Кэпсээ
Войти
Регистрация
Быыс сабыллыбат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Быыс сабыллыбат
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.04.2021 18:00
Иннокентий Аксентьевич Дмитриев-Сиэн Чолбодук төрөөбүтэ 90 сылыгар Саха тыйаатыра уонна Иннокентий Аксентьевич Дмитриев-Сиэн Чолбодук саха ускуустубатын уонна саха тыйаатырын устуоруйатыгар хаһан да быстыспат ситимнээхтэр. Ол курдук, Иннокентий Аксентьевич эриэккэс кэрэ айымньылаах олоҕо Сахатын тыйаатыра суох сабаҕаламмат даҕаны, оттон Саха тыйаатыра Сиэн Чолбодуга суох эмиэ да ситэритэ суох буолуо. ОЛОҔУН ОҤКУЛЛАРА Саха тыйаатырын биир сүдү киһитэ, саха саарына, бу дьыл муус устар 12 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сылын туолар. Кини, дьүһүннүүн-бодолуун, уҥуохтуун-иҥиэхтиин, өйдүүн-санаалыын саха саарына дииргэ чахчы толору сөптөөх киһи этэ! Олоҕун оҥкулларын туһунан «Олоҕум торума» диэн эссэ-сэһэнигэр маннык суруйар: «Күн сиригэр баар буолбут сылым 1931 сыл, күнүм муус устар ый 12-тэ. Аҕам ийэтэ — эбэм Боккуойа этэринэн, ити сыл сааһыгар, эрдэлээбит тураах кэлиитэ төрөөбүппүн. Ийэм 18-19 саастаах буолан олус уталыйан өлө сыспыт. Баачаан удаҕаны, эбээм чугас дьүөгэтин ыҥырбыттар. Ол барахсан быыһаабыт. Төрүүрбэр «киһи дьүһүнэ суох» үһүбүн. Ытаабатахпын. Эбэм өлбүт оҕо дии санаабыт. Ону Баачаан ылан көрбүтэ, дьабадьыбар салгын хабаҕа тахсыбыт. Быһах кыынынан үрэн дуу, хайдах дуу, тыын киллэрбиттэр. Баачаан эбэбэр эппит: «Хотуой, Боккуойаа, уолуҥ Чолбодуктары утумнаан киһи киһитэ буолсу, хойутун-хойут Чолбодук аҕатын ууһун ааттатыыһы». Үнэ соруммакка, олоппоһу үтүрүйэн, онтон-мантан тардыстан сотору хаампытым. Сотору 4-5 сааһым диэки өр сытан ыалдьыбытым. Титириир дуу, барачыыт дуу дэһэллэрэ. Саҥа этэрбэс тигэн, оронум үрдүгэр тоһоҕо саайан ыйаабыттара. Ити хара саары этэрбэһи кэтэр баҕаттан хас да күн эрэйдэнэн атахпар турбут, хаампыт үһүбүн. Бэйэм өйдүүбүн. Күһүн сытан баран саас кэҕэ кулгааҕа (ньургуһун) тахсыыта атахпар турбутум. ТӨРДҮМ-УУҺУМ Былыр 16 үйэ бүтэһигин диэкки бадахтаах Тыгын күтүөтэ Түүлээх дүҥүрдээх Түлүөн ойуун диэн киһи биллэҕин кытта тапсыбакка, туоратыллан, оччотооҕуга ааттыылларынан, Кыйаарга (Бүлүү сирэ) билиҥҥи Ньурбаҕа түспүт. Ол үһүйээн даҕаны, кырдьык даҕаны. Кини икки уоллааҕа үһү. Биирдэрэ Суор Бас Боллой, иккиһэ Хантаҕар Быгый. Ол Хантаҕар Быгыйтан Сиэллээх Өһүлгэ диэн уол төрүүр. Киниттэн Сүллэр Этиҥ айыыттан айдарыылаах Сүлэ Багдарыын төрүүр. Онтон утумнанан бараллар билиҥҥи Ньурба Сүлэтин дьоно. Хаһыс эрэ хос ыччат киһи Сулбуутуур диэн баара үһү. Онтон Чолбодук төрүүр. Кини уола дуу сиэнэ дуу, сүрэхтэммит аата Байбал диэн. Чолбодук Байбала. Миитэрэй — Чолбодук Миитэрэйэ. Онтон Павловтар, Дмитриевтэр диэн дьон үөскээн бараллар. Мин аҕам — Чолбодук Миитэрэйин (Сыккыыр) уолун Миитэрэй (Сыккыыр Миитэрэйин) уола Өксүөнтэй — Дмитриев Аксентий Дмитриевич диэн суруллар. Дьэ, онтон мин. Аҕам аата өксүөн диэнтэн. Эбэм Боккуойа кэпсииринэн, аҕам ыкса күһүн олус өксүөннээх, ол аата, билигин саха араадьыйата нууччалыыттан тылбаастаан инчэҕэй хаар (мокрый снег) диир кэмнэригэр төрөөбүт. Ол иһин сахалыы саҥалаах аҕабыыт эбэбэр «Парасковья, эн уолгун Өксүөн диэн ааттыыбын» диэбитин, утарбыт. Ол гынан, ол Ырыысай (Рыжий) аҕабыыт кэм нууччатытан Аксентий диэбит. Онон Өксүөнтэй
диэн уу сахалыы иһиллэр ааттаннаҕа ол. Ийэм Мэгэдьэк Маалыкайыттан төрүттээх Дмитриева Парасковья Ивановна үөрэҕэ суох, иистэнньэҥ идэлээх Ньурба промкомбинатын үлэһитэ, 1912 сыллааҕы төрүөх, 89 сааһын туолан өлбүтэ. Сааһыары аҕабын, холкуос биригэдьиирин, Дмитриев Аксентий Дмитриевиһи хаайбыттара. Холкуоска туох эрэ тиэхиньикэ сатаммакка, бурдук тохтубут эҥин үһү. Ону Өксүөнтэй соруйан оҥорбут, бирэдьиитэл диэбит курдук этэн таһаарбыттар. Оччолорго холкуос биригэдьиирэ улахан былдьаһыктаах дуоһунас — соло эбитэ үһү. Ол иһин дьон үҥсэн, боломуочунайы кигэн, бэрэбиэркэ ыытан түбэһиннэрбиттэр диэн миэхэ кэпсииллэрэ. Аҕам саҥа кэлбит хамбаайыны таһааран бурдук быстарбыт, онто алдьанан бурдук тохтубутун бааһына иэнигэр төгүллээн уураах уурбуттар. Аҕам 1941 сыл сааһыгар «алҕас үһү» диэн хаайыыттан босхолонно. «Икки сылбын таах сиэттим» диэн хомойор. Эмиэ үчүгэй олох кэллэ. Аҕам удьуор мас ууһа, онон Ньурбаҕа саҥа аһыллыбыт Промкомбинакка үлэҕэ киирдэ. Ол 1941 сыл сэрии буолла. Аҕам 1941 сыл балаҕан ыйын 2—3 түүнүгэр «Дьэссиик» («ЯЦИК») борохуотунан сэриигэ барда. Баара эрэ 33 сааһыгар Ржев анныгар өлөр. Буоллаҕа ити. Үс оҕо, эбээм, ийэм тулаайах хааллахпыт ол. Хаайан баран, мунньан муҥнаммыт сүөһүбүтүн эҥин иистэнэр массыынаҕа, сэппэрээтэригэр, бэл көмүс луоскаҕа тиийэ былдьаан ылбыттара. Алҕас эбит диэн быыһанаатын, барытын төннөрүөх буолбуттара. Онтон сэрии буолла диэн мөҕөн кэбиспиттэрэ. Быстар дьадаҥы ыал, тулаайах оҕолор диэн буоллахпыт ити. Мантан инньэ аас-туор олох. Билигин ийэбин сөҕөбүн, хайдах бу биһигини дьон оҥортообутун. Кэмбинээт уопсайа диэҥҥэ олус элбэх дьадаҥы ыал ыга симиллэн олоробут. Кыараҕас, тымныы, уот суох, хараҥа. Хайдах уруок ааҕан үөрэммиппит буолла… Ити 1939-1941 сылларга олус ыарахан олохтоннубут. «СИН» ХОҺООННОР Билиҥҥи Ньурбачаан (оччотооҕуга Нэмискэннээххэ баар) 4 кылаастаах оскуолатыгар, 1939 сыллаахха аҕыстаахпар киирбитим. Дьиэбиттэн оскуолам 3-4 биэрэстэ. Бастакы учууталым Можуков Василий Васильевич. Иккискэ Спиридонов Климентий Иванович. Оскуола сэбиэдиссэйэ Григорьев Николай Павлович. Иккис кылааска саас Ньурбаҕа үөрэммитим. Онно, билигин кэргэним, эмиэ ити иккис «б» кылааска аан диэки өттүгэр бастакы паартаҕа олороро. Баттаҕын икки гына сип-синньигэстик өрүммүт кыысчааны тута бэлиэтии көрбүтүм. «Инэкиэнтийэбэ Суура синньигэс баҕайы кыыс» дии санаан кэбиспитим. Ол курдук өрүү биир кылааска үөрэнэбит. Аны туран син чугас-чугас олоробут. Ол иһин кыттыгас кинигэлэрдээхпит. Ол кэмнэргэ үөрэнэр кинигэ олус кэмчи этэ. Ол курдук элээннэһэн тохсуска тиийдибит, аны биир паартаҕа олоробут. Мин уруккуттан, кырабыттан, ол-бу от-мас, көтөр, тыы, күөл эҥин туһунан хоһоон суруйа сатыыр идэлээҕим. Онтум бу тохсус «б»-га бэргээн кэллэ. Лермонтовы, Пушкины, оннооҕор Шекспири, Шиллери («Разбойники»), бэл Гетени ааҕан көрөр киһи, санаабар, хоһоонньутум сүрдээх. Суруйа-суруйа били иккис «б»-ттан билэр кыыспар анньан биэрэбин. Киһим биир паартаҕа олорор буолан сонно ааҕар уонна саҥарбат. Хайдаҕый диибин. «Син» диэнинэн бүтэр. Хоһооннорум, кэлин билбитим, онтон-мантан уларсык ылыллыбыт этилэр. Кэпсэттэхпитинэ, учууталлар Шураны, арыт алҕаһаан буолуо, «Дмитриева» дииллэр. Кини өһүргэнэр,
мин испэр үөрбүт дуу, хайдах дуу буолабын. Арыт мин аатым Иннокентийин иһин миигин эмиэ «Иннокентьев» дииллэр. Шура Иннокентьева буоллаҕа дии оччоттон баччаҕа диэри. Ньурбаҕа тохсуска үөрэнэ сылдьан тоҕо эрэ бары кучуһан бииргэ үөрэнэр уолаттар мин, Маарык Попов, Ньукулай Егоров, Тааска (Виталий) Миронов уонна Шура Иннокентьева Дьокуускайга барарга быһаарынныбыт. Кэлэн түөрпүт «Рабфак при Пединституте» диэҥҥэ киирдибит. Рабфактар Сэргэлээх иккитигэр олоробут. Арай Шурабыт Петровскай 32 аадырыска ыалга олорор. Сотору, балаҕан ыйын бүтэһигэр «Социалистическая Якутия» хаһыакка мин хоһоон (ырыа тыла) куоҥкуруһугар үһүс миэстэни ылбытым туһунан тахсан барыбытын, ордук миигин, соһуталаата. Ньурба оскуолатыгар литература куруһуога баара. Онтон хас да хоһоону салайар оҕолор ыыппыттара. Ону олох да умнан сылдьыбытым. Култуура салалтата диэҥҥэ тиийбитим, үлэһит