Кэпсээ
Войти Регистрация

Таабырыннары таайа

Главная / Кэпсээн арааһа / Таабырыннары таайа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
27.08.2020 12:40
Киинэҕэ маарынныыр дьиҥнээх да олох баар буолар эбит. Ол эрээри, тоҕо эрэ, үгүстэригэр, эмиэ киинэҕэ курдук, дьоллоох түмүк диэн суох. Биир оннук олоҕу кэпсээн көрүөхпүн баҕардым. Чахчы, буолбут түбэлтэ... Сүүрбэһис үйэ аҕыс уон сылларын бүтүүтүн эргин. Күһүн... Биир эдэркээн кыыс төрөөбүт алааһын, оонньообут кырдалын, сөтүөлээбит күөлүн кытылын одуулуу турар. Бары-барыта олус үчүгэй курдук да... Айгыр Силик Айылҕата утуйан эрэрэ биллэр, ону тэҥэ кини эмиэ ыар санааҕа баттатан турар. Бүгүн ийэтигэр оҕо күүтэрин туһунан эттэ. Ийэтэ эрэйдээх оскуоланы саҥа бүтэрээри, кини эрэлин эргитээри сылдьар тапталлаах кыыһа бачча эдэригэр бэйэтэ ийэ буолан эрэрин туһунан соһуччу сонуну хайдах истибитэ, ылыммыта биллэр: — Оо, бу сааты-сууту! Аны хайдах буолабыт? Дьон хараҕын хайдах утары көрөбүт!? Ол эрээри арыыйда уоскуйан, арааһы барытын ырытан-сыымайдаан көрдө быһыылаах, оргууй: — Аны саас куоракка барыахпыт, — диэтэ. Саас. Туймаада хочото. Айылҕа кыһыҥҥы уһун уутуттан уһугунна, саҥалыы тыыны киллэриннэ. Тула баары барытын саҥалыы тыынныыр сандал сааһы баттаһа биир уол оҕо күн сирин көрдө... Эдэр ийэ утуйар уута уйгууран, сир-халлаан ханна баарын билбэт буолан сытар. Ытыыр, хараҕын уута тохтуох быһыыта суох. Оҕотун киниэхэ биэрбэтилэр, ханна эрэ илдьэ бардылар. Сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьыбыт кыракый киһитин көрдөрбөтүлэр даҕаны. Ити курдук харах уута хаттыгастаах хас да күн ааста. Биир сарсыарда күн уота балыыһа түннүгүн үрүҥ сабыытын сэгэтэн, өссө да ситэри уһукта илик балаатаҕа өҥөйүүтэ, кыыһы дьикти санаа буулаата. Хас да күн өйүкү-төйүкү кэриэтэ сыппыт киһи санаатыгар, бу тыллары кини бэйэтэ буолбакка, ким эрэ туораттан сипсийэн эрэргэ дылы: «Бу «улуу» дэннэр да, бүтүннүү сытыйбыт дойдубут бары сиигинэн тырыта баран эрэр быһыылаах. Бу кэнниттэн, баҕар, олохпут уларыйыа... Ким даҕаны оҕону ийэтиттэн күүһүнэн былдьаабат буолуо... Тоойуом, улааттаххына, миигин хайаан да булаар.. Миигин тулабар баар барыта таҥнарда, утарда. Оттон эйиэхэ Дьылҕаҥ күүс-көмө буоллун дуу». Икки тыһыынча сэттэ сыл. Туймаада хочотугар көтөр аал кэлэн түстэ. Кэлээччи үксэ – улахан киһилии сананан, олох очурдаах-чочурдаах суолугар саҥа үктэнэрдии, үөрэх туттарса кэлбит оҕолор. Кинилэр быыстарыгар уон аҕыс сааһын томточчу туолбут уол кэлистэ. Эмиэ үөрэх туһунан толкуйдуур. Дьиҥэр, ити эрэ буолбатах – өссө биир, өссө ордук суолталаах, сүрүн да диэххэ, соруктаах: бу кылгас олоҕун (кини ону наһаа кылгас курдук санаабат) тухары арыаллаабыт таабырыны таайан, силиһин булуохтаах. Кини кимий бу Орто дойдуга? Хантан хааннааҕый, кимтэн кииннээҕий?.. Кэнникинэн сиэркилэҕэ көрүннэҕин ахсын, итинник туох да хардата суох ыйытыы күөрэйэн тахса турар. Саха дуо? Хайа эрэ атын омук дуу? Кэбис, ким буоларын чопчу билбэккэ сылдьара хайдах да сатаммат! Өссө кыра эрдэҕиттэн бэйэтигэр сыал-сорук туруоруммута – киин сиргэ тиийдэҕинэ, бастатан туран, хайаан да ийэтин булуохтаах! Уонна уруккуттан кинини кыайан
утуппат, наар төбөтүн аала сылдьар ыйытыытын туруоруохтаах: тоҕо, туох буруйун иһин киниттэн, бэйэлээх бэйэтин оҕотуттан аккаастаныахха сөбүй? Сүрэҕэ сэрэйэр – кини олоҕор баар таабырыннар таайыылара барыта бу Дьоллоох Дьокуускай куоракка, Улуу Туймаада хочотун туонатыгар саспыттар, булуохха эрэ наада... Ол курдук, күн күнү солбуйан, ый ыйдыын атастаһан, кэм-кэрдии ааһан истэ. Уолбут үөрэҕин таһынан онно-манна аралдьыйара элбээтэ. Устудьуон олоҕор саҥардыы үктэммит эдэр киһини түүҥҥү Дьокуускай уоттара күлүмүрдээн түһэн, угуйаллара, эчи үчүгэйин! Бачча турбут-олорбут уол ыраахтан маачыктыыр түүҥҥү кулууптары, ама, тумнуо дуо! Оннук сылдьан ийэтин көрдүүрүн туһунан төрүт да умнан кэбиһиэх эбит да... Арай биирдэ доҕотторун кытта, «Далаһа устун уҥуор» диэн киинэҕэ бардылар... Киинэ бүттэ, атастара кыараҕас аанынан кыбылла-кыбылла тахсан иһэн, киинэни ырыталлар. Мөккүһэллэр, «онто ордук этэ, манта астык этэ» дэһэллэр. Арай уолбут ырытыыга кытыспакка эрэ, субу аҕай көрбүтүттэн кута-сүрэ айманар. Өйүгэр биир кэм «архыып, архыып» эрэ диэн тыл эргийэ сылдьар. Киинэҕэ ыччат кумира Jeada оонньообут уола Сеня, ийэтин көрдүүрүгэр эмиэ архыыптан саҕалыыр эбит... Сарсыҥҥытыгар уолбут «Национальный архив» диэн дьиэ таһыгар өр турда. Толкуйдуура, саныыра олус элбэх. Олоҕор аан бастаан маннык ыар санааҕа, толкуйга түстэ. Киһи тылынан кыайан эппэт гына. Туохтан эрэ куттанар, дьаарханар. Ол быыһыгар хаста да уопсайыгар төннөн хаалыан санаталаан ылла. Онтон өрө тыынан, туох баар эр санаатын мунньан, үрдүк кирилиэһи дабайан аан диэки дьулуста. Хас үктэли ытыннаҕын ахсын, сүрэҕэ тэбэрэ күүһүрдэр-күүһүрэн иһэргэ дылы. «Ама, манна баара буолуо дуо таабырын таайыыта?» Архыып аанын аста. Таабырыннары таайа. Бу ааны астаҕына, санаата-оноото, олоҕо барыта тосту уларыйыаҕын оҕотук уйан сүрэҕэ, арааһа, бүтэйдии сэрэйэр быһыылаах. Архыыпка киирдэ: – Вы к кому, молодой человек? – вахтер дьахтар ыйытта. – Ээ... я... по поводу поиска родных, – уолбут хоруйдаата. – А точнее кого ищете? – хара ааныттан ыйыталаһыы буолла. – Оттон... м-м-м-м... мать... – биирдэ төлө биэрдэ. – Аа, ясно, тогда пишите заявление и проходите в 103 кабинет, к директору. Дириэктэр олус сымнаҕас көрүҥнээх аҕамсыйбыт саха дьахтара эбит. Уол кэпсээнин истэн баран, оччо хойукку «дааннайдар» манна суохтарын быһааран биэрдэ. Уонна роддомҥа бара сылдьарыгар сүбэлээтэ. Аны сүүрүү-хаамыы былаастаан роддом диэки сүүрдэ. Аара тиэтэйэ-саарайа ааһар дьонтон ыйыталаһан, син булла. Киирбитэ, киирэр аан аттыгар ким да суох. «Эс, кэтэх аанынан киирдим дуу, хайдах дуу», — диэн саныы-саныы, иһирдьэ киирэн бара турда. Ол иһэн биир сиэстэрэ кыыһы көрсөн ыйыталаста. Анарааҥҥыта өр-өтөр толкуйдуу барбакка «чап» гыннарда: – 1993 сыллаахха диэри дааннайдар бары уничтожениеҕа барбыттара. Уол тоҕо эрэ итэҕэйиэн баҕарбата, ол эрээри туруулаһа барбата. Тоҕо эрэ саҥата суох эргийэн, тахсар ааны былдьаста. Олоҕун тухары күүппүт күнэ бүгүн үүнэ сыспытыттан, бэйэтэ да билбэтинэн, этэ
аһыллан ылла. Эбэтэр бу долгуйуу диэннэрэ дуу? Киэһэ уопсайыгар тиийэн, тугу гыныан билбэккэ олордо. Киинэҕэ курдук чэпчэкитик дьиҥ олоххо сатаммат эбит. Илиитигэр бу Орто дойдуга хайдах тиийэн кэлбитин туоһулуур аналлаах эрээри, тугу да ситэ кэпсээбэт суругу тутан олорор. Бу Туоһу сурук эрэ баар – ол ыраах аҕыс уонус сыллары кытта билиҥҥи кэми, икки тыһыынча сэттэ сылы ситимниэх айылаах. Кыракый кумааҕыны саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хат-хат сыныйан көрөр: баҕар, ханна эрэ кистэлэҥ сурук суруллубута буолаарай? Эмискэ ойон турда. Бу баар эбит! «...и произведена запись под номером №....» Үөрүүтүттэн, эбэтэр көстүбүтэ соһуччута бэрдиттэн дуу (хайдах эрдэ өйдөөбөтөх бэйэтэй?), халлааҥҥа көтүөх курдук буолла. Онон сарсын – ЗАГС. Бу түүн кыайан утуйбата. Эчи, киһи күүттэҕинэ, бириэмэ бытааннык да барар эбит. Бастакы күн сардаҥатын кытта туран, ЗАГС диэки барда. Бөлүүн түһээтэҕинэ, ийэтин кытта кэпсэтэ турарга дылы этэ. “Ийэм” дии санаабыта. Саныа дуо – ийэтэ буоларын саарбахтыыр санаа кыыма да суоҕа. Барыта буолуохтааҕын курдук. Арай, ийэтин сирэйэ көстүбэт. Ол эрээри чопчу билэрэ – бу кини, кини ийэтэ. Эмиэ да утуйбатах курдук этэ дии, оччоҕуна, ама, санаатыгар бэйэтэ ойуулаан көрдө дуу? ЗАГС архыыбыттан сүрдээх түргэнник булан биэрдилэр. Ол эрэн ол кумааҕыга ийэтин аата эрэ баара. Оттон төрөөбүт сыла, хантан сылдьара эҥин суоҕа. Аата эрэ. ЗАГСтан сурунан ылбыт ааты хат-хат аахта. Санаатыгар, бу тэтэрээт лииһиттэн ийэтин сылааһа биллэргэ дылы. Билигин киниэхэ бу ааттан күндү туох да суох эбит! Болуоссат аттынааҕы күйүөскэҕэ төлөпүөн ыйынньыга, хата, атыыланар эбит. Эчи, Сахабыт сиригэр кини ийэтин курдук араспаанньалаах дьон элбээбиттэрин эриэхсит! Ол эрээри биир улууска ордук элбэх эбиттэр. Онон ол улууһу «усулуобунай туочука» оҥоһунна. Ол улууска баар араас нүөмэргэ эрийтэлээн көрдө да, ийэтин курдук ааттаах киһи суоҕа... Ийэтин сааһын суоттаан көрбүтэ, үөрэнээччи сылдьан оҕоломмут эбит. Былыр, Сойуус саҕана, ити курдук түбэлтэ таҕыстаҕына, улахан айдаан буоларын дьонтон истэн билэрэ. Онон ийэтигэр кыыһырбыта ааспыт да курдук, ол оннугар аны аһыныах санаата кэлэр. Кинини күүстэринэн былдьаан ылбыттара өтө көстө сылдьара. Эдэр киһи өлбүт буолуон хайдах да сатаммат, билигин ханна эрэ, Сахатын сирин биир муннугар, кэтэһэ сыттаҕа. Баҕар, кэлин өссө оҕоломмута буолуо. Оччоҕо кини бырааттанан дуу, балыстанан дуу хаалар дии! Өссө хас даҕаны! Тоҕо бэрдэй! Уолбут бу дьиҥ олохтон тэйэн, өйдүүн-саналыын ийэтин кытта көрсүһэр түгэнин ойуулаан көрөр идэлэннэ. Оннооҕор үөрэҕэр сиэссийэтэ саҕаламмытын да аахайбат, үөрэхтээҕэр ордук суолталааҕы булбут курдук. Күнү быһа бибилэтиэкэҕэ эргэ хаһыаттары көрөрө эбэтэр интэриниэт-кииннэргэ сүтэрэ. Баҕар, ийэтин туһунан тугу эрэ булуо этэ. Ол курдук хас да ый ааста. Уолбут ийэтин буларга эрэлин билигин да ыһыкта илик. «Усулуобунай улуус» оҥостубут дьонун кытта көрүстэҕинэ, наар ыйытан көрөр.
Ийэтин туһунан тугу эмэ этиэх айылаах киһини көрсө илик. Ким да билбэт эбит. Биирдэ СПК харчытын ыла сбербааҥҥа тиийдэ, онно киһи тобус-толору. Халыҥ уочарат. Ким кэнникитин ыйытан баран, көрүдүөргэ тахсан күүтэ олордо. Ол олордоҕуна кини аттыгар, биир кырдьаҕас саха киһитэ кэлэн олорунан кэбистэ. Ону-маны кэпсэтэн баран, оҕонньор бэйэтин туһунан кэпсээн киирэн барда... Эмиэ «били» улуустан сылдьар эбит. Ону истээт, кини ийэтин туһунан ыйытта. Кырдьаҕас тугу да уорбалыы санаабата быһыылаах: – Ээ, ол кыыс суох буолбута иккис сылыгар барда, – диэтэ. Ама дуу? Атын ини? Тоҕо эрэ итэҕэйбэтэ, атын киһини эппитэ буолуо диэн саныан олус баҕарар. Ити бэйэлээх халыҥ дьонноох улуустан маарыннаһар ааттаах киһи элбэх буоллаҕа. Суох, сүрэҕэ итэҕэйиэн баҕарбата. Эбиитин туох эрэ диэн тыллаһан, оҕонньору кыыһырдан ыытта. Ити кэнниттэн санаата санаа буолбат буолла. Бэйэтиттэн «баҕар, кырдьык мин ийэм буолуо» диэн санааны киэр кыйдыы сатыыр даҕаны, син биир санаан кэлэ турар. Онтон «түксү, маннык сылдьар сатаммат, баары-баарынан билиэхтээхпин» диэн баран, интэриниэт-кииҥҥэ барда... Икки сыллааҕыта улахан иэдээн буолбут эбит. Саха сирин хаһыаттара бүүс-бүтүннүү ол туһунан суруйбуттар. Ону булан аахта. Ийэтин аата-суола, сааһа барыта сөп түбэһэрэ. Киэһэ дьиэтигэр тиийэн, били, урут ылыммыт араҕас ыйынньыгыттан ийэтин дьонун төлөпүөннэрин нүөмэрин булан эрийдэ: – Алло, дорооболоруҥ! Наталья Ивановна баар дуо? – уолбут биир тыынынан ыйытта. – Ким?.. Бу кимий? – анараа уһукка, эмээхсин саҥата иһиллэр. – Мин... мин көннөрү ыйытабын, баар дуо? – уол тоҕо эрэ сөпкө эрийдим диэн сэрэйдэ. Кыл түгэҥҥэ уу чуумпу буолан ылла. Уонна... уонна: – Оҕотоҕун дуо? Ити курдук кини ийэтэ, хара санаалаах киһи суолугар алҕас киирэн биэрэн, сырдык тыына быстыбытын биллэ. Хойутаабыт. Оо, абакка! Биир да таммах харах уута иэдэһинэн сүүрбэтэҕэ. Ол эрэн кини эдэр сүрэҕэр оспот баас хаалбыта. Аны ол бааһы кини олоҕун тухары илдьэ сылдьыа... Онтон сылтан тахса кэм ааста. Өйдөөн көрдөххө, ийэтин көрдүүр кэмэ уолбутун олус да уларыппыт. Уруккутунааҕар букатын атын киһи буоларыгар туох эрэ олук ууруллубут курдук. Санаатыгар, эмискэ улааппыкка дылы. Олоҕу дириҥник ырытан көрөргө үөрэммит. Аны билигин олох кырдьыгыттан куттаммат. Таабырыны барытын таайдым диэбэт. Баҕар, олоҕун муҥутуур уһугар тиийдэҕинэ, олох туох баар таабырынын барытын таайдым диирэ дуу? Оттон билигин кини олоҕун салгыыр – таабырыннары таайа... Сэмэн Уйбаныап.
kyym.ru сайтан