Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа (3-с чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа (3-с чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
12.04.2021 18:30
(Салгыыта. Иннин манна аах: https://edersaas.ru/dyl-a-2-chaa-a/). Таҥаспыт барыта биир. Үрдүкү чыыннаахтар бары погуона суох сылдьаллар. Ким-туга биллибэт. “Кэккэлэһиҥ» диэн хамаанда иһилиннэ. Хаһан да көрбөтөх киһибит иннибитигэр тахсан, бэйэтин билиһиннэрдэ уонна “эһигини мин иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыам. Бары мин хамаандабын истэҕит. Куоласпын уонна көрүҥмүн өйдөөҥ. Сааҕытын кытта билсиҥ, сууйуҥ, арыылааҥ. Киэһэ Грознай куоракка күүлэйдии барыахпыт. Ботуруоннары сотору түҥэтэлиэхпит” диэтэ уонна “тарҕаһыҥ» диэн хамаандалаата. Мин сынньанан баран сарсыҥҥыттан садаанньаҕа барарбыт буолуо дии санаабытым, ол аата, мин үлэм саҕаламмыт эбит дии санаан, саллааттарбын барыларын ыҥыртаан, сааны үөрэтэн бардым. Антах наһаа сэҥээрбэт бэйэлэрэ, билигин ыйыталлара элбээн, тылбын, туттарбын-хаптарбын сыыска-буорга түһэрбэккэ истэллэр, көрөллөр этэ. Маҕаһыыҥҥа хайдах ботуруону хаалыылларын да билбэт эдэркээн уолаттар. Ол үөрэтэн мучумааннана сырыттахпына дневальнай кэлэн, “майорга бара сылдьар үһүгүн” диэн дакылааттаата. Балааккаҕа тиийэн аанын сабыытын арыйан иһирдьэ киирбитим, ким да баар сибикитэ биллибэт. Мин кэбиниэт курдук диэн ойуулаан харахпар көрбүтүм, остуол да суох, олоппос да суох. Балаакка иһэ толору хомуллар ороннор эбит. Балай эмэ саараан тура түспүппүн кэннэ, балаакка түгэҕиттэн мойуорум саҥата, “киир, тоҕо турдуҥ, бэттэх чугаһаа” диэн ыҥырда. Мин аттыгар турар ороҥҥо олордум. “Эн инструктор быһыытынан манна сырыт. Сарсын эмиэ пополнение кэлиэхтээх. Бу ороннорго ким да сыта илик. Күн аайы кэтэһэбин этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин”, — диэн баран мин диэки эргийдэ, — эйигиттэн ирдэбилим, сэриигэ киириэхтэрин иннинэ сааны хайдах туттарга үөрэтии уонна сэриигэ барыыларын саҕана сааларын бэрэбиэркэлээһин буолар. Бэйэҥ да билэҕин, сааны сорох сорохтор саҥа көрөллөр. Оскуолаҕа НВП диэн уруокка билигин үөрэппэттэр”, — диэн баран, сытан эрэ табаҕын уматтан сирэйэ сырдаабытыгар, сирэйин тириитэ мыччыстыбыттара күлүгүрэн, бокуонньук сирэйигэр майгыннатан, этим салаһарга дылы буолан ылла. Чэ сотору куоракка күүлэйдии барыахтара, дьоҥҥун бэлэмнээ диэн баран, сирэйин хараҕын ньухханан, кэпсэтии бүттэ диэбиттии улахаа хайыста. Мин ол киэһэ саллааттарбыттан арахсыбатым. Хайдах кыҥаан ытарга үөрэтэбин. Сиргэ уруһуйдаан көрдөрө сатыыбын да наһаа өйдөөн испэттэр этэ. Арахсарбытыгар олох улаханнык уйадыйбытым. Бу адьырҕа кыыл айаҕар киирээри туран, бэйэ-бэйэлэрин оҕолуу дьээбэлэһэллэрэ, күлсэллэрэ, эккирэтиһэн, мэниктээн, тустан да ылаллара. Халлаан лаппа хараҥарыыта хантан эрэ уонча хантараактаах холбосто. Мин олох ба­­раары турдахтарына өссө төгүл хайдах сааны иитэри быһааран, өйдөтөн, хат эттим. Этэҥҥэ эргиллиҥ диэн ал­­ҕаан ­атаарбытым да, алҕааһыным туһа­лаабатаҕа. Ол оҕолор төннүбэтэхтэрэ, сураҕа хапкааҥҥа киирэн биэрбиттэр диэн истибитим. Саҥаттан саҥа оҕолор кэлэн иһэллэр этэ. Сорохторун баттаһан үөрэппэт этим. Олохтоох сэрииһиттэр сураҕа дьиэттэн дьиэҕэ көһө, куота сылдьан соһуччу ытыалыыллар уонна халбарыйан, куотан биэрэллэр. Оборуона миниистирэ Грачёв Грознайы аҕыйах десааннаах икки чааһынан ылыам диэн эрэннэрбит сэриитэ уһаан-тэнийэн испитэ. Генерал Дудаевы кытта кэпсэ­тиилэрэ табыллыбат, уопсай тылы булбат этилэр. Павел Грачёв, дудаевтар маҕан былааҕы күөрэччи тутан бэриниэхтэрэ диэн санаатын этэрэ да,
олох­тоох сэрииһиттэр бэринэр са­­наалара суоҕа. Төттөрүтүн сэ­­риигэ үчүгэйдик бэлэмнэммит этилэр. Атаарбыт саллааттарбытын олох имири эһэн ­иһэллэрэ. Үксүн куораты билбэт буоланнар, эргэ куорат каартатынан ыйдаран, Грознай иһигэр мунан кэбэҕэстик хотторбуттара элбэх этэ. Грачёв өссө генералларга уокка арыыны ыһан биэрэрдии күөттээн, күрэхтэһиннэрэр курдук, ким бастакынан Бэрэсидьиэн дыбарыаһыгар былааҕы иилэн тэлимнэппиккэ, саамай үрдүкү наҕараада тиксиэ диэн эрэннэрэр. Бастакы тиийэн Арассыыйа былааҕын тэлимнэтэ охсоорулар харса суох, сэрэхтэрин умнан, саллааттары куоракка киллэртииллэрэ. Билиэн тү­­бэспит уонна өлбүт наһаа элбэх этэ. Мин да быстах санаам, сэ­­риилэһэ кэлэн баран сэриилэспэккэ төннөрүм буолуо диэн, хаста да ыйытан көрдүм да мойуорум ыыппат этэ. Биир киэһэ мойуорум барсар буолла. Илии тутуһан туран, кэ­­лиэхпэр диэри то­­йонунан эйигин аныыбын диэтэ. Мин эмиэ сайыһа ­атаардым. Кинилэр эмиэ эргиллибэтэхтэрэ. Төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн көмө көрдүүллэр диэн иһитиннэрдилэр. Мойуорбун капитанынан солбуйбуттара. Мин соло булбакка үлэлиибин. Быыспар капитантан киирэн, бүгүн барсарбын көҥүллээ диэн ыйыппыппар, киһим көҥүллээн соһутта. Мин үөрүөхпүн да, хомо­йуохпун да билбэтим. Инструктаж эмиэ эттилэр. Бэйэ-бэйэҕитин көрсө сылдьыҥ, иннигитин эрэ көрүнүмэҥ, эргиччи, тула өттүгүтүн көрүнэ-кэтэнэ сылдьыҥ. “Белые колготки” наһаа элбэхтэр (снайпер кыргыттар). Сураҕа саамай күннээн-күөнэхтээн сылдьар кэмнэрэ эбит. Эрэйдээн өлөртүүллэр. Бастаан биири өлбөт гына табаллар, атыттар быыһыы киирбиттэрин биир биир охтортууллар. Дьэ уонна түөрт-биэс сытар саллааты эрэйдэрин эрэйдээн, сордорун сордоон өлөртүүллэр. Кыргыттар буоланнар, ахтаҕа ыталларын астынар этилэр. Ону эн хайыыр да кыаҕыҥ суох, саһан сытан ыраахтан, үөхсэ-үөхсэ таах көрөргөр эрэ тиийэҕин. Кыргыттар тоҕо эрэ сэрэхтэрин наһаа сүтэрэн ытыалыыллара. Ол биэс саллааты сордуулларыгар биир сиртэн ытыалыыллар этэ. Биһиги хараҥаран эрэр халлаан аннынан субуруһан хаампыппыт балай да буолла. БТР-га, БМП-га хатаастыбыт саллааттарга ымсыыра саныыбыт, сатыылааччылар. Грознай куорат үрдэ чаҕылҕан сырдатарын курдук сырдаталаан ылар уонна мэник буулдьалар, сэнэрээттэр көҥүл көтөн, субурхай уоттара халлааны хайыта быһардыы элэҥнэһэллэрэ. Аптамаат, бүлүмүөт тыаһа тачыгырыыр, миинэлэр, буомбалар эстэн, сири-буору дьигиһитэллэр. Биһигини тохтоттулар уонна “10 минут перекур” диэн хамаанда иһилиннэ. Табахсыта суохтар олох аҕыйахпыт. Табахсыттар бэйэ-бэйэлэриттэн табах ылсаллар, бэрсиһэллэр, биир табаҕы хаһыа да буолан соппойоллор. Өйдөөн көрбүтүм, иннибитигэр барбыт байыаннай тимир көлөлөрбүт биһигини күүппүт этилэр. Үрдүкү чыыннаахтар баар буола түстүлэр да, хас да гына араартаан бардылар. Грознай куоракка хас да сиринэн хайдыһан кимэн киириэхтээх үһүбүт. Биһигини хайа диэки салайаллар да, ол диэки хаамабыт. Сорукпут – ­дьиэлэри бандьыыттартан ыраастыах­таахпыт. “Сааларгытын ииттиҥ, ханна хайыһаҕыт да сааҕытын ол диэки туһаайан иһиҥ” диэн үөрэтэрдии дьаһайда погуона суох старшай лейтенант. Дьэ биһиги БТР кэннин күлүктэнэн оргууй хааман иһэбит. Грознай куорат дьиэлэрэ барыта алдьаммыт, тоҕута-ойута эстибит этилэр. Түннүктэрэ, үрдэ суох дьиэлэр ис­­тиэнэлэригэр суруктар көстүтэлииллэр. “Грознайтан илиигитин киэр гыныҥ”, “Добро пожаловать в ад”, «Урут эһигини эттээн, кэрчиктиир этибит, билигин эһигини сиэхпит, эһигини манна ким
да күүппэт” эҥин диэн ис хоһоонноох суруктар элбэхтэр этэ. Олох сыыһата суох, нууччалар суруйбуттар диэн санааҕа кэлэҕин. Оргууй сыылыннаран айанныыр БТР-ы батыһан куорат иһин диэки киирэн истибит. Халлааммыт лаппа хараҥаран, хаамыыбыт да бытаарбыкка дылы буолла. БТР иннигэр оргууй сыылыннаран иһэр БМП суоллар силбэ­һиилэрин ортолоон истэҕинэ, эмискэ тоҕо тэбии тыаһа иһиллэр да тох­­тоон хаалар. Хатаастан, олорсон испиттэр онно-манна БМП тулатыгар ыһыллаллар. Биһиги күлүктэнэн иһэр БТР-бытыттан олорсон иһээччилэр ыстаҥалаһан эрдэхтэринэ, уот уһууран кэлэр да эмиэ үлтү барар тыас иһиллэр, мин эһиллэн эрэр этим да уу чуумпу буолан хаалла. Өйдөммүтүм, умса түһэн сытар эбиппин. Тугу да истибэппин, контузияламмыт этим. Мин сытан эрэ илиибин, атахпын оргууй хамнатабын, баарга дылылар, өлүөрдэр. Хаһан өйбүн-төйбүн бу­­луохпар диэри, мээнэ хаһыытаһа, сүүрэкэлэһэ сылдьар сал­лааттары снайпердар ааҕа охтортууллар. Табыллан охтубут саллааттар тута баран иһээхтииллэр. Биһигини хапкааннарыгар киллэрбиттэр этэ. Хата аттыбытыгар сылдьыбыт биригээдэ көмөҕө кэлэн, элбэх киһи тыынын быыһаабыттара. Хантан эрэ ­ыраахтан хаһыы иһиллэр, “ким тыыннаах, хамсаабакка сытыҥ, снайперы работают” диэн. Мин истэр буолбуппун диэн испэр үөрэ санаатым. Ол сытан көрдөхпүнэ, биир мэндиэмэннээх дьиэттэн төрдүс этээстэн снайпер ытыалыыр. Сотору буолаат, ол ытыалыыр түннүгэ суох үөлэһэ тоҕо баран эһиннэ да ытара тохтоон хаалла. Гранатомет начаас боппуруоһу быһаарар эбит. Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ. (Салгыыта тахсыаҕа).
edersaas.ru сайтан