дьахталлар «тоҕо кэллиҥ, кимиэхэ, тукаам» диэтилэр. Ону мин «бириэмийэ ылаары» диир киһи буоллум. Кэмбиэргэ сууламмыты туттардылар. Онно көрбүтүм аан маҥнай, кинигэҕэ көрбүт суруйааччыларбын: Эллэйи, Чаҕылҕаны эҥин. Чаҕылҕан тохтотон кэпсэттэ, үөрэн-көтөн үчүгэй киһи эбит этэ. СЭРГЭЛЭЭХ ИККИТЭ… Рабфак кэнниттэн Саха пединститутугар саха салаатыгар киирдим. Кыһыҥҥы таҥаһа суохпун, аччыкпын аҕай. Ийэм аах икки балтыбынаан, кырдьаҕас эбээбинээн арыычча олороллорун билэбин. Ыллым да Минпроска тиийдим. Уус Маайаҕа учууталлыы бардым. Онно суол суоҕуттан улахан эрэйинэн аһаҕас массыынанан, 20-ччэ көһү сатыылаан кыс орто тиийдим. Нуотараҕа үлэлээтим. Онтон 1951—1952 үөрэх дьылыгар Майдаҕа үлэлээтим. Булда-алда үтүө дойду, айылҕата сөҕүмэр кэрэ. Саас 1952 сылга ыал буоллум. Ньурбаҕа Куочай оскуолатыгар учууталлаатым. 1953 сыл сэтинньи 30 күнүгэр уол оҕолоннубут. Сэриигэ өлбүт аҕам аатынан Аксентий (Өксөнтөй) диэтибит. Куочай 7 кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдээтим. Кэргэним, II «б» кылаастан билэр, бииргэ үөрэммит, өрүү доҕордоһон улааппыт киһим, Александра Афанасьевна Иннокентьева, учууталлыыр. Кини 1957—1958 дьылга Саха пединститутун саха салаатын бүтэрдэ. Мин саҥа Саха университетыгар аһыллыбыт (1957 сыллаахха) саха салаатыгар үөрэххэ киирдим. Устудьуон буоллум. «Ньургуһуннар» хоһоонум ырыа буолан сонно Сэргэлээх иһэ туолла. Онтон күн бүгүҥҥэ диэри, 53 сыл устата, уостан түспэт. Мелодиятын бииргэ үөрэнэр уолум Василий Протодьяконов айбыт. «Сэргэлээх уоттара» түмсүүгэ кыттабын. Хоһоон суруйабын, бэчээттэтэбин. СГУ-ну 1962 сыллаахха бүтэрдим. Саха кафедратыгар хааллара сатаатылар. Онтон кыккыраччы аккаастанан хомотолоотум. Саха тыйаатырыгар литературнай чаас сэбиэдиссэйинэн бардым. Онно күн бүгүҥҥэ диэри баарбын. Быйыл 48-сыс сылым. Аҕыйах сыл Култуура министиэристибэтигэр старшай иниспиэктэринэн үлэлээбитим. ТЫЛБААС УМСУЛҔАНА Тыйаатырга анаан тылбаастыыбын. Бэйэм ирдээн булан уруулуу омуктар драматурдарын тылбаастыыбын. Аан бастакым кыргыыс омук суруйааччыта Токтоболот Абдумомунов «Ким буруйдааҕый?» диэн драмата. Чыҥыс Айтматовы сөбүлээн бөҕө ааҕабын. Львов-Анохин диэн киһи кини «Ийэ, Сир ийэ» диэн сэһэнинэн инсценировка оҥорбутун булан дойдубар аҕаллым. 1981 сылга, Андрей Борисов режиссер үөрэҕин бүтэрэр дипломнай үлэтигэр «Пегий пес бегущий краем моря» диэн сэһэнинэн пьеса оҥорбутун миэхэ тылбаастата биэрдэ, эбиитин: «Маны эн эрэ тылбаастаатаххына сатанар», — диэтэ.
Бастаан салла санаан баран, сотору «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн тылбаастаатым. Тута сөбүлээтилэр. Испэктээк аан дойдуга билиннэ. Итиннэ кыттыбытым мин дьолум. Тылбааһынан өрө көтөҕүллэн, умсугуйан туран утумнаахтык дьарыктаммытым. Отуттан тахса эбитэ дуу, тылбааһы оҥордум. Холобура, башкир омук суруйааччыта Мустай Карим «Ый өлүүтүн түүнүгэр», «Салават», татаар Шариф Хусаинов «Ийэ барахсан», халмыык Алексей Балакаев «Ийэ сүрэҕэ», бүрээт Цырен Шагжин «Абааһылаах сундуук», монгуол Чимит Ойдов «Бэлэн Сэнгээ», башкир Ильшат Юмагулов «Нэркэс», тувин Кыһыл Эник Кудажи «Оҕо Долума оҥоһуулара», онтон да атыттар. АЙАР ҮЛЭМ Бэйэм драматургияҕа эмиэ үлэлээбитим. Ол курдук «Оҕуруолаах ураһа» — Саха тыйаатыра, «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» — Ньурба тыйаатыра, «Хара сурук» — Ньурба тыйаатыра, «Буор кутум» — Саха тыйаатыра, «Тойон ууһун утумнара» — Ньурба тыйаатыра, «Көһүйэ көмүс», «Туос сандалы» — Саха тыйаатыра, «Манчаары Баһылай» — Ньурба тыйаатыра, о.д.а. Прозаҕа элбэхтик үлэлиибин. Бу кэлин уонча сылга бэчээттэнэбин. Оҕолорго «Кэскил» хаһыакка элбэхтик бэчээттэнним. Кинигэлэрим: «Кэҕэ кулгааҕа», «Күнүскү күн аннын диэкки», «Хордоҕой», «Күн күбэй күөх Ньурбам», оҕолорго «Эһээ Киэсэ кэпсээннэрэ», о.д.а. — уонча кинигэ. Тыйаатыр туһунан икки кинигэлээхпин: «Быыс аһыллар» уонна «Быыс сабыллыбат». Хаһыаттарга, сурунаалларга эмиэ тыйаатыр туһунан суруйабын. 1963-1970 сылларга Култуура министиэристибэтигэр иниспиэктэринэн, Норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлии сылдьан, кэлин даҕаны элбэхтик командировкаҕа, кулууптарга, норуодунай тыйаатырдарга көмөлөһөрүм. Ордук Муома норуодунай тыйаатырын кытта уһуннук үлэлээбитим. Муома тыйаатыра Москваҕа «Туундара туллуга» испэктээгинэн ССРС лауреата буолбута. Иккиһин «Биир балаҕантан» диэн Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм» арамааныттан быһа тардан испэктээги көрдөрөн Уһук Илин, Сибиир зонатыгар бастаан, эмиэ Москваҕа ыҥырыллан баран, ол кыаллыбакка, быһа Арассыыйа лауреата буолбута. Итилэргэ мин быһаччы баран үлэлэспитим. Атын элбэх омуктарга баран испэктээк туруорсарым, араас көрүүлэргэ (бэстибээллэргэ) бэлэмниирим. Бүлүү норуодунай тыйаатырын А.Е.Кулаковскай айымньыларынан бэстибээлгэ бэлэмнээбитим Гран-при ылбыттара, фольклор бэстибээлигэр Хабаровскайга сити бырагырааманы оҥорон эмиэ Гран-при ылбыттара. Дойдум Ньурба тыйаатырыгар элбэхтик барабын, драмаларбын туруораллар. Алампа Соппуруонап «Тойукпун торумнааҥ», бэйэм суруйбут «Халлаан дьайҕара халлыах тустаах» 2002 сыллаахха — Майя Слепцова, «Хара сурук» — Юрий Макаров, «Иччилээх иччитэх балаҕан» — Александр Титигиров, «Ньырбакаан» — Юрий Макаров, «Сибиинньэ таҥарата» — Динислам Тутаев, «Манчаары тиһэх дьоло» — Юрий Макаров туруортаабыттара. Быйылгы дьыл, аны саас муус устар 12 күнүгэр 82 сааспын туолуохтаахпын. Ааспытым