Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Бөрө булдугар 13 мөлүйүөнү көрдүлэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бөрө булдугар 13 мөлүйүөнү көрдүлэр
К
Кыым
Сонор
12.03.2026 11:47
Саха сиригэр бөрө ахсаана 19–20 тыһыынча буолан турар. Былырыын киһи-сүөһү олоҕор кутталы үөскэппиттэринэн, 484 адьырҕаны бултуурга 74 көҥүлү биэрбиттэр. Ол туһунан СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Николай Додохов кэпсээтэ. “Былырыын Саха сиригэр официальнайдык барыта 270 бөрө бултаммыта. Ол гынан баран, дьиҥнээҕэ онтон элбэх буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, 2025 с. бөрө тириитин иһин көрүллэр бириэмийэҕэ 2,5 мөл. солк. эрэ тыырыллыбыта. Онон элбэх булчут тириитин туттарбатаҕа. Быйыл үбүлээһин улаатан, 13 мөл. солк. буолла. Ити харчынан 438 тириини атыылаһыахха сөп. Ити 13 мөл. солк. түргэнник бүтүө дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр сыллата 600–700 бөрө бултанар”, – диэн Н.Додохов этэр. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн охотоведа этэринэн, бөрө сүрүннээн хайалаах-тайҕалаах сиргэ элбэх. Хаартыска: Arshad's View/Shutterstock/Fotodom Кыым.Ру
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан