Кэпсээ
Войти Регистрация

Сарыал кэпсээннэриттэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Сарыал кэпсээннэриттэн

K
edersaas.ru Категорията суох
07.04.2021 19:33
“Шпалтак “чоппуон!” диэ этэ» (Сарыал кэпсээннэриттэн) “Шалость – мудрость детства”. Шалва Амонашвили Үһүс кылааска, биирдэ, кылааһым оҕолорун күллэрэн турабын. Ол күн бүтэhик уруокпут – айылҕа үѳрэҕэ этэ. Переменаҕа чыхардалаан, уубутугар-хаарбытыгар киирэн эрдэхпитинэ, чуораан тырылаабыта. – “Аттарбытыгар!” – мин “камчааткабар” ойбутум. Yнүрүүн Котовскай туhунан киинэни кѳрүѳхпүтүттэн, паарталарбытын «аттарбыт» диибит. Санаабытыгар, кавалеристар курдук, бойобуой кэккэнэн сэлэлээн иhэр курдукпут. Арба, саха тылын учуутала Василий Васильевич “Кыраайы үѳрэтии” куруhуокка: “Конь” диэн нуучча тыла, миинэр миңэни бэлиэтиир, оттон “лошадь” — түүрдүү, ол аата ѳбүгэлэрбит тыллара, “алаша ат”, сахалыы “алаhа ата”, — диэн кэпсээбитэ. Ол аата “лошадь” дьиэ эргин үлэҕэ, сир хорутуутугар, сыарҕаҕа, тэлиэгэҕэ кѳлүнэргэ туттуллар ат эбит. «Дьиэ ата» диэбит курдук. Билигин “алаhа дьиэ” диэн ситими алгыска, тойукка тутталлар. Онон лощадь – дьиэ ата, оттон конь – миинэр миҥэ. Ааҥҥа симиллэ-симиллэ, кыргыттар киирэн сааhылаhан олорбуттара. Агнесса Витальевна тоhугураан киирэн кэлбитэ. Ачыкытын килэбэчигэс таастарын анныттан, кытаанахтык кѳрбүтүнэн тиийэн, остуолга кылаас сурунаалын, кинигэтин, ѳҥнѳѳх хартыынаны, уопсай тэтэрээтин уонна биология кэбиниэтиттэн аҕалбыт хордуон хоруопкатын уурбута. Кыhыл куоптатын, гимнастёрканы кѳннѳрүнэрдии, чиккэччи тардыбыта, дорооболоспута. –Здрав – ствуй – те! – хуорунан түhэрбиппит. “Ааспыт уруокка барбыт “Сиртэн хостонор туhалаах баайдар” диэн тиэмэбитин хатылаан баран, салгыы саҥа матырыйаалы үѳрэтиэхпит», — учууталбыт кылгастык уруок былаанын билиhиннэрбитэ. Мин, бэҕэhээ күнү быhа сыыртан салаасканан сырылыы оонньоон, бэлэмнэммэккэ кэлбитим. Онон, “аппар” умса түhэн, санаабар, “саhан” хаалбытым. Хата, Агнесса Витальевна Страуhу ыйытта. Люда сиртэн хостонор туhалаах баайдар тустарынан кэпсээн чаҕааран барбыта. Люда Попова – биhиги кылааспыт кырасаабыссата. Кылааспытыгар саамай уhун уңуохтаах. Ол иhин Спартак кинини биирдэ: “Льуудакка, эн страус курдук уhуҥҥун уонна түргэнник сүүрэҕин!” — диэҕиттэн, “Страус” диэн ааттыыр буолбуппут. Ѳhүргэнэрэ. Ким ыыстаабыты, бэйэтин араастык ааттыыра. Ол иhин, эбии тэптэн: “Страус! Страус! Гоу хаус!” – дии-дии куотан тиңилэхпит хараарааччы. Маңнайгы чиэппэр бүтүүтэ, Дьулустааннаах Валентин Люданы, туохтан эрэ сылтаан: “Страус! Гоу хаус!” – диэбиттэригэр, “Дьулус! Валя! Сами ту кам хоум!” – диэт, ытамньыйа-ытамньыйа, кулуупка сүүрбүтэ. Кулууп оскуолаттан чугас. Люда ийэтэ, кулууп бибилэтиэкэрэ Аксинья Семёновна, кылааспытыгар киирэ сылдьыбыта. Хос аат бэрсэр, кыhытыhар куhаҕанын туhунан быhаарбыта. Дьулустааннаах Валентиҥҥа кыыhырар майгыннаах сэрэтии оңорбута. Онтон ыла Попованы Страус диэн ааттаабат буолбуппут буолуо дуо? Суох. Син биир ким эрэ ааттыыр. Эбиитин, “ийэтигэр үҥсэ сылдьар” диэн, “үҥсэҥҥин үүттэ ис!” диэччилэр бааллар. Хата, кэлин, Людабыт хос аатыттан ѳhүргэммэт буолбута. Кыыртык “Страустаатаҕына”: “Эн курдук абааhы олоппоhо буолуом дуо? Yрдүк уҥуохпар ымсыыраҕын дуу?” — диэн айаҕын бүѳлүүрэ. Кыыртык – Кыртыков Алёша – кырдьык, Попованы саннынан сылдьар, намыhах уҥуохтаах. Кыыртык «Абааhы Олоппоhо» буоллаҕа ол. Кэнники кылгастык, «Абааhы» эрэ диир буолбуппут. Люда кэпсии турдаҕына, ѳгдѳйѳммүн, аттыбар олорор Виолеттаттан ыйыппытым:
– Вета, эн үѳрэппитиң дуо? – Фуох фиигин? – кыыhым тѳттѳрү ыйыппыта. Соседкам илин тииhэ суох буолан, былдьыры. – Тиэмэ5ин билэ5ин дуо? – арыый обургутук сибигинэйбитим. – Аахпытым ээ… – сибигинэйбитэ. – Вета, ыйытта5ына, этэн биэрээр эрэ, сѳп? – куоласпын сымната-сымната кѳрдѳспүтүм. – Сарыал, подфаккалыыл куфаҕанын бэйэнь билэҕинь дьии, – кыыhым эттээх уоhа чорбоңнуур, ол эрэн хараҕар ѳсѳhүү уота суоҕуттан сэрэйдэхпинэ, “кѳмѳлѳhүѳх” былааннаах. – Кѳрүүй, мин эйиэхэ сарсын… – толкуйдаан кыратык тохтуу түспүтүм, — таас кэмпиэт аҕалыам, биэhи… – Ѳйдѳѳ, аҕалыаң фуоҕа да фэлэн, – Вета сэрэппитэ, ол аата сѳбүлэспитэ. Сити! Страус кэнниттэн мин ыҥырылынным. Турдум. Соседкам бастаан утаа саңарбатаҕа. Ыксаабытым… Турбахтыы түhэн бараммын, ааспыт уруокка учуутал кэпсээбититтэн тугу ѳйдѳѳн хаалбыппын онон-манан ,одоҥ-додоҥ кэпсээбитэ буолбутум: – Биhиги дойдуга сиртэн хостонор баай… туhалаах баай… ээ-э, элбэх. Холобур… холобур, таас чох, кѳмүс, алмаас… – салгыы тугу ааттыахпын билбэккэ турбутум. – Гаф, нефф, — Виолетта сибигинэйбитэ. – Гаас, ньиэп, – хатылаабытым. Ветаны кѳрѳн ылбытым уонна сибигинэйбитим , – этэн иhиий… – Фүлүүдэ… – Бүлүүдэ… – этэрин улгумнук үтүктэн испитим. Оҕолор, баччааңңа диэри мин эппиэттиирбэр