барыта күн бэҕэһээҥҥи курдук эбит… Халандаарга атырдьах ыйын 2 күнэ, 2012 сыл». КИНИЭХЭ БЫЫС САБЫЛЛЫБАТ Ити суруллубутун курдук, Иннокентий Аксентьевич 1962 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатын бүтэрбитэ. Бүтэрээт да Саха тыйаатырын литератураҕа чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ананар. Онтон Култуура министиэристибэтигэр ускуустуба иниспиэктэринэн ылан 7 сыл үлэлэтэллэр. 1969 сылтан хара өлүөр диэри Саха тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн кэлбитэ. Элбэх хоһоон, пьеса, тылбаас, кинигэ ааптардара. Олортон саха дьоно таптаан ыллыыр
«Ньургуһуннара» уонна ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылбыт «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн аан дойдуга аатырбыт испэктээк тылбааһа саха тыллаах баарын тухары өлбөт үйэлээхтэр. «Быыс аһыллар», «Быыс сабыллыбат» диэн ахтыы-кинигэлэри суруйбута. Бу кинигэлэригэр кини тыйаатыры, айан ааспыт артыыстары, тыйаатырга үлэлээн ааспыт атын да үлэһиттэри хайдахтаах курдук таптыырын, кинилэри убаастыырын, кинилэринэн киэн туттарын көрөбүт. Кини тыйаатыры хайдахтаах курдук билэрин, ол туһунан хайдах курдук киһи дууһатыгар тиийимтиэтик уустаан-ураннаан суруйарын сөҕөбүт. «Быыс сабыллыбат» диэн кинигэтин аан тылыгар маннык суруйар: «Кинигэбин ааҕыаххыт иннинэ манныгы эттэхпинэ сатанар курдук. Бу иннинэ эмиэ маннык саха артыыстарын туһунан суруйан, 2000 сыллаахха таһаартарбыт кинигэм аата «Быыс аһыллар» диэн. Саха талааннаах артыыстарыныын бииргэ бодоруһан, айар үлэ аартыгар алтыһан кэлбит дьоллоохпун. Ол тухары элбэх уус-уран тылбааһы, ордук хото уруулуу омуктар, кыргыыстар, халмыыктар, баскыырдар, татаардар, тывалар, бүрээттэр о.д.а. тыйаатырга аналлаах айымньыларыттан биһиэхэ чугастарын талан оҥордум, ону таһынан, хаһыаттарга, сурунаалларга сүүсчэкэ ыстатыйалары эҥин суруйан таһаартардым. Онтуларбыттан талан үөһэ эппит кинигэбэр киллэрбитим. Онон, санаабар ааҕааччыларга быыһы аспытым диирбэр сөп. Аны бу кинигэм туһунан. Кини тоҕо «Быыс сабыллыбат» диэн ааттанна. Кинигэ билигин биһиги кэккэбитигэр суох, тыйаатыр сиэнэтигэр чаҕылхай, өйгө-сүрэххэ иҥэн хаалар талааннарын көрдөрбүт, киэҥ көрөөччү истиҥ биһирэбилин ылбыт күндү дьоммут сырдык кэриэстэригэр ананар. Кинилэр дьон-сэргэ өйүгэр өрүү хатанан хаалан, өрүү үтүө өйдөбүл буолан үйэтийэр дьон. Кинилэр сиэнэҕэ бүгүн да баалларын, оонньуу сылдьалларын курдук буолуохтаах. Кинилэр умнуллубаттар. Кинилэр умнуллуо суохтаахтар! Кинилэргэ быыс сабыллыбат! Ааптар» Николай Сантаевтыын «Быыс сабыллыбат» диэн Саха тыйаатыра 60-с сылларга үлэтин-хамнаһын көрдөрөр, тыйаатыр туһунан маҥнайгы өҥнөөх киинэни устубуттара. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар уонна сурунаалларыгар тыйаатыр туһунан элбэх ыстатыйалары, уочаркалары суруйан бэчээттэппитэ, саха араадьыйатынан уонна тэлэбиидэнньэтинэн кэпсээбитэ. Норуот айымньытын дьиэтин кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытан норуот тыйаатырдарыгар үгүс элбэх көмөнү оҥороро. Москваҕа М.С.Щепкин аатынан тыйаатыр Үрдүкү училищетыгар уонна Владивосток куоракка Искусство институтугар үөрэнэр саха студиятыгар саха тылын үөрэтэр педагог быһыытынан үлэлээбитэ. Иннокентий Аксентьевич Дмитриев-Сиэн Чолбодук — тыйаатыр литератураҕа чааһын сэбиэдиссэйэ, биллиилээх суруйааччы, бэйиэт, драматург, тылбаасчыт, СӨ театральнай диэйэтэллэрин, СӨ уонна Арассыыйа Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Ньурба улууһун Ытык Киһитэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера. Биһиги сырдык киһибит — Иннокентий Аксентьевич, күлэ-үөрэ, хаһан да бүппэт кэпсээнин кэпсии-ипсии, күлэн бычыгырыы сылдьар ыраас мөссүөнэ өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах буолуоҕа! Кини бэйэтэ эппитин курдук «киниэхэ быыс сабыллыбат!» Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын бар дьоно. КИНИГЭЛЭРЭ Хара сурук. Пьеса. – Дьокуускай: Ситим, 1994. – 39 с. Буор кутум. Пьесалар. – Дьокуускай: Бичик, 1998. – 158 с. Кэҕэ кулгааҕа. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 157 с. Быыс аһыллар. – Москва: Айыына, 2000. – 119 с. Иччилээх иччитэх балаҕан. Пьесалар. – Дьокуускай:
Бичик, 2000. – 88 с. Тоҕус домох. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2001. – 63 с. Хордоҕой. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – 159 с. Күнүскү күн аннын диэки. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 142 с. Мичийэ таҥара. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 79 с. Күн күбэй күөх Ньурбам. Драма. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 143 с. Эһээ Киэсэ кэпсээннэрэ. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Кэскил, 2008. – 78 с. Быыс сабыллыбат. – Дьокуускай: Сайдам, 2010. – 125 с. Тоҕус отон. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Бичик, 2010. – 98 с. ОЛОҔУН УОННА АЙАР ҮЛЭТИН ТУҺУНАН Антипина, И. «Быыс аһыллар…» / И. Антипина // Саха сирэ. – 2001. –Тохсунньу 10 к. То же // Эхо столицы. – 2001. – 13 апр. – С. 18. Бочонина, В. «Ньургуһуннар» тылларын автора / В. Бочонина // Орто дойду сонуннара. – 2007. – Сэтинньи 22 к. – С. 17. Евсеева, Н. Кэҕэ кулгааҕа / И. Евсеева // Саха сирэ. – 2001. – Муус устар 14 к. – С.12. Егорова, Н. Чолбодук аҕатын ууһуттан уһуйуллан / Н.Егорова // Кыым. – 2006. – Муус устар 27 к. – С. 15. Тимофеева, Л. Театры биһик оҥостубут киһи / Л. Тимофеева // Көмүс. – 2007. — №2. – С. 28-29. Уткин, К. Ийэ тылы иҥэриммит пьеса / К. Уткин // Кыым. – 2009. –Сэтинньи 5 к. – С. 18. Эверстова А. «Театрга кэлбитим дьолум эбит» / А. Эверстова // Саха сирэ. – 2006. – Муус устар 20 к. – С. 9. Борисова, А. Подснежниковый поэт / А. Борисова // Якутия. – 2001. – 14 апр. – С.18.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан