Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа (2 чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа (2 чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.04.2021 19:00
(Салгыыта. Иннин манна аах: https://edersaas.ru/dyl-a/) Турар бэйэм тугу хомунуохпунуй, кыра суумка оҕотун санныбар сүгэн, аэропортка тиийбитим, киһи бөҕө аалыҥнаһыы, суугунаһыы. Читаҕа, Борзя диэн дойдуга мотострелковай чааска сулууспалыыр буоллум. Старшай сержант званиятын, кыһыл лычканы погуоммар иилинэн кэбистим. Быстах, иппэй-түппэй үлэҕэ үлэлээбитинэн бардым. Кулууп дьиэни кытта сыста турар дьиэҕэ сырдык сылаас, сулумах киһиэхэ сөптөөх, хос анаатылар. Кэлэн хонобун эрэ хоспор. Пыраапар атаһым, миигиттэн тэйиччи соҕус, атын чааска сулууспалыыр эбит. Хам-түм биирдэ эмит көрсөн, бэйэ бэйэбититтэн Сахабыт сирин сонунун истиһэбит. Сороҕор ас ыскылаатыгар, сороҕор сэрии сэбин ыскылаатыгар, ГСМ да ыскылаатыгар, аккумуляторнайга да үлэлэтэллэр. Оннук үрүҥ харахпын өрө көрбөккө үлэлии сырыттахпына, сааһыра барбыт прапорщик сүбэлиирдии эттэ. “Эн биир сиргэ үлэлиэххин баҕарар буоллаххына, прапорщикка үөрэнэ бар. Алта ыйынан праапар званиялаах төннүөҥ», — диэтэ. Мин ону сэргии иһиттим. “Докумуон өттүгэр көмөлөһөн, ыйан-кэрдэн биэриэм, барар буоллаххына, — диэтэ уонна табах уматтарын быыһыгар оборон соппойо-соппойо, — хамнаһыҥ да үрдүөҕэ”. Мин араапар суруйбутум ый кэриҥэ ааспытын кэннэ, хаһан ыыталларын билээри штабка киирбитим, сүбэлээбит пыраапарым утары көрүстэ. Ону-маны ыйыталаһан баран, миэхэ чэй иһэ, кэпсэтэ ыскылааппар кэлэ сылдьар буолаар диэн ыҥырда. Дьэ оннук сыыйа бииргэ сулууспалыыр дьоммун кытта билсэн истим. Тоҕо ыыппаттарын билбитим, атын баартыйа үөрэнэн бүтүө өссө да икки ый баар диэн уоскуттулар. Кэлээт да араапаргын биэрбитиҥ буоллар, билигин үөрэнэн бүтэн эрэр буолуох этиҥ диэтэ полк хамандыыра. Үлэлээбитиҥ курдук үлэлии сырыт, ыҥырыахпыт, сарсын стрелбищеҕа бараҕын диэн дьаһайда. Мин чиэс биэрэн баран, “истэбин” диэт, эргийээт тахсан бардым. Сарсыарда эрдэ икки взвод сержант сирдьиттээх ытар сиргэ субуруһан аттанныбыт. Син чааспытыттан тэйиччи, биир көс курдук эбит. Доҕолоҥ эҥин саллааттар баар буоланнар, күүтүһэ-күүтүһэ эбиэт саҕана тиийдибит. Мин тугу да гыммаппын, таах сылдьабын, барытын сержаным дьаһайар. Тугу гыналларын быһааран, иккилии-үстүү араартаат, “тарҕаһыҥ» диэн хамаандалаата. Кыраһа хаары харбыыллар, күрдьүгү быа көмөтүнэн көннөрөллөр, бөх хомуйаллар. Мин хамнаммакка дьагдьайа быһыытыйбытым кэннэ, тентовай уазик кэлэн тохтоото, үрдүкү чыыннаахтар ыстаҥалаһан таҕыстылар. Мин сүүрэн тиийэн дакылааттаатым. Аптамааттары, ботуруоннары аҕалтаабыттар. Хас сал­лаат аайы биэстии ботуруону түҥэтэлээтилэр, харса суох ытыалаан бардылар. Олох тирээн кэриэтэ ыталлар да табар аҕыйах. Биирдэ эмит таптахтарына эҕэрдэлээн ытыстарын таһынан ча­­бырҕаталлар. Арай мин ытарым буоллар, табыам этэ дуо, аптамаатынан ыппатаҕым күтүр өр буоллаҕа. Майорга тиийэн, “Табаарыс майор, ытыахпын син дуо” диэн ыйыппыппар, “да, да, конечно, конечно, вы, якуты, снайперы и охотники” дии түстэ. Миэхэ ханнык сыаллар бастаан тахсалларын быһааран биэрдилэр. Ытарга бэлэммин этээт, көҥүл ылан ытыалаабытынан бардым. Сыалларбын ааҕа табыталыыбын, ол аайы мойуорум бэйэтэ таппыт курдук үөрэн айманар. “Попал да, есть” диэн хаһыытыыр. Ытыстарын тыаһа сатарыйан иһиллэр. Биэс ытыыны өр гымматым. Ытан бүтэн дакылааттаан баран, гильзабын, саабын туттара барбыппар,
саллааттарга мойуорум “вот так надо стрелять, без промаха” диэн киэн туттубуттуу эттэ-тыынна. Ытан бүтэн строй кэнниттэн хааман истэхпинэ, мойуорум уазик аанын сэгэтэн, “кэл, олорус” диэн ыҥырда. Кэннигэр ыга симсэн айаннаатыбыт. Күн-хонук ааһан, иллэҥ кэмим киэһэ утуйарбар эрэ. Оннук үлэлии сырыттахпына, биир күн куругар быһах иилиммит дневальнай кэлэн, штабка барар үһүгүн, полк хамандыыра ыҥыртарар диэтэ. Мин туохха ыҥыртардаҕай дии саныы-саныы, дневальнайбын батыстым. Киирээт, тойонум иннигэр чиккэс гынан, дакылаат­таан эрдэхпинэ, олоппоһу ыйан баран “олор” диэтэ. Мин бэргэнник ыппыппын истибит эбит, эҕэрдэлээн баран, “өйүүн үөрэххэр бараҕын, бэлэмнэн” диэтэ. Мин үөрэнэ барыахтаахпын олох таһыччы умнан кэбиспит этим. Ситиһиилээхтик үөрэн, диэн алҕаттаран штабтан тахсан салгыны түөспэр толору эҕирийтэлээн баран, “билигин да бар дииллэрэ буоллар барыам этэ, соҕотох бэйэм ­туохпун хомунуохпунуй” диэн санаталаан ыллым. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ буолан үрдүнэн-аннынан үөрэтэллэр. Үксүн строевой уонна нэрээттэргэ сылдьабыт. Аармыйа олоҕуттан туох да атына суох. Оннук алта ый биллибэккэ ааһан, эксээ­мэннэри этэҥҥэ туттаран, прапорщик оскуолатын бүтэрдэ диэн туоһулуур түөспэр бэлиэни кытта халыҥ хахтаах кыракый киниискэ оҕотун үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара. Чааспар кэлэн стрельбищеҕа ананан үлэлээбитинэн барабын. Саллааттары ытарга үөрэтэбин. Хаһан да саанан ыппатах саллааттар ­иитиилээх сааны тутан баран эргичиҥнээн, элбэхтэ хаһыытаталлара. Ол саллааттар барахсаттар үксүлэрэ сэ­­риигэ баран суорума суолламмыттара. Дьэ оннук саҥа олохпун булан, сулууспалыы сырыттахпына, тигээйи уйатын мэник оҕо маһынан буккуйбутун курдук, 1994 сыллаахха ахсынньы 11 күнүгэр Чечня сэриитэ саҕаланар. Генераллар Лев Рохлин уонна Джохар Дудаев ааттара хас күн аайы иһиллэр буолар. Күнүһүн ытарга үөрэппит саллааттарыҥ түүн Чечняҕа сэ­­риигэ барбыт сурахтарын истэҕин. Миэхэ кэлэн биэстэ эрэ сыал ытан баран, сэриилэһэ бардаҕа ол. Бастаан олох улаханнык соһуйбутум. Олох уон аҕыстаах-уон тоҕустаах оҕолору, саанан сатаан ыппат оҕолору, бу тугун ыксалай, саатар биир ый ытарга үөрэппэттэр. Тоҕо тугу да сатаабат оҕолору сэриигэ ыытан суорума суоллуулларый?! Үрдүкү чыыннар бэйэлэрин албан ааттарын ааттатаары дуо?! Дьэ оннук тууйуллубут санаабын штабка киирэн полк хамандыырыгар этэн көрбүтүм да, “приказ есть приказ” диэн баран ытыһын нэлэҥнэппитэ. Ол оҕолортон биир да оҕо төннөн кэлбэт этэ. Өлбүттэрин-тыыннаахтарын билбэппин. Ыталлара элбээн түүннэри-күнүстэри ыталлар. Өрөбүл күн диэн суоҕун кэриэтэ буолла. Биирдэ полкабар тиийбитим, билэр үгүс өттүм сэриилэһэ барыталаабыттар. Мин эмиэ сэриигэ бараары ­араапар суруйаары штабка киирбиппэр, полк хамандыыра бастакы ­этээскэ сылдьара. Миигин билэр буолан, ­туохха кэлбиппин сураһан баран, “эн манна наадаҕын, ытарга үөрэтэр, эйигин солбуйар инструкторбыт суох” диэт, иккис этээскэ дабайда. Мин түргэн соҕустук араапар суруйан дьуһуурунайга хааллардым. Эмиэ үлэлээбитим курдук үлэлээбитинэн бардым. Ытар сиргэ олоробун. Күн аайы чааспыттан манна кэлэр эрэйэ бэрт. Уотунан сылыйар оһохтоохпун, хоһум кыараҕас соҕус буолан сылаас. Аспын таһаллар. Күн аайы биир хатыланар. Үгүстэр сатаан ыппаттар, таба ытар саллаат олох
аҕыйах. Киэһэ чааспар кэлистим. Кэлэн хоһум аанын арыйа турдахпына, аттынааҕы хоско олорор лейтенант эҕэрдэлэһэн баран, “аны үс хонугунан Чечняҕа барабын, эн испииһэккэ эмиэ бааргын” диэтэ. Махтаммыппын биллэрэн төбөбүн тоҥхоҥноттум. Хайдах эрэ соһуйа истибэтим, кэтэспитим бэрдиттэн эбитэ дуу. Штабка сарсын бара сылдьан чуолкайдаһыам дии санаатым. Хоспор киирээт суунаат, утуйардыы оҥостон сыттым. Уум букатын кэлбэт. Бу кыараҕас хос иһиттэн санаам ыраах сиринэн тэлэһийэ көтөн Сахам сиригэр тиийдэ. Ийэбин, аҕабын, уолаттарбын санаатым, тугу гына сылдьаллара буолуой? Оһохторун, хотоннорун ай­­дааныгар сырыттахтара. Билигин саамай тымныы күннэр, хачыгаардар барахсаттар тымныыны утары охсуһа сырыттахтара диэн ону-маны саныы сытан утуйан хаалбыт этим. Сарсыарда көрүдүөргэ дьон хаамар тыаһыттан уһуктан ойон ту­­раат, остуолбар турар “Янтарь” будильникпын көрбүтүм, аҕыс чаас буолан эрэр эбит. Чаанньыкпар уу туруорбутум, суунан бүтүүбэр оргуйан, чэйдии, таҥна охсоот, штабка бардым. Тиийэн дежурнайга көстөөппүн кытта, “үөһэ таҕыс” диэн тарбаҕынан үөһэ ыйан чороҥнотто. Иккис этээскэ тахсан ааны тоҥсуйан, «киириэххэ син дуо” диэн ыйыттым. Мойуорум миигин көрөөт, “оо хата бэйэҕинэн кэллиҥ. Мин бүгүн эйигин ыҥыртарар санаалаах этим” диэн илиибин сымнаҕастык хам тута-тута мичээрдээтэ уонна “аас, олор” диэн баран, остуолун аттыгар турар олоппоһу ыйда. Олорбутум кэннэ ос­­туолга иннигэр сытар кумааҕыны аҥар хараҕынан, биир хараҕынан миигин көрө-көрө, “сарсын полевой таҥаскын кытта сухой пойуоккун ылаар” диэн баран иннибэр, халыҥ сурунаалы тэнитээт, “манна атаҕыҥ, таҥаһыҥ эрэсимиэрдэрин суруй уонна ­илиигин баттаа» диэн баран ыйан көрдөрдө. Читаттан таһаҕас тиэйэр көтөр аалынан Моздокка көтөн кэлэн түстүбүт. Ханкала диэн ба­­йыаннай бааза аттыгар балааккаларга олохтоотулар. Грознай диэкиттэн этин этэринии тыас дуораһыйталаан иһиллэр, халлаан сырдаталаан ылар. Отучча буолан кэлбит этибит. Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ. (Салгыыта тахсыаҕа)
edersaas.ru сайтан