убайдарын, нуучча холку эдэркээн уолун Юрий Алексеевич Гагарин туһунан этэ.
Мин сонно тута оччолорго биһиги күөллэрбитигэр, үрэхтэрбитигэр үлэлиир «Росгипроводхоз» экспедициятын үлэһиттэригэр дэлэгэй уһун бытыктаах нууччаларга барбытым. Онно “Социалистическая Якутия” хаһыакка үһүс сирэ­йин аҥаарыгар «Иккиэлэр» диэн уһун кэпсээни бэчээттэтэ охсон, аатыра охсубут табаарыспар Виктор Морозовка тиийбитим. Нууччалар үөрүүлэрэ сүрүн! Бары «Турист» диэн походка туттуллар кыракый радиоприемникка хатанан олороллор этэ. Бары английскай тылы дэгиттэрдик баһылаабыт үрдүк үөрэхтээх уолаттар Нью-Йорку истэ тураллара. Бэл, биһиги өстөөхпүт Америка хайдах курдук ньирги­йэр, үөрүүтүттэн үөгүлүүр-хаһыытыыр этэй!? Хаһыаттартан да кэлин аахтахха, аан дойду үөрбүтэ-көппүтэ, өрөгөйдөөбүтэ, ыллаабыта-туойбута ол күн – муус устар 12 күнүгэр сир шарын бары муннуктарыгар, ону ким да мэл­­дьэспэт. Сотору буолаат, иккис космонавт Герман Степанович Титов – көппүтэ… Оннооҕу үөрүүнү-көтүүнү суруйар да кыах суоҕун курдук этэ! Быйыл кыһын, олунньу эргэтигэр биир сарсыарда, аҕыс чаас чугаһын диэки, Есенин уйадытыылаах хоһооннорун көрө олордохпуна, Москва радиотын тиһэх солунугар, аҕыйах хонук­таахха, Америка космонава Джон Гленн космоска уонча төгүл көтөргө холонуталаан, табыллыбакка сылдьан, дьэ көппүт үһү – сири эргийбит. Мин ол солуну хайдах эрэ ахсарбаттыы, этим тымныйа иһиттим. Кини көппүтүн күн радио эмиэ биллэрбитэ буолуо эбээт – ону өйдөөн истибэккэ хаалбыппын. Ол иһиттэҕим күн араас дьоннору, табаарыстарбын, доҕотторбун көрсүтэлээтим ини – америкалар космоска тахсыбыттарын туһунан солуннанан-нуомастанан сэһэргэспэтибит, үөрбэтибит-көппөтүбүт. Баҕар ким даҕаны аахайан истибэтэҕэ буолуо – ол Америка син биир килбиэннээх сити­һиитин. Бэл мин истибит киһи сол күн умнан кэбиспитим… Арай, быыбар күнүн көрсүһэ «Кыымҥа», «Эдэр коммуниска» уонна Дьокуускайдааҕы радиоҕа репортаж суруйаары, матырыйаал хомуйа сылдьан, нэһилиэгим ытык кырдьаҕастарын – сүүс саастарын аһарбыт кырдьаҕастары көрсүһэн сэһэргэһэрбэр ыйыппытым: — Дьэ, оҕонньоор, икки нэ­­диэлэтээҕитэ америкалар кос­моска көппүттэр үһү, сири биирдэ эргийбиттэр. — Оо, бу алдьархайы! – диэн 101 саастаах, уруккута хара тыа хаһаайына чулуу булчут Г.Г.Данилов оҕонньор саҥа аллайбытыттан мин соһуйдум. Ону көрөн, кырдьаҕас: — Дьэ тукаам, ол сэриинэн эрэ тииһигирэр өйдөөх-санаа­лаах амыарыкалар куйаар хал­лааҥҥа көтүүлэрэ – үөрдүөхтээҕэр буолуох биһиэхэ улуу кутталы үөскэтэр буоллаҕа дии. Ол адьарайдар аны, били аатам ­буомбаларын илдьэ тахсан, таммалатан кэбистэхтэринэ да көҥүллэрэ… Ол оҕонньор дьиксиммиттии курдук буолла – дьон аймахха өһүрбүт капиталистар космоска термоядернай дэлби тэ­­биилэри ыытаары хаста да сорунан көрдүлэр эрээри, дьол быатыгар табыллыбатылар. Дьэ ити курдук, «кэрэ кэскиллээх» Америка капиталистарын космоһы баһылыырга дьулуһар «үтүөкэннээх баҕа са­­наалар». Ол иһин даҕаны кинилэр космонавтара Джон Гленн сири эргийбитигэр аан дойду аахайбатах, сир-ийэ сэҥээрбэтэх эбит. Үөрүөн-көтүөн оннугар бэл үйэлэрин моҥообут сүүс саастаах тыа быыһыгар үйэлээх-сааһыгар булдунан дьарыгырбыт, саха биир аар кырдьаҕаһыгар тиийэ дьиксиниэхтэрэ үһү! Биһиги аан дойдуга аан бастаан көтүүлэрбит, биһиги киэн туттар хорсун хотойдорбут Юрий Алексеевич Гагарин, Герман Степанович Титов үйэттэн үйэлэр тухары кинилэр кил­­биэннээх ааттара умнуллуо суоҕа, хата эбии таптанан,
ытыктанан, сөҕүллэн-махтайыллан кэнчээри ыччаттар кэнэҕэски кэпсээннэригэр кэпсэнэн кэрэхсэнэ сылдьыа, хомоҕой тыллаахтар хо­­йукку хоһоонноругар хоһулла туруо, барыны-бары мэҥиэстэ турар история дириҥтэн дириҥ байҕалыгар тимирбэккэ уоттаах сулус буолан умайа туруо. Тоҕо оннугуй диэтэххэ, биһиэхэ; Гагарин, Титов курдук хотойдор Халлааны эргийэн кэлэллэр, Киһи аймах инники олоҕор Килбиэннээх аартыгы тэлэллэр. Оттон америкаларга ­буоллаҕына төһөнөн үгүс гленнэр, каркинтердар көтөн иһэллэр даҕаны, соччонон киһи-аймах куттала үксээн иһиэҕэ, кинилэр сэриинэн тииһигирэллэрин тухары. Ити икки улуу дойду иккилии улуу көтүүлэрин туһунан бэрт кылгастык эттэххэ, кинилэр көтүүлэрэ – өлүү, биһиэнэ – дьол, үөрүү! От ыйын 7-14 күннэрэ, 1962 сыл. Күүкэй, Сунтаар. Альберт БҮЛҮҮЙҮСКЭЙ Бэчээккэ бэлэмнээтэ Анетта Егорова
edersaas.ru сайтан