кыhаммакка олорбут бэйэлэрэ, тоҕо эрэ мин диэки хайыспыттара. Агнесса Витальевна сонньуйбута. “Арааhа, “үhү», табылыннаҕына “түѳрдү” да ылар буоллум», — диэн, эрэх-турах санаммытым. Ѳссѳ сорох сир баайын бэйэм санаан кэлбитим. – Тимир, үрүң кѳмүс, туус… – эмиэ иңнэн хаалтым. Онтон толкуйдуу түhэн баран, – хортуоппуй… – диэбитим. О5олор сирэй-сирэйдэрин кѳрсѳн кэбиспиттэрэ, онтон учууталлара күлбүтүгэр, бары күлсэн ньиргиhэ түспүттэрэ. – Олор, ситэ бэлэмэ суох кэлбиккин, – Агнесса Витальевна сурунаалга туочука туруорбута. – Хортуоппуй диэнтэн тоҕо күллүлэр? Сиртэн хостонор уонна туhалаах дии? – олорон баран Ветаттан ыйыппытым. – Хопшуокка үүньээйи буоллаҕа шии, – Вета ботугураабыта. – Ээ, – диэбитим хомойбуттуу, – оннук эбит дуу? Эрдэ этиэххин. – Оттон ыньыппашаҕын шии… Агнесса Витальевна салгыы Мухоплёву ааттаабыта. Руслан туран, кутан-симэн, кэпсээн барбыта. Кыhыйбытым аҕай. Дьээбэлэниэх санаам кэлбитэ. Ганя Трутин миигин күлэн, алларастаабыта абата бэрдэ… Бэйик-кэй!.. Бинсээгим са5атыгар анньылла сылдьар булаапкабын ылан ытырбытым. Тула-мала кѳрбѳхтѳѳбүтүм. Сардаана сыҥаах баттанан, сүр болҕомтолоохтук кѳрѳн, Руслан хоруйдуурун истэрэ. Ганя Машаҕа саппыыска үҥүлүтэн эрэрэ. Маша, тѳhѳ да 5-с уруок ортолоотор, сылайбыт чинчитэ суох, чоноллон олороро. Трутин суругун кѳрбѳтѳҕѳ буолбута, онтон саппыысканы ылан, хаҥас ытыhыгар кистии тутаат, тэтэрээтин быыhыгар укпута. Спартак Надя Фёдоровалыын, отличницалыын, биир паартаҕа олорор. Атын уруоктарга Надяны арыт тыраханьыы гынааччы. Айылҕа үѳрэҕэр, Агнесса Витальевнаттан куттанан, бадьыыстааччыта суох.. Хайа, учуутала ачыкытын уҥа сѳмүйэтинэн хонтоҕор хоҥоруутугар ѳрѳ анньаат, кыбыс-кытаанахтык кѳрѳн баран: “Воев-водин!!! Что ты себ-бе поз-з-з-в-во-ляешь?!! А ну-к-ка, прек-крати!!!» — диэн клякнаутун чиңэтэн, быhыта баттаан, эрчимнээхтик тэhэ ыстаныа дии. Онон
Воеводин, “үѳнүн түүрүнэн”, чуумпутук олороро. Ол эрээри, Муха (ити Руслан «норуодунай» аата, Мухоплев диэни кылгатан этэбит) кэпсиирин истибэтэ, атыны саныы олороро кулгааҕыттан да кѳстѳрѳ. Агнесса Витальевна сурунаалга тугу эрэ бэлиэтэнэр кэмигэр паартам анныгар “дьылыс” гынан киирбитим. Булаапкабын ытырбытынан, сыыллан, инники паарталар диэки дьулуруйбутум. Ким эрэ илиибин үктүүрэ, ким эрэ соhуйан, тэбэн саайара. Ону барытын тулуйбутум, арыт, тоңолохпунан «блок» туппутум уонна салгыы сыыллыбытым. Муоста быыла бэрт эбит этэ, арыычча ытырда сыспытым. Хата, туттуммутум. Дьэ, үhүс паартаҕа тиийбитим эбээт… Булаапкабын илиибэр ылбытым. Иннибэр Ганя тайах тыhа унтуулаах атахтара кѳстѳллѳрѳ. Уҥа унтуутун сиэрэй хаатыҥкаттан оҥоhуллубут тилэҕэ кэлтэччи кэhиллэн хаалбыт этэ. Тиэрэ үктээн хаамар эбит. Ганя Трутин тугу да билбэккэ олороро, атаҕын анныгар «диверсант» үѳмэн кэлэн сытарын сэрэйбэт даҕаны этэ. Доҕоро табыллыбатаҕар алларастыыр «үчүгэйин» биллэриэм… Булавканан Трутины сотоҕо аспытым. — Айоо! – Ганя ѳрѳ ойо түспүтэ. Аллара ѳҥѳйбүтэ. Онуоха сутурукпун кѳрдѳрбүтүм: этиэҥ да сэрэн! Ганя учуутал диэки кѳрбүтэ. Оҕолор суугунаспыттара. Кинилэр Ганя туохтан соhуйбутун билэн олороллоро. Ким эрэ ыгыста-ыгыста күлэрин кыатана сатыыра. – Трутин, туохтан ыстаңалаатың? Кенгуру буолан оонньуугун дуу? – Агнесса Витальевна эҕэлээхтик ыйыппыта. Ону эрэ күүтэн олорбуттуу, туттуна сатыы олорор кылаас күлэн күйгүѳрбүтэ. “hэ, кѳрүдьүѳстүк булан эттим ээ”, – дии санаабыта быhыылаах учууталбыт. Ганя «кытар» гына түhээт, миэхэ тылын былтас гына кѳрдѳрѳѳт, олорбута. Бэhис уруокка оҕолор миигиттэн, оччо киhи холобур оңостубат доҕордоруттан, ити курдук иккитэ күлсүбүттэрэ. Тѳннѳн кэлэн паарта анныттан тахсыбытым кэннэ Вета: − Дьоо, Сарыал, Ганя онньугал Шпалтагы кымаахфыаң эфэ буо. Киньи шоhуйан: «Абытай, чоппуон! диэ этэ, – дии-дии мүчүҥнээбитэ. Оҕо саас барахсан! Бэл, мэниктээбит түгэниҥ кытта, кэлин санаатахха, сырдык, кэрэ курдук. Великан “Великан туhунан фэнтези – стрём безмазняк”. Оҕолор кэпсэтиилэрииттэн Чуораан тырылаабытыгар, биология кабинетын утары мустан, уонча буолдан, кус, куобах булдун туҺунан кэпсэтэ турбут уолаттар, кылааспыт диэки ааллаатыбыт. Утары Профи ааста. “Оо! Бу уолаттар рекреациянан киһи ааспат курдук элбэхтэрии-ин!” — диэн саңа аллайда. Кини саҥатын бырдах дыыгыныырыгар холоон, наадыйбакка, кылааспытыгар аастыбыт. Профи киччэйбит тѳбѳтүн кѳрѳн баран, кини атын сиртэн сайылыы кэлбит уолу дьээбэлээбитин санаан кэллим. …Сѳтүѳлүү сылдьан биирдэ Уйбаанчык Бараахап атаҕын алдьаммыт бытыылка эмтэркэйигэр үктээбитэ. Балтыгар Туйаараҕа ѳйѳтѳн, дьиэтигэр кылыйан кэриэтэ кэлбитэ. Ийэтэ: “Бааhың наhаа дириҥэ суох эбит. Бэйэбит эмтиэхпит”, – диэт, оргуйбут сѳрүүн уунан бааhын сууйбута, онтон водород перекисьтээх баатанан сотон баран, тулатын дьуотунан биспитэ. Уола мырдыҥнаабыта эрэ, сарылаабатаҕа. – Бастакы көмөнү бэркэ тулуйдум буотта? Туйаара буоллар ытыа этэ, – диэн бэйэтин хайҕаммыта, таарычча эмчэкэ балтын хаарыйбыта. – Эр киhи буолан баран, ити дьуккуруйуу аайы ытыаҥ дуо? Аны кедалаах эбэтэр эрэhиинэ таапачыкалаах сѳтүѳлүүр буол, – диэбитэ онуоха хаhыат ааҕа
олорор аҕата. Сарсыныгар Уйбаанчык эмиэ кытылга киирбитэ. Бэҕэhээҥи бааhа хаҕылыйан, барбах содьоҥнуура. Сиикэй да сымыыт буһуох айылаах куйаас күн буолан, биэрэккэ киhи толору этэ. Yксэ, биллэн турар, оҕолор. Былыта суох халлаантан күн сыралҕанын харыстаабакка кутара. Хараңаччылар тэлээрэ кѳтѳллѳрѳ. – Профи, кэл, сѳтүѳлүѳххэ! – Дьулустаан Егоров уонна Ганя Трутин чаҕылыйар таммахтарынан ыhыахтанан, ууга чалбааттана сылдьан, хаhыытаспыттара. – hо – уох! – атастара кумахха олорон, тэйиччиттэн хардарбыта, — бэҕэhээ атахпын өстүөкүлэҕэ үктээбитим, онон ультрафиолет эрэ иңэринэ киирдим. Уйбаанчык маңан, итии кумахха сытан, күн уотугар сыламныыр баҕалааҕа. Кини, тѳhѳ да үhүс эрэ кылааhы таҕыстар, араас уустук: “ультрафиолет”, “нонсенс”, “кабриолет” диэн курдук тыллары билэрэ. Биирдэ истибит эбэтэр аахпыт терминин ѳйүгэр тутан хаалар ураты дьоҕурдааҕа. Онтунан киэн тутта саныыра. Тоҕоостоох дии санаабыт түгэннэригэр саҥа билбит тылларын, тиэрминнэрин кэпсэтиигэ кыбытара. Табаарыстара кинини ол иhин Профессор, Профи дииллэрэ. Уолчаан табаарыстара харбыы, умсаахтана оонньуу сылдьалларын ымсыырбыттыы одуулаhа олорбута. Ол кэмңэ таhыгар атах тыаhа чэпчэкитик сырдырҕаан кэлбитэ. – Тоҕо купааhылаабакка олороҕун? – диэн ыйытар саҥаны истэн эргиллибитэ, аттыгар билбэт уола турара. 6 – 7 саастаах бадахтаах. Күн уота кубарыччы сиэбит эриэн теннискэлээҕэ, чэрэниилэ күѳх шортиктааҕа. Күн уотуттан саатан, симириктии кѳрбүт этэ. – Купааhылаабакка диэн тугуй? – ѳйдѳѳтѳр да, Уйбаанчык тѳттѳрү ыйыппытта. – Оттон… маннык… – “эриэн теннискэ” харбаан эрэрдии илиилэрин даллаахтаппыта. – Сѳтүѳлүүрү этэҕин дуо? – Бараахап бэрэбээскилээх атаҕын хамсаппыта, — оттон бу… – Раанилаабыккын дуу? – уол олоро биэрээт, тумсулара элэйэн эрэр араҕас сандалияларын уhулута тыыппыта. Уйбаанчык кэҕис гынна уонна ыйыппыта: – Эн хантан кэллиҥ? – Итинтэн, – биирэ кэлбит сирин диэки ыйбыта. – Суох, хайа дойдуттан кэллиң? – Абаҕаттан. – Ээ, ол аата Амматтан дуо? – Уйбаанчык Абаҕа пионердара гражданскай сэрии кэмигэр үрүҥнэрдиин сэриилэспиттэрин туhунан аахпытын санаан, чопчуласпыта. – Суох, Олёкматтан. Аатым Гена Кузьмин диэн. Оттон эйиэнэ? – Мин Ванябын, Барахов, – Уйбаанчык оскуолатааҕы аатын эппитэ. – Оттон дьонум уонна табаарыстарым Уйбаанчык эбэтэр Профи дииллэр. Биһиги уулуссаҕа Сарыал диэн уол баар. Маамата эмиэ Ѳлүѳхүмэ. – Аатыҥ элбэҕэ бэрт эбит дии! Биhиги селобутугар эмиэ Бараховтар бааллар ээ, – саҥа атаhа сѳхпүттүү туттубута, онтон чочумча буолаат ыйыппытта. – Атаххын туохха бааһыртыҥ? – Бэҕэhээ, иирсээн түмүгэр, охсуhа сылдьан бааhырдыбытым… – диэбитэ Бараахап уонна маҥан, итии кумаҕы ытыhан ылаат, тарбаҕын быыhынан синньигэстик тыккыраппыта. Кини тоҕо кырдьыгы эппэтэҕин бэйэтэ да кыайан быhаарыа суоҕа эбитэ буолуо. “Бытыылка үлтүркэйигэр үктээбитим”, – диэтэҕинэ хайдах эрэ олус судургутук уонна… сааттаахтык даҕаны иhиллиэх курдук санаабыта, бадаҕа… – Ол кимниин? – Гена кэккэлэччи уурбут сандалеткаларын таhыгар теннискэтин быраҕаат, харда эрэйэрдии кѳрбүтэ. – Ээ… ити… бэҕэhээ ойуурга дьэдьэннии сырыттыбыт,
ол табаарыстарбын кытта, – Уйбаанчык сѳтүѳлүү сылдьар Ганялаах Дьулуhу ыйбыта. – Арай биир ырааhыйаҕа дьэдьэн бѳҕѳ үүммүт. Биhиги… – Дьэдьэҥҥитин хомуйаары, ягодные места былдьаhан буойдастаххыт дии! – саҥа атаhа быhа түhэн саңа аллайбыта. – Сыыhа версия, оннук буолбатах этэ, – Профессор тѳбѳтүн илгистэ охсоот салҕаабыта, – Биhиги бидончиктарбытын толоро охсоору дьэдьэни ытыhа-ытыhа үргээн эрдэхпитинэ, арай, доҕоор, кэннибитигэр мутук, лабаа барчаланар тыаhа иhилиннэ. – Барчаланар диэн тугуй? – Оттон… тостор, алдьанар тыаhа. Эргиллэ биэрбиппит, туох эрэ улахыын да улахан, исполин, түүлээх, икки атаҕынан хаамар… – Даа? Косолапый дуо? – Гена харахтара ѳссѳ кэҥээбитэ. – Суох. Тыатааҕы буолбатах. Киhи курдук. Бастаан чучунаа дии санаабыппыт, – кэпсээччи салгыы тугу толкуйдуон билбэккэ, тохтуу түспүтэ. Онон туhанан биирдэрэ: – Чучунаа диэн снежный человек дуо? – дии охсубута. – Оннук курдук. Ол гынан баран, бэҕэhээңңи гуманоид чучунааттан атын этэ. Киhи курдук. Бүтүннүү түү диэбиппит, түүлээх тириини бүрүнэ сылдьара. Отой даҕаны колосс, дьиэ саҕа үрдүктээх этэ, – Уйбаанчык уутугар-хаарыгар киирэн испитэ. – Великан дуо? – шортигын уста-уста, Гена сѳхпүттүү ыйыппыта. – Ээх. Уолаттарым куотан хааллылар. Великан кэлэн миигин заайаары, то есть кэhэтээри, гынна. Мин күрүѳ үрдүгэр ыттан баран, ѳрѳ ыстанаат, хейсоку-дошу приёмунан тээ-эп! – Уйбаанчык омуннуран салгыны тэппитэ. – Онуоха ол монстр, арай, вампир киэнин курдук уhуктаах тииhин тоhуйан биэрдэ. Атаҕым “аhый” гына түстэ. Доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу, кэриигэ куоттум. Эккирэтэн кэллэ. Арай, биир обургу мас тоhоҕо сытар. Ону хаба тардан ылан, тутаары сараппыт тарбахтарын тостурута биэрэн кэбистим. – Оо! – истээччитэ саңа аллайбыта. – Тоҕо страшнайай? Сирэйэ тѳhѳ улаханый? – Сирэйэ дуо? Түннүк саҕачча буоллаҕа дии! Дьэ, илиитин таптаран баран, били страшилище тыаҕа куотта, ѳссѳ тугу эрэ бордьугунаан саҥарар, – Уйбаанчык бүлтэччи кѳрѳ-кѳрѳ куолаhын кыччаппыта. – Туох диирий, ол? – биирдэрэ эмиэ куолаhын намтаппыта. – Сарсын кэлэн иэстэhиэм диэх курдук бордьугунуур этэ, арааhа, туох эрэ былааннаах, – чанчыгыттан, сүүhүттэн бычыгыраабыт кѳлѳhүнүн ньуххана-ньуххана Бараахап кырдьык-хордьук туттан эппитэ, үѳhэ тыыммыта. – Ньоо, великан эйигин тоҕо тута сатаабыта буолуой? – Гена мунаарбыта. – Кини оҕолору киднаппинныыр, то есть уорар үhү. Ааспыт нэдиэлэҕэ биир кыра оҕону хайа хаспаҕар илдьэ барбыт диэбиттэрэ. …Гена Кузьмин аймахтарыгар сайылыы кэлбитэ. Эhиил оскуолаҕа киириэхтээх. Киэhэ, оонньоон, сѳтүѳлээн, элбэх саҥа доҕоттордонон, астынан аҕай, дьонугар кэлбитэ. Уонна эдьиийигэр улахан сонунун кэпсээбитэ: − Кѳрүүй, манна ойуурга великан баар үhү. Оҕолору тутаттыыр үhү. Биир оҕону пещераҕа илдьибит дииллэр. Баҕар, людоед буолуо. Бэҕэhээ үс уол кѳрбүттэр үhү, биирдэрэ ѳссѳ великанныын охсуспут. Эдьиийэ ымайа-ымайа, кимтэн итинник сонуну истибитин ыйыппыта. Онтон киhини сиир великан остуоруйаҕа эрэ баарын быhааран баран: − Табаарыскын сымыйалаабыккын диэн күлүү гынаайаҕын,
– диэн сүбэлээбитэ. Уйбаанчык Бараахап, киэhэ утуйаары сытан санааҕа түспүтэ: “Тоҕо сымыйалаан кэбистим? Ханнык да великан суоҕун син-биир билиэҕэ. “Албыннаабыккын”, – диэтэҕинэ, туох диибиний?” Сарсыныгар уолаттар уулуссаҕа кѳрсүбүттэрэ. Кыратык ону-маны кэпсэтэн иhэн, Уйбаанчык: – Бэҕэhээ великан туhунан дьээбэлэнэн кэпсээбитим. Атахпын ѳстүѳкүлэ тоорохойугар үктээн бааhырдыбытым ээ, – диэн мүлүрүҥнээбитэ. Онуоха саҥа атаhа: – Итэҕэйбитэ буолуо диэтиҥ дуу? – диэбитэ уонна уҥа кулгааҕын тарбанан кэбиспитэ. Итинник быhаарсан баран, уолаттар эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ, уулусса устун бара турбуттара